Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Санкт-Петербург куоракка “Аартыка: бүгүҥҥүтэ уонна кэскилэ” диэн норуоттар икки ардыларынааҕы X форум буолан ааста. Форум кыттыылаахтара Аартыкаҕа сыыппараны күүскэ сайыннарыы стратегическай суолталааҕын бэлиэтээтилэр.

Санкт-Петербург куоракка “Аартыка: бүгүҥҥүтэ уонна кэскилэ” диэн норуоттар икки ардыларынааҕы X форум буолан ааста. Форум кыттыылаахтара Аартыкаҕа сыыппараны күүскэ сайыннарыы стратегическай суолталааҕын бэлиэтээтилэр.

Форум “Аартыкаҕа сибээс систиэмэтин уонна телекоммуникация инфраструктуратын сайыннарыы” диэн сиэссийэтигэр Саха сиригэр сыыппара араадьыйатын сайдыытын кэскилин туһунан дакылааты Саха сиринээҕи араадьыйа иһитиннэриилэрин уонна тэлэбиидэнньэтин тэхиньиичэскэй киинин генеральнай дириэктэрэ Андрей Ребров оҥордо.

Андрей Иванович баахта үгүс үлэһиттэрэ, кыһыҥҥы суолларынан айаннааччылар, табаһыттар мобильнай сибээһинэн туһанар кыахтара суоҕуттан долгуйарын биллэрдэ. КВ-диапазоннаах араадьыйа сибээһэ 2018 сыллаахха тохтообута диэтэ. Күн бүгүн кылгас, орто уонна уһун араадьыйа долгуннарын омук дойдуларын эпиирэ баһылаата диэн бэлиэтээтэ.

Билигин өрөспүүбүлүкэ 288 араадьыйа ыстаансыйалаах. Балар нэһилиэнньэ 99,2 %-нын хабаллар. Ол гынан баран, нэһилиэнньэлээх пууннартан тэйиччи сибээс хаппат. Онон өрөспүүбүлүкэ араадьыйа сибээһинэн 8 % эрэ хабыллар диэн эттэ.

Андрей Ребров Саха сиринээҕи араадьыйа иһитиннэриилэрин уонна тэлэбиидэнньэтин тэхиньиичэскэй киинэ DRM-30 стандартаах сыыппара араадьыйатын сайыннаран Саха сирин бүтүннүү, Хотугу муора суолун уонна Новосибирскай арыыларын хабар кыах баарын эттэ. Ити бырайыакка билиҥҥитэ Арассыыйа бастыҥ үнүстүтүүттэрэ уонна бырайыактыыр тэрилтэлэрэ ылсыбыттарын кэпсээтэ. Онон пилотнай бырайыак үлэлиирэ күүтүллэр диэтэ.

“Араадьыйа Аартыка олохтооҕор аан дойдуну кытта ситимнээҕин бэлиэтэ, моральнай уонна духуобунай өйөбүлэ”, – диэн Андрей Ребров тоһоҕолоото.

Кини DRM-30 стандартаах сыыппара араадьыйата хотугу эргимтэ көмүскэллээх буолуутугар улахан оруолу ылыаҕа диэн санаатын үллэһиннэ. Ол курдук, ыксаллаах быһыы-майгы үөскүүр түгэнигэр суһал иһитиннэриилэри ыытарга табыгастаах усулуобуйалар үөскүөхтэрэ диэтэ.

Бырайыак олоххо киирдэҕинэ, КВ уонна СВ диапазоннаах долгуннары чөлүгэр түһэрэр, хотугу норуоттар култуураларын харыстыырга уонна сайыннарарга саҥа саҕахтар арыллаллар диэн эттэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением