Санаттахха, «Уһук Илиҥҥи гектар» бырагыраама көмөтүнэн дойдубут олохтоохторо 1 га диэри иэннээх сир учаастагын босхо ылар кыахтаахтар. Бырагыраама Уһук Илин эрэгийиэҥҥэ 2016 сыл бэс ыйын 1 күнүттэн олоххо киирбитэ. Оттон атын эрэгийиэннэринэн бырагыраама 2017 сыл олунньу 1 күнүттэн үлэлиир. Учаастак ылбыт киһи бастакы сылыгар сирин хайдах туһанарын быһаарар, онтон үс сылынан декларация туттарар. Кэлин аны биэс сылынан сир учаастагын бас билиитигэр оҥотторуон сөп, эбэтэр уһун болдьоххо түүлэһиигэ ылар кыахтаах.
Ураты усулуобуйа учуоттанна
Норуот дьокутаата Сахамин Афанасьев мунньах саҕаланыыта иһитиннэрбитинэн, федеральнай сокуонунан Сахабыт Сирин 28%-на хабыллар, ол эбэтэр 88 мөл. гектар сир. Сокуон ылыныытыгар өрөспүүбүлүкэттэн киирбит көннөрүүлэр бары учуоттаммыттар, маныаха Ил Түмэн уонна бырабыыталыстыба бииргэ үлэлэспиттэрин бэлиэтээтэ. Ол курдук, ураты харыстанар айылҕа сирэ-уота, үгэс быһыытынан туһаныллар сирдэр, бултуур сиргэ-уокка сир учаастага бэриллибэт. Үлэ билигин даҕаны салҕанар, сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии учуоттанарын туһунан эттэ.
Мунньахха СӨ Баайга-дуолга уонна сир сыһыаннаһыыларыгар миниистирэ Павел Иванов уонна СӨ Экологияҕа, сир баайын туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Андрей Николаев дакылааттаатылар.
Сири—көдьүүстээхтик
Миниистир Павел Иванов бэлиэтииринэн, «Уһук Илиҥҥи гектар» федеральнай сокуон бырагыраамата олоххо киириитин СӨ Баайга-дуолга уонна сир сыһыаннаһыыларыгар министиэристибэтэ иилиир-саҕалыыр. Учаастактары муниципальнай тэриллиилэр биэрэллэр, ойуур сирдэрин СӨ Экологияҕа, сир баайын туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ.
Саха Сирин үрдүнэн Аллайыахаҕа, Анаабырга, Булуҥҥа, Үөһээ Халымаҕа, Эдьигээҥҥэ, Усуйаанаҕа, Эбээн Бытантайга уонна Жатайга Уһук Илиҥҥи гектар бэриллибэт, онтон атын оройуоннарга ылыахха сөп.
Бырагырааманы олоххо киллэриигэ Саха Сирэ үс бастыҥ эрэгийиэннэр истэригэр киирэр. Ол курдук, 2016 сылтан быйыл кулун тутар 13 күнүгэр диэри уопсайа 29 871 сайабылыанньа киирбит. Олортон сир учаастагын төлөбүрэ суох туһаныыга 12612 дуогабарга илии баттаммыт. Ол иһигэр 122 түүлэһии уонна 1307 бас билии дуогабардара.
Ордук элбэх сир учаастагын Хаҥалас улууһун Өктөм уонна Төхтүр нэһилиэктэрин таһыгар ылбыттар (3312). Иккис миэстэҕэ — Мэҥэ Хаҥалас (2139), үһүс миэстэ — Амма(1260).
Сир учаастагын ылыы тус сыаллаах буолар: үксүн дьиэ тутуутугар (3199), кэтэх хаһаайыстыбаны тэрийиигэ (1899), бултка уонна балыктааһыҥҥа (837), туризмҥа (257) уонна тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыытыгар (239).
Биэс сыл төлөбүрэ суох сир учаастагын туһанааччы салгыы боломуочуйалаах уоргаҥҥа сайабылыанньа түһэрэн, сир учаастагын бас билиигэ эбэтэр түүлэһиигэ ылыан сөп. Түүлэһиигэ биэрии болдьоҕо — 48 сыл.
Манна даҕатан эттэххэ, ааспыт сылга федеральнай сокуоҥҥа уларыйыылар киирэннэр, «гектар амнистията» биллэриллибитэ. Онно олоҕуран, быйыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри биэс сыллаах болдьохторун аһардыбыттар сайабылыанньаларын хойутуу ыытыахтарын сөп.
Кэнники сыллары кэтээн көрдөххө, маҥнайгы икки сылга ордук элбэх сайабылыанньа киирбитэ билиннэ. Холобур, 2016 сыллаахха — 9655, 2017 сылга — 9407. Онтон кэнники сылларга аҕыйаатар-аҕыйаан, 2022 сылга — 1237 сайабылыанньа бэриллибит, оттон 2023 сыл саҕаланыаҕыттан — 435.
— Бырагырааманан туһанааччылар судаарыстыбаттан эбии көмө ылыахтарын сөп, — диэн СӨ Баайга-дуолга уонна сир сыһыаннаһыыларыгар миниистирэ Павел Иванов санатта. Ол курдук, тыа хаһаайыстыбатын, урбаан уонна экология министиэристибэлэринэн барыта 9 өйөбүл көрүҥэ үлэлиир. Ол иһигэр, «Саҕалааччы пиэрмэр», «Агростартап», «Дьиэ кэргэн пиэрмэтин сайыннарыы» граннар көдьүүстээхтэрин көрдөрбүттэр. Маны тэҥэ, анал «Якутский гектар» бырайыагынан чэпчэки бырыһыаннаах кирэдьииттэри туһаныахха сөп.
Агломерация диэн тугуй?
Агломерация — туһанааччылар хас да гектар сир учаастактарын сайыннарыыларын көстүүтэ. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ 16 агломерация баар. Кинилэри үс уочаракка арааран, тупсаҕай оҥороллор. Маҥнайгы уочаракка Амма улууһун Булуҥ сэлиэнньэтэ, Мэҥэ Хаҥалас Петровката, Ньурба Антоновката, Нам Бартыһаана киирэллэр. Бу түөрт агломерацияҕа (ол иһигэр 232 сир учаастага) инфраструктураны сайыннарыыга федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи бүддьүөттэртэн 2020 сыллаахха холбоон 173 мөл.солк. үбүлээһин көрүллүбүт. Үп-харчы суотугар суоллар оҥоһуллубуттар, уот ситимигэр холбообуттар, бырайыактыыр-сметалыыр үлэлэр ыытыллыбыттар. Бу тэрээһиннэр Арассыыйаҕа Аартыканы уонна Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтин кытта 2018 сыллаахха түһэрсиллибит сөбүлэҥ уонна СӨ Экэнэмиичэскэй сайдыы кииннэрин сайыннарыы былааныгар олоҕуран ыытыллыбыттар. Оттон билигин 12 агломерацияҕа инфраструктуратын хааччыйыыта суох (3712 сир учаастага), маныаха тустаах үлэлэр ыытыллаллар. Бу сир учаастактара эмиэ уочарат быһыытынан тупсарыллыахтара. Ол курдук, иккис уочаракка — Мэҥэ Хаҥалас Хаптаҕайа, Уус Алдан Кэптэнитэ уонна Хаҥалас агломерацията (Төхтүр уонна Өктөм) тураллар. Үһүс уочаракка — Мэҥэ Хаҥалас Павловскайа, Чурапчы Хатылытын Саарба Тиирбит учаастага, Дьокуускай куорат таһыгар Кубалаах, Айыы Таайбыт күөллэрэ.
Туһалаах бырагыраама
Миниистири солбуйааччы Андрей Николаев министиэристибэҕэ ойуур пуондатыгар сыһыарыллыбыт сир учаастактарын биэрэллэрин бэлиэтээтэ. Кини этэринэн, сокуон олоххо киириитэ Аартыка зонатыгар уонна Хотугу сир, Сибиир уонна Уһук Илин уоукурук сирдэригэр сир учаастактарын туhаҕа таһаарыыга туһалыыр. Олохтоохтор сир учаастактарын бас билиигэ көһөрүүлэрин ахсаанынан ылан көрдөххө, бырагыраама олус биһирэммит.
Дьокутааттар ыйыталлар
Чопчулуур ыйытыктары норуот дьокутааттара Андрей Находкин, Виктор Губарев, Татьяна Егорова, Яков Ефимов биэрдилэр.
Мунньах кэмигэр тиһигин быспакка «Уһук Илиҥҥи гектар туһунан» сокуону ырыттылар. Сокуоҥҥа эбии көннөрүүлэри киллэрии тэтимин ыһыктыбат туһуттан, тустаах оробуочай бөлөх тэриллэн үлэлиирин эттилэр. Быһаарыыны эрэйэр боппуруос элбэх, онон үлэ эрчимнээх эрээри, кэнники охсуулаах буолбатын туһугар олус ыксаабакка ыытыллыахтааҕа бэлиэтэннэ.
Ол курдук, сокуон ирдэбилинэн өскөтүн гражданин сир учаастагын дьиэ тутуутугар ылар буоллаҕына, бу сир «земли населенных пунктов» диэн категорияҕа көһөрүллэр. Итинэн сибээстээн, олорор пууннарынан ханна түбэһэринэн киирсэр сир учаастактара ойуур ортотугар кытта баар буолбуттар. Оттон инфраструктуратын хааччыйыыга ойуур сирдэрэ олорор пуун сирдэрин учаастактарыгар киирсиэхтээх. Эбиитин РФ Экэниэмикэҕэ сайдыытын министиэристибэтин уонна Рослесхоз салалтатын кытта сөбүлэҥ докумуоннаах буолара ирдэнэр. Бу күчүмэҕэй балаһыанньаттан тахсарга СӨ Баайга-дуолга уонна сир сыһыаннаһыыларыгар министиэристибэтэ сокуон барылын бэлэмнээбит. Билигин докумуон Ил Түмэҥҥэ үөрэтиллэр уонна чопчуланар.
Маны тэҥэ, Надальнийвосток.рф федеральнай информационнай систиэмэ олус бытааннык үлэлиирэ ыйылынна. Мантан сиэттэрэн, исписэлиистэр үлэлэрэ бытаарар, космостан түһэриилэрэ суоҕуттан үлэ харгыстанар. Хабааннаах үлэҕэ идэлээх исписэлиистэри бэлэмнээһини үрдэтэргэ, ахсааннарын элбэтэргэ баҕа санаа этилиннэ. Ол курдук, билигин ойуур сиригэр арыандаҕа ылыан баҕалаахтартан киирбит 100-тэн тахса сайабылыанньаны көрөр. Бу сыалга гражданнарга МФЦ нөҥүө консультациялары ыытары эттилэр.
Бырабыыталыстыба чааһын түмүгэр норуот дьокутаата Сахамин Афанасьев СӨ Бырабыыталыстыбатын, Ил Түмэнин, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын кытта таһаарыылаах үлэ барбытын санатта. Ол эрэн, мунньах кыттыылаахтарыттан киирбит сорох ыйытыктарга чопчулааһын баар буолуохтааҕын ыйда:
— Уһук Илиҥҥи гектар үлэтэ көдьүүстээх, таһаарыылаах, туһалаах буоларыгар агломерациялары тэрийии көмө буолуоҕа. Оччотугар хас биирдии баҕалаах киһи Уһук Илиҥҥи гектары эрэ буолбакка, бэлэм инфраструктуранан хааччыллыылаах сир учаастагын ылар кыахтанар. Маныаха, сотору кэминэн, бырабыыталыстыба, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара уонна Ил Түмэн тобулар үлэни ыытыахтара.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0