Атырдьах ыйын 19 күнүгэр Хаартыска аан дойдутааҕы күнэ буолан ааста. Бу бырааһынньыгы көҕүлээччи Австралияттан Корске Ара диэн фотограф буолар. Кини 2009 сыллаахха хаартыскаҕа түһэрии бастакы ньыматын бэлиэтииргэ этии киллэрбит. Ол ньыманан бэчээттээн таһаарыы 181 сылын туолла.
Бэлиэ күнүнэн сибээстээн, Саха сириттэн аан дойдуга биллибит фотограф Алексей Васильев үлэлэрин таһаарабыт. Алексей этэринэн, күннээҕи олоххо араас интэриэһинэй көстүү элбэх, болҕойон көрүөххэ эрэ наада үһү.
— Ол түгэннэри таба тутан, тугу да өр толкуйдаабакка, тупсара сатаабакка, хайдах баарынан хаартыскаҕа хатыыгын. Ардыгар тугу эрэ эбэн биэриэххэ сөп, оччоҕо букатын атын хартыына буолар. Мин бэйэм тугу сөбүлүү, бэлиэтии көрбүппүн түһэрэрбин ордоробун.
Фотограф тиэхиньикэни сатаан туһанарын таһынан, худуоһунньук быһыытынан эмиэ үлэлиэхтээх. Бу судургу сорук буолбатах. Аны туран, Анри Картье-Брессон суруйбутун курдук, киһини кэтэһэргэ, күүтэргэ үөрэниэхтээх, тулуурдаах буолуохтаах.
Оччотугар эрэ тугу көрдөрүөххүн баҕараргын тутан ылаҕын. Каадырга хабыллар сирэйдэр мээнэ дьон буолбатахтар, тугунан эмэ киһини сэҥээрдиэхтээхтэр – таҥастарынан, тутта-хапта сылдьалларынан, тас дьүһүннэринэн, – диир Алексей Васильев.
Бу сыл муус устар 15 күнүгэр Алексей фотожурналистика уобалаһыгар бэриллэр «World Press Photo 2021» аан дойдутааҕы бириэмийэ кыайыылаахтарын уонна призердарын ахсааныгар киирбитин туһунан биллэрбиттэрэ. Кини онно «Аныгы кэм кыһалҕалара» номинацияҕа I миэстэни ылбыта.
— Сиһитиилээх буолуу диэни, мин санаабар, бары биир халыып быһаарыахтара —киһи сөбүлүүр дьарыга, үлэҕэ уонна үөрэххэ дьулуһуута. Мин хас күн ахсын хаартыскаҕа түһэрэбин, ол эрээри бу кыра куораты, уларыйбат уулуссалары кэрийэртэн хал буоллум. Аҕыйах күҥҥэ Москваҕа, Питергэ олоруом этэ, аатырбыт фотограф-маастардарга үөрэниэм, быыстапкаларга сылдьыам, биир санаалаахтарбын кытта билсиэм этэ, — диэн бэлиэтиир фотограф.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0