Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -28 oC

– 1907 сыл от ыйын 1 күнүгэр “Саха дойдута” (“Якутский край”) диэн бастакы сахалыы тыллаах хаһыат күн сирин көрбүтэ. Оттон 1912 сыллаахха “Саха саҥата” (“Голос якута”) диэн бастакы сахалыы сурунаал тахсыбыта. Мария Николаевна, эн сахалыы тыллаах хаһыаттары уонна сурунааллары таһаарар киһи быһыытынан, ити саха бэчээтигэр, култууратыгар, литэрэтиирэтигэр сыһыаннаах уһулуччу түгэннэргэ хайдах сыһыаннаһаҕын?

– 1907 сыл от ыйын 1 күнүгэр “Саха дойдута” (“Якутский край”) диэн бастакы сахалыы тыллаах хаһыат күн сирин көрбүтэ. Оттон 1912 сыллаахха “Саха саҥата” (“Голос якута”) диэн бастакы сахалыы сурунаал тахсыбыта. Мария Николаевна, эн сахалыы тыллаах хаһыаттары уонна сурунааллары таһаарар киһи быһыытынан, ити саха бэчээтигэр, култууратыгар, литэрэтиирэтигэр сыһыаннаах уһулуччу түгэннэргэ хайдах сыһыаннаһаҕын?

– Ол саҕана ити улахан ситиһии этэ. Ханнык баҕарар омук устуоруйатыгар кини бэйэтин төрүт тылынан бастакы таһаарыыта тахсара – улахан кыайыы, сайдыы туоһута дии саныыбын. Оччолорго үөрэхтээх да саха ахсаана аҕыйах этэ буоллаҕа. “Саха дойдута” диэн бастакы хаһыат тахсарыгар Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр оруола уһулуччу суолталаах. Кини уонна оччотооҕу саха үөрэхтээхтэрэ норуоттарын сомоҕолуурга, үөрэх уонна сайдыы суолунан сирдииргэ бэйэлэригэр кытаанах сорук туруорбуттара. Бэлиэтээн эттэххэ, саха бастакы таһаарыылара көҥүл бэлиитикэлээх этилэр. Чааһынай дьон үбүнэн тахсаллара. Атыыһыт П.А. Кушнерев, В.В. Никифоров-Күлүмнүүр бэйэлэрин үптэрин-харчыларын укпуттара. Саха бастакы хаһыатын Санкт-Петербургтан сакаастаан аҕалтарбыт массыыҥкаҕа бэчээттииллэрэ, Бётлингк олохтообут алпаабытын туһанан суругун-бичигин таҥаллара. Губернатор Иван Иванович Крафт “нууччалыы уонна сахалыы тылларынан тахсар хаһыаттары утарбаппын” диэн илии баттааһыннаах суруга оччотооҕу былаас саха бэчээтэ үөскүүрүн өйөөбүтүн кэрэһэлиир.

газета фото 2

– Саха бастакы хаһыатыгар суруйбут ааптардар кимнээх этилэр уонна хаһыат төһө уһун үйэлээх буолбутай?

– Бастакы ааптардар сахалартан аан бастакынан төрүт тылларынан суруйар уонна бэчээттэнэр уһулуччу кыаҕы ылбыттара. Этэргэ дылы, айар дьоҥҥо бэйэтэ тугунан да кэмнэммэт улахан дьол буоллаҕа. Бастакы хаһыат суруйуулара олус судургу эрээри, өйдөнүмтүө уонна дьоҥҥо-сэргэҕэ тиийимтиэ этилэр. Саха бастакы хаһыатыгар норуоппут уһулуччу талааннаахтара А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, А.И. Софронов-Алампа, С.А. Новгородов, Е.М. Егасов, К.О. Гаврилов, Таатта Оросиннара (сүрүннээн Н.Г. Оросин), Сунтаартан М.Н. Тимофеев-Терёшкин, П.А. Афанасьева, П.Н. Сокольников үлэлэспиттэрэ.

Хаһыат нууччалыы тылынан тахсар “Якутский край” сыһыарыытыгар В.И. Ионов курдук үөрэхтээх политсыылынайдар суруйуулара бэчээттэнэрэ. “Саха дойдута” хаһыат 1907 сыл от ыйын 1 күнүттэн (саҥа халандаарынан от ыйын 14 күнүттэн) 1908 сыл тохсунньу 24 күнүгэр диэри тахсыбыта.

Хаһыаты саппыттарын кэннэ В.В. Никифоров-Күлүмнүүр “Саха олоҕо” (“Жизнь якута”) диэн саҥа хаһыаты олохтообута. Дьиктитэ диэн эрэдээктэринэн эрэдээксийэҕэ сыһыана суох киһини анаабыттара. Оччотугар ол киһи репрессияҕа түбэһэр түгэнигэр, айар кэлэктиип үлэтин тохтоппот кыахтааҕа.

WhatsApp Image 2020 07 01 at 11.28.10

– “Ситим” медиа-бөлөх сахалыы сурунааллары таһаарар. Литэрэтиирэ кэрэһитин “Күрүлгэни”, тыа сирин дьонугар “Байдамы”, оҕолорго “Хатаны”. Атыннык эттэххэ, бу таһаарыылар бары саха бастакы “Саха саҥата” (“Голос якута”) диэн сурунаалыттан силистэнэр-мутуктанар буоллахтара?

 – Оннук. Саха бастакы сурунаала олус ис киирбэх көрүҥнээҕэ уонна уһулуччу кэрэхсэбиллээх ис хоһооннооҕо. 1912-1913 сс. саха омук саҥатын киэҥ эйгэҕэ иһитиннэрбитэ. Манна саха литэрэтиирэтин төрүттээбит суруйааччыларбыт бастакы уус-уран айымньылара бэчээттэммиттэрэ. Эппиккэ дылы, саха тылын сүөгэйэ уонна сүмэтэ бүтүннүү манна түмүллүбүтэ.

Сэбиэскэй кэм саҕана саха национальнай бэчээтэ 1921 сыллаахха Улуу Өктөөп өрөбүлүүссүйэтин кэннэ төрүттэммитэ диэн дакаастыы сатаабыттара. Ону билигин, устуоруктар уонна суруналыыстар сыралаах үлэлэрин түмүгэр, саха национальнай бэчээтэ өрөбүлүүссүйэ иннинэ, 1907-1912 сс төрүттэммитэ, кырдьыктааҕа дакаастанна.

2000-с сылларга саҥа технологиялар балысханнык сайданнар, килэбэчигэс кумааҕылаах, сиэдэрэй ойуулаах-бичиктээх, саҥалыы тыыннаах таһаарыылары бэчээттиир кыах үөскээбитэ. Ол түмүгэр, саха бастакы сурунаала тахса сылдьыбытын үйэ кэриҥэ кэм ааспытын кэннэ, “Күрүлгэн”, “Байдам” уонна “Хатан” диэн сурунааллар төрүттэммиттэрэ. Күн бүгүнүгэр диэри бу таһаарыылар саха аныгы олоҕун бары эйгэтин урукку “төрүттэрин” курдук чиэстээхтик сырдата тураллар.

Аны туран, киһи барыта оҕо сааһын умнуллубат аргыһын “Бэлэм буол!” хаһыаты сөргүттүбүт. Билигин хаһыат аныгылыы чаҕылхай көрүҥнэнэн нэдиэлэ аайы оҕо аймаҕы үөрдэр.

– 2020 сылтан от ыйын 1 күнэ – СӨ Национальнай бэчээтин күнүнэн биллэриллэн турар. Ону олохтуур туһунан 1007 №-дээх ыйааҕы Ил Дархан Айсен Николаев быйыл олунньу 13 күнүгэр илии баттаабыта. Бу туох сыаллаах-соруктаах бэлиэ күнүй?

 – Ил Дархан Айсен Сергеевич бу ыйааҕы “Саха тылын уонна суругун-бичигин” күнүгэр сөп түбэһиннэрэн илии баттаабыта мээнэҕэ буолбатах. Бу ыйаах өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын сайдыыларыгар, бэчээт уонна СМИ үлэтин престиһын үрдэтэргэ туһуланар.

Бүгүн, глобализация уонна сыыппара усулуобуйатыгар, бэйэ бэйэни кытта алтыһыы, о.э. коммуникация Арассыыйа уонна аан дойду ханнык баҕарар муннугун кытта барар кыахтаах. Ону туһанан билигин биһиги Татарстаны, Башкортостаны, Чувашияны, Коми Өрөспүүбүлүкэтин, Дагестаны, Чечняны, Адегеяны, Карачаево-Черкесияны, Марий Эл Өрөспүүбүлүкэтин, уо.д.а. эрэгийиэннэри кытта төрүт тылынан тахсар бэчээти, ТВ биэриилэрин, кинигэ бэчээттээһинин өйүүргэ, информационнай алтыһыыны күүһүрдэргэ уонна сайыннарарга бары кыаҕы үөскэттибит. Бу үлэ Арассыыйа төрүт омуктара биир сомоҕо буолалларыгар, омук быһыытынан уратыларын, тылларын-өстөрүн уонна култуураларын көмүскүүллэригэр улахан суолталаах буолуо.

Билигин Бэчээт күнүн сэргэ Национальнай бэчээт күнүн декадата саҕаланна. Онно Саха сирин суруналыыстарын сойууһа, “Бичик” кинигэ кыһата, “Сахамедиа” АУо, “Ситим” медиа-бөлөх (флагмана, норуот хаһыата “Кыым”), “Сахабэчээт”, “Кэскил” автономнай тэрилтэлэр уонна, биллэн туран, “Ил Түмэн” издательскай дьиэ парламентскай хаһыата “Ил Түмэн”, бары сахалыы таһаарыылар кыттыыны ылыахтара.

WhatsApp Image 2020 07 01 at 11.28.10 1

Эн билигин «Ил Түмэн» издательскэй дьиэ  салайааччыта буолаҕын.  Норуот  дьокутаата буоларыҥ быһыытынан Национальнай бэчээти өйүүргэ  туох үлэни ыыттыҥ?

– Парламент хаһыата ааспыт сылга тэриллибитэ 20 сылын үбүлүөйдээбитэ.  Бу хаһыаты биэс ый салайбытым түмүгүнэн билигин хаһыат ордук дьыалабыай   көрүҥү тутуста. Бүгүҥҥү күҥҥэ хас биирдии киһи сокуону үчүгэйдик билиэхтээх-көрүөхтээх. Ол эбэтэр тус быраабын эрэ буолбакка, туох эбээһинэстээҕин эмиэ үчүгэйдик  билэр буолуохтаах. 

www.sakhaparliament.ru диэн саҥа сайт  сонуну киэҥник тарҕатааччы быһыытынан регистрацияланан үлэтин саҕалаата. Итини тэҥэ, Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 75 сылыгар уонна 2020 сылга буолуохтаах Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах бырайыак үлэтин киэҥ далааһыннаахтык саҕалаата.  Онон «Ил Түмэн” хаһыат бүгүҥҥү күҥҥэ электроннай сыыппара эйгэтигэр бигэтик үктэнэн үлэлии олорор. Былаан олус элбэх.  Дьокутаатым үлэтин туһунан кылгастык этэр буоллахха, СӨ араас хабааннаах сокуоннар бырайыактарын оҥорууга күүскэ ылсан үлэлии сылдьабын. Биллэн турар, сүрүн үлэбинэн бэчээт, суруналыыстыка эйгэтэ буолар.

Холобур, «Үөрэхтээһин туһунан» сокуон 6-с ыстатыйатыгар  оҕо  ааҕарын көҕүлүүргэ сөптөөх көмөнү оҥорор туһунан уларытыы киирэрин ситистим. Оҕо кинигэни, хаһыаты, сурунаалы аахпат буоллаҕына, хайдах да сайдар кыаҕа суох. Итини тэҥэ, «Эдэр суруналыыстары өйүүр туһунан»  сокуон бырайыагын оҥорон киллэрбитим. Кинилэр хамнастара олус кыра, ити түмүгэр элбэх эрэдээксийэлэргэ ыстааты сарбыйыы барда. Итинтэн сылтаан билиҥҥи түргэн-тарҕан иһитиннэрии үйэтин кэмигэр  кинилэр суруналыыстан саҕалаан корректордыыр, эрэдээктэрдиир, сайтка администратордыыр, хаһыат верскатын сатыыр, дизайнердыыр буолуохтаахтар. Суруналыыс ити идэлэри үксүн баһылыы сатыахтаах.  Билигин суруналыыстары идэлэригэр бэриниилээхтэрэ эрэ быыһыыр, абырыыр. Онон кинилэргэ сөптөөх көмө хайаан да наада.

WhatsApp Image 2020 07 01 at 11.28.12

– Дьиҥэр,  үгүс өрөспүүбүлүкэлэр  национальнай бэчээт күнүн эрдэ ылыммыттара. Холобур, 1998 сыл бэс ыйын 24 күнүгэр татарстаннар (1905  сыллаахха бэс ыйын 24 күнүгэр «Нур» диэн   татаардыы тылынан бастакы хаһыаттара тахсыбыт),  бэс ыйын 14 күнүгэр башкирдар (1917  сыллаахха  “Башкорт иттифики бюросынын мохбире” (Известия башкирского областного бюро тахсыбыт) бэлиэтииллэр. Тохсунньу 21 күнэ – Чувашия. Сэтинньи 15 күнэ – Калмыкия. Бэс ыйын 9 күнэ – Коми. Татарстаҥҥа  Национальнай бэчээт күнүгэр  “Бэллур Калэм” (Хрустальное перо) диэн  наҕарааданы  саамай бастыҥ суруналыыстарыгар туттараллар. Биһиэхэ итинник баар дуо?

– Баар. Ааспыт сылга биһиги “Уhун Дьурантаайы” диэн анал куонкуруһу көҕүлээбиппит, ону СӨ Суруналыыстарын Сойууһа тута өйөөбүтэ. Ол иһин бу  куонкурус  судаарыстыбаннай көмөтө суох бэйэбит күүспүтүнэн ыытыллар. Уhун Дьурантаайы  диэн бу үөһээ халлааҥҥа олорор суруксут, ол олорон эрэ хас биирдии киһи дьылҕатын суруйар, анаарар. Саха мифологиятын быһыытынан бары Айыылар мунньустан, саҥа төрөөбүт киһи инники олоҕун, дьылҕатын суолун быһаараллар. Маны аныгы тылынан быһаарар буоллахха, баары баарынан кырдьыгы этии, туохха да халбаҥнаабат кытаанах, көнө сүрүннээх диэн өйдөбүллээх. Ол эбэтэр,  «Суруллубут – суоруллубат»  диэн. Анал куонкурус чэрчитинэн,  быйыл от ыйын 3 күнүгэр кыайыылаахтары наҕараадалыахпыт. Анал тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыттан 100-тэн тахса сахалыы тыллаах суруналыыс кытынна.

Ити башкирдар 90-с сылларга Национальнай бэчээт статуһун ылынан, сонуну киэҥник тарҕатыыны стратегическэй сыал-сорук быһыытынан туруоран, сыл аайы бүддьүөттэриттэн сөптөөх көмөнү оҥороллор.  Биһиэхэ  Национальнай бэчээт уонна  кинигэни таһаарааччылар үксүгэр бэйэлэрин баҕаларыгар, идэни үрдүктүк тутууга олоҕурар.  Манна «Бичик» национальнай кинигэ кыһатын холобурдуохха сөп.  Кинилэр  аҕыйах сыллааҕыта аудио, мультимедийнай кинигэлэри оҥорон киэҥ эйгэҕэ таһаарбыттара, ол эрээри, тоҕо эрэ итинтилэрэ улаханнык биллибэтэ-көстүбэтэ. Холобур, федеральнай таһымнаах суруналыыстар холбоһуктара, Арассыыйа Суруналыыстарын Сойууһа биһиги кинигэлэрбит, хаһыаттарбыт тахсар ахсааннарын (тиражтарын) адьас дьиҥнээх «феноменынан» ааттыыллар, ылыналлар. Ылан көрүөҕүҥ, бу коронавирус дьаҥын кэмигэр 2020 сыл иккис аҥарын «Кыым» хаһыат 11500 сурутааччылаах көрүстэ.  5000 устууканы атыылааһыҥҥа сайаапка киирдэ. Ол аата 2021 сылга тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиэхтээх  «Кыым» хаһыат 16000  кэриҥэ ааҕааччылаах.  Бу  «Кыым» чахчы норуот хаһыата буоларын туоһулуур.  Түгэнинэн туһанан,  эрэллээх доҕотторбутугар-ааҕааччыларбытыгар махталбытын тиэрдэбит!

Ол эрээри диирбэр тиийэбин.   Арассыыйа  Национальнай бэчээтигэр судургута суох  кэм-дьыл үүннэ, саҥа кэм, саҥа усулуобуйа барытын быһааран эрэр.  Үс сыллааҕыта баар кыһалҕаны быһаарар уонна уопуту кытта атастаһарга аналлаах  Национальнай бэчээттэр Ассоциацияларын тэрийбиппит. Ассоциация салайааччыта  бэйэм буолабын. Бу түмсүүгэ Арассыыйа 20 эригийиэниттэн 50-тан тахса сурунаал уонна хаһыат эрэдээксийэлэрэ бааллар.

– Билигин аҕай этэн аһардыгыт, бэчээт эйгитигэр саҥа технология баһыылыыр оруолламмытын туһунан. Ити туохха олоҕурарый? Өскөтүн, 48 сирэйдээх «Кыым» хаһыат сахалыы тахсар хаһыаттар, сурунааллар уопсай  тиражтарыттан 50 %-нын ылар буоллаҕына. 

– Холобур, сахалыы бикипиэдийэ хайдах курдук сайдан эрэрий? Яндэкска энтузиастар араас кинигэлэри, тылынан уус-уран кэпсээннэри, номохтору хайдахтаах курдук сыыппараҕа уктуларый? Национальнай бэчээт  дизайны уонна хаһыат балаһаларын таҥыыны күүскэ сайыннаран  креативнай экэниэмикэ (тыа хаһаайыстыбата, чэпчэки бырамыысыланнас, норуот оҥоһуктара) брендин оҥорор сүдү кыахтаах. Холобур, национальнай бренд быһыытынан араас дьэрэкээн сувенирдары,  бырааһынньыктарга, бэлиэ түгэннэргэ аналлаах нобуордары оҥорор тоҕо кыаллыбат буолуой? Тыл тыыннаах, ол эбэтэр  саҥа тыллар үөскүүллэр, ону кытта саҥа өйдөбүллэр эмиэ, олору олоххо-дьаһахха сөпкө аттаран туһаныллыахтаах.

26276

– Саха национальнай бэчээтин күнүн туһунан  Ыйаах  сүрүн суолтата?

– Ыйаах  – бу саҕалааһын буолар. Инники өттүн биһиги бырайыактарбыт быһаарыахтаахтар.  Ханнык баҕарар эригийиэҥҥэ төрүт тылы өйөөһүн федеральнай таһымнаах буолуохтаах, тоҕо диэтэххэ,  ханнык баҕарар норуот төрүт тылын харыстыырга аналлаах бары өттүнэн муударай механизмнар аттарыллан оҥоһуллуохтаахтар. Биири өйдүөххэ наада. Интэриниэт ресурсалара нэһилиэнньэни барытын хабар кыаҕа суох, ол курдук,  ыраах сытар  нэһилиэктэргэ аныгы ситим тиийбэт. Коронавирус дьаҥын кэмигэр оскуолаларга ыраахтан үөрэтии (дистанционное обучение) баар кыһалҕаны барытын ырылыччы ыраас мууска ууран биэрдэ. Оттон бассаап, фейсбук уонна инстаграм курдук араас хабааннаах хаачыстыбата суох иһитиннэриилэринэн ама оҕолорбутун иитиэхпит, сайыннарыахпыт дуо? Бу олус кутталлаах социальнай ситимнэр. Билигин cонуну киэҥник тарҕатааччылары биисинэс-бырайыактарга эрэ кубулута сатааһын баар, бу хайдах да сатаныа, табыллыа суоҕа.  Кумааҕы, бэчээттиир өҥөлөр сыаналара ыарыы турар,  почта өҥөтө быстар мөлтөх уонна хаһыатчыттар билиҥҥи хамнастара быстар кыратын кэмигэр судаарыстыба көмөтө хайаан да наада.   Сөптөөх көмө оҥоһуллубатаҕына,  арҕаа дойдулар санааларын-оноолорун соҥнуур социальнай ситимнэр былааһы ылыахтара. Маннык буолуо суохтаах. 

Саха сирин ытык-мааны олохтоохторун уонна хаһыатчыттары барыгытын Саха национальнай бэчээтин күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Бары бииргэ буолуоҕуҥ! Түгэнинэн туһанан, бу Ыйаах күн сирин көрөрүгэр   сөптөөх быһаарыныыны ылыммыт Ил Дархан Айсен Николаевка махталбын тиэрдэбин. Өр кэмнэргэ туруорсан, үлэбитинэн-сырабытынан, айымньылаах үлэбитинэн ситиспит  дьыалабыт өйөнөн,  Ыйаах тахсыбыта Национальнай бэчээт үлэһиттэригэр инники өттүгэр улахан эрэри үөскэтэр. 

Кэпсэттэ Игорь ПЛАТОНОВ.   

 

 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением