СӨ бастакы Бэрэсидьиэнэ, СӨ судаарыстыбаннай сүбэһитэ Михаил Николаев этэн турар: «Норуот сайдыыта икки төрүөттэн тутуллар: федеральнай киин быһаарыыларыттан уонна олохтоох дьонтон. Саха омуга сүдү эппиэтинэһи сүгэр.
Бастатан туран, бигэ туруктаах буолууга. Иккиһинэн, демография сайдыытыгар. Мэдиссиинэ дуоктара, бэрэпиэссэр, СӨ наукаларын үтүөлээх диэйэтэлэ Михаил Тырылгин «Истоки феноменальной жизнеспособности народа саха» кинигэтигэр 1995 с. дааннайга олоҕуран суоттаабытынан, 2070 сылга саха норуотун ахсаана мөлүйүөҥҥэ тиийиэхтээх. Бу үчүгэй национальнай бырагыраама. Уһаайбалары тутуунан, нэһилиэктэри бөҕөргөтүүнэн, тыа сиригэр оҕо төрөөһүнүн үрдэтиинэн бу сорук ситиһиллиэҕэ».
Мөлүйүөн уонна сэттэ сыл
2020 сыллаахха мөлүйүөҥҥэ ордук чугаһаппыт нэһилиэнньэлээх үс эрэгийиэн ахсааныгар Бурятия, Саха сирэ уонна Смоленскай уобалас киирэллэр эбит. Ол курдук, бу сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин ахсаана 982 тыһ. киһиэхэ тэҥнэстэ, ол иһигэр куораттарга – 651 тыһ., тыа сиригэр 330,9 тыһ. киһи олорор. Былырыыҥҥы көрдөрүүнү кытта тэҥнээтэххэ, эрэгийиэн нэһилиэнньэтин ахсаана 10 тыһ. киһинэн элбээбит – «мөлүйүөннээх» эрэгийиэн статуһун ситиһэргэ 18 тыһ. киһи тиийбэт.
Улуустарынан дьон ахсаана эмиэ араастаах. Ордук элбэх киһи Дьокуускайга баар – 347 тыһ., Нерюнгригэ – 75 тыһ., Мииринэйгэ – 72 тыһ. уонна Алдаҥҥа – 39 тыһ. Оттон аҕыйах ахсааннаах нэһилиэнньэлээх оройуоннарга, биллэн турар, хотугу улуустар киирэллэр: Анаабыр – 3 тыһ. киһи, Эбээн-Бытантай– 2,8 тыһ. уонна Аллайыаха – 2,7 тыһ.
Ахсаан өттүнэн элбэх нэһилиэнньэлээх улуустарынан буоллулар: Мэҥэ Хаҥалас – 27 тыһ. киһи, Нам – 25 тыһ., Сунтаар – 23,6 тыһ. уонна Үөһээ Бүлүү – 21,1 тыһ. Киһи интэриэһиргиирэ диэн, эр дьон да, дьахтар да ахсаана биир тэҥ, улаханнык араастаспат. Саастарынан ыллахха, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун орто сааһа 34-тэн 35-кэ диэри улааппыт. Эдэр эрэгийиэн эбиппит.
Демографтар суоттуулларынан, өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтэ, быһа холоон, сылга 4-түү тыһ. киһинэн эбиллэн иһэр. Оччотугар мөлүйүөҥҥэ диэри тиийэрбитигэр билигин даҕаны 7 сыл баар курдук.
2022 сылга Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын көрсө, Саха сирин дьонун-сэргэтин ахсаанын мөлүйүөҥҥэ тиэрдэр сүрүн сорукпут туолбата...
Аны, 2028 сылга мөлүйүөннээх статуһу ситиһэрбитигэр, бу 18 тыһыынча дьоммутун хантан ылабыт? Ол туһуттан тугу гынабыт?
Уһук Илиҥҥэ бастакыларбыт
2015 сылтан ыла өрөспүүбүлүкэбит оҕо төрөөһүнүн көрдөрүүтүнэн Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка бастакы сылдьар. СӨ вице-премьерэ Ольга Балабкина этэринэн, бу үрдүк көрдөрүү «Демография» национальнай бырайыагы олоххо киллэрэн ситиһилиннэ.
СӨ ЗАГС управлениетын иһитиннэриитинэн, бу сыл 9 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр барыта 9001 оҕо төрөөбүт. Ол иһигэр кыыһа – 4441, уола – 4560. Итинэн сибээстээн, официальнай статистика кэнники дааннайыгар төннөр буоллахха, Саха сиригэр оҕо төрөөһүнүгэр демографическай балаһыанньа тупсан иһэр. Ол курдук, 2020 сылга 13097 оҕо төрөөбүт, оттон 2019 сылга – 12817. Ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, оҕо төрөөһүнэ ордук тыа сиригэр үрдүк. Ону таһынан саҥа төрөөбүт оҕо 40%-на үс эбэтэр онтон элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ бэлиэтэнэр. Ол курдук, 2021 с. тохсунньу 1 күнүгэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ахсаана – 31 562, оҕото – 106 530 эбит. Бу көрдөрүүнү ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ахсаана 2 тыһ. элбээбит.
Сыыппара хараҕынан ордук үрдүк төрүөх Дьокуускай куоракка бэлиэтэнэр – 4 586, Мииринэйгэ– 727, Нерюнгригэ – 703, Мэҥэ Хаҥаласка – 572, Бүлүүгэ – 436, Хаҥаласка – 423, Ньурбаҕа – 413, Сунтаарга – 391, Ленскэйгэ – 389, Алдаҥҥа – 387, Намҥа – 381 уонна Үөһээ Бүлүүгэ – 374. Онон социальнай бэлиитикэ эйгэтигэр оҕолоох дьиэ кэргэни өйөөһүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүкү салалтатын сүрүн соруга буоларын туоһулуур.
Хамсык харгыстара
Киһи өлүүтүн икки суолга араараллар: бастакыта – дьылҕа анаабыт кэмин толору олорон, үйэни моҕоон, кырдьан өлүү; иккиһэ – эрдэ өлүү (оһолтон, ыарыыттан эбэтэр атын киһи тыыныгар турууттан).
Арассыыйаҕа пандемия саҕаланыаҕыттан саамай элбэх өлүү ааспыт ыйга бэлиэтэннэ. Алтынньы 6 күнүнээҕи чахчынан, аан дойду үрдүнэн коронавирус ыарыытыттан 5 мөл. 59 тыһ., оттон Арассыыйаҕа сэтинньи 8 күнүгэр барыта 248 тыһ. киһи бу дьаҥтан суорума суолламмыт. «Саха сиригэр хамсыктан барыта 1500 тахса киһи өлбүт» диэн суруйаллар Стопкоронавирус.рф официальнай саайтка. Аҥаардас былырыын 2020 сыллаахха, Сахастат сибидиэнньэтинэн, өрөспүүбүлүкэбитигэр 711 киһи бу уодаһыннаах ыарыыттан суох буолбут.
Олунньуга РФ вице-премьерэ Татьяна Голикова былырыын пандемияттан киһи өлүүтэ 31%-нан үрдээн, ааспыт сылга өлүү 17,9 %-нан улааппытын эппитэ. Итинэн сибээстээн, кэлэр 15 сылга хамсык кэнниттэн уһун дьайыылаах «демографическай суол» хаалара сылыктанар...
Онон элбэҕи суоттуу, быһаара сатаабакка, Бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһин саҥа сыыппараларын күүтүөххэ. Саха сирин нэһилиэнньэтин ахсаанын чопчу көрдөрүүлэрэ аныгы технологиялары туһанан ыытыллар биэрэпис кэннэ биллиэҕэ, ол эбэтэр сэтинньи 14 күнүн кэнниттэн.
Ахсааны биэрэпис чопчулуоҕа
Биэрэпис түмүктэнэрэ икки хонук хаалла. Бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһэ 10 сылга биирдэ ыытыллар. Бүтэһик уочараттаах биэрэпис 2010 сыллаахха ыытыллыбыта.
Бэлиэтээн эттэххэ, быйыл нэһилиэнньэ онлайн-биэрэпиһэ аан бастакытын ыытыллар. Сүрүн уратыта – дойду олохтоохторо «Госуслуги» портал нөҥүө толороллор. Статистиктар бу өҥө көдьүүстээҕин бэлиэтииллэр. Ол курдук, нэһилиэнньэ 15 %-тан тахса дьоно онлайн-биэрэпискэ көхтөөхтүк кыттынна. Саҥа ньымаҕа ордук бэлэмнээхтэрин тыа сирин олохтоохторо көрдөрдүлэр. Алтынньыга кыттыбыт бастыҥ улуустарынан Мэҥэ Хаҥалас (22,2%), Горнай (21,9%), Өймөкөөн (20,7%) уонна Сунтаар (20,1%) буоллулар.
Уһун өрөбүл кэмигэр биэрэпис тохтообокко ыытылынна. Сорох нэһилиэктэргэ биэрэпис болдьоҕун иннинэ түмүктэннэ. Холобур, Горнай улууһун Маҥыраһыгар биэрэпис номнуо бүппүтэ. Ол түмүгүнэн нэһилиэккэ 1066 киһи баара билиннэ, 269 хаһаайыстыба сурулунна. Былаан 108,3% туолла.
Норуот дьокутаата Роза Солнышкина билиҥҥи биэрэпис судургута суох кэмҥэ ыытылларын туһунан кэпсиир:
–Алдаҥҥа Бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпис хаамыытын көрөммүн сонньуйдум. Бүтүн оройуон 40 тыһ. тахса олохтоохторуттан чэппиэрэ эрэ биэрэпиһи ааспыт... Тэрээһин түмүктэнэрэ аҕыйах күн хаалла, сэтинньи 14 күнүгэр тохтуур. Биэрэпис судаарыстыбаннай суолталааҕын биһиги ытыктабыллаах бэтэрээннэрбит уонна биэнсийэлээх аҕам саастаах дьон ордук үчүгэйдик өйдүүллэр эбит: биэрэпис үлэһитэ тиийдэҕинэ үөрэ көрсөллөр, олорор усулуобуйаларын сиһилии кэпсииллэр, ыйытыыларга улгумнук хоруйдууллар. Кинилэр олохторугар бу бастакы биэрэпис буолбатах. Онон оройуон, өрөспүүбүлүкэ олоҕор суолталааҕын бэркэ диэн билэллэр. Ол эрээри биирдиилээн дьон биэрэпис үлэһиттэригэр куруубайдыыр, кыыһырар түгэннэрэ тахсыталыыр: подъезтан үүрэллэр, массыанньыкка тэҥнииллэр, дьиэ аанын арыйбаттар, о.д.а.
Уопсайынан, биэрэпис түмүгүнэн судаарыстыба туох сүрүн түмүктэри оҥороруй? Биэрэпис куораттарга уонна тыа сиригэр социальнай-экэнэмиичэскэй балаһыанньаларын чуолкайдаан көрөргө көмөлөһүөҕэ. Экэнэмиичэскэй көрдөрүүлэр биһиги хас биирдиибит олоҕун-дьаһаҕын хаачыстыбатын тупсарарга, судаарыстыбаттан кэмигэр сөптөөх өйөбүллэри хааччыйыыга тэрийэргэ туһуланар. Ол иһин нэһилиэнньэ биэрэпиһэ ыытыллар.
Өрөспүүбүүлүкэ хас биирдии олохтооҕун биэрэпискэ көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0