Судаарыстыбаннай статистика Саха сиринээҕи федеральнай сулууспатын территориальнай салайааччыта Ирина Гаевая кэпсиир:
-- Быйыл биэрэпис аан бастакытын үс ньыманан барыаҕа: 1. “Госуслуги” портал нөҥүө. 2. Биэрэписчик дьиэҕэ кэлэн суруйар. 3. Стационарнай учаастакка эбэтэр “Мин докумуоннарым” кииҥҥэ тиийэн бэлиэтэнэбит.
Бу пандемия кэмигэр саамай табыгастаах көрүҥ – “Госуслуги”. Дьиэҕититтэн тахсыбакка, ханнык баҕарар кэмҥэ толоруоххутун сөп. Ортотунан 23 мүнүүтэ онно баранар. Бэйэҕин эрэ буолбакка, дьиэ кэргэниҥ барыларын дааннайын киллэриэххин сөп. Үчүгэйэ диэн, онно ыйан-кэрдэн биэрэр ыйынньыктар (справочниктар) уонна тугу гынаргын этэн иһэр сүбэһиттэр (подсказкалар) бааллар.
“Госуслуги” нөҥүө толорбут киһи олорор аадырыһын туһунан иһитиннэрии Росстакка тута тиийэр. Ол да буоллар, биэрэписчик син биир дьиэҕитигэр кэлэ сылдьан, бары бэлиэтэммиккитин дуу, суоҕун дуу бэрэбиэркэлиир. Өскөтүн портал нөҥүө ааспыт буоллаххытына, киниэхэ QR-кодкутун көрдөрөҕүт.
Саха сирэ наһаа киэҥ территориялаах. Дьон тиэхиньикэ да тиийбэт сиригэр олорор. Ол иһин биэрэпис бастакы түһүмэҕэ муус устартан саҕаламмыта уонна балаҕан ыйын 31 күнүгэр түмүктэммитэ. Онно 32 улуус нэһилиэнньэлээх 300 пууна хабыллыбыта. Билиҥҥи туругунан 12 оройуоҥҥа биэрэпис олоччу түмүктэннэ. Оттон 20 улууска суола-ииһэ суох сирдэригэр эрэ ыытыллыбыта.
Бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпискэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 2 тыһыынча киһи үлэлиир. Олортон балтараа тыһыынчата номнуо биэрэпис бастакы түһүмэҕэр үлэлээбитэ – ыраах сытар кытыы нэһилиэктэри кэрийбиттэрэ. Онтон атыттара бу сүрүн болдьоххо үлэлиэхтэрэ. Итини таһынан үрдүк үөрэх кыһаларыттан 150 устудьуон уонна 80 волонтер көмөлөһүөхтэрэ. Кинилэр стационарнай кииннэргэ дьуһуурустубанан олоруохтара.
Биэрэпис 10 сылга биирдэ ыытыллар. Ол иһин суолтата улахан. Дойдубут гражданнарын туһунан толору информацияны ылабыт: туох дьарыктаах, идэлээх, үөрэхтээх, дохуоттаах, олохтоох-дьаһахтаах дьон олорор эбитин билиэхпит. Ону анаалыстаан-ырытан, хайдах салгыы сайдарбыт тоҕоостооҕун быһаарыахтара, билиҥҥи балаһыанньаны билиэхтэрэ.
Биир да базаҕа гражданнар национальностарын, ханнык тылынан саҥаралларын, хас оҕолоохторун, миграннар тустарынан толору сибидиэнньэ суох. Оннук сыаннай чахчыны биэрэпис эрэ биэрэр кыахтаах. Онон бэйэҕитин историяҕа хаалларар, ааккытын үйэтитэр, итиэннэ дойду сайдыытыгар кылааккытын киллэрэр туһуттан көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабын.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0