Онно биллибитинэн, Уус-Куйгаа бөһүөлэгин дьаһалтатыгар «Уһук Илиҥҥи гектаар» бырагырааманан сир учаастагын туһаныыга олохтоохтон сурук киирбит, ол көрүллүбэтэх, хоруй ыытыллыбатах. Борокуруор дьаһалынан бөһүөлэк баһылыга РФ Административнай буруйу оҥоруу кодексын 19.9 ыст. 1 ч. (кыраасданнартан сир учаастагын биэрии туһунан суругу көрүү болдьоҕун кэһии) иһин ыстараап быһыытынан административнай эппиэтинэскэ тардылынна.
Борокуратуура бэрэбиэркэтин кэнниттэн тустаах киһиэхэ сир учаастагын биэрэр туһунан дьаһал таһаарылынна.
Хаартыска Гигачат Оҥоһуу өйүнэн таҥылынна.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
