Зинаида Дмитриевна 65 сааһыгар диэри төрөөбүт Уус Алданын улууһугар үлэлээбитэ. Ол курдук, 1962-1969 сс. Түүлээх, Курбуһах, Майаҕас оскуолаларыгар интэринээт иитээччитинэн, ыстаарсай пионер баһаатайынан, нуучча тылын учууталынан, 1969-1974 сс. хомсомуол оройкуомун сэкирэтээринэн үлэлээбитэ. 1974 с. Хабаровскай куоракка баартыйа Үрдүкү оскуолатыгар үөрэммитэ. 1978-1991 сс. ССКП Уус Алданнааҕы оройкуомугар сэкирэтээрдээбитэ. 1992-1997 сс. биэнсийэ управлениятын иһинэн тэриллибит социальнай көмө салаатын салайбыта. Бу кэмҥэ Курбуһахха социальнай интэринээт-дьиэ аһылларын көҕүлээбитэ. 1997 сылтан Дьокуускайга олорор, «Сэрии оҕолоро» уопсастыбаннай түмсүү сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ.
Сэрии сылын оҕолоро
-- Зинаида Дмитриевна, эн өр кэмҥэ баартыйа кэмитиэтин сэкирэтээринэн уонна социальнай көмүскэл эйгэтигэр үлэлээбитиҥ. Билигин сэрии сылларын оҕолорун туһугар туруулаһаҕын.
-- Мин олоҕум устатыгар дьону кытта алтыстым, оҕолору, итиэннэ нэһилиэнньэни кытта үлэлээтим. Баартыйа идеолог-сэкирэтээрэ диэн, син биир идэтийии сойууһун курдук дьон кыһалҕатын быһаарар үлэһит. Дьон үксүн тус кыһалҕаларын, эбэтэр үлэлэрин боппуруоһун быһаартараары миэхэ кэлэллэрэ. Ити курдук, дьон кыһалҕатын быһаарарга эрдэттэн киирбит эбиппин.
Аҕам 1941 с. сэриигэ барбыта уонна 1946 с. тыыннаах эргиллэн кэлбитэ. Ийэм үс аҥар көстөөх Өлүнньэхтээххэ пиэрмэҕэ сэбиэдиссэйинэн, биригэдьииринэн үлэлиирэ. Бороҕоҥҥо отчуот туттара дуу, бурдук ыла дуу киирэригэр эрэ биһиэхэ көстөн ааһара үһү. Инньэ гынан, эбэбэр чороҥ соҕотох иитиллибитим. Орто Эбэ бөһүөлэгэр медпуун баара, онно эбэбинээн иккиэн эрэ олорбуппут. Медпууммут сыыр үрдүгэр турара, чугаһынан ыаллар суохтара. Бөһүөлэк ыаллара бары сайылыкка көһөллөрө, биир да оҕо хаалбата. Ол иһин, кыра сылдьан атын оҕолору кытта алтыспатаҕым, наар соҕотохпун. Кэлин эбэбин үүт астааччынан үлэҕэ ылбыттарыгар, дьэ, сайылык оҕолорун кытта билсэн оонньуур буолбутум. Онон, хайдах эрэ, адьас кыра эрдэхпиттэн соҕотохпун. Ол иһин соҕотохсуйуу, соҕотох хаалыы уонна дьон өйөбүлүгэр наадыйыы кыһалҕатын бэйэбинэн билэбин, өйдүүбүн.
Уус Алдаҥҥа биэнсийэ управлениетын иһинэн тэриллибит, кыамматы көрөр-истэр, социальнай өҥөнөн хааччыйар дьиэҕэ көмө салаатын салайбытым. Отдел бастаан утаа сэттэ, онтон 12, кэлин 21 үлэһиттэммитэ. Онон улууспут 18 нэһилиэгэр социальнай үлэһит баар буоларын ситиспиппит. 1992 с. миниистир Алексей Александрович Томтосовка туруорсаммыт, 41 үлэһиттээх, 2 отделениелаах, өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы улахан социальнай көмө тэрилтэтэ буолбута.
