Күрэххэ өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо, идэтийбэтэх ырыаһыттар (толорооччулар) кытталлар, кинилэр байыаннай таҥаһы кэтэн туран ырыаны толорон, видеоҕа устан эрэдээксийэҕэ ыыталлар. Кинилэр ыыппыт видеороликтара «Сахапарламент.ру» саайтка тахсар, ааҕааччылар видеоны көрөн сөбүлээбит ырыаһыттарын иһин куоластыыллар. Саамай элбэх куолаһы ылбыт киһи күрэххэ кыайар. Дьон куоластааһынын ыларга видеоролигы социальнай ситимнэринэн тарҕатар биһирэнэр.
Хас биирдии видеороликка, күрэххэ киирбит үлэҕэ толорооччу толору аатын-суолун, араспаанньатын ыйан туран ыспыраапка толорон ыытар, онно кини ханна үөрэнэрэ/үлэлиирэ, кистээбэт түгэнигэр сааһа, сибээстэһэргэ суотабай төлөпүөнэ ыйыллар.
Күрэх түмүгэ 2025 с. муус устар 25 күнүгэр тахсыаҕа.
Күрэх балаһыанньатын манна киирэҥ көрүҥ.
-
1
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0