Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -5 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Саха өрөспүүбүлүкэтин үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, пандемия кэмигэр инбэлииттэри, тулаайах оҕолору, төрөппүттэрин көрүүтэ суох хаалбыт оҕолору дьиэлэригэр олордубут дьоҥҥо харчынан төлөбүр соторунан төлөнүөҕэ.

Ыйдааҕы төлөбүр хас биирдии көрүүгэ-истиигэ ылбыт киһитинэн 12 130 солкуобай буолар.

Миниистир Елена Волкова тоһоҕолоон бэлиэтээбитинэн, ыйдааҕы төлөбүрү муус устар 1 күнүттэн бэс ыйын 30 күнүгэр диэри кырдьаҕас дьону, тулаайах оҕолору, төрөппүттэрин көрүүтэ суох хаалбыт оҕолору интернаттан бэйэлэрин дьиэлэригэр олордо ылбыт дьоҥҥо эрэ төлөнөр. Босуобуйа олордубут, көрбүт-харайбыт кэмнэригэр төлөнөр.

Саха сиригэр муус ыйыгар, ыам ыйыгар социальнай дьиэлэртэн  ылан көрбүт дьон реестра оҥоһуллубут.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0