Сорук – профессионаллары иитии
Хотугу-Илиҥҥи федеральнай университет бүгүҥҥү соругунан идэлэрин таһыччы баһылаабыт саҥа көлүөнэни иитэн таһаарыы буолар.
Университет ректора Анатолий Николаев: “ХИФУ 2030 сылга диэри сайдыытын саҥа бырагыраамата көрүүгэ сылдьар. Биһиги университеппыт миссиятын хаттаан көрөн уларыттыбыт. Бүгүҥҥү сорукпутунан идэлэригэр бастыҥ профессионал көлүөнэни иитэн таһаарыы буолар. Улахан сыалы туруоруннубут – циркумполярнай эйгэҕэ уонна сир шарын хотугу эҥээригэр баар университеттартан бастыҥ үөрэх кыһата буолуохтаахпыт,” -- диэн кэпсээтэ.
Хотугу-Илиҥҥи федеральнай университет «Приоритет-2030» диэн академическай бырагыраамаҕа кыттар. Бу бырагыраама үрдүк үөрэх кыһаларын сайыннарыы бырагыраамаларын өйүүргэ туһуламмыт. Ол курдук, ректор Анатолий Николаев эппитинэн, ХИФУ судаарыстыба өйүүр университеттарын ахсааныгар киирэргэ үлэлиир. Бу былаан олоххо киирдэҕинэ, университет устудьуоннара тута үтүө уларыйыылары билиэхтэрэ. Ректор бэлиэтээбитинэн, университет үлэтигэр-хамнаһыгар уларыйыылар күүтүллэллэр: бу 2021-2022 үөрэх дьылыттан үөрэтии тус хайысхатын киллэриэҕэ, устудьуоннар бары сыыппара технологиятын баһылыыр дисциплинаны үөрэтиэхтэрэ.
Аан дойду таһымыгар тахсаары
ХИФУ сайдыытын бырагырааматын бырайыагын биир соругунан аан дойду таһымыгар тахсыы буолар. Оччотугар омук тылын үчүгэйдик
баһылыыр усутудьуоннары иитэн-үөрэтэн таһаарыы ирдэнэр. Бу туһунан Эрэгийиэни үөрэтии уонна омук филологиятын институтун дириэктэрэ Владлен Кугунуров быһааран биэрэр:
--Биһиги институппут 6 омук тылыгар бакалавриат уонна магистратура бырагыраамаларынан үөрэтэр. Ону таһынан тыл үөрэҕигэр туһуламматах факультеттар устудьуоннара омук тылын эмиэ үчүгэйдик билэллэрин туһугар тус систиэмэнэн үөрэтэбит. Коронавирус ыарыыта тарҕаммытыттан биллэриллибит хааччахтааһын, харантыын биһиги устудьуоннарбытыгар атын ирдэбиллэри туруорда: сыыппаранан онлайн-үөрэҕи киллэрэрбит олохпут чахчыта буолбутун туоһулаата. Устудьуоннар анал үөрэх бырагырааматынан үөрэнэр куурустарын уонна тас дойду университеттарын бэйэлэрэ талан үөрэнэллэрин мэктиэлиир систиэмэни киллэрэргэ былаанныыбыт.
Олимпиада кыайыылаахтара биһигини талаллар
Үөрэххэ туттарсыы киин хамыыһыйатын салайааччыта Наталья Ильина кэпсээбитинэн, быйыл ХИФУ-га 38 федеральнай олимпиада кыайыылааҕа докумуонун биэрбит.
--Үөрэххэ туттарсыы бастакы түһүмэҕэ от ыйын 16 күнүгэр саҕаламмыта. Бастакы эксээмэн нуучча тылыгар этэ. Абитуриент “Moodle” диэн университет систиэмэтигэр тус кэбиниэт нөҥүө киирэн, прокторинг диэн бырагыраама көмөтүнэн эксээмэнин туттарар, -- диэн кэпсээтэ.
Университет биир сүрүн хайысхатынан эдэр чинчийээччилэри, науканы батыһааччылары өйөөһүн буолар. Ол үрдүк үөрэх кыһатын кыаҕын үрдэтиигэ олук буолар.
ХИФУ наукаҕа уонна инновацияҕа департаменын дириэктэрэ Нинель Малышева, оскуола үөрэнээччилэрэ инникитин ХИФУ устудьуоннара буолалларын учуоттаан, преподавателлэр кинилэри кытта эрдэттэн үлэлэһэллэрин туһунан кэпсээтэ. Ол курдук, университет үгүс преподавателэ араас таһымнаах научнай, чинчийэр, практическай кэмпириэнсийэлэргэ эспиэрдииллэр. Холобура, «Инникигэ хардыы» НПК 80% эспиэрэ -- ХИФУ үлэһиттэрэ.
--Биһиги үгүс устудьуоммут РФ Наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ министиэристибэтин, итиэннэ Научнай чинчийиини өйүүр пуонда судаарыстыбаннай соруктарынан араас бырайыактары оҥорууга кытталлар. Ону таһынан устудьуоннар научнай куруһуоктарга дьарыктаналлар. Ол эдэр талааннаах чинчийээччилэр үүнэн-сайдан тахсалларыгар тирэх буолар. Эдэр дьон үөрэхтэрин бүтэрэн баран, салгыы науканан дьарыктаналларыгар
университет бары усулуобуйаны тэрийэр. Ол курдук, науканан дьарыктанааччыга истипиэндьийэлэрин үрдэттэ, академическай бырагыраамалары бэлэмнээтэ, -- диэн Нинель Малышева кэпсээтэ.
Олорор усулуобуйа бэртээхэй
Саҥа үөрэх дьылыгар устудьуоннар уопсай дьиэлэригэр 1660 миэстэ көрүллүбүт.
Устудьуоннары уопсай дьиэҕэ олордуу, үгэс курдук, түөрт түһүмэҕинэн ыытыллар. Бастаан электроннай ньыманан докумуоннарын биэрэллэр, ол кэнниттэн уопсай дьиэҕэ киирэрин туһунан бирикээс тахсыахтаах. Оччоҕо устудьуон дуогабар түһэрсэр уонна хоһугар көһөн киирэр. Сайабылыанньатын устудьуон абитуриент тус кэбиниэтин нөҥүө биэриэн сөп.
--Уопсай дьиэлэр усулуобуйалара сылын ахсын тупсан иһэр. Сайын аайы өрөмүөннүүбүт. Бүгүҥҥү күҥҥэ тас үлэлэр түмүктэнэн эрэллэр. 18-м куорпуска түннүктэри, эмиэ итиннэ уонна 20-с куорпустарга лииптэри уларыттыбыт. Бастакы куурус үөрэнээччилэригэр олорор уопсайдарыгар сыһыарыллыбыт кампуснай каарта бэриллэр. Бу каартанан атын уопсай дьиэҕэ сатаан киирбэттэр, университет үөрэҕин эбийиэктэригэр киириэхтэрин сөп. Быйыл эбии 600 кэтээн көрөр видео-камералары туруордубут. Устудьуон куоратыгар уонна университет эбийиэктэригэр уопсайа 1200 кэтиир камера үлэлиир, -- диэн устудьуон куоратын дириэктэрэ Степан Павлов кэпсээтэ.
ХИФУ филиалларыгар 1100 абитуриент үөрэххэ киириэҕэ
Киэҥ нэлэмэн Саха сирин арҕаа өттүгэр ХИФУ бэрэстэбиитэлинэн Мииринэйдээҕи политехническай институт буолар.
Институт устудьуоннары 6 хайысханан үөрэтэр. ХИФУ бу филиалын биир үтүө уратытынан -- үлэни биэрээччилэрэ бөдөҥ тэрилтэлэр: сүрүннээн «АЛРОСА», «Таас-Үрэх Нефтегазодобыча» хампаанньалар сакаастарынан үөрэх былаана уонна бырагыраамата оҥоһуллар. Ону сэргэ Мииринэйдээҕи политехническай институкка «Роснефть» хампаанньа Уһук Илиҥҥэ соҕотох базатын кафедрата үлэлиир.
Институт дириэктэрэ Евгений Соловьев кэпсиир:«Биһиги биир үчүгэй өрүппүтүнэн устудьуоннар быраактыкаларын ааһар эбийиэктэрэ чугастара буолар. Наукаҕа ситиһиилэрбитинэн ХИФУ-га биир бастыҥ миэстэҕэ
сылдьабыт. Устудьуоннар наука куруһуоктарыгар дьарыктаналлар. Үөрэнээччи аҕыйах буолан, хас биирдиилэригэр тус сыһыаннаһабыт, дьоҕурдарыттан көрөн».
ХИФУ биир «кырдьаҕас» филиалынан Нерюнгритааҕы техническай институт буолар. Институт 30 сыллаах устуоруйалаах.
Манна идэҕэ үөрэтэр 1 бырагыраамалаах уонна 7 бакалавриат бырагыраамалаах. Нерюнгритааҕы техническэй институт «Колмар», «Якутуголь», «Эльгауголь» уонна да атын бөдөҥ бырамыысыланнай хампаанньалар партнердарынан буолар.
--Биһиги үөрэхпит кыһатын бүтэрбит устудьуоннары үлэнэн хааччыйыы боппуруоһугар Нерюнгри куорат тэрилтэлэрэ үлэлэһэллэр. Устудьуоннарбыт быраактыкаларын бу тэрилтэлэргэ бараллар, онон үһүс куурустан инникитин үлэлиэхтээх тэрилтэлэрин кытта ыкса билсэллэр, -- Нерюнгритааҕы техническэй институт дириэктэрэ Александр Рукович санаатын үллэһиннэ.
ХИФУ Чукоткаҕа баар филиалыгар бакалавр истиэпэнин устудьуоннар үс хайысханан ылаллар. Филиал олохтоох тэрилтэлэри кытта үлэлэһэр уонна Дания, Индия дойдуларын кытта сыһыаны сайыннарар. Чукоткатааҕы филиалга саҥа үөрэх дьылыгар “электроэнергетика” бырагырааматыгар 13, информатикаҕа 15 бүддьүөт миэстэтэ көрүллүбүт. Бу үөрэхтэргэ киирэргэ анал тургутууну (вступительные испытания) ааһаҕын, итиэннэ математикаҕа, нуучча тылыгар уонна талан ылбыт биридимиэккэр -- информатикаҕа эбэтэр физикаҕа -- биир кэлим эксээмэни туттараҕын.
ХИФУ Чукоткатааҕы филиалын методическай отделын салайааччыта Алла Санникова кэпсээбитинэн, устудьуоннар аныгылыы тупсаҕай уопсай дьиэҕэ олороллор, күҥҥэ үстэ аһыыллар уонна бастыҥ үөрэхтээхтэргэ 60 тыһыынчаҕа диэри истипиэндьийэ көрүллэр.
ХИФУ өссө биир киэн туттар филиалынан Инфраструктурнай технология кэллиэһэ буолар. Кэллиэскэ туттарсыы хампаанньатын сэкирэтээрэ Виктория Бурнашева билиһиннэрбитинэн, быйыл кэллиэс 8 хайысханан үөрэххэ ылар. Уопсайа 355 миэстэ баар. Ол онтон 295-тэ -- бүддьүөт миэстэтэ, 60-на – төлөбүрдээх. Үөрэххэ аттестат орто баалын көрөн ылаллар.
--Быйыл биһиэхэ саҥа идэ хайысхата киирдэ – сыбаарка. Сайабылыанньалары атырдьах ыйын 15 күнүгэр диэри ылабыт. Билигин биһиги кэллиэспитигэр 645 устудьуон үөрэнэр. Эдэр дьон наука куруһуоктарыгар сылдьаллар, «Ворлдскиллс» куонкуруһугар ситиһиилээхтик кытталлар, -- диэн Виктория Бурнашева кэпсээтэ.
***
Урукку курдук, билигин Дьокуускайга кэлэн, тиритэ-хорута абитураалабаккын. Университет тиэргэнэ, куорпустара уу чуумпулар. Ол эрээри аныгы технологиялар көмөлөрүнэн үөрэххэ тутуу хампаанньата тэтимнээхтик бара турар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0