Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -28 oC

 

Ытыктабыллаах бэчээти уонна сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр үлэһиттэрэ, бэтэрээннэрэ!

 

Ытыктабыллаах бэчээти уонна сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр үлэһиттэрэ, бэтэрээннэрэ!

Ил Дархан

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Национальнай бэчээт күнүнэн эҕэрдэлиибин! Элбэх омуктаах Олоҥхо дойдутугар төрөөбүт тылы чөл хаалларар, норуот духуобунай сыаннастарын хаҥатар туһугар үлэлиир дьону түмэр, суруналыыстыка уонна бэчээт үгэстэрин утумун сирэйдээн көрдөрөр бырааһынньык сыл анараа өттүгэр олохтоммута.

1907 сыл от ыйын 1 күнүгэр «Саха дойдута» диэн сахалыы хаһыат Саха сирин уһулуччулаах уопсастыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэлэ, сырдатааччыта Василий Никифоров-Күлүмнүүр уонна кини биир санаалаахтарын көҕүлээһининэн күн сирин көрбүтэ. Бу бастакы уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй уонна литературнай таһаарыы бэчээттэниитэ национальнай суруналыыстыка үөскээн, сайдан тахсарыгар, саха литературнай тылын киэҥник тарҕатыыга олук буолбута.

Быйыл биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бэчээт дьыалатын уонна иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэни эрэ буолбакка, аныгы саха литературатын уонна тыл култууратын сайыннарыыга бөҕө акылааты уурбут «Манчаары» диэн бастакы дьиҥ таһымнаах сахалыы таһаарыы бэчээттэммитэ 100 сылын уонна бастакы типография төрүттэммитэ 160 сылын бэлиэтиибит. Бу үөрүүлээх кэрэ-бэлиэ түгэнинэн бэчээт бэтэрээннэригэр, суруналыыстарыгар, үлэһиттэригэр, полиграфистарыгар өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар айымньылаах үлэҕит иһин махталбын тиэрдэбин.

Бүгүн, сыыппара үйэтигэр, аныгы технологиялар иһитиннэриини түргэнник уонна киэҥник тарҕатыы таһымын үрдэтэллэр, саҥа санаалары олоххо киллэрэр кыаҕы кэҥэтэллэр. Бу усулуобуйаҕа эһиги билиигит, сатабылгыт, бириинсипкит уонна эппиэтинэскит гражданскай уопсастыба санаатын үөскэтиигэ уонна түмүүгэ, төрөөбүт тылы киэҥник тарҕатыыга сүҥкэн суолталаах. Эһиги маастарыстыбаҕыт, идэҕэ бэриниигит, кыһамньыгыт инникитин даҕаны элбэх омуктаах Сахабыт сирин суруналыыстыкатын уонна бэчээтин нэһилиэстибэтин чөл хаалларыыга туһаайыллыаҕа диэн эрэнэбин.

Саҥа сэргэх бырайыактары олоххо киллэриигэ ситиһиилэри, ааҕааччылар сэҥээриилэрин, эһиэхэ уонна чугас дьоҥҥутугар чэгиэн доруобуйаны, дьолу уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын!

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев. 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением