Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -28 oC

От ыйын 1 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһа Национальнай бэчээт күнүн бэлиэтиир. Түгэнинэн туһанан, «Ил Түмэн» издательскай дьиэ кэлэктиибэ бу олус суолталаах күнүнэн Национальнай бэчээт эйгэтигэр үлэлии сылдьар кэллиэгэлэрбитин, бэтэрээннэрбитин ис сүрэхпититтэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!  Өрөспүүбүлүкэбитигэр Национальнай бэчээт сайдарын туһугар бары биир санаанан салайтаран үлэлиэҕиҥ диэн алгыс тылбытын аныыбыт!

Бары билэрбит курдук, Национальнай бэчээт Саха сиригэр сайдарыгар бастакы акылааты түһэрбит киһинэн Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр буолар. Салгыы биһиги эрэдээксийэбит бэтэрээнэ Прокопий Иванов Национальнай бэчээт тиэмэтигэр, боппуруостарыгар дириҥ хоротуулаахтык суруйбутун болҕойон ааҕаргытыгар сүбэлиибит.

От ыйын 1 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһа Национальнай бэчээт күнүн бэлиэтиир. Түгэнинэн туһанан, «Ил Түмэн» издательскай дьиэ кэлэктиибэ бу олус суолталаах күнүнэн Национальнай бэчээт эйгэтигэр үлэлии сылдьар кэллиэгэлэрбитин, бэтэрээннэрбитин ис сүрэхпититтэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!  Өрөспүүбүлүкэбитигэр Национальнай бэчээт сайдарын туһугар бары биир санаанан салайтаран үлэлиэҕиҥ диэн алгыс тылбытын аныыбыт!

Бары билэрбит курдук, Национальнай бэчээт Саха сиригэр сайдарыгар бастакы акылааты түһэрбит киһинэн Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр буолар. Салгыы биһиги эрэдээксийэбит бэтэрээнэ Прокопий Иванов Национальнай бэчээт тиэмэтигэр, боппуруостарыгар дириҥ хоротуулаахтык суруйбутун болҕойон ааҕаргытыгар сүбэлиибит.

Норуотун кэскилин туһугар үлэлээбит, охсуспут киһи дьылҕата араастаан иэҕиллэрэ өрүүтүн баар көстүү. Ол киһи бэйэтин кэминээҕи былааһы кытта утары харсыспакка олорбут, үлэлээбит буоллаҕына мааныга, далбарга сылдьыаҕа. Оттон  былааска сөбүлэппэтэҕинэ, үтүрүм-хатырым тутуллубута ол өссө бэтэрээнэн дьыала буолуоҕа. Быраабыла курдук, үгүстэрэ ыар дьылҕаланар ыйаахтаахтар.

Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр оччотооҕу социальнай балаһыанньатынан, олоҕун бастакы үчүгэй аҥаарын баайдык-тоттук, дьоллоохтук, тойон-хотун былааһыгар ыкса үчүгэй сыһыаннаахтык уонна убаастабыллаахтык олорор төһө баҕарар кыахтааҕа. Үөрэҕэ, билиитэ-көрүүтэ, сытыы өйө, талаана, уопсастыбаҕа ылар балаһыанньата киниэхэ ити этиллэр дьоллоох олоҕу толору мэктиэлииллэрэ.

Норуотун сырдатар уонна сайыннарар, кини быраабын туруулаһар дьүккүөрэ кэмниэ кэнэҕэс Күлүмнүүргэ ураты ыар дьылҕаны тосхойбута. Ол – 1928 сыллаахха ССРС Сибиирдээҕи кыраайын ОГПУ-тун кэллиэгийэтин мунньаҕын уурааҕынан, бастаан ытылларга ууруллан баран, 10 сыл болдьохтоох  үлэнэн көннөрүллэр лааҕырга буруйдаммытынан эрэ буолбатах. Аны туран, 52 сааһыгар Новосибирскай түрмэтигэр улаханнык ыалдьан, ыран-дьүдэйэн, санаата кэхтэн өлбүтүгэр эмиэ буолбатах. Дэлэҕэ, бу үтүөкэннээх киһи олоҕун тиһэх күннэригэр маннык курус тыллары ыһыктыа дуо: «…миигин хараҕалаабыт бириигэбэр, атын усулуобуйаҕа сытыы суолталаах буолуон сөптөөх этэ, ол кыаллыбат. Мин билигин бу дойдуну син биир аһыйа-ахта барбаппын». («Солнце светит всем» кинигэттэн тылбаастанна).

Саамай иэдээннээҕэ, ситэри ситэн сиэбит былаас саха норуотун бу чулуу киһитин аатын-суолун, үтүөтүн-өҥөтүн, үлэтин уонна охсуһуутун кылаассабай кырыыска туруоран, 60-тан тахса сыл тухары токурутан, сымыйалаан, баһааҕырдан  туран, умуннарыы дьэбэрэтигэр тэпсибитигэр буолар.

Ол эрээри, устуоруйа чахчыта кэрэһэлииринэн, норуотугар үтүөлээх киһи аата хайдах да түбэлтэҕэ букатын умнуллан, сүтэн-оһон хаалбат. Булгуччу күөрэйэн тахсар дьоллоох дьылҕалаах. Оттон Күлүмнүүр курдук төрөөбүт норуотун туһугар талаанын аҕыс кырыытынан күлүмнүү оонньообут, инники кэскилэ сырдыырыгар сэттэ кустук өҥүнэн суһумнуу сырдаабыт уһулуччулаах киһибитин аны хайа да былаас уонна идеология биһигиттэн былдьаабытыгар эрэнэн кэбиһиэҕиҥ.

Урукку кэлтэйдээһиннээх идеологияттан булгуччулаахтык босхолонон туран, чулуу дьоммутун баай, буржуазнай националист, бассабыык, хомуньуус диэн дьаралыктаабакка, норуоттарыгар туох үтүөнү оҥорбуттарынан сыаналыахтаахпыт дьэҥкэ курдук. Бэйэ-бэйэни кытта өрө турсуу, «ким-кими» диир өһүөннээх кыдыйсыы баара. Хайа да өттүттэн сыыһа-алҕас элбэх этэ. Ол үрдүнэн, чуолаан биһиги курдук аҕыйах ахсааннаах норуот, үтүө дьоммутун харса суох хайыталаан, кими эрэ угунньа оҥорон тэпсэ сылдьар, сороҕу сиэрэ суох өрө тутар буоллахпытына, били уос номоҕор кубулуйбут сомоҕолоһуубутугар хаһан да кэлиэхпит суоҕа.

Күлүмнүүргэ сыһыаран, урут суруллубукка уонна бэчээттэммиккэ эбиллэн, уһулуччулаах сырдатааччы, бэлитиичэскэй уонна уопсастыбаннай дьиэйэтэл олоҕун, үлэтин уонна охсуһуутун үөрэтэр, чинчийэр уонна кэпсиир үлэлэр, суруйуулар баар буолуохтарыгар эрэл улахан. Ураты киэҥ далааһыннаах киһи муҥурун булларааччыта суох, бииртэн биир өрүтэ күөрэйэн тахса турааччы. Биир тылынан, Күлүмнүүр бэйэтин кырдьыктаах уонна махталлаах чинчийээччилэрин өссө да кэтэһэр диэххэ наада.

Никифоров

Элбэхтэн биири ыллахха, Күлүмнүүр - национальнай бэчээти төрүттээччи. Норуотун бэлитиичэскэй быраабын туруулаһааччы, олохтоох салайыныыны туруорсааччы, норуотун сырдатааччы бэлиитик уонна уопсастыбанньык киһи бэчээт суолтатын өрө туппута олус чуолкайдык өйдөнөр. Саха дьиҥнээх национальнай бэчээтэ – хаһыата, сурунаала сүрдээх ыарахан кэмҥэ төрүттэммитин өйдүөх кэриҥнээхпит. 1905 сыллааҕы нуучча бастакы өрөбөлүүссүйэтин кэнниттэн, ыраахтааҕы былааһа уопсастыба олоҕор кэккэ «сымнатыылаах» бэлиитикэни тутуспута. Ол эрэн, сэрэнэрэ уонна куттанара бэрдиттэн, ол «алҕаһын» туоратан, өссө күүстээхтик кытаатыннаран биэрэргэ күһэллибитэ.

Эдуард Михайлович Яковлев, Национальнай архыып кылаабынай архыбыыһа. Эдуард Михайлович 1996 сыллаахха архыып докумуоннарын туһаныы отделыгар үлэлии сылдьан, В.В.Никифоровка-Күлүмнүүргэ сыһыаннаах архыыбы кытта билсэн, онтон интэриэһэ уһуктан барбыт. Бүгүн кини Күлүмнүүр национальнай бэчээти төрүттээччи быһыытынан үлэтин-хамнаһын кытта билиһиннэрэр.

-- Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр сахаттан бастаан Арассыыйа импиэрийэтин таһымыгар биллибит бэлиитик, либэрээл-дэмэкирээттии өйү-санааны тарҕатааччы, далааһыннаах тэрийээччи уонна уопсастыбанньык. Кини икки үйэ кирбиитигэр, хараҥа уонна сырдык күүстэр хабыр хабырыйсыыларыгар, Арассыыйа үс өрөбөлүүссүйэтин буурҕаларыгар эриллэн-мускуллан, онтон кылаассабай охсуһуу уотун сиэртибэтэ буолан олоҕун түмүктээбитэ. 1894-1896 с.с. кини киэҥ далааһыннаах уопсастыбаннай, сырдатар уонна култуурунай үлэтэ саҕаланар.

1905 сыл бүтүүтэ куоракка Бирикээсчиктэр кулууптара аһыллар. Бу кулууп куоракка эрэ буолбакка, бүтүн уобалас култуурунай олоҕор киэҥ сабыдыалланар.  Кулууп дьиэтигэр испэктээхтэр туруоруллаллар, лиэксийэлэр ааҕыллаллар, олох тирээн турар боппуруостарыгар кэпсэтиилэр, мөккүөрдэр тэриллэллэр. Кулууп иһинэн «туора урдустар» (инородческай) отделлара баара. Василий Никифоров «Манчаары түөкүн» дыраамата аан бастаан манна туруоруллубута. Олоҥхо сюжетынан испэктээх оонньоммута, ойуун кыырыылара көрдөрүллэллэрэ. Д.И.Фонвизин, А.Н.Островскай, Н.В.Гоголь, А.П.Чехов бийиэсэлэрэ туруоруллаллара. Ити барыта ыраахтааҕылаах импиэрийэ кытыы сиригэр-уотугар уопсастыбаннай уонна дэмэкирээттии өй-санаа уһуктуутугар үчүгэй тирэҕинэн буолбута. Маннык быһыыга-майгыга бэлитиичэскэй сыылынайдар уонна национальнай интэлигиэнсийэ бэрэстэбиитэллэрэ чааһынай уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй хайысхалаах хаһыаты тэрийэр биир сыалга түмсүбүттэрэ.

Якутские вопросы

Олохтоох былаас «Саха уобалаһынааҕы биэдэмистибэлэри» таһаарара. Хаһыат уобалас күбүрүнээтэрин кытаанах кэтээн көрүүтүгэр тутуллара, сонуннар уонна иһитиннэриилэр улаханнык быһыллан-отуллан бэриллэллэрэ. Көҕүлүүр бөлөх чилиэннэринэн бэлитиичэскэй сыылынайдар В.М.Ионов, М.В.Сабунаев, гимназия учуутала В.В.Жаров, төрүт олохтоохтортон Н.Е.Афанасьев, Е.М.Егасов буолбуттара. Хаһыаты таһаарыы үбэ-харчыта атыыһыт меценаттартан, интэлигиэнсийэ бэрэстэбиитэллэриттэн хомуллубута. Бэчээттиир тэрил, типография матырыйааллара Уркуускайтан атыылаһыллыбыттара. Уобалас күбүрүнээтэрин хаһыаты таһаарарга көҥүллээһинин Василий Жаров ситиспитэ. «Санкт-Петербурдааҕы тэлэгирээмэ ааҕыныстыбатын тэлэгирээмэлэрэ» бастакы чааһынай аһаҕас хаһыат 1905 сыл ыам ыйыгар бэчээттэнэн тахсыбыта. Хаһыат тахсыбыта үс ый ааспытын кэннэ, уобалас күбүрүнээтэрэ В.Н.Булатов бэйэтин хаһыатыгар итинник сыһыарыыны бэчээттиирин, ол онно ханнык да кылгатыы, уларытыы-тэлэритии суох буолуоҕун, ону ааһан өссө сурутуутун сыаната чааһынай хаһыаттааҕар быдан чэпчэки буоларын туһунан биллэрбитэ. Биллэн турар, чааһынай бэчээт итинник күрэстэһиигэ туруулаһар кыаҕа суоҕа.

Ол үрдүнэн чааһынай хаһыаттаахтар «сытан» биэриэхтэрин баҕарбатахтара. 1907 сыл бэс ыйыгар хаһыаты тэрийээччилэр мунньахтара ыытыллан, от ыйын 1 күнүгэр «Якутский край» -- «Саха дойдута» диэн  хаһыат тахсыбыта. Хаһыаты таһаарааччы Н.Е.Афанасьев этэ. Официальнай эрэдээктэринэн В.В.Жаров анаммыта эрээри, кини сотору буолаат уобалас тас өттүгэр тахсыбыта. Эрэдээктэринэн Бүлүү астаапкаҕа тахсыбыт хаһааҕа С.А.Корякин анаммыта. (Манна оччотооҕу быһыы-майгы учуоттаныахтаах. Ити кэмҥэ ыраахтааҕы былааһа «либэрээлинэй» тиистэрин хаттаан, ону ааһан өссө өһүөннээхтик сытыылаан эрэр кэмэ. Били, Ильф уонна Петров «12 олоппос» арамааннарыгар ойууланар Фунт диэн ааттаах зиц-бэрэссэдээтэл баара дии. Бүлүү хаһааҕа Кэрээкин ол оннук «эбээһинэстээх» эрэдээктэр этэ. Кэрээкин кэлин хаһыатын дьыалатыгар эриллэн, хаста да хаайылла уонна ыстарааптана сылдьыбыта.– П.И.).

Бу хаһыат мөлүйүөннээх эргитиилээх атыыһыт П.А.Кушнарев (Хапсыын уола) уонна бирисээгэлээх дэбиэрэннэй В.В.Никифоров (Күлүмнүүр) харчы сиэртибэлээһиннэринэн тахсар буолбута. Ол курдук, Кушнарев 1200, Никифоров 900 солк. биэрбиттэр. Бу оччолорго кырата суох харчы этэ. Бэлитиичэскэй сыылынайдары сэргэ, национальнай интэлигиэнсийэ бэрэстэбиитэллэрэ: В.В.Никифоров, Р.И.Оросин, Е.М.Егасов, П.А.Афанасьев, Н.А.Попов, А.А.Семенов уо.д.а. тастан хаһыакка суруйан үлэлэспиттэрэ. «Якутский край»-«Саха дойдута» хаһыат нэдиэлэҕэ иккитэ тахсара. «Якутский край» хаһыат Столыпин хабыр реакциялаах бэлиитикэтин кэмигэр хара бастакыттан либэрээл-дэмэкэрээттии хайысханы тутуспута. Хаһыат үгүс матырыйаалларыгар олохтоох нэһилиэнньэ ыар олоҕо, умнаһыттыйыыта, Арассыыйа импиэрийэтин туора урдуһун быһыытынан ханнык да бэлитиичэскэй бырааба суоҕа, үөрэх уонна култуура ханнык эмэ үөскэҕэ үөскүү сатыыра сытыытык суруллара. Хаһыат тирээн турар кыһалҕалары аһара аһаҕастык суруйарын иһин, биир сылга биэс төгүл суут дьыалатыгар тардыллыбыт. 1908 сыл тохсунньутугар хаһыат сыылынай С.Михалевич «Билиэнтэн» диэн хоһоонун бэчээттээбитин иһин, букатыннаахтык сабыллыбыта.

Якутское земство

Ол да буоллар, бэриниилээх ааҕааччыларын өр кэтэһиннэрбэккэ, «Якутская жизнь – «Саха олоҕо» хаһыат 1908 сыл олунньу 16 күнүттэн саҕалаан бэчээттэнэн барбыта. Эрэдээктэринэн «Якутский край» хаһыакка үлэлэспит В.И.Попов буолбута. Кини эрэдээктэр быһыытынан 10 нүөмэри таһааран баран, 1 ый болдьоххо түрмэҕэ түбэспитэ. Быраас М.В.Сабунаев үөрэҕэ суох куучара А.И.Климентов эрэдээктэр уонна таарыччы харабыл эбээһинэстэрин толорорго сөбүлэҥин биэрбит. Кинини хаһыат бүтэһик балаһатын корректуратыгар илии баттыырга үөрэппиттэр. Климентов 5 ый эрэдээктэрдээри биэс төгүл суукка тардыллыбыта. Хаһыат сытыы ис хоһоонноох матырыйааллары тиһигин быспакка бэчээттиириттэн итинник ыарахан балаһыанньаҕа түбэһэрэ.

1909 сыл олунньу 3 күнүттэн «Якутская мысль» хаһыат, 1912 сыл от ыйын 12 күнүттэн «Якутская окраина» хаһыат, 1912 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн «Саха саҥата» уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй уонна литэрэтииринэй сурунаал тахсан барбыттара.

1907 сыл балаҕан ыйын 11-15 күннэригэр Дьокуускай уокуруктааҕы суутугар «Сахалар сойуустара» дьыала көрүллүбүтэ. Буруйданааччыларынан тэрийээччи В.В.Никифоров уонна сойуус 15 чилиэнэ буолбуттара. Кинилэри сокуоннайа суох түмсүүнү тэрийиигэ, сахалары олохтоох былаас дьаһалларын билиммэт буолууга ускайдааһыҥҥа буруйдаабыттара. Түмүгэр, 6 киһи дьыалата ырааһырбыта, 10 киһи араас болдьоххо түрмэ хаайыытыгар ууруллубута. Саха сирин историятыгар бу суут хаамыыта аан бастакытын олохтоох бэчээккэ балачча киэҥник сырдатыллыбыта. Үөрэхтээх публика эмиэ аан бастакытын олохтоох бэчээттэн дьыала тугун-ханныгын билэ олорор кыахтаммыта.

 Кэлин В.В.Никифоров земство идиэйэлэрин олоххо киллэриигэ чааһынай бэчээт дьайыылаах күүһүн толору туһаммыта. 1916 сыл от ыйын 2 күнүгэр «Якутские вопросы», 1918 сыл ыам ыйын 2 күнүгэр «Якутское земство» чааһынай хаһыаттары бэйэтэ эрэдээктэрдээн таһаартыы сылдьыбыта. Оттон бастакы  хаһыаттар тэриллиилэригэр үбүнэн-харчынан көмөлөспүт эрэ буолбатах. Нууччалыы да, сахалыы да тылларынан национальнай бэйэни билинии өйүн-санаатын уһугуннарыыга, Саха уобалаһын улахан хаалыылах социальнай-экэнэмиичэскэй уонна бэлитиичэскэй балаһыанньатыгар анаммыт, холуонньалыы баттабылы, тыа сирин сахатыгар үлүгэрдээх содуллаах холуобунай буруйдаахтары олохтооһуну утарар  сытыы ис хоһоонноох суруйуулардаах. Васин диэн хос ааты ылынан суруйбут ыстатыйалардаах.

Либэрээллии хайысхалаах бэчээт тыла иһитиннэр-биллэрэр суолтатынан эрэ муҥурданан хаалбатаҕа. Төттөрү сибээс олохтоммута, ол эбэтэр улуустартан тиийэ дьон суруга эрэдээксийэҕэ киирэр буолбута. Бу инники ааттаммыт хаһыаттар омугуттан, социальнай балаһыанньатыттан тутулуга суох, хайа баҕарар ааптар кырдьыктаах уонна талааннаах суруйуутун булгуччу таһаарар дьулуһуулаах этилэр. Ол онон бэйэлэригэр харысхала суох охсууну ылалларын билэн уонна өйдөөн туран. Оччотооҕу бэчээт үтүөтэ итиннэ сытар. Сабардаан турбут хараҥа арыый да дьайҕара быһыытыйбыта, кыралаан да буоллар өй-санаа уһуктуута саҕаламмыта.

1906 сылтан саҕалаан, Саха уобалаһыгар земствоны – олохтоох салайыныыны - киллэриигэ икки утарыта турсар өрүттэр баалара бэлиэтэммитэ. Бастакы бөлөх Сибиирдээҕи областниктар платформаларыгар: Сибиир дууматын уонна бырабыыталыстыбаттан тутулуга суох земскэйдээҕи учреждениелар иһин турара. Бу бөлөх сүнньүнэн либэрээллии-дэмэкирээт интэлигиэнсийэттэн, урукку бэлитиичэскэй сыылынайдартан уонна дохсун өйдөөх-санаалаах олохтоох дьонтон турара. Кинилэр: В.В.Никифоров, В.В.Жаров, А.А.Семенов, Н.Н.Родионов, урукку бэлитиичэскэй сыылынайдар В.М.Ионов, М.В.Сабунаев уо.д.а. Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбатын, култуурунай-сырдатар уопсастыбалар уонна саҥардыы үөскээбит либэрээллии бэчээт тула түмсүбүттэрэ.

2012 сылга, оччолорго Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, история наукатын хандьыдаата А.Н.Жирков (научнай эрэдээктэр), ХИФУ саха литэрэтиирэтин хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ, ф.н.х. В.Г.Семенова уонна Уус Алдан улууһунааҕы «Уолан» гимназия дириэктэрин наукаҕа солбуйааччыта, ф.н.х. Н.В.Бурцева хомуйан оҥорууларынан, «Саха сирин периодическай бэчээтэ»: «Якутский край» - «Саха дойдута», «Якутская жизнь» - «Саха олоҕо» хаһыаттар. (1907-1909 с.с.)». ааспыт үйэ саҥатынааҕы бэчээти сырдатар үлэ чөмчөтүллэн сытар. Билиҥҥитэ бэчээккэ тахса илик эрээри, бу  кэпсэтэр тиэмэбитигэр быһаччы сыһыаннааҕын быһыытынан, ааптардартан көҥүллэтэн туран, туһанарга быһаарынным.

Инники этэн аһарыллыбыты өссө төгүл санатыаҕы баҕарыллар. XX үйэ саҥатыгар Саха сиригэр үөскээбит бэчээт, ол иһигэр хаһыат сахалыы тыллаах сыһыарыылара, сахалыы бастакы сурунаал, о.д.а. таһаарыылар ити кэмҥэ Арассыыйаҕа олоҕурбут сүрдээх уустук быһыыга-майгыга тахсыталаан сылдьыбыттара. Бэрт кылгас кэмҥэ бэчээттэнэн бараннар, утуу-субуу сабыллыталаан иһэллэрэ. Ол төрүөтэ – хаһыаттар оччотооҕу тутулу утарар сытыы ис хоһоонноохторугар, ыраахтааҕылаах Арассыыйа онто да суох хабыр бэлиитикэтин өссө ытарчалыы хам ылар гына күүһүрдэн биэрэн испитигэр уонна хаһыаттар чааһынай үбүлэниилээх буоланнар, үптэрэ-харчылара кырыымчыгар сытар.

Бастакы сахалыы бэчээти көҕүлээччилэр, үлэтин сүрүннээччилэр В.В.Никифоров-Күлүмнүүр, Е.М.Егасов, Р.И.Оросин, П.А.Афанасьев, И.С.Говоров, К.О.Гаврилов уо.д.а. сэбиэскэй кэмҥэ букатыннаахтык туора хаһыйылланнар, ааттара да ааттаммат, үтүөлэрэ да ахтыллыбат буолбута. Олох кырдьыгын токурутар балыырдаах сыһыан, кэлтэйдээһиннээх идеология кэлиҥҥи элбэх көлүөнэ дьон Саха сирин бэчээтин, чуолаан сахалыы тыллаах бэчээтин историятын үһү-таамах курдук истэрбитигэр уонна билэрбитигэр «бөҕө акылааты» уурбута.

Саха сирин бастакы периодическай бэчээтин матырыйаалларын хомуйааччылар бэлиэтииллэринэн, Күлүмнүүр араас хос ааттары ылынан, хаһыаттарга суруйбута элбэх. «Васин», «Якут», «Сээркээн Сэһэн», о.д.а. хос ааттарынан суруйбут. Хомуйан оҥорооччулар Күлүмнүүр «Якутский край – Якутская жинзнь» хаһыаттарга таһаартарбыт «Материалы из истории Якутского самоуправления», «Об отмене уголовной ссылки», «Из недавного прошлого» курдук матырыйаалларыгар бэлиэтээһиннэри оҥорбуттар. «Амгинская трагедия» диэн суруйуутугар тыа сахатын ыалын ынырык дьылҕата ойууламмыт. Сэттэ ыйдаах хат сылдьар ойохтоох, үс саастаах уол оҕолоох, хараҕа суох ийэлээх, Геронтий диэн бэрт сэдэх ааттаах киһиэхэ нэһилиэктэрин кинээһэ Михайло диэн бэһиэччиги 15 хонукка айахтаан олордоругар ыыппыт. Геронтий наадатыгар быраатын кытары атын нэһилиэккэ барбыт кэмигэр, бэһиэччик балаҕаҥҥа хаалбыт оҕону-дьахтары сүгэнэн кэрдитэлээн баран, ыйанан кэбиспит.

Оччотооҕу Саха сирин түҥкэтэх тыатыгар холуобунай сыылынайдар көҥүл айбардааһыннара – оччотооҕу олох дьиҥ кырдьга. Киһи бодотун, сиэрин-майгытын сүтэрбит холуобунай буруйдаахтар олохтоох нэһилиэнньэни түүрэйдииллэрэ, халаан-талаан аһыыллара, кыыһы-дьахтары күүһүлүүллэрэ ахсааҥҥа ылыллыбатын да кэриэтэ этэ. Уус-уран литэрэтиирэҕэ Алампа Соппуруонап «Дьадаҥы Дьаакып» дырааматыгар ойууланар Бэһиэччик уобараһа – дьиҥнээх олохтон ылыллыбыт персонаж.

Саха уобалаһыгар земствоны олохтооһун, төрүт олохтоох норуоттар бэрэстэбиитэллээх былааска кыттыгастаах буолалларын туруорсуу, төрөөбүт норуотун хараҥаттан таһаарыы курдук киэҥ далааһыннаах үлэтин сэргэ, Күлүмнүүр Саха сиригэр холуобунай сыылканы тохтотуу, киин Арассыыйаттан 2 мөл. кэриҥэ ахсааннаах нуучча бааһынайын Саха сиригэр олохсута аҕалыы курдук уһулуччу сытыытык турар боппуруостарга бэйэтин санаатын уонна көрүүлэрин уобалас, Сибиир, ону ааһан бүтүн Арассыыйа таһымнарыгар иһиллэр эппитэ, өр сылларга утумнаахтык туруорсубута. Сахатын сирин, хаан-уруу норуотун төлөннөөхтүк таптааһын, киниэхэ тиһэххэ тиийэ бэриниилээх буолуу чаҕылхай холобура бу буолбатах дуо?!

«Саха дойдута» сахалыы сыһыарыыга Күлүмнүүр хаһыат туох сыаллаах-соруктаах тэриллибитин маннык суруйбут: «Биһиги баҕабыт буолар – бу бэйэбит дьоммутун кытта бэйэбит төрүт өйдүүр, билэр тылбытынан кэпсэтэн, бэйэбит олохпутун, быһыыбытын, майгыммытын билэн, бэйэбит кыһалҕабыт, наадабыт туһун истиһэн, сүбэлэһэн ол тупсарыгар, көнөрүгэр кыһаныах тустаахпыт диэн». Мантан ордук истиҥник, итэҕэтиилээхтик уонна эйэлээхтик этэр, бука, кыаллыбатын кэриэтэ буолуо.

Эмиэ «Саха дойдута» сыһыарыыга бэйэтин «Саха» диэн хос аатынан: «Онон биһиги баҕабыт диэн буолар, бииринэн, бу хаһыакка суруйан үтүө олоҕу, көҥүл быһыыны-майгыны дьоҥҥо иһитиннэрэргэ, биллэрэргэ, иккиһинэн, кинилэргэ суол ыйан-кэрдэн биэрэргэ, хайдах гыннахтарына, тугу оҥордохторуна, кинилэр маннык олоҕу ситиэхтэрин, маннык быһыыга, майгыҥҥа тиийиэхтэрин.

Бу санаабытын, бу баҕабытын дьон көҕүлүүрүн, сэргэҕэлиирин биһиги билиэхпит: бииринэн – бу суруйар сурукпут элбэх дьоҥҥо таарыйан (тэринэн) элбэх дьон кинини ааҕан истэр буоллахтарына, иккиһинэн, маны билбит-истибит дьон баҕаларын-санааларын, бэйэлэрэ билбиттэрин, көрбүттэрин туохтан да иҥнибэккэ, толлубакка үчүгэй, куһаҕан буолуо диэн кыбыстыбакка суруйан биллэрэ турдахтарына.

Ханнык да дьаһал тэриллиэ суоҕа, кинилэр ханнык да дьолго тиксиэхтэрэ суоҕа, бэйэ бэйэлэригэр көмөлөспөт, сүбэлэрин холбообот, харыһыспат буоллахтарына», - диэн суруйбута. Бу аата, Күлүмнүүр саха хоодуот санаалаах, толкуйдуур өйдөөх дьонун сомоҕолоһорго ыҥырар. Ол онуоха бэчээт түмэр күүһүн уонна өйү-санааны уһугуннарыыга ылар сүүнэ суолтатын инники тутара адьас дьэҥкэтик көстөр.

«Саха саҥата» сахалыы тылынан тахсыбыт соҕотох уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй уонна литэрэтииринэй сурунаал. Сурунаал төрүттэниитигэр уонна бэчээттэнэн тахсыытыгар бастакы үтүөлээх киһинэн В.В.Никифоров-Күлүмнүүр буолар. «Саха саҥата» сурунаал бастакы нүөмэрэ 1912 сыл балаҕан ыйыгар, оттон тиһэх нүөмэрэ 1913 сыл кулун тутарга тахсыбыттара. Сурунаалга саха уус-уран литэрэтиирэтин төрүттээччилэр А.И.Софронов «Кэпсээн», «Сөлүүкүн кэпсээнэ, «Таҥараҕа үҥээхтээбиттэр»   кэпсээннэрэ,  А.Е.Кулаковскай «Уот тыыннаах улахан оҥочо» хоһооно, бэйиэт Петр Черных-Якутскай хоһоонноро, норуот ырыаһыттарын айымньылара бэчээттэммиттэрэ. Лев Толстой «Хара дьай күүһэ» бийиэсэтэ Күлүмнүүр тылбааһынан тахсыбыта. «Саха саҥата» сурунаал, эмиэ хаһыаттарга курдук, сымыйанан туруоруллубут эрэдээктэрдээҕэ. Сурунаалга хайысхатын биэрбит, үлэтин сүрүннээбит уонна салайбыт киһинэн В.В.Никифоров-Күлүмнүүр буолар.

Саха сирин бастакы периодическай бэчээтигэр сыһыаннаах матырыйааллары  хомуйан оҥорооччулар (Александр Жирков, Валентина Семенова уонна Наталья Бурцева) маннык түмүктээһини оҥорбуттар:

«Якутский край», «Якутская жизнь» хаһыаттар оччотооҕу кэмҥэ Арассыыйа импиэрийэтин илиҥҥи өттүгэр (Дальнай Востокка уонна Сибииргэ) икки тыллаах соҕотох хаһыаттар этэ.Нууччалыы тылынан тахсар хаһыаттар «Саха дойдута» уонна «Саха олоҕо» сахалыы сыһыарыыларын сахалыы тыллаах суруналыыстыка бастакы хараҥаччыларынан ааҕыах тустаахпыт. Хаһыаттар нууччалыы уонна сахалыы тыллаах матырыйааллара бэйэ бэйэлэрин хатыласпат тус-туһунан ис хоһоонноох этилэр. Маассабай саха ааҕааччыта сахалыы суругу-бичиги аан бастаан бу хаһыаттарга көрбүтэ уонна билсибитэ.«Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин иннигэр сахалар бэйэлэрин төрүт суруктара-бичиктэрэ олохтоно илигинэн, периодическай бэчээттэрэ суоҕа» диир хомунньуустуу бырапааганда тобох өйө-санаата билигин да толору сүтэ илик. Сахалыы тылынан 1921 сыл ахсынньы 28 күнүгэр тахсыбыт «Манчаары» хаһыат бастакы национальнай периодическай хаһыатынан уһун сылларга ааҕыллан кэллэ. Бу хаһыаты РКП (б) губбюротун Дьокуускайдааҕы сиэксийэтэ национальнай интэлигиэнсийэни сэбиэскэй былааһы кытары бииргэ үлэлэһиннэрэр сыалы туруорунан таһаарара. Хаһыат Дьокуускай куорат тас өттүгэр кыайан тарҕаммат олох дьоҕус тирээстээҕэ. Хомунньуустуу бырапаагандаҕа өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи сахалыы бэчээт ( хаһыаттар сыһыарыылара уонна сурунаал) олох кылгас кэмҥэ тахса сылдьыбыт, улахан уопсастыбаннай суолтата суох таһаарыыларынан ааҕыллаллара. «Манчаары» хаһыат аҕыйах нүөмэрэ тахсан баран, тохтообута. Ол эрээри сахалыы тылынан тахсыбыт бастакы хаһыатынан уһун сылларга ааҕыллан кэлбитэ. XX үйэ 1907-1909 уонна 1916 с.с. сахалыы тылынан барыта 87 нүөмэр тахсыбыта. Бассабыыктыы идеологияҕа сөп түбэһиннэрэн, история ити чахчыта билиниллибэтэҕэ. Кырдьыгы токурутуу тахсыбыта, ол көннөһүллүөхтээх.Хаһыаттар Саха сирин оччотооҕу усулуобуйатыгар бастакы көҥүл тыыннаах таһаарыылар этилэр. Ол курдук, олохтоох нэһилиэнньэ ортотугар көҥүл санаа түрүбүүнэтинэн буолбуттара.Сырдатар хайысханы тутуһар бастакы хаһыаттар саха норуота көҥүлгэ уонна үөрэххэ дьулуһуутун күөртээбиттэрэ. Хаһыат үлэтигэр тардыллан, онно эриллэн, саха бастакы көлүөнэ национальнай интэлигиэнсийэтэ бииргэ түмсүбүтэ.

Якутское обозрение

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением