Быйылгы биэрэпис иккис уратытынан пандемиянан сибээстээн харыстыыр дьаһал быһыытынан, гражданин судаарыстыба өҥөтүн порталыгар киирэн сыыппаранан уонна QR-куоду ылан, биэрэпис илииһин бэйэтигэр уонна дьиэ кэргэнигэр толоруон сөп. Ону сэргэ алтынньы 18 күнүттэн саҕалаан биэрэписчиттэр учаастактарынан, дьиэлэринэн сылдьан үлэлиэхтэрэ, онуоха суруйар чахчыларын барытын планшекка киллэриэхтэрэ.
-
2021 с. алтынньы 15 күнүттэн сэтинньи 8 күнүгэр диэри «Госуслуга» порталыгар биэрэпис лиистэрин дойду олохтоохторо бэйэлэрэ киирэн толоруохтарын сөп.
-
Ыраах уонна уустук суоллаах нэһилиэнньэлээх пууннарга биэрэпис болдьоҕо ахсынньы ый 20 күнүгэр диэри уһатыллар.
-
Маҥнайгы биэрэпис түмүгүн 2022 сыл муус устар ыйыгар таһаарыахтара. Биэрэпис бүтэһиктээх түмүгэ 2022 с. IV кыбартаалга бэчээттэниэҕэ.
Анкетаҕа уопсастыба уларыйан иһэрин чопчулуур ыйытыктар баар буолуохтара: киһи сааһа, олорор сирэ, дьиэ кэргэнэ, үөрэҕэ, оҕотун ахсаана, омуга, үлэтин усулуобуйата, хас тылы билэрэ, олорор усулуобуйата, дьарыга, о.д.а. Саҥа көрүҥнэртэн бэйэ дьарыктаах буолуута (самозанятость), үлэ миграцията киирэн биэрдилэр.
2010 сыллааҕы биэрэпискэ тэҥнээтэххэ, сорох ыйытыыларга эбии-көҕүрэтии баар. Холобура, нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар толору хоруйу ылар инниттэн «хамнас», «предприниматель быһыытынан дохуот», «бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарыы» курдук пууннар киирдилэр. Маны таһынан, урукку олорбут сиргин ыйыы эмиэ суруллар. Бу эрэгийиэнтэн эрэгийэҥҥэ көһүү төһө элбэҕин быһаарыыга туһаайыллар.
Үөрэххэ сыһыаннаах боппуруостарга «дошкольное образование» диэн пуун баар. «Орто үөрэх» диэн пууҥҥа «анал идэлээх оробуочай, сулууспалаах» уонна «орто сүһүөх үөрэхтээх исписэлиис» диэн түһүмэхтэр эбии киирбиттэрэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0