Арассыыйатааҕы түмүктэр
2021-2022 үөрэх дьылын үрдүк үөрэххэ тутар хампаанньатын түмүктэрин Арассыыйа ректордарын Сойууһун сэбиэтин мунньаҕар таһаардылар.
Көрсүһүүгэ РФ Наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ миниистирэ Валерий Фальков кыттыыны ылла. Москватааҕы физико-тиэхиньиичэскэй үнүстүүт, Норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыы судаарыстыбаннай үнүстүүтэ, «Экэниэмикэ үрдүкү оскуолата» национальнай чинчийэр университет иһитиннэрбиттэринэн, былырыыҥҥы көрдөрүүттэн абитуриеннар ахсааннара биллэ эбиллибит. Аны туран, бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиадалар кыайыылаахтарын ахсаана элбэх буолан, 100 бааллаах абитуриеннарга кытта бүддьүөт миэстэтэ тиийбэтэх.
–Уопсайынан, быйыл куонкурус хаачыстыбата үрдээбитин бэлиэтиэххэ наада. Бары үөрэх хайысхаларыгар куонкурус баала улаатта, – диир Н.Э.Бауман аатынан Москватааҕы судаарыстыбаннай тиэхиньиичэскэй университет ректора Анатолий Александров.
Ол да буоллар, быйыл үгүс абитуриент үөрэххэ киирэригэр уустуктары көрсүбүтүн бэлиэтээтилэр. Ол курдук, атырдьах ыйын 11 күнүгэр үөрэх тэрилтэлэрин саайтарыгар сөбүлэҥ сайабылыанньаларын хаалларалларыгар, интэриниэт-страницалара үлэлээбэт буолан соһуппут. Ол түмүгэр үгүс кыахтаах устудьуон сатаан тустаах докумуонун ыыппакка, биир да үрдүк үөрэххэ киирбэккэ хаалбыттар. Ол иһин атырдьах ыйын 12 күнүгэр Интэриниэт ситимигэр РФ Наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ министиэристибэтигэр туһуламмыт ыҥырыы суругу таһаарбыттар. Илии баттааччылар көрдөһүүлэринэн, үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр туттарсыы бэрээдэгин хаттаан көрөн, бүддьүөт миэстэлэрин сөптөөхтүк үллэрбиттэр.
Барыллаан түмүгүнэн, быйыл Арассыыйа үрдүк үөрэх кыһаларыгар эксээмэнэ суох 6557 оҕо киирдэ. Балар – Арассыыйа, норуоттар икки ардыларынааҕы олимпиадалар кыайыылаахтара уонна призердара. Кинилэр талбыт сүрүн хайысхаларынан «прикладная математика и информатика», «экономика», «юриспруденция», «программный инженер», «прикладная математика и физика», «лечебное дело», «лингвистика», «фундаментальная и прикладнная физика», «информатика и вычислительная» техника», «менеджмент» буоллулар.
Ханнык үөрэхтэргэ докумуону эбии хомуйбуттарай?
М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет 65 сыл устата Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үрдүк профессиональнай үөрэхтээһин ырыынагын лиидэрэ буолар. Ол эрээри ситэтэ суох сайаапка киирбитинэн, үөрэххэ туттарсыы болдьоҕо уһаан биэрбитэ.
Университекка бакалавриат уонна специалитет бырагыраамаларыгар күнүскү киэбинэн (очно), күнүскү-кэтэхтэн, кэтэхтэн үөрэтэллэр. Киин тутар хамыыһыйа бу үс көрүҥҥэ барытыгар эбии докумуоннары ыларын туһунан биллэрбитэ. Сайаапканы priem2021.s-vfu.ru аадырыска абитуриеннар электроннай тус кэбиниэттэриттэн ыыттылар.
Ханнык үөрэхтэргэ төһө миэстэ аһаҕас хаалбытай? «Горное дело» – 36 миэстэ, «технология транспортных процессов» – 11, «наземные транспортно-технологические средства» – 11, «технологии геологической разведки», – 14, «промышленное и гражданское строительство» – 14, «технология лесозаготовительных и деревоперерабатывающих производств» – 18, «автоматизация технологических процессов и производств» – 12, «прикладная математика и информатика» – 13, «педагогическое образование» (английский язык и информатика) – 12.
Бакалавриат уонна специалитет бырагыраамаларыгар барыта 319 миэстэ күнүскүгэ, 31 миэстэ күнүскү-кэтэхтэн, 49 миэстэ кэтэхтэн үөрэтиигэ аһаҕас турбуттара. Маннык көстүү быйыл эрэ тахсыбыт буолбатах. 2016 сыллаахха Саха сирин орто анал идэлэргэ уһуйар 31 тэрилтэтэ докумуоннары ылыы болдьоҕун эмиэ итинник биричиинэнэн уһата сылдьыбыта.
Абитуриент аҕыйах буолбатах
Баар-суох үрдүк үөрэхпит кыһатыгар тоҕо быйыл итиччэ элбэх «недобор» тахсыбытын быһаараары, ХИФУ быыстала суох үөрэхтээһиҥҥэ уонна каадыр бэлиитикэтигэр проректор Михаил Федоровтан ыйыталастыбыт.
– Физикаҕа, химияҕа уонна обществознаниеҕа биир кэлим судаарыстыбаннай эксээмэни (ЕГЭ) туттарбыт абитуриеннар, хомойуох иһин, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн аҕыйахтар. Ол иһин сүрүн үөрэххэ ылыы хампаанньатын кэнниттэн ХИФУ тиэхиньиичэскэй уонна педагогическай үөрэхтэрин бакалавриат уонна специалитет бырагыраамаларыгар ордубут вакантнай миэстэлэргэ докумуону эбии тутуу биллэриллибитэ.
Бу иннинээҕи сылларга үөрэххэ ылыы бастакы түһүмэҕэр миэстэ 80%-на туолара, иккис түһүмэххэ хаалбыт 20%-нын ситэрэллэрэ. Быйылгыттан үрдүк үөрэх кыһаларыгар саҥа быраабыланы киллэрбиттэрэ. Ол курдук, бэриллибит хонтуруолунай сыыппараны сонно тута толоруохтааххын диэн. Дойду үгүс үрдүк үөрэҕин кыһатыгар оннук кыаллыбата. Ол иһигэр ХИФУ-га эмиэ. Төһө да ирдэбили тутуһа сатаатарбыт, бастакы холонууттан 91 %-нын эрэ баар гыммыппыт. Ол иһин хаалбыт 9 %-гар эбии докумуон хомуйуутун биллэрбиппит. Ол эбэтэр урукку өттүгэр 80%, онтон 20% схеманан үлэлээбит эбит буоллахпытына, быйыл 91% уонна 9% диэн сүүмэрдээһин буолла.
Докумуону эбии хомуйуу, сүрүннээн, ХИФУ филиалларынан ыытылынна. Оннук дьаһаныы сүрүн биричиинэтэ, эппитим курдук, абитуриеннары ылыы схематын уларыппыттарыгар сытар. Урукку схема ордук этэ.
ХИФУ-га үрдүк үөрэҕи баһылыан баҕалаах аччаабыт буолбатах, быйыл да абитуриент элбэх. Ол иһин докумуону эбии хомуйуу туттарсааччы аҕыйаҕыттан буолбатаҕын өйдүөх тустааххыт. Төттөрүтүн, быйыл үөрэххэ киириэн баҕалаах ахсаана быдан элбэх. Ол эрээри үгүс абитуриент кэлим судаарыстыбаннай эксээмэни (ЕГЭ) туттарбатах, сорохтор намыһах бааллаахтар.
Мин көрүүбэр, педагогическай идэлэргэ абитуриент ахсаана тиийбэтэх төрүөтэ – обществознаниеҕа БКЭ көрдөрүүтэ намыһаҕа. Обществознание биридиэмэтэ бары педагогическай бырагыраамаларга сүрүн эксээмэн буолар. Үөрэххэ туттарсааччылар обществознаниеҕа 45 баалтан намыһаҕа суоҕу ылыахтаахтар этэ. Ол эрээри быйылгы абитуриент үксэ бу биридимиэккэ 45-тэн намыһах бааллаах. Ол иһин хамыыһыйа, ирдэнэр алын кэрдиистэн намыһах диэн, кинилэр докумуоннарын туппатаҕа. Ол түмүгэр тустаах салааҕа туттарсааччы ахсаана аҕыйаан биэрбитэ.
Манна даҕатан эттэххэ, ХИФУ инженернэй каадырдары эрэгийиэн наадыйыытынан, үөрэх кыһатын кыаҕынан көрөн бэлэмниир. Ити төрүөккэ олоҕуран, РФ Наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ министиэристибэтэ бүддьүөт миэстэтин хонтуруолунай сыыппаратын олохтуур. Итиэннэ хас биирдии үөрэх бырагырааматыгар, нуормалыыр аахталарга сөп түбэһиннэрэн, үөрэххэ туттарсыы тургутуу эксээмэннэрин испииһэгин бигэргэтэр. Холобура, бүддьүөт миэстэлэригэр физика эксээмэнэ 1150-ча бырагыраамаҕа баар. Оттон 2021 сыллаахха физика биир кэлим эксээмэнин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 1200-тэн тахса эрэ үөрэнээччи талбыта биллэр. Итинтэн хаһа эрэ ирдэнэр баалга туттарбатаҕа өйдөнөр. Онон, уопсайынан, тустаах биридимиэттэртэн сылтаан абитуриеннар кэккэ үөрэхтэргэ тиийбэтилэр.
Орто анал идэлээх каадырдары бэлэмниир үөрэх тэрилтэлэрин бүтэрбит ыччакка үөрэхтэрин таһымын үрдэтэргэ кыах биэрбэтилэр, тутатына аармыйаҕа бэбиэскэ туттарбыттара, биитэр булгуччу үлэ булалларын модьуйбуттара. Ол эмиэ оҕуста.
ХИФУ профориентационнай үлэни кыайа-хото туппатаҕыттан маннык көстүү тахсыбыт буолуон эмиэ сөп. Ол иһин үнүстүүттэр уонна факультеттар оскуолалары кытта үлэни күүһүрдүөх тустаахтар.
15 бастыҥ иһигэр киирэргэ!
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин Атырдьах ыйынааҕы пленарнай мунньаҕар үөрэх ситимин сайыннарыы сүрүн соруктарын бэлиэтээтэ.
– Биир кэлим эксээмэн түмүгүнэн, кэккэ биридимиэттэргэ үрдүк бааллаах ахсаана элбэх. Ол курдук, 29 выпускник муҥутуур үрдүк көрдөрүүлээхтэр. Нерюнгри куорат 1-кы №-дээх гимназиятын бүтэрбит Ангелина Шавейко икки биридимиэккэ 100-түү баалы ылла. Кини өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакынан биологияҕа 100 баалы аҕалла.
Саха сирин 5 оскуолата Уһук Илиҥҥи эрэгийиэҥҥэ 20 бастыҥ оскуола ахсааныгар киирдэ. Ол эрээри, биир кэлим эксээмэн таһыма төһө да үрдээбитин иһин, атын эрэгийиэннэр орто көрдөрүүлэриттэн намыһах. 2021 сыл кулун тутарыгар ыытыллыбыт Рособрнадзор рейтинигэр Саха сирэ үөрэх хаачыстыбатынан 49 миэстэҕэ сылдьар. Өрөспүүбүлүкэ сорох оскуолата бастыҥнар ахсааннарыгар киирэр эбит буоллаҕына, атыттар үөрэхтээһиҥҥэ базовай кыаҕы сатаан үөскэппэттэрэ тосту уларыйыахтаах.
СӨ Үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтигэр бу 2021 сыл бүтүөр диэри үөрэх хаачыстыбатын үрдэтэр бырагырааманы оҥорорго сорудахтанна. Үөрэх хаачыстыбатынан 15 бастыҥ эрэгийиэн ахсааныгар киирэр сыалы сорук оҥостон ситиһэргэ туруоруллунна.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0