Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -28 oC

Ил Дархан Айсен Николаев 2020 сыл олунньу 13 күнүнээҕи (Ийэ тыл күнэ) 1007 №-дээх Ыйааҕынан, от ыйын 1 күнэ Национальнай бэчээт күнүнэн биллэриллибитэ. Ол аата бу күн сылын ахсын бэлиэтэнэр дьоро түгэнинэн буолуоҕа.

Ил Дархан Айсен Николаев 2020 сыл олунньу 13 күнүнээҕи (Ийэ тыл күнэ) 1007 №-дээх Ыйааҕынан, от ыйын 1 күнэ Национальнай бэчээт күнүнэн биллэриллибитэ. Ол аата бу күн сылын ахсын бэлиэтэнэр дьоро түгэнинэн буолуоҕа.

Өрөспүүбүлүкэ национальнай бэчээтэ –  кини сиэркилэтэ

Национальнай бэчээт күнүн туспа тутан бэлиэтээһин, өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын сайдыыларыгар уонна киэҥник тарҕаныыларыгар, национальнай бэчээт эйгэтин, маассабай иһитиннэрии тиһиктэрин үлэһиттэрин маастарыстыбаларын, ааттарын-суолларын үрдэтиигэ туһуланарын туһунан Ыйаахха этиллэр. Элбэх омуктаах Саха өрөспүүбүлүкэтигэр национальнай бэчээт уопутун уонна үгэстэрин харыстааһыҥҥа уонна эбии хаҥатыыга көмөлөөх буолуоҕун туһунан чопчулаан бэлиэтэнэр.

Национальнай өрөспүүбүлүкэ национальнай бэчээтэ, бу кини сиэркилэтэ буолар диэтэххэ, күүркэтэн этии буолуо суоҕа. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ бэлитиичэскэй, экэнэмиичэскэй, социальнай олоҕо-дьаһаҕа, култуурата, үөрэҕэ, наука-тэхниичэскэй сайдыыта уонна ону кытта бары кыайтарбат кыһалҕата, төрүт олохтоох норуот төрөөбүт ийэ тылынан үчүгэйдик, талааннаахтык суруллубут буоллаҕына, норуот бэйэтин сиэркилэҕэ субу тутан олорон көрүммүттүү сананыаҕа. Омугун төрүт өйүн-санаатын, кутун-сүрүн, култууратын иҥэринэн сылдьар киһиэхэ, төрөөбүт тыл сүмэтэ өрүүтүн күүстээх манньытыылаахтык эбэтэр төттөрүтүн аһара абаккарыылаахтык  сүрэҕэр киириэҕэ.

Национальнай бэчээт хайа баҕарар омук олоҕор уонна сайдыытыгар ылар оруола, дьиҥэр, муунтанан да, көмүс солотуунан да кэмнэнэр кыаҕа суох. Омук төрөөбүт тылынан кэпсэтэр, балкыһар эрэ буолбакка, айымньылаахтык толкуйдуохтааҕын, үрдүк уус-ураннык айыахтааҕын туһунан Былатыан Ойуунускай этэн турар. Бэйэтин төрүт тылынан кыайан толкуйдаабат уонна тугу да суруйан-бичийэн айбат норуот сайдыылаах дэниэн сатаммат. Ийэ тылы харыстааһын улахан кыһалҕата үгүс норуоттарга турар. Национальнай сурук-бичик, бэчээт бу боппуруоска ылар оруола ураты миэстэҕэ турар уонна оннук уһулуччу улаханнык суолталанар. Суруктаах-бичиктээх тыл эрэ уһун үйэлэниэн сөбүн, ол кыаллыбатаҕына муҥ саатар оттон-мастан тардыһан барсымахтаһа, хачымахтаһа сатыан сөбүн туһунан этиллэр. Тыл сайдыыта сурукка киирбитинэн, үрдүк литэрэтиирэ таһымнаахтык суруллубутунан быһаарыллар. Кинигэ, сурунаал, хаһыат тыл сайдыытын эбэтэр кэхтиитин быһаччы көрдөрөр бэчээт бородууксуйата буолар. Тэлэбиидэнньэ, араадьыйа, куйаар ситимин технологиялара ити функцияны толорор кыахтара суох. Итилэр баһыйар, баһылыыр өрүттэрэ атыҥҥа сытар.

Сэбиэскэй систиэмэ саҕана прессаны кэлэктиибинэй тэрийээччи уонна бырапагандыыс диэн киэргэтэр буолаллара. Ону мөккүһэ барыллыбат. Оттон хаһыат, хайа эрэ көрүҥүнэн, тылга учуутал, уһуйааччы оруолун толоруон сөп. Ааҕар киһи, үчүгэй ис хоһоонноох, бастыҥ тылынан-өһүнэн суруллубут хаһыаттан үөрэнэрэ үгүс буоллаҕа. Урут, саха норуота бастаан маассабай сурукка-бичиккэ сыстарын саҕана, хаһыат үчүгэй литэрэтиирэ таһымнаах тылы-өһү бырапагаандалааччы, онуоха уһуйааччы уонна төрүттээччи буолбута. Саха тыла туттуллар эйгэтэ кыараабыт, кыччаабыт, саамай кылаабынайа, түҥ-таҥ, тиэрэй-маарай, араастаан биһэн-таһан суруйуу нуормаҕа кубулуйбут кэмигэр, хаһыат бу оруолун хаттаан толоруон сөп этэ.

Саха норуотун туһугар

Национальнай бэчээппит күнүгэр, норуоттарын саргытын турууласпыт, наҕарааданы да, махталы да эрэйэ барбакка, ол туһа диэн үлэлээбит дьоммутун саатар ааттарын ааттаталаан хаалыахтаахпыт. Онон, историяттан бэрт кылгастык.

Никифоров Василий Васильевич Кулумнуур фото

1905 сыллааҕы нуучча бастакы өрөбөлүүссүйэтин кэнниттэн, уйатыгар уу киирбит ыраахтааҕы былааһа ньуолбардыыр быһыынан, уопсастыба олоҕор «сымнатыылаах» бэлиитикэни тутуһуох майгыннаммыта. XVIIII үйэ бүтүүтүнээҕи XX үйэ 20-с сылларынааҕы саха интэлигиэнсийэтин бас-көс киһитэ Василий Никифоров-Күлүмнүүр бэчээт саҥалыы өйү-санааны, сыалы-соругу дьоҥҥо тиэрдэр күүһүн хайы-үйэ үчүгэйдик өйдөөбүт уонна билбит киһи этэ. Уопсай түллүү быһыытыгар-майгытыгар кэккэ бэлитиичэскэй сыылынайдар уонна национальнай интэлигиэнсийэ бэрэстэбиитэллэрэ түмсэннэр, чааһынай уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй хайысхалаах хаһыаты тэрийэргэ туруммуттара. Көҕүлүүр бөлөх чилиэннэринэн сыылынайдар В.М.Ионов, М.В.Сабунаев, гимназия учуутала В.В.Жаров, төрүт олохтоохтортон Н.Е.Афанасьев, Е.М.Егасов буолбуттара.

Олохтоох былаас «Саха уобалаһынааҕы биэдэмэстэри» таһаарара. Бу хаһыат уобалас күбүрүнээтэрин кытаанах кэтээн көрүүтүгэр тутуллара. Сонуннар уонна иһитиннэриилэр улаханнык быһыллан-отуллан бэриллэллэрэ.

«Якутский край» хаһыат

Хаһыаты таһаарыы үбэ-харчыта атыыһыт меценаттартан, интэлигиэнсийэ бэрэстэбиитэллэриттэн хомуллубута. Бэчээттиир тэрил, типография матырыйааллара Уркуускайтан атыылаһыллыбыттара. 1907 сыл бэс ыйыгар мунньахтаан, от ыйын 1 күнүттэн «Якутский край» хаһыат бэчээттэммитэ. Бу хаһыат «Саха дойдута» диэн сахалыы тыллаах сыһыарыылаах тахсыбыта. Хаһыаты таһаарааччы Н.Е.Афанасьев этэ. Хаһыат мөлүйүөннээх эргитиилээх атыыһыт П.А.Кушнарев уонна бирисээгэлээх дэбиэрэннэй В.В.Никифоров (Күлүмнүүр) сиэртибэлээһиннэринэн тахсыбыта. Кушнарев 1200, Күлүмнүүр 900 солк. харчыны биэрбиттэрэ. Бу оччолорго улахан харчы этэ.

«Саха дойдута» сахалыы тылынан тахсар сыһыарыыга Күлүмнүүр хаһыат туох сыаллаах-соруктаах тэриллибитин маннык суруйбута: «Биһиги баҕабыт буолар – бу бэйэбит дьоммутун кытта бэйэбит төрүт өйдүүр, билэр тылбытынан кэпсэтэн, бэйэбит олохпутун, быһыыбытын, майгыммытын билэн,  бэйэбит кыһалҕабыт, наадабыт туһун,  истиһэн, сүбэлэһэн ол тупсарыгар, көнөрүгэр кыһаныах тустаахпыт диэн».

Эмиэ «Саха дойдута» сыһыарыыга Күлүмнүүр бэйэтин «Саха» диэн хос аатынан: «Онон биһиги баҕабыт диэн буолар, бииринэн: бу хаһыакка суруйан үтүө олоҕу, көҥүл быһыыны-майгыны дьоҥҥо иһитиннэрэргэ, биллэрэргэ, иккиһинэн: кинилэргэ суол ыйан-кэрдэн биэрэргэ, хайдах гыннахтарына, тугу оҥордохторуна, кинилэр маннык олоҕу ситиэхтэрин, маннык быһыыга, майгыҥҥа тиийиэхтэрин.

Бу санаабытын, бу баҕабытын дьон көҕүлүүрүн, сэргэҕэлиирин биһиги билиэхпит: бииринэн: - бу суруйар сурукпут элбэх дьоҥҥо таарыйан (тэринэн) элбэх дьон кинини ааҕан истэр буоллахтарына, иккиһинэн, маны билбит-истибит дьон баҕаларын-санааларын, бэйэлэрэ билбиттэрин, көрбүттэрин туохтан да иҥнибэккэ, толлубакка үчүгэй, куһаҕан буолуо диэн кыбыстыбакка суруйан биллэрэ турдахтарына.

Ханнык да дьаһал тэриллиэ суоҕа, кинилэр ханнык да дьолго тиксиэхтэрэ суоҕа, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөспөт, сүбэлэрин холбообот, харыһыспат буоллахтарына», -- диэн суруйбута.

Бу аата, Күлүмнүүр саха хоодуот санаалаах, толкуйдуур, ырытар өйдөөх дьонун сомоҕолоһорго ыҥырар. Ол онуоха бэчээт түмэр күүһүн, өйү-санааны уһугуннарарга сүүнэ суолтатын инники тутара тылыттан-өһүттэн адьас дьэҥкэтик биллэр.

Судаарыскайдары сэргэ, национальнай интэлигиэнсийэ бэрэстэбиитэллэрэ: В.В.Никифоров-Күлүмнүүр, Р.И.Оросин, Е.М.Егасов, П.А.Афанасьев, Н.А.Попов, А.А.Семенов уо.д.а. хаһыакка тастан сылдьан суруйан үлэлэспиттэрэ. «Якутский край» -«Саха дойдута» хаһыат нэдиэлэҕэ иккитэ тахсара. Хаһыат, Столыпин хабыр дьууктааһыннаах бэлиитикэни ыытар кэмигэр, хара бастакыттан либэрээл-дэмэкирээттии хайысханы тутуспута. Хаһыат үгүс матырыйаалларыгар олохтоох нэһилиэнньэ ыар олоҕо, сукка-курааҥҥа оҕустарар иэдээнэ уонна онтон сылтаан умнаһыттыйыыта, кумалааҥҥа барыыта,  саха Арассыыйа импиэрийэтин туора урдуһа буоларынан ханнык да бэлитиичэскэй бырааба суоҕа, холуобунай сыылка сахаларга аҕалар алдьархайа, үөрэх уонна култуура ханнык эмэ кыракый үөскэҕэ саҥардыы үөскүү сатыыр муҥа, о.д.а. үгүс кыһалҕа сытыытык суруллара. 

газета фото

 1907 сыл от ыйын 1 күнүгэр төрүттэммит  дииргэ төрүөт баар

 Тирээн турар кыһалҕалары хаһыат аһара аһаҕастык уонна сытыытык суруйарын иһин,  биир сыл биэс төгүл суут дьыалатыгар тардыллыбыта. 1908 сыл тохсунньутугар хаһыат сыылынай С.Михалевич «Билиэнтэн» хоһоонун бэчээттээн, букатыннаахтык сабыллыбыта. Ол оннугар «Якутская жизнь» - «Саха олоҕо» хаһыат 1908 сыл олунньу 16 күнүттэн бэчээттэнэн барбыта.

Саха Сирин бастакы периодическай бэчээтигэр  сыһыаннаах  матырыйааллары хомуйбут уонна чинчийбит Александр Жирков, Валентина Семенова уонна Наталья Бурцева маннык түмүктэри оҥорбуттара:

1. «Якутский край»  уонна «Якутская жизнь» хаһыаттар оччотооҕу Арассыыйа импиэрийэтин илиҥҥи өттүгэр (Дальнай Востокка уонна Сибииргэ) икки тыллаах (нууччалыы уонна сахалыы) соҕотох хаһыаттар этилэр.

2. Бу нууччалыы тылынан тахсыбыт хаһыаттар «Саха дойдута» уонна «Саха олоҕо» сыһыарыылара, сахалыы тыллаах суруналыыстыка бастакы хараҥаччыларынан буолаллар. Хаһыаттар нууччалыы уонна сахалыы тыллардаах матырыйааллара бэйэ бэйэлэрин хатыласпат тус-туһунан ис хоһооннордоох этилэр. Бары матырыйааллар бэйэлэрэ туспа анал ааптардаахтара. Оччотооҕу саха ааҕааччыта бу хаһыаттартан сахалыы маассабай суругу-бичиги аан бастаан аахпыта.

Саха национальнай бэчээтэ, саха суруналыыстыката 1907 сыл от ыйын 1 күнүгэр төрүттэммит уонна эмиэ бу күнтэн саҕаламмыт эбит дииргэ толору төрүөт баар. Бүгүҥҥү саха суруналыыстыката уонна суруналыыстара сокуоннайдык киэн туттуохтаахпыт: омукпут бастыҥ дьоно XX үйэ саҥатыгар тэрийбит сахалыы тыллаах хаһыаттара кырдьыгы эрэ кэпсиэхтээх уонна суруйуохтаах соҕотох ыйаахтарынан уонна аналларынан сирдэтинэн, бастакы национальнай бэчээт чиэһин үрдүктүк туппуттарынан, хайа да былааска, бастатан туран, норуоттарын хараанныахтаах иэстэрин ханнык да саараҥнааһына толорбуттарынан.

 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением