Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -33 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

2025 сыллаахха, муус устар 1 күнүгэр ылыллыбыт 544 №-дэх федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, миграннар оҕолорун оскуолаҕа ылыах иннинэ кинилэр Арассыыйаҕа төһө сокуоннайдык олороллоро итиэннэ нууччалыы төһө билэллэрэ-билбэттэрэ бэрэбиэркэлэнэр.

2025 сыллаахха, муус устар 1 күнүгэр ылыллыбыт 544 №-дэх федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, миграннар оҕолорун оскуолаҕа ылыах иннинэ кинилэр Арассыыйаҕа төһө сокуоннайдык олороллоро итиэннэ нууччалыы төһө билэллэрэ-билбэттэрэ бэрэбиэркэлэнэр.

Судаарыстыбаннай Дуума Бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин бэлиэтээбитинэн, саҥа үөрэх дьылыгар кэккэ эрэгийиэннэргэ алын уонна орто сүһүөх кылаастарга үөрэнэ киирэр омук кыраасдааннарын оҕолорун ахсаана биллэрдик аҕыйаабыт. Бу биричиинэтинэн төрөппүттэр докумуоннара ситэтэ суоҕа итиэннэ оҕолор нуучча тылыгар тургутууну ааспатахтара буолар эбит.
Кэлэр сылтан үөрэх управлеиелара уонна ИДьМ уорганнара мигрант-оҕолор уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин туһунан чахчылары быһа атастаһар ситимнэрэ олохтонуохтаах, оччотугар омук кыраасданнарын учуокка ылыы уонна хонтуруоллааһын быдан табыгастаах буолуоҕа.
-- Оттон биһиги миграция бэлиитикэтин эйгэтигэр сокуоннары тупсарыыга үлэлиэхпит, – диэн Вячеслав Володин эппитин Госдуума саайта суруйар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21