Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -33 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Тохсунньу 9 күнүгэр Горнай улууһун  Атамай нэһилиэгэр  байыаннай дьайыы бэтэрээннэригэр, дьиэ кэргэттэригэр аналлаах Саҥа дьыллааҕы тэрээһин буолла.

Тохсунньу 9 күнүгэр Горнай улууһун  Атамай нэһилиэгэр  байыаннай дьайыы бэтэрээннэригэр, дьиэ кэргэттэригэр аналлаах Саҥа дьыллааҕы тэрээһин буолла.

Нэһилиэк баһылыга Айсен Павлов буойун уолаттарбытын, кинилэр төрөппүттэрин, дьиэ кэргэттэрин үүммүт Саргылаах Саҥа дьылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлээн туран,
үөрүүлээх быһыыга-майгыга буойуттарбыт ийэлэригэр СӨ Байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин ассоциациятын аатыттан «Матери Защитника Отечества» мэтээллэри, аҕаларыгар Махтал суруктары туттарда.

Тэрээһин үөрүүлээх арыллыытын кэннэ остуол тула сэргэстэһэн олорон, тото-хана аһаан, ирэ-хоро кэпсэтэн, ааспыты ахтан-санаан, инникини сырдыгы түстээн, оонньоон, үҥкүүлээн, үөрэн-көтөн тарҕастыбыт.

Биһиги дьоруойдарбытар, буойун уолаттарбытыгар, дьиэ кэргэттэригэр чэгиэн доруобуйаны, өйдөһүүнү-өйөһүүнү, сырдык ыраас тапталы, иллээх-эйэлээх олоҕу, бары кэрэни, үтүөнү баҕарабыт. Саҥа үүммүт сыл бука барыгытыгар үгүс үөрүүнү, эйэлээх олоҕу аҕаллын.

Сонун төрдө уонна хаартыска: "Үлэ күүһэ", Татьяна Алексеева

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21