Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

- Үгүстэр “судаарыстыбаны түмэр норуот” диэн тыллары ис хоһоонуттан быһа тардан ылан, нууччалар бэйэлэрин атын норуоттартан үөһэ туруордулар диэн сыыһа өйдөбүллээхтэр. Бу ыстатыйа ис хоһоонун тиһэҕэр диэри ким да ааҕа сатаабат.

- Үгүстэр “судаарыстыбаны түмэр норуот” диэн тыллары ис хоһоонуттан быһа тардан ылан, нууччалар бэйэлэрин атын норуоттартан үөһэ туруордулар диэн сыыһа өйдөбүллээхтэр. Бу ыстатыйа ис хоһоонун тиһэҕэр диэри ким да ааҕа сатаабат.

Дьиҥэр, онно Арассыыйа үрдүнэн судаарыстыбаннай тылынан нуучча тыла буоларын туһунан “РФ элбэх омуктаах сойууска киирэр тэҥ бырааптаах норуоттар судаарыстыбаларын түмэр норуот тыла” диэн этиллэр.
Өйдөөн көрүҥ: элбэх омуктаах сойууска киирэр тэҥ бырааптаах норуоттар диэн. Онон судаарыстыбаны түмэр норуот диэн өйдөбүл нуучча норуотугар баар историческай кырдьыгы бэлиэтииргэ эрэ туттуллар. Өссө былыргы Русь саҕаттан нуучча норуота Арассыыйа судаарыстыбатын төрүттээбитэ. Манна туох сүөргү өйдөбүлэ баарый?

Уопсай сири-дойдуну уонна историяны таһынан өссө нуучча тыла, нуучча култууратын эйгэтигэр киирсэрбит уонна, ордук чуолаан, нуучча классическай литературатын билиибит Арассыыйа тэҥ бырааптаах норуоттарын биир сомоҕо гына түмэр. Нуучча тылыгар эрэ тирэҕирэн саха литературата сайдыбыта, нуучча тыла эрэ саха поэттарын уонна суруйааччыларын Саха сирин тас өттүгэр билиһиннэрбитэ, быһата биһиги норуоппут нуучча тылын эрэ нөҥүө аан дойду култууратын эйгэтигэр киирбитэ.

Конституция бу ыстатыйатыгар “республики вправе устанавливать свои государственные языки на своей территории, а также положение о гарантиях всем народам России права на сохранение родного языка, создание условий для его изучения и развития” диэн төрүт өйдөбүлбүт халбаҥнаабакка оннунан хаалла. Билэргит курдук, биһиги  өрөспүүбүлүкэбитигэр икки судаарыстыбаннай  тыл баар: нуучча тыла уонна саха тыла. Ону тэҥэ аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар түөлбэлээн олорор сирдэригэр биэс официальнай тыллаахпыт: эбэҥки, эбээн, юкагир, долган  уонна  чукча тыллара. Маны таһынан Конституция бу ыстатыйатыгар Арассыыйа Федерациятыгар култуура элбэх омуктаах норуот уратытын көрдөрөр баай нэһилиэстибэнэн буоларын уонна судаарыстыба өйөбүлүнэн туһанарын, харыстанарын бигэргэтэр ис хоһоонноох саҥа балаһыанньа киириэҕэ. Бу төрүт култуураны, үгэһи сайыннарарга уонна өйүүргэ олус суолталаах эбиинэн буолар.

Салгыы кэлэр ыстатыйаҕа аан дойдутааҕы быраап уонна Арассыыйа Федерациятыгар норуоттар икки ардыларынааҕы сөбүлэһиилэрин принциптэригэр сөп түбэһиннэрэн аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар бырааптарын анаан бигэргэтэр тупсарыылар киириэхтэрэ. Ол курдук, манна икки саҥа балаһыанньа эбиллиэҕэ.

Биирдэстэригэр судаарыстыба “Арассыыйа Федерациятыгар  бары норуоттар уонна этническэй бөлөхтөр култуураларын уратытын көмүскүүрүн, төрүт култуураларын уонна тылларын эгэлгэтэ баарын мэктиэлиирин” туһунан этиллэр. Бу Арассыыйа норуоттарыгар, ордук чуолаан аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктарыгар олус улахан суолталаах.

Иккис саҥа балаһыанньаҕа  Арассыыйа Федерациятыгар омук сиригэр олорор биир дойдулаахтарыгар тирэх буоларын, кинилэр бырааптарын, интэриэстэрин көмүскүүрүн уонна кинилэр Арассыыйа култуураны иҥэринэ сылдьалларын хараанныырын туһунан киирбит. Бу иннинэ омук сиригэр олорор биир дойдулаахтарбыт бырааптарын туһунан дойду сүрүн сокуонугар суоҕа. Бу эмиэ тас дойдуларга олорор Саха сирин диаспоратыгар быһаччы сыһыаннаах улахан суолталаах түгэнинэн буолар.

 Айсен Николаев, СӨ Ил Дархана. 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением