Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Омун буолбатах, сүүрбэччэ сыл анараа өттүгэр Аллараа Бэстээххэ поезд кэлиэ, өссө ону ааһан үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэбитин туоруур муоста баар буолуо диир киһини дьиксинэ көрөрбүт.

Омун буолбатах, сүүрбэччэ сыл анараа өттүгэр Аллараа Бэстээххэ поезд кэлиэ, өссө ону ааһан үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэбитин туоруур муоста баар буолуо диир киһини дьиксинэ көрөрбүт.

3 2

Туох да диэбит иһин, Сахабыт сирэ кэнники сылларга балысханнык сайдар. Ол биир туоһутунан 2011 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас Аллараа Бэстээҕэр аныгы кэм үөрэҕин кыһата – Тимир суол техникума -- аһыллыбыта буолар. Техникуму мин биир дойдулааҕым, Сунтаар уола Николай Николаевич Иванов салайар эбит.

Иванов НН1
Бу аҕыйах хонуктааҕыта Дьокуускайга тиийэ сылдьан, саха ыччатыгар наадалаах үөрэх кыһата эбит дии санаан, анаан-минээн Аллараа Бэстээххэ тиийэн, Н.Н.Иванову сирэй көрсөн кэпсэтэн киирдим.
Николай Иванов 1987 сыллаахха Сунтаарга Николай Иосифович уонна Идаида Николаевна Ивановтар дьиэ кэргэттэригэр үһүс оҕонон күн сирин көрбүт, икки эдьиийдээх.

2004 сыллаахха Новосибирскайдааҕы судаарыстыбаннай университекка киирэн, сыл үөрэнэн баран, Дьокуускайдааҕы ХИФУ устуоруйаҕа факультетыгар көспүт. Ону 2011 сыллаахха бүтэрбит. Үрдүк үөрэҕин бүтэриэҕиттэн салайар үлэлэргэ үлэлээн барбыт. Бастаан СӨ Ил Дарханын иһинэн Салайыы институтугар үлэҕэ киирбит. Онтон СӨ Үөрэх уонна наука министиэристибэтин орто анал үөрэх отделыгар 4 сыл, Сибээс техникумун дириэктэрин солбуйаачынан 1 сыл үлэлээбит. 2020 сыл атырдьах ыйыттан Николай Иванов Аллараа Бэстээххэ Р.И.Брызгалов аатынан Тырааныспар техникумун дириэктэринэн анаммыт. Кини бу техникум төрдүс дириэктэрэ эбит. Николай Иванов кэпсииринэн, бу техникум өрөспүүбүлүкэбит оччотооҕу Бэрэсидьиэнэ В.А.Штыров өҥөтүнэн тутуллубут уонна үлэҕэ киирбит.

2133

Вячеслав Анатольевич билигин даҕаны бу «төрөппүт оҕотун» кытта сибээһин быспат, хайа кыалларынан көмөлөһөр, билсэ-көрсө турар эбит. Кырдьык, Вячеслав Анатольевич саха ыччатын туһугар бэрт кэскиллээҕи толкуйдаан, «Арассыыйа тимир суоллара» тэрилтэни кытта улаханнык сыралаһан туруорсан, үлэҕэ киллэттэрбитигэр, билигин биһиги махтаныах кэриҥнээхпит. Манна таарыччы эттэххэ, Вячеслав Штыров Саха сирин тыатын хаһаайыстыбата сайдыытын саамай өйөөбүт Бэрэсидьиэн этэ ээ. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн 15%-ын кэриҥин тыа хаһаайыстыбатыгар анаппыт баһылык баара билиҥҥитэ биллибэт ээ. Чэ, тиэмэбиттэн туораамыым.

Билэрбит курдук, Саха сиригэр тимир суол сылтан сыл сайдан иһэр. Ону кытта тэҥҥэ Аллараа Бэстээхтээҕи тырааныспар техникума сайдар-улаатар, кэҥиир.

1 4

Дириэктэр Николай Иванов кэпсииринэн, бу техникум өрөспүүбүлүкэбит орто анал үөрэҕин кыһаларыттан биир бастыҥнара уонна ыччакка саамай баҕалаахтара буолан иһэр эбит. Ол билиҥҥи олох ирдэбилэ даҕаны буоллаҕа дии. Билиҥҥитэ техникумҥа туттарсыыга 1 миэстэҕэ 4-5 сайабылыанньа киирэр үһү. Манна билигин 4 идэҕэ: «Строительство железных дорог, путь и путевое хозяйство», «Организация перевозок и управление на транспорте (железнодорожном)», «Техническая эксплуатация подвижного состава железных дорог (локомотивы)» бэлэмнииллэр.

6 2
Техникумҥа күн бүгүн 320 устудьуон үөрэнэр, 80-ча араас үлэһит, ол иһигэр 50-ча преподаватель үлэлиир. Техникум тимир суол үлэһитин бэлэмниирин таһынан, өссө суоппардары, сыбаарсыктары, автомеханиктары, повардары эмиэ уһуйар. Сорох преподавателлэр Хабаровскайтан, Новосибиркайтан вахтовай ньыманан кэлэн үлэлииллэр. Ону тэҥэ дуогабар быһыытынан, «Железные дороги Якутии» хампаанньа үлэһиттэрэ эмиэ үөрэтэллэр.

09d3522e b56e 4bf4 83c6 72551f3415bf
Устудьуоннар 250 миэстэлээх, аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир уопсай дьиэҕэ олороллор. Онно туспа куукуна, таҥас сууйар миэстэ, тренажернай уонна киинэ саалалара бааллар. Устудьуоннарга истипиэндьийэ, тулаайахтарга туспа социальнай истипиэндьийэ эмиэ баар. Маны таһынан үөрэх бастыҥнара улуус баһылыгын, итиэннэ билигин биһиги ортобутугар суох Ил Түмэн дьокутаата, СӨ үтүөлээх тутааччыта, РФ ОДьКХ бочуоттаах үлэһитэ Александр Романов, техникум аатын сүгэр Роман Брызгалов ааттарынан истипиэндьийэлэри ылаллар эбит.

4 3
Үөрэнэр куорпуска электроннай регистрациялаах, баай пуондалаах бибилэтиэкэ, цифровой мусуой диэн бааллар. Минньигэс астаах улахан остолобуой үлэлиир.
Устудьуоннар 90%-нара уолаттар уонна үксэ сахалар. Тохсус кылаас кэнниттэн киирдэххинэ, 3 сыл 10 ый, оттон орто оскуола кэннитэн 2 сыл 10 ый үөрэнэҕин. Үөрэххэ киирии от, атырдьах ыйдарыгар киирии эксээмэнэ суох аттестат түмүгүнэн көрүллэр.
Дьэ, ити курдук, үс үллэр үөстээх, үлүскэннээх сүүрүктээх Өлүөнэ Эбэ Хотун үрдүк мындаа биэрэгэр турар, үүнэр-сайдар Аллараа Бэстээххэ баар, Саха сирин биир инники кэскиллээх үөрэҕин кыһата ыччаты ыҥырар, угуйар.
Быйылгы үөрэх дьылыгар бүддьүөт 150 миэстэтигэр күрэстэһии буолуоҕа. Үөрэххэ киирэргэ докумуоннары электроннай порталга ыытыахха сөп эбит.

Борис Николаев, Сунтаар – Аллараа Бэстээх.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением