«Пионерия» салҕанар, ол эрэн…
«СПО-ФДО» оҕолор уопсастыбаннай түмсүүлэрин сойууһа 1990 сыл алтынньы 1 күнүгэр Артекка X Бүтүн сойуустааҕы пионердар сүлүөттэрин быһаарыытынан төрүттэммитэ. Ол аата саҥа кэмҥэ үктэнэргэ пионердар хамсааһыннара «оҕо түмсүүтэ» диэн ааттаммыта, биир идеология оннугар оҕолор интэриэстэринэн, баҕа өттүлэринэн түмсэр, бодоруһар, холбоһор кыахтаммыттара. Хас биирдии тэрилтэ тус сайдыытын, үлэтин ис хоһоонун, былаанын уонна тэрээһиннэрин бэйэтэ аттарынар, тобулунар суолга киирбитэ. Судаарыстыба кинилэргэ көмө, тирэх эрэ буолар оруолламмыта.
Ол кэмтэн ыла 31 сыл элэстэнэн ааспыт. Төһө даҕаны Арассыыйа уонна тас дойдуларга сойуустар, федерациялар, ассоциациялар тус-туһунан тэрилтэ быһыытынан тэринэн үлэлээтэллэр, кэмиттэн кэмигэр мустан, сайдыы туһунан кэпсэтэллэр, уопсай кыһалҕаларга сүбэлэрин түмэллэр. Холобур, Москубаҕа, Башкортостаҥҥа, Новосибирскайга, Бурятияҕа уонна Белорусияҕа билиҥҥэ диэри «пионер» аатын сүгэр оҕо түмсүүлэрэ бааллар. Эбэтэр эһиги билэр этигит дуо, сойуус таһымыгар аатырбыт «Пионерская правда» хаһыат, «Костер» уонна «Мурзилка» сурунааллар күн бүгүнүгэр диэри бэчээттэнэллэрин?
Онтон Сахабыт сиригэр 1992 сыл ахсынньы 5 күнүгэр уобаластааҕы пионерия тэрилтэтин оннугар, дойду үрдүнэн саҕаламмыт уларыйыыларга сөп түбэһэннэрэн, «Саха Өрөспүүбүлүкэтин оҕолорун уопсастыбаннай холбоһуктарын сойууһа» диэн саҥа тэрилтэни төрүттээбиттэрэ. Күн бүгүн сойуус 783 оҕо түмсүүтүн сомоҕолуур, олор кэккэлэригэр 105 942 көхтөөх чилиэн баар. Быһатын эттэххэ, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 1-11 кылаас үөрэнээччилэриттэн 58,6%-на хабыллар. Бэлиэтээн эттэххэ, ахсынньы 5 күнэ 2014 сылтан Ил Дархан Егор Борисов ыйааҕынан «Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын» күнүн быһыытынан олохтонон турар.
Тула өттүбүтүн болҕойдоххо
Ассамблея мунньаҕар хас биирдии тэрилтэ кэлиҥҥи үс сылга туох ситиһиилээҕин, ханнык үлэни тэрийбитин, кыайа туппут хайысхаларын кэпсиир, билиһиннэрэр. Ордук дьон сэҥээриитин Алтаай кыраайын сайыҥҥы норуоттар икки ардыларынааҕы симиэнэтэ, Забайкальскай кыраай дьиэ кэргэҥҥэ туһаайыылаах үлэтэ, Астрахань уобалаһын «Хрустальнайа роза» литературнай куонкуруһа, Санкт-Петербург чинчийэр, ырытар хабааннаах саҕалааһыннара, Волгоград көлүөнэ ситимигэр анаммыт бырайыактара ыллылар. Кэпсэтии иккис аҥаарыгар уустуктары, харгыстары тумнарга, быһаарарга араас ньымалары тобуллулар, санаа атастаһан эрэкэмэндээссийэлэри оҥордулар.
«СПО-ФДО» бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, педагогикаҕа билим дуоктара, бэрэпиэссэр Ирина Фришман бастыҥ үлэни киэҥник тарҕатарга, сэргэх бырайыактары сүрүннүүргэ, идэтийбит түмсүүлэри тэрийэргэ ыҥырда. «Хомойуох иһин федеральнай таһымнаах докумуоннарга оҕо уопсастыбаннай түмсүүтүн ис кыаҕын толору өйдөөн, ону толору туһаныы ньымалара арыллыбаттар. Билигин даҕаны аныгы судаарыстыба оҕо хамсааһыныгар толору сайдар кыаҕы биэрэ илик», – диэн салайааччы санаатын үллэстэр.
Тэрээһиҥҥэ 90 саастаах ытык кырдьаҕас ыалдьыттаата. Зоя Мулюкина – Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Магадаан уобалаһын пионер тэрилтэтин сэбиэтин чилиэнэ эбит. Кини сэргэх сирэйдэри, чаҕылыйа сылдьар харахтары көрөн истиҥник үөрбүтүн биллэрдэ. «Үлэһит дьонтон киһи элбэҕи эрэйэр. Кыайыахтара, ситиһиэхтэрэ диэн эрэнэр. Пионерия 100 сыллаах үбүлүөйэ үгүс дьону үмүөрү тартын, сомоҕолоотун», – диэн баҕа санаатын эттэ.
100 сылы хайдах көрсөбүт?
Арассыыйа ыччат уонна оҕо уопсастыбаннай түмсүүлэрин национальнай сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Григорий Петушков РФ просвещениеҕа миниистирэ Сергей Кравцовка Арассыыйа үрдүнэн Пионерия 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир туһунан этиини киллэрэн турар. Маныаха тэрийэр хамыыһыйа төрүттэнэрэ наадатын, «Артек», «Орленок» Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо кииннэригэр анал симиэнэлэр тэриллэллэрэ сөптөөҕүн бэлиэтиир. «СПО-ФДО» бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ирина Фришман мунньахха иһитиннэрбитинэн, министиэристибэ «Иитии үлэтин тэрээһиннэрин халандаарыгар» үбүлүөйү туспа бэлиэтээн олорор эбит. Ол аата оттомноох сыһыан, дьоһуннаах дьаһал баар буолуоҕар эрэнэбит.
Сахабыт сиригэр уонна атын эригийиэннэргэ эмиэ араас дьаһаллар ыытыллыахтара. Ордук болҕомтону историяны утумнаан, үүнэр көлүөнэҕэ чиэстээхтик тиэрдиигэ ууруохтара. СӨ пионерскай уонна оҕо хамсааһынын бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Нина Барашкова көҕүлээһининэн быйыл «Суолдьут сулус» диэн биллэр педагогтар, пионерия уонна оҕо хамсааһынын инники күөҥҥэ таһаарбыт Нина Протопопова, Фатия Авдеева, Елена Дмитриенко, Маргарита Петрова ааттарынан уопсастыбаннай бириэмийэлэр олохтоннулар. Тэрээһин биһирэнэн, аны сылын аайы ыытыллар үтүө үгэскэ кубулуйуо.
СӨ оҕолорун уопсастыбаннай холбоһуктарын сойууһа уонна «Юные якутяне» өрөспүүбүлүкэтээҕи тирэх киин ыччат дьону төрөөбүт түөлбэ историятын хасыһарга, үөрэтэн истиэндэ оҥорон, түмэллэргэ бэлэхтииргэ туһаайар оҕо уопсастыбаннай түмсүүлэрин туристско-краеведческай экспедициятын көҕүлүүр былааннаахтар. Историяны салгыы сырдатар сыалтан 1990-с сыллартан бэттэх оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын кэрдиис кэмнэрин билиһиннэрэр «Оҕо уопсастыбаннай түмсүүтүн бастыҥнара. Лидердар. Салайааччылар. Түмсүүлэр. Барайыактар. Ситиhиилэр» диэн киниги таһаараары бэлэмнииллэр.
Маны таһынан документальнай киинэ оҥоһуллара, социальнай бырайыактар, куонкурустар, кэнсиэрдэр тэриллэллэрэ былааннаммыт. Онтон үбүлүөй дьоро киэһэтэ, буоларын курдук, ыам ыйын 19 күнүгэр тэриллиэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0