Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -2 oC

Арассыыйа олохтоохторо сѳмѳлүѳтүнэн элбэхтик айанныыллар. Онон аан дойдуга буола турар билиҥҥи быhыыга-майгыга, сааҥсыйалар усулуобуйаларыгар, дойду авиационнай салаата хайдах туруктааҕын үгүс киhи билиэн баҕарар.

Арассыыйа олохтоохторо сѳмѳлүѳтүнэн элбэхтик айанныыллар. Онон аан дойдуга буола турар билиҥҥи быhыыга-майгыга, сааҥсыйалар усулуобуйаларыгар, дойду авиационнай салаата хайдах туруктааҕын үгүс киhи билиэн баҕарар.

Бу нэдиэлэҕэ РФ Бырабыыталыстыбатын отчуотун иннигэр профильнай биэдэмистибэ баhылыга Виталий Савельев кыттыылаах тырааныспарга уонна тырааныспар инфраструктуратын сайдыытыгар Кэмитиэт киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕар авиационнай салаа боппуруоhун дьүүллэстилэр.

Госдума бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Неверов: «Пандемия уонна сааҥсыйалар содуллара авиационнай салааҕа куhаҕаннык сабыдыаллыыллар, ол эрээри, Тырааныспар министиэристибэтэ тэтимнээх быhаарыылаах хардатын кѳмѳтүнэн, дойду Бэрэсидьиэнэ, бырабыыталыстыба ѳйѳбүллэринэн балаһыанньа боростуойа суох эрээри, бигэ, үлэ кэминэн барар», – диэн бэлиэтээтэ.

Виталий Савельев эппитинэн, РФ Бырабыыталыстыбата тас дойду тиэхиникэтин лизиҥҥэ биэрээччилэриттэн, Арассыыйа авиахампаанньаларын көтөр аалларын атыылаhан ыларга анаан 300 млрд солк. кэриҥэ үбү-харчыны биэрбит. Ол курдук, «Аэрофлот» хампаанньа үп-харчы сорох чааhын ыраах айан-сырыыны сылдьар 10 сѳмѳлүѳтү атыылаhан ыларга хайыы-үйэ туттубут.

Ону кытта, Виталий Савельев билиҥҥи бириэмэҕэ Арассыыйа авиахампаанньаларын пааркаларыгар  1297, ол иhигэр 1167 пассажирскай сѳмѳлүѳттэр баалларын, ол иһиттэн 70-тан тахса көтөр аал сааҥсыйаларынан сибээстээн кыраныысса таhыгар хаалбыттарын туһунан биллэрдэ.

Источник: Госдума саайта.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением