Дьокуускайга, сарсыарда 8 чаастан, быыбардыыр учаастактар ааннарын тэлэччи астылар. Быйылгы быыбар ордук тыҥааһыннаах буолара күүтүллэр. Онон хара бастакы күнтэн быыбардааччылар бэйэлэрин гражданскай санааларын сиэрдээхтик этинээри учаастактарга дьулустулар. СӨ Ил Дархана Айсен Николаев кэргэниниин Людмила Валерьевналыын өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан гражданскай ытык иэстэрин толордулар. Кинилэр 202-с микро-оройуон 779-с №-дээх учаастагар тиийэн куоластарын биэрдилэр.
Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Сергеевич “РФ Судаарыстыбаннай Думатын быыбара – дойду бэлиитичэскэй олоҕун биир сүрүн түгэнинэн буоларын” бэлиэтээтэ. Кини: “Сөптөөх дьокутааттарга куоласпытын биэрэн, дойдубут инники сайдыытын хайысхатын быһаарабыт”, – диэн эттэ.
Санаттахха, быыбар эпидемиологическай балаһыанньаҕа олоҕуран, үс күн субуруччу барар. Ол эбэтэр, дойдубут олохтоохторо, балаҕан ыйын 17 күнүттэн 19 күнүгэр диэри сарсыарда 8 чаастан киэһэ 20 чааска диэри куоластааһыҥҥа кыттыахтара. Маны таһынан, бу күннэргэ Халыма-Индигиир уонна Университет биир мандаттаах уокуруктарыгар СӨ Ил Түмэнин дьокутааттарын быыбара тэҥинэн барыаҕа.
СӨ Ил Дарханын уонна дьаһалтатын пресс-сулууспатын матырыйаалынан.
Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриилэрэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0