Быыбар балаҕан ыйын 19-21 күннэригэр ыытыллар. Буолара ыйтан ордук кэм хаалла. Бүгүн хандьыдааттары регистрациялааһын бүтэһик күнэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Киин быыбардыыр хамыыһыйатыгар номнуо 9 киһи Госдума дьокутаатыгар хандьыдаатынан турарга бэлиэтэммит. Итинтэн 10-на – баартыйалартан, иккитэ – биир мандааттаахха бэйэлэрэ турбуттар. Хаалбыт 3 киһи бу күн устата, ол эбэтэр атырдьах ыйын 4 күнүгэр, докумуоннарын биэриэхтэрин сөп.
Оттон билигин регистрацияны ааспыт хандьыдааттары билиһиннэрбит:
Гаврил Парахин, Госдума дьокутаата, Арассыыйа либерал-демократтарын баартыйатыттан (ЛДПР);
Федот Тумусов, Госдума дьокутаата, "Сиэрдээх Арассыыйа – кырдьык иһин" баартыйаттан;
Анатолий Кырджагасов, "Водоканал" АУо генеральнай дириэктэрэ, "Гражданская платформа" баартыйаттан;
Петр Аммосов, Ил Түмэн норуодунай дьокутаата, РФ хомуньуустарын баартыйатыттан (КПРФ);
Василий Николаев, урбаанньыт, "Новые люди" баартыйаттан;
Анатолий Ноговицын, бэйэ дьарыктаах, "Яблоко" баартыйаттан;
Егор Жирков, "Минеральное промышленное сырье" ХЭТ толорооччу дириэктэрэ, "Зеленые" баартыйаттан;
Алексей Лаптев, СӨ элбэх кыбартыыралаах дьиэлэрин хапытаалынай өрөмүөннүүр пуонда генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччыта, "Родина" баартыйаттан;
Петр Черкашин, “Саха сирин тутааччыларын сойууһа” ассоциация салайааччытын көмөлөһөөччүтэ, "Биир ньыгыл Арассыыйа" баартыйаттан.
Санатан эттэххэ, биир сомоҕо куоластыыр күҥҥэ Арассыыйаҕа Госдума дьокутааттарын эрэ талбаттар, 9 субъект баһылыгын, 39 эрэгийиэннээҕи парламеҥҥа дьокутааттары эмиэ быыбардыыллар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0