Кэнгириэскэ «Аан дойду табаһыттара» ассоциация сэбиэтин бэрэсидьиэнэ Сергей Харючи, Арассыыйа сенатора, Сибиир уонна Уһук Илин хотугу төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктарын ассоциациятын бастакы вице-бэрэсидьиэнэ Александр Новьюхов, Коми Өрөспүүбүлүкэтин сенатора Елена Шумилова, Арассыыйа табалаах эрэгийиэннэрин (Чукотка, Ненец, Ямал-Ненец, Ханты-Манси автономнай уокуруктарын, Магадан уонна Амур уобаластарын, Тыва, Таймыыр, Саха сирин) дэлэгээссийэлэрэ кыттыыны ылбыттар.
-- Биэс күн устата ыытыллыбыт кэнгириэскэ араас былаһааккаларынан хотугу төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктар көмүскэллэрин, табаһыт аатын үрдүктүк тутуу, таба иитиитин тирээн турар боппуруостарын тула боччумнаах кэпсэтиилэр, уопуту атастаһыылар ыытылыннылар. Үгүс эрэгийиэннэр Саха Өрөспүүбүлүкэтэ таба салаатыгар тэрийэр үлэтин-хамнаһын туһунан истэн билэр уонна биһириир эбиттэр. Биһиги үлэбит уопутун федеральнай таһымҥа билиһиннэрдибит. Саха Өрөспүүбүлүкэтин этнологическай экспертиза уонна үгэс буолбут төрүт дьарык территорияларын тустарынан сокуоннарыгар тирэҕирэн, саҥа сокуон – Арассыыйа Федерациятын Арктикатааҕы резиденнэрэ Сибиир уонна Уһук Илин хотугу төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктарын кытары бииргэ үлэлээһиҥҥэ эппиэтинэстэрин стандарта ылылынна, – диэн кэпсээтэ Елена Голомарева.
-- Табалаах дьон – айылҕа оҕолоро, көс олох кинилэр олохторун-дьаһахтарын философията. «Туундараттан таба тыына бардаҕына, ону төннөрөр уустук, букатын да барыан сөп», -- диэн аҕам эппитин умнубаппын. Бу күннээҕи олохтон тахсыбыт муударай тыллар буолаллар. Табаны иитиигэ эрэгийиэннэр сыһыаннара араас, сорохтор 600 тыһыынча, сорохтор 600 табалаахтар. Ямал, Ханты-Манси уонна Саха сирэ табаны иитии боппуруостарыгар судаарыстыбаннайдык сыһыаннаһыыга холобур буолаллар. Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттара Евдокия Александровна Гаер, Еремей Данилович Айпин, Владимир Михайлович Санги, Владимир Михайлович Етылин, Андрей Васильевич Кривошапкин, Сергей Николаевич Харючи, Зоя Афанасьевна Корнилова, Климент Егорович Иванов, Александр Николаевич Жирков дойдуга саамай уустук кэмнэргэ «Аҕа ууһун общиналарын туһунан», «Арассыыйа Федерациятын аҕыйах ахсааннаах омуктарын бырааптарын туһунан» федеральнай сокуоннар ылыллалларын итиэннэ хотугу төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктар бырааптара Конституциянан бигэргэнэрин ситиспиттэрэ. Кинилэр бэйэлэрин төрөөбүт норуоттарын туһугар үлэлээбит-хамсаабыт дьиҥнээх норуот дьокутааттара буолаллар, -- диэтэ кэнгириэскэ Елена Голомарева.
Уһук Илини сайыннарыы миниистирэ Алексей Чекунков Арассыыйа Арктикатааҕы зонатын эрэгийиэннэригэр төрүт салааны, ол иһигэр табаны иитиини өйөөһүҥҥэ 2024 сылга диэри сыллата 500 мөлүйүөннүү солкуобай харчы көрүллэрин туһунан эттэ. Бу үп снегоходтары, вездеходтары атыылаһарга, тириини таҥастыыр мастарыскыайдары, олохтоох бородууксуйаны оҥоруу уонна батарыы логистикатын ситимин тэрийэргэ, таба хаһаайыстыбаларын маериальнай-техническэй базаларын хаҥатарга (ыстаадаларга олорор дьиэлэри тутарга), аныгы технологиянан хааччыйарга ананар эбит.
Табаһыттар үлэлиир-олорор усулуобуйаларын тэрийиигэ сыралаһар чуумсук дьахталлар бырааптарын уонна социальнай көмүскэллээх буолууларын бигэргэтии болҕомто киинигэр туруорулунна. Сүрүн кыһалҕа – адьырҕа кыыллары хонтуруоллааһын тумнуллубата. Хотугу төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктар боппуруостарыгар Арктика сэбиэтин бэрэстэбиитэлэ Михаил Погодаев Саха сиригэр сыллата 16 тыһыынча табаны бөрө тардарын иһитиннэрдэ, урут, Сэбиэскэй былаас саҕана, бөрөлөрү уодьуганныырга дьааты туһаныы олус көдьүүстээх этэ диэтэ.
Ханты-Манси автономнай уокурукка 31 тыһыынча төрүт олохтоох омук бэрэстэбиитэллэрэ: хантылар, мансилар уонна ненецтэр олороллор. Кинилэртэн 2 000 кэриҥэ киһи төрүт салаанан дьарыктанар – таба иитэр, бултуур, балыктыыр. Табаһыттар оҕолорун үөрэтиигэ ыстааданы кытары көсүһэ сылдьар учууталлаах «Стойбищная школа – сад» механизм оҕолор төрөппүттэриттэн тэйбэккэ оскуола бырагырааматынан үөрэнэллэрин итиэннэ төрүт дьарыктарыгар эмиэ уһуйуллалларын хааччыйбыт. Табаһыттар кэргэттэрэ чуумсук быһыытынан үлэлэрин ыстаастара ааҕыллар, «Үлэ киниискэлээхтэр» уонна табаһыт курдук, социальнай мэктиэнэн туһаналлар. Автономнай уокурук бүддьүөтүттэн табаҕа субсидия көрүллэрин түмүгэр, 2000 сылтан таба ахсаана 64 %-ынан эбиллэн, күн бүгүн 40 000 буолбут.
Бу эрэгийиэҥҥэ сүрүн дохуоту оттук-энергетика комплекса, сир баайын хостуур хампаанньалар киллэрэллэр, онтон олохтоох омуктар төрүт дьарыктарыгар үгүөрү үп көрүллэр эбит. Автономнай уокурук губернатора Наталья Комарова иһитиннэрбитинэн, таба салаатын сайыннарар уонна саҥа үлэ миэстэтин таһаарар сыалтан, хаһаайыстыбалар табаны атыыласпыт ороскуоттарын 70 %-на бүддьүөттэн толуйуллар итиэннэ төрүт салааҕа идэтийээччилэргэ элбэх граннар көрүллэллэр. Судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн табалары чиптээһин, эмтиир-сэрэтэр үлэни тэрийии, лабораторияларга чинчийии ыытыллар буолан, табалар туруктара чэгиэн. Бу эрэгийиэн табаһыттарыгар Арассыыйаҕа бастакынан интернет ситимэ киирбитэ, инньэ гынан судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөрүнэн толору туһаналлар. Төрүт дьарыктарыгар идэтийэр аҕыйах ахсааннаах омуктар интернетинэн босхо туһаналларын хааччыйар бырагыраама төрдүс сылын үлэлиир.
Оттон Ямал – ньиэби-гааһы хостооһун бөдөҥ киинэ (Арассыыйа Арктикатыгар бу салааҕа угуллар үп 65 %-а Ямалга көрүллэр) уонна дойду үрдүнэн саамай элбэх (600 000) табалаах эрэгийиэн буолар. Таба иитиитин сайыннарыыга туһуламыт элбэх инновационнай, социальнай бырагыраамалар үлэлиилэр. Ити эрээри кырдьаҕас табаһыттар бииртэн санаарҕыыллар – саҥа технологиялар өбүгэ саҕаттан кэлбит үлэ ньымаларын үтүрүйдүлэр, тиэхиньикэҕэ найыланан, эдэрдэр табаны сатаан көлүммэт, таба үөрүн пилота суох көтөр тэриллэринэн маныыр буоланнар, чуумтан тахсыбат буолан эрэллэр. «Төһө өр маннык барыахпытый?» -- дэһэллэр.
Амур табаһыттара бөрө ахсаана олус элбээбититтэн дьиксинэллэр. Бурятия дэлэгээттэрэ таба ахсаана аҕыйаабытын, сорох боруода сүтэн эрэрин этэллэр. Ол курдук, урут 3 000 табалаах өрөспүүбүлүкэҕэ күн бүгүн 462 эбэҥки боруода таба, 77 саян боруода таба хаалбыт!
Кэнгириэс бүтүүтүгэр табанан сүүрдүүгэ, маамыктаны быраҕыыга көхтөөх күрэхтэһиилэр тэрилиннилэр. Түмүккэ дэлэгээттэр бары эрэгийиэннэргэ табаны иитии үлэтин бастыҥ өттүлэрин түмэн, салааны сайыннарыыга тирэх буолар декларацияны ылыннылар. Ассоциация сэбиэтин састаабын уларыппатылар, аныгыскы кэнгириэһи түөрт сылынан Монголияҕа ыытарга быһаардылар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0