Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -4 oC

РФ олохтоох салайыныы былааһыгар саҥа реформа, уларыйыы киирэрэ күүтүллэр. Клишас уонна Крашенинников Госдумаҕа киллэрбит сокуоннарын барыла билигин иһитиннэрэр-көрдөрөр эйгэҕэ көхтөөхтүк дьүүллэһиллэр.

РФ олохтоох салайыныы былааһыгар саҥа реформа, уларыйыы киирэрэ күүтүллэр. Клишас уонна Крашенинников Госдумаҕа киллэрбит сокуоннарын барыла билигин иһитиннэрэр-көрдөрөр эйгэҕэ көхтөөхтүк дьүүллэһиллэр.

Экспердэр, бэлиитиктэр, философтар, историктар бу көҕүлээһиҥҥэ араас сыанабылы биэрэллэр. Сорохтор: «Саҥа сокуон олохтоох салайыныы үлэтин мөлтөтүөҕэ», – дииллэр, атыттар: «Төттөрүтүн саҥа кыахтары үөскэтиэҕэ», – диэн сылыктыыллар. Ол туһунан кэпсэтиэххэ.

Публичнай былаас олуга түстэниэ

Федерация Сэбиэтин Конституционнай сокуоҥҥа кэмитиэтин баһылыга Андрей Клишас уонна Госдума дьокутаата Павел Крашенинников балаҕан ыйыгар Госдума көрүү­түгэр эрэгийэннэринэн публичнай былаас уорганнарын тэрийиигэ туһуламмыт 1256381-7-с №-дээх «РФ субъектарыгар публичнай былааһы тэрийии уопсай бириинсиптэрин туһунан» сокуон барылын киллэрдилэр.

KVA 0417

СӨ парламена алтынньы 30 күнүгэр диэри сокуон барылын дьүүллэһэн, сөптөөх сыанабылы Госдумаҕа ыытыахтаах. Ол курдук, алтынньы 13 күнүгэр норуот дьокутаата Владимир Прокопьев ыыппыт судаарыстыбаннай тутулга уонна сокуоннаһыыга СӨ парламенын сис кэмитиэтин киэҥ мунньаҕар сокуон барыла дьүүллэһиигэ көрүллүбүтэ. Онно I ыҥырыылаах Ил Түмэн палаататын бэрэссэдээтэлэ Егор Ларионов, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин иһинэн Уопсастыбаннай-консультативнай сэбиэт чилиэннэрэ Егор Жирков уонна Михаил Санников, бэрэпиэссэр Ульяна Винокурова, V ыҥырыылаах Ил Түмэн дьокутаата Иван Шамаев бэйэлэрин санааларын этиммиттэрэ. Парламент спикерэ Алексей Еремеев сокуон барыла дойду үрдүнэн олус суолталааҕын чопчулаа­быта. Сокуон барылын кичэйэн үөрэтэр, сыныйан ырытан көрөр оробуочай бөлөх тэриллибитин туһунан билиһиннэрбитэ. Алексей Ильич тыл этээччилэр өттүлэриттэн киирбит ыйытыыларынан, сокуон барылын туспа балаһыанньаларыгар сиһилии тохтоото. Кини бэлиэтээбитинэн, сокуон барылын көҕүлээччилэр өттүлэриттэн киир­бит этиилэри ХХХ пленарнай мунньахха дьүүллэһиэхтэрэ. Сокуон барылыгар сыанабылы ылыммыттара дуу, суоҕа дуу бу хаһыат типографияҕа барбытын кэннэ биллэр. 

Ыспыраапка

Публичнай былаас тиэрминэ киэҥ ис хоһоонноох. Юристар, историк­тар, философтар «публичнай былаас» диэн тылы киэҥник тутталлар: олоҕу-дьаһаҕы ырыталларыгар, судаарыс­тыба уонна норуот бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар сыһыаннарын быһаарарга. Оттон сокуон барылын ис хоһоонунан, публичнай былаас биир сомоҕо систиэмэтин бириинсиптэрэ дьон-сэргэ туһугар, араас таһымнаах публичнай былаастар икки ардыларыгар сөбүлэһиллибит дьайыыларыгар олоҕурар.

Сыныйан үөрэттэххэ

Сокуон барылын хос быһаарыынан, со­куон сүрүн балаһыанньаларын дойду Төрүт сокуонунан ылыныллыбыт уларытыыларыгар уонна эбиилэригэр сөп түбэһиннэрии буолар. Бу докумуон эрэгийиэн баһылыктара икки болдьохтон ордук талыллалларыгар көҥүлү биэрэр, ону таһынан боломуочуйаларын болдьоҕо 4 сыл буолбакка, 5 сылга диэри уһатыллар. Экспердэр сыанабылларынан, киллэриллибит сокуон барыла сыл бүтэһик ыйдарыттан 2024 сылга диэри олохтоох былаас тиһигин уларытыыга күүстээх үлэни ыытарга туһуланар. Ол курдук, сокуон барылын 60-с ыстатыйатыгар уонна хос быһаарыытын суругар, эрэгийиэннэр киин куораттарын территорияларыгар публичнай былааһы тэрийэргэ «ураты бэрээдэктиир кыах» олохтонорун бэлиэтиэххэ наада. Аны туран, «ураты бэрээдэктиир кыах», «боломуо­чуйалары олоххо киллэрии уратыларын» уонна «публичнай былаас» тустарынан докумуоҥҥа сиһилии хос быһаарыллыбат. Мантан сиэттэрэн, биллэр бэлиитиктэр РФ субъектарын административнай кииннэрин таһымыгар олохтоох бэйэни салайыныы оннунан хааларыгар саарбахтыылларын биллэрдилэр. «Арассыыйаҕа публичнай былаас тиһигин тутуу бырассыаһа эрэгийиэн­нэр киин куораттарыгар олохтоох бэйэни салайыныыны көтүрэргэ күһэйиэ», – диэн сабаҕалыыллар.

UVQMxztoEQbAAvFJd5aEHWZO1Zzr0URT

Санатар буоллахха, Андрей Клишас уонна Павел Крашенинников киллэрбит сокуоннарын барыла, чахчы, публичнай былаас биир ситимнээх систиэмэтин, дойду Төрүт сокуонун балаһыанньатыгар олоҕуран, олоххо киллэриигэ туһуланар. Чуолаан Төрүт сокуон 132-с ыстатыйатыгар эбиилэри киллэриигэ этиллэринэн, олохтоох салайыныы уонна судаарыстыбаннай былаас уорганнара биир кэлим тиһиккэ киирэллэригэр тиэрдэр, ол эбэтэр былаас биир бириинсибинэн ситимнээхтик үлэлиэхтээх. «Ол да буоллар, дойду Төрүт сокуонугар уларытыылары уонна эбиилэри бэлэмнииргэ муниципальнай тэриллиилэр интэриэстэрэ уонна бырааптара күөмчүлэниэ суохтаах» диэн дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин этиитин «Коммерсантъ» санатар.

Сокуонунан мэктиэлэнэр

Судаарыстыбаннай былаас уорганнара күн бүгүҥҥэ диэри олохтоох салайыныы уорганнарыгар сабыдыаллара сүҥкэн. Ол гынан баран, толору тутулуга суох буолууларын күөмчүлээбэт. Холобур, эрэгийиэн киин куоратын баһылыгын быыбардара Абакааҥҥа, Анаадырга, Новосибирскайга, Томскайга, Хабаровскайга, Улан-Удэҕа уонна Дьокуускайга эрэ ыытыллаллар. Атын эрэгийиэннэргэ баһылыгы быы­­барынан талыы куонкуруһунан анааһыҥҥа солбуллубута. Ол эрээри, олохтоох мэр быыбарын ыытары федеральнай сокуон боппот, судургутук эттэххэ, быыбары ыытыы туһунан быһаарыыны олохтоох парламент бэйэтэ ылынар. Биири өйдүөх тустаахпыт: Төрүт сокуоҥҥа киллэриллибит уларытыылары учуоттаан, муниципалитеттарга олохтоох салайыныы сокуонунан мэктиэлэнэр. Сүрүн докумуон олохтоох салайыныы быраабын хааччахтааһыны бобор. Ону таһынан, 133-с ыст. киллэриллибит уларытыылар олохтоох былааска эбии үп көрүллэрин мэктиэлиир. Мантан даҕатан, эрэгийиэннэр киин куораттарыгар олохтоох бэйэни салайыныыны көтүрүү туһунан этэр эрдэ.

9839 x922

Санаа үллэстиитэ

Бэлиитикэ технолога, Луганскай норуодунай өрөспүүбүлүкэ миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Марат Баширов: «Олохтоох салайыныы уорганнара дойду сайдыытын харгыстыыллар, онон бу саҥа сокуон барыла баар итэҕэстэри көннөрүөҕэ», – диэн итэҕитэр. Атын политологтар этиилэринэн, сокуон барылын сорох балаһыанньаларынан, олохтоох салайыныы уорганнара федеральнай былаас толору бас билиитигэр киирэллэр, ол түмүгэр олохтоох салайыныы таһымыгар быһаарыныылары бэйэ ылынарын боборго тиэрдэр.

Бэлиитикэни анаалыстыыр киин генеральнай дириэктэрэ Павел Данилин көрүүтүнэн, дойду үрдүнэн олохтоох салайыныыны сүнньүттэн көтүрүү кутталы үөскэппэт. Кини этэринэн, дойдуга РФ Конституциятынан атын ылыллар федеральнай сокуоннар үрдүкү со­куон балаһыанньаларыгар сөп түбэ­һиэхтээхтэр. Онтон Төрүт сокуон олохтоох салайыныы бырааптарын мэктиэлиир. Эбиитин публичнай былаас туһунан сокуон барылыгар ыйылларынан, олохтоох салайыныы уорганнарын бырааптара уонна эбээһинэстэрэ сокуонунан күөмчүлэниэ суохтаахтар.

«Ил Түмэн» парламент хаһыата

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением