Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -26 oC

Дойдуга судаарыстыбаннай сулууспа уонна госкорпорация үлэһиттэрэ сыыйа-баайа iPhone төлөпүөнтэн туһанартан акаастаналлар. Аныгыс нэдиэлэҕэ РФ Сыыппара сайдыытыгар, сибээскэ уонна маассабай коммуникацияларга туһааннаах бирикээс тахсыаҕа диэн Газета.ру суруйар.

Дойдуга судаарыстыбаннай сулууспа уонна госкорпорация үлэһиттэрэ сыыйа-баайа iPhone төлөпүөнтэн туһанартан акаастаналлар. Аныгыс нэдиэлэҕэ РФ Сыыппара сайдыытыгар, сибээскэ уонна маассабай коммуникацияларга туһааннаах бирикээс тахсыаҕа диэн Газета.ру суруйар.

РФ Бырамыысыланнаска уонна атыыга-эргиэҥҥэ министиэристибэтигэр маннык бирикээс от ыйын 17 күнүттэн олоххо киириэҕэ. Бу иннинэ «Ростех» хампаанньа тэрилтэлэригэр «Apple» корпорация  технологияларыттан быһаччы аккаастаммыттара. Манна хааччахтааһын үлэҕэ туһанарга эрэ сыһыаннаах. Ол эрээри, дойду бэлитииктэрэ инникитин iPhone төлөпүөнүнэн эрэ муҥурдамматтарыгар  сабаҕалыыллар.

Билигин iPhone төлөпүөнү үлэҕэ туһаныллара табыллыбата ыйыллар, оттон тус бэйэҕэр көҥүллэнэр курдук. Бу үксүн туһааннаах биэдэмистибэ быһаарыытыттан тутулуктаах. Ханна эрэ олох кытаанахтык ирдэниэҕэ,  баҕар, атыттарга сымнатыылаах хаалыаҕа.

Санаттахха, ФСБ уонна ФСО Apple корпорация  төлөпүөннэригэр шпионскай бырагырааманы (вирус) булбуттара. Манна Америка хампаанньата барытын утарбыта. Оттон 2010 с., Британия учуонайдара «Айфон» төлөпүөннэр уонна «Айпэд»-тар «3G» мобильнай сибээс технология көмөтүнэн, төлөпүөн хаһаайына ханна сылдьыбытын барытын бэлиэтиирин туһунан иһитиннэрбиттэрэ. Экспердэр маннык дааннайдары кистэммит файлга харалла сыталларын булбуттар.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 1

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Культура

Короткий путь в Вечность

5 декабря в Национальном художественном музее Республики Саха (Якутия) откроется выставка…
03.12.24 13:38