Аныгы оҕолорбут барахсаттар тыл тылланан, саҥа саҥаланан. Өссө эдэрдэри кытта киһи аахсыбат даҕаны. Улахаттарбыт бааллар ээ, учуонайдардыын, табаһыттардыын тэҥ баайыылаахтар. Сарсыарда эрдэ 7 чаас иннигэр араадьымаҕа хотугу норуоттар олохторун-дьаһахтарын кэпсиир биэриигэ эбэҥки таҕыстын, дьүгээкир таҕыстын, хата, киһи сонньуйар даҕаны, тугу саҥаралларын курдат өйдүүбүн. Ол мин тылга дьоҕурбуттан буолбатах: уон тылтан аҥаара нууччалыы, икки-үс тыла сахалыы буолар. Ону ааттаах аҥала эрэ киһи өйдөөбөт ини. Сахабыт тыла эмиэ дэлби сыыһыран, «бааһынай» тылыгар кубулуйан, оннук кэптэнэрэ чугаһаан эрэр курдук. Сорох-сорох нууччаларбыт “өйдүүбүт” диэн күлүү-элэк оҥостоллор.
Өйдөөн истээриҥ эрэ, уулуссаҕа буоллун, араадьыйаҕа-тэлэбииһэргэ буоллун, оскуола оҕотуттан, учууталыттан тойонугар-хотунугар тиийэ ый аатын сахалыы этэр-тыынар урааҥхай ордубата быһыылаах. Муҥун оҥорон, үөлээннээҕим Дапсы тыл култууратыгар үөрэтэр-такайар биэриитин садаҕалыы сатаан баран, симэлиттилэр. Кырытыннардахтара эбээт. Эбэтэр үөрэҕи ылыммат дьоҥҥо лабаҥхалаан туһа тахсыа суох диэн кээнньэйбитэ бэрдэ дуу?.. Дьиҥинэн, тыл үөрэхтээх хардаҕас мас курдук элбэх, киминэн эмит салҕаттардахтарына, туһата эдэр дьоҥҥо буолуохтаах этэ. Дьээбэрэн, биир эмит билэр эдэр киһибиттэн (олорум даҕаны саас ортолоохтор ээ) «маай», «март», «ноябрь» сахалыы эбэтэр төттөрүтүн «алтынньы», «атырдьах ыйа» нууччалыы хайдах этиллиэхтээхтэрин ыйыттахпына, төрүт эстэн түһэллэр. Дапсы кыйаханан этэринии, көмпүүтэр үйэтин дьоно өйдөрө-мэйиилэрэ мастыйбыта дьэ сүрдээх.
Сэрииттэн тыыннаах кэлбит буойуттар: «Суорак пээтэйгэ Пэбиэдэни Бэрилииҥҥэ көрсүбүтүм...» диэн нууччалыы-сахалыы олуонатык булкуйан кэпсэтэллэрин дэриэбинэбэр, үөрэххэ барыахпар диэри, тото истэр буоларым. Алаастарыттан тэйбэтэх, үөрэҕэ суох эрэйдээхтэр киэҥ сирдэринэн сылдьыбыттарынан, аҕыйах нууччалыы тылы билбиттэринэн киэн тутта өҥнөр буолуохтаахтар. Ама, бачча үөрэхтэммит-хаардаммыт үйэҕэ, «Пэбиэдэ» диэбиккэ дылы, бэдээбит дьэ кэллэ буолбатах дуо?..
Оннооҕор ааттаах-суоллаах кырдьаҕас ырыаһыттарбыт ханна, хаһан кэнсиэртииллэрин биллэрэллэригэр: «Билиэт «Центральнай» кинотеатр кассатыгар атыыланар», – диэн кэлэҕэйдээбэккэ даҕаны чоргуйаллар. Хаһан эрэ «Киин» киинэ тыйаатыра диэн этиллэрэ-суруллара төрүт умнуллубут бадахтаах. Быһата, саха тылын «байытан», төрүт тылбытын бэйэтин ыйыстар «бааһынай» тыл төрүөҕэ тахсан эрэр: сыантыр, наада, чыыстай, поддержка... «Кыыһым (сорох-сорохтор «дочам» диэхтэрэ) март 2 чыыһылатыгар предпринимательствоны поддержкалыыр сыантырга семинарга участие ыла барыахтаах»... диэтэххэ, нуучча даҕаны, чукча даҕаны өйдүүллэр ини. Оннуга ордук дуу, үрүҥнүүн-харалыын бары быһаарсарбыт курдук?..
Тыаһыт Ньукулай
Алтан Сарын тылы айар үс суола
Гаврил Баишев-Алтан Сарын “саха тылын булгуччу байытыахтаахпын!” диэн санааны бэрт өртөн иитиэхтээбитин этэр уонна ол байытарыгар үс суолу көрөр. Ол үс суола: 1) уруулуу тыллартан байытыы; 2) бэйэ тылыттан тылы үөскэтии; 3) суох саҥа тылы айыы. Өйтөн булан. Мантан атыннык саха тылын байытыахха сатаммат диир кини.
Алтан Сарын нуучча тылын сахатыппыт тылдьытыттан:
школа – умсурҕан
государство - күрүөх
командировка – сорудулуг
студент – умсуурук
баня – суунурҕан
прачечная – сууйурба
парикмахер – кыргаайы
учитель – умсуур
учреждение – тэрээһин
Якутск (Якутия быһыылаах – М.А.) – Сахастаан
профессор – дьулҕан
словарь – тыллыртыган
надо – кэрэх
каникулы – босхолоҥ
город – түөлбэ
представитель – суорумньу
съезд – курултаай
электричество – чаҕылыма
пробовать – барыйан көр
склонение – имиргэн, имиллиргэн
элемент – тэлэсин
грамматика – тылыллык (тыл ыллыктара диэнтэн)
адрес – уораҕай
переулок – ыпсалҕа
Кэмэнтээрий
Тормоз – туорай мас, съем – сиэм...
Ураты көрүүлээх Василий Иванович Алексеев-Бааһынай Баһылай:
-Дапсылаах оҥорбут “Сахалыы таба суруйуу” диэн тылдьыттара нууччалыы тыллары “калькалааһын” буолар. Мин көрүүм төрдүттэн атын. Нуучча тыла төттөрүтүн түүрдэртэн, ол эбэтэр саха тылыттан төрүттээх диэн көрөбүн. Үс үйэ тухары монгол-татаар анныгар олорбут норуот буоллаҕа. Холобур, “тормоз” – “туорай мас”, көс омук буоланнар, истиэпкэ тэлиэгэ көлүөһэтигэр туорай маһы курдары анньан тохтотоллоро. Физикаҕа “трение” диэн тыл баар дии, ол “тирэнии күүһэ” диэн. “Съем” диэн “сиэм-аһыам” диэн саха тыла. Оннооҕор “бухатыыр” диэн бэйэлээх бэйэбит тылбыт. Маннык Саха Илинтэн Мас Кубаҕа диэри төһө баҕарар ааттыы туруохпун сөп.
- 0
- 0
- 0
- 1
- 0
- 0