Оччолорго өрөспүүбүлүкэбитигэр социальнай үлэһит диэн исписээлинэс суоҕа. Инньэ гынан, үлэһиттэрбит исписэлиис буолалларын ситиһэр сыаллаах бырайыак суруйбуппут уонна үрдүкү салалтаҕа туруорсаммыт үөрэх кууруһун тэрийбиппит. Икки күннээх үөрэх бырагырааматын оҥорбутум. Ону бигэргэтээри Алексей Александровичка киирбитим, кини бастаан утаа сөбүлээбэтэҕэ. Мин үлэһиттэрбит исписээлинэстээх буолуохтаахтар, ким эрэ аатыттан үлэлиэхтээхтэр, онон куурус ыытаммыт анал дастабырыанньаларда туттарыаҕыҥ, оччоҕуна кинилэр юридическэй бырааптаах буолуохтар этэ диэн тылбар киллэрэммин, өйөбүл ылбытым. Онон социальнай үлэһиттэргэ аналлаах үөрэх кууруһа аан бастаан Уус Алдаҥҥа ыытыллыбыта. Манна оройуон сэбиэттэрин, социальнай көмүскэл, доруобуйа харыстабылын, үп-харчы, нолуок эйгэтин тэрилтэлэриттэн үөрэппиттэрэ. Кууруска үөрэммиттэр өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакынан социальнай үлэһит дастабырыанньатын туппуттара.
Бу сылларга улууспутугар кыаммат дьиэ кэргэттэри өйүүр анал пуондалаах дьиэ кэргэн боппуруоһугар боломуочунай баар буолбута. Өрөспүүбүлүкэҕэ боломуочунайынан Светлана Ефимовна Николаева үлэлээбитэ. Кинилиин биһиги ыкса үлэлэспиппит. Көмөҕө наадыйар дьиэ кэргэттэри булар сыаллаах, улахан социальнай ыйытык ыыппыппыт. Ол түмүгүнэн, аҥардас оҕонньордоох эмээхсинтэн турар, эбэтэр эмээхсин (оҕонньор) сиэнин кытары олорор дьиэ кэргэттэр, соҕотох хаалбыт инбэлиит дьон баалларын быһаарбыппыт. Ону сэргэ, уон оҕолоох, хараҕа суох кырдьаҕас оҕонньор оҕолоругар көһө сылдьан олороро. Кини, биллэн туран, тулаайах курдук биир ыалтан биир ыалга көһөргө күһэллэр буоллаҕа. Маннык дьоҥҥо көмөлөһөргө, кыһалҕаларын быһаарарга үлэлэспиппит.
Үлэбит чэрчитинэн, сылга иккитэ Дьокуускайдааҕы уонна Капитоновкатааҕы инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэригэр олорор биир дойдулаахтарбытын көрсөр үгэстээх этибит. Дьоммутугар суруктаах, кэһиилээх киирэммит кэнсиэртиир буоларбыт. Оччолорго Дьокуускайдааҕы интэринээккэ биир дойдулаахпыт Прокопий Григорьевич Борисов үлэлээбитэ. Кини миэхэ: «Эн кэпсэтиэҥ, кыайыаҥ, онон Уус Алдаҥҥа интэринээттэ туруорсан астар. Мин эйиэхэ көмөлөһүөм», - диэбитэ уонна 25 миэстэлээх интэринээт-дьиэ симиэтэтин оҥорон биэрбитэ. Мин ол симиэтэни туппутунан миниистиргэ киирэммин туруорсубутум. Бороҕоҥҥо дьиэ көрдөөн көрбүппүт, булбатахпыт. Хата Курбуһах нэһилиэгэр түөрт уопсай дьиэлээх, остолобуойдаах оскуола-интэринээт баара. Курбуһах баһылыгын кытта кэпсэтэммит ол баазаны ылбыппыт. Интэринээт дириэктэринэн тулаайах улааппыт, хомуньуус, анал үөрэҕэ да суох буоллар олус билиилээх, дьон туһугар кыһаллар, көхтөөх уонна эппиэтинэстээх Гаврил Гаврильевич Васильевы анаабыттара. Киниэхэ тирэҕирэммит уонна Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Мария Семеновна Черкашина, кэлэктиибинэй тэрилтэ дириэктэрэ Николай Дмитриевич Пухов өйөөһүннэринэн интэринээппитин аспыппыт. Социальнай тэрилтэбит улуустар икки ардыларынааҕы статустааҕа, тоҕо диэтэр, оччолорго маннык интэринээт-дьиэ биир улууска көрүллүбэт этэ. Ол эрэн, интэринээппитигэр атын улуустартан дьон кэлбэтэҕэ, бэйэбит дьоммутун ылбыппыт. Кэлин тэрилтэбит дьиэтин уларытаннар, таас дьиэ туппуттара. Онон билигин өрөспүүбүлүкэҕэ биир үчүгэй үлэлээҕинэн биллэр тэрилтэнэн буолар.
1997 сыллаахха Дьокуускайга көспүтүм. Тутатына үлэ биирсэтин дириэктэригэр Михаил Федорович Федоровка киирбитим, маныаха кини сабыс-саҥа аһыллар диспетчерскэйгэ исписэлииһинэн ылбыта. Маны таһынан, Дьокуускай куорат Октябрьскай уокуругун баһылыга Вера Спиридоновна Солдатова уопсастыбаннаһы кытта үлэҕэ исписэлиис үлэтин биэрбитэ. Бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлинэн, Дьахтар сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллыбытым. Вера Спиридоновна үлэтиттэн уурайбытын кэннэ, Губинскай уокурукка биир сыл үлэлээбитим. Онтон хомуньуус, куорат Дууматын дьокутаата Семен Васильевич Филиппов ыҥырыытынан, Островскай уулуссатыгар турар Бэтэрээннэр дьиэлэригэр үлэҕэ киирбитим. Онно Аҕа дойду Улуу сэриитин 120 бэтэрээнэ олороро. Олус үчүгэй кыһыл муннугу уонна бэтэрээннэр галереяларын тэрийбиппит, икки кинигэни таһаарбыппыт. Үлэбит быстыбат сороҕотунан оскуолалары кытта үлэлэһии буолара, 26-с оскуола пионер дуруһуунатын баһаатайын Христина Ивановна Чусовскаяны кытта бииргэ үлэлээбиппит. Онон бэтэрээннэри кытта үлэбин сэргэ, пионердары кытта шефтэһэн, илиибин араарбатаҕым.
Ити курдук, үлэбин күн бүгүн тохтоппоппун, «Сэрии оҕолоро» уопсастыбаннай түмсүү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ буолабын. Үлэм түмүгүнэн 10 кинигэни таһаардыбыт. Онтон алтата сэрии сылын оҕолорун ахтыылара, түөрдэ уопсастыбаннай тэрилтэбит үлэтин сырдатар кинигэлэр.
Улахан ситиһиибитинэн “Сэрии сылын оҕолорун туһунан” сокуону ылылыннарбыппыт буолар. Бу сокуоҥҥа, биһиги туруорсуубутунан, үстэ уларытыылары уонна эбиилэри киллэрдилэр. Арассыыйа сорох эрэгийиэннэрэ төрүт даҕаны маннык сокуону ылыммакка олороллор. Ил Түмэн 6-с ыҥырыытын дьокутааттара ситэ көрбөтөх сокуоннарын барыла баар. Билигин ону 7-с ыҥырыыга көрүҥ диэн көрдөһө сылдьабыт. Эһиил Улуу Кыайыы 80 сылын бэлиэтиэхпит. Онно хайаан даҕаны сэрии сылларын оҕолоро дьоһуннаахтык кырдьар саастарын төрүөттэрин оҥорор сокуону ылыныахтарын наада. Сокуон барылын ылыннахтарына, сэрии сылын оҕолорун кыһалҕалара сүрүннээн быһаарыллыахтаах.
Чуолаан, сэрии сылын оҕолорун тыыл бэтэрээннэригэр тэҥниэххэ уонна чэпчэтиилэри туһаналларын хааччыйыахха диэн туруорсабыт. Холобура, босхо эминэн-томунан туһаныы. Билигин демография боппуруоһа күүскэ турар, оттон демография оҕо төрөөһүнүнэн эрэ муҥурдаммат, кырдьаҕас дьон саастара уһууруттан эмиэ тутулуктаах. Орто сааһы 78 сааска тириэрдиэхпит диэтилэр. Биһиги, 80-мутун ааспыт дьон өссө олоро түһүөхпүтүн баҕарабыт. Онон кырдьаҕастар сэниэтик-чэгиэнник сылдьалларыгар эминэн хааччыйыы хайаан да наада.
Иккиһинэн, уопсастыбаннай сэбиэттэр сэрии сылларын оҕолорун өйүөхтэрин наада. Сэрии сылын оҕолоро уонна тыыл бэтэрээннэрэ диэн кимнээхтэрий? Биллэн туран, оҕонньоттор уонна эмээхситтэр – уопсастыба саамай көмүскэлгэ наадыйар араҥата. Тоҕо бу кырдьаҕастар кыһалҕаларын туоратыыга өрөспүүбүлүкэтээҕи Дьахталлар сэбиэттэрэ, Бэтэрээннэр сэбиэттэрэ күүскэ үлэлэспэттэрий, тоҕо кинилэр тустарыгар туруорсубаттарый? Соторутааҕыта хаһыакка «Чтить подвиг павших - святая обязанность молодых» диэн ыстатыйа тахсыбыта, онно сэрии сылын оҕолоругар ый аайы 1221 солкуобай төлөнөр диэн суруллубут. Ити ыстатыйа сүрдээх элбэх боппуруоһу үөскэппитэ, «Хата Кыайыы күнүн иннинэ эбии харчы ылар буолбуппут» диэн ыйытаннар миигин ол түүн утуппатылар. Онтубут, биһиги сокуоммутунан ылыллыбыт, үлэ бэтэрээнэ буолбатах дьоннорбутугар көрүллэр ый аайы бэриллэр харчылара (ЕДВ) суруллубут эбит. Ити төлөбүр туһаайыытын ситэ быһаарбатахтан тахсыбыт иһитиннэрии сэрии сылын оҕолорун сүрдээҕин долгутта уонна кырдьык буолбатаҕыттан хомотто.
2018 сыллаахха, Айсен Сергеевич Николаев бэрэсидьиэҥҥэ туруоруна сырыттаҕына, быыбардыыр ыстаабыгар бэйэм илдьэн, арыллаары турар Тыыл үлэһиттэрин искибиэрин аатыгар «Тыыл үлэһиттэрин уонна сэрии сылын оҕолорун искибиэрэ» диэн сэрии сылларын оҕолорун эбии киллэрэн ааттыыр туһунан сурук киллэрбитим. Үс күн буолан баран, искибиэр аһыллыытыгар аатыгар «сэрии сылларын оҕолоро» эбии киирдэ, онон кэлэн тылла эт диэн ыҥырбыттара. Ол гынан баран, билигин даҕаны искибиэр аатыгар биһиги суруллубакка сылдьабыт, о.э. искибиэргэ киириигэ юридическэй толору аата сурулла илик.
Аны, «Килбиэннээх үлэ куората – Дьокуускай» истиэллэни, куорат киинигэр, Тыыл үлэһиттэрин уонна сэрии сылын оҕолорун искибиэригэр туруоруҥ диэн туруорсубуппутун ылымматылар. Дьиҥинэн, тыыл бэтэрээннэрин өҥөлөрүнэн бэриллибит аат буоллаҕа, онон ити искибиэргэ турара тоҕоостоох этэ.
Өссө биир туруорсуубутунан, Дьоруойдар аллеяларын оҥоруохха диэн буолар. Аҕа дойду Улуу сэриитин уордьанын истиэллэтин икки өттүнэн 25 дьоруойдарбыт мэтириэттэрдээх, ааттара, хантан төрүттээхтэрэ, хас сыллаахха дьоруой буолбуттара суруллубут билиитэлэри туруоруоххайыҥ диэн этиилээхпит. Эбэтэр, аллея кыаллыбат буоллаҕына, Кыайыы болуоссатыгар суруллубут дьон ааттарыгар эбии киллэрэн, саҥалыы оҥоруҥ диибит. Оччоҕуна, дьон бу киһи көннөрү аатын эрэ буолбакка, кини туһунан тэттик иһитиннэрии ылыа этэ.
Кыайыыбыт үбүлүөйэ буолара биир эрэ сыл хаалла. Маныаха, «кимиэхэ этэн туруорсууларбытын ситиһэбит, туох кыһалҕабар өйбүн сынньабын» диэн сороҕор бэйэбин мөҕүттэ саныыбын. Уу-чуумпутук олорор дьон уоскулаҥнык утуйаллара буолуо, мин буоллаҕына утуйар уум көтүөр диэри туруорус да туруорус буолабын.
Оҕо хамсааһынын тула санаа
-- Зинаида Дмитриевна, пионер баһаатайдааҥҥын, хомсомуолга да үлэлээҥҥин оҕо хамсааһынын үлэтин бэйэҕинэн биллэҕин. Эн билигин саҥа тэриллибит оҕо уонна ыччат хамсааһынын туһунан туох санаалааххыный?
-- Ленин төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан «Искра» диэн ыстаарсай баһаатайдар этэрээттэрин тэрийбиппит, билигин да үлэлиир. Быйыл «Сэрии сылын оҕолоро» уопсастыбаннай тэрилтэ 10 сыллаах үлэтин хабар «О проблемах детей военного времени и задачах ООО «Дети войны» диэн 2014-2023 сыллардааҕы ыстатыйалар хомуурунньуктарын таһаардым. Бу кинигэҕэ 2022 сыллаахха суруллубут «Каким быть детским организациям нового столетия» диэн ыстатыйа киирэ сылдьар. Манна билиҥҥи оҕо тэрилтэтэ хайдах буолуохтааҕын туһунан аҕа көлүөнэ санаабыт суруллубута. 2022 сыллаахха мин Саха Сирин хомсомуолун уонна Саха АССР 100 сыллаах үбүлүөйдэригэр анаан, урукку хомсомуоллар уонна пионердар ахтыыларын хомуйаммын «Я теперь вспоминаю как песню...» диэн кинигэни оҥорон таһаарбытым.
Мин хомсомуол оройкуомугар оскуоланы кытта үлэҕэ салаа сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитим, кэлин оскуолаларга сэкирэтээр диэн буолбута. Хас сайын аайы үлэ уонна сынньалаҥ лааҕырдарын үлэлэтэрбит.
Пионер баһаатайдыыр кэммэр Уус Алданнааҕы пионер тэрилтэтэ «Хомсомуол тыа оскуолатыгар» диэн хамсааһыҥҥа бүтүн Сэбиэскэй Сойууска бастаабыта уонна ССКП Киин Кэмитиэтин Кыһыл знамятынан наҕараадаламмыта, итиэннэ, Саха Сирин устуоруйатыгар аан бастакынан, ГАЗ массыынанан бириэмийэлэммитэ. Маннык таһаарыылаахтык үлэлээбиппит.
1991 с. хомуньуус баартыйата эстээтин кытта, кини сүһүөхтэрэ хомсомуол уонна пионер суох буолбуттара. Ыччат уонна оҕо тэрилтэлэрэ кытары бэлиитикэ содулугар оҕустарбыттара. Онон бу тэрилтэлэр бэлиитикэ тутулун сорҕото буолаллар диэн өйдүөх тустаахпыт.
Билигин тэриллибит «Движение первых» оҕо уонна ыччат хамсааһына туох суолталааҕый? Мин көрдөхпүнэ, суолтата суох, тоҕо диэтэр бииргэ түмэр улахан идиэйэлэрэ, сыаллара суох, сүнньэ суох. Бу хамсааһын бэйэтин тула түмэр биир тэҥ дэбииһэ, ыҥырыыта, устааба, ырыата, былааҕа суох. Бары атын-атын бэлиэлээхтэр (атрибут), ким хадах санаабытынан тэрийэр, тэрийбэт буоллаҕына тэрийбэт. Ол иһин «Я теперь вспоминаю как песню...» кинигэбэр оҕо тэрилтэтин тутулун суруйбутум. Оҕо тэрилтэтэ хайаан да сүрүннээх буолуохтаах. Өктөбүрүөнэк сулуһа, пионер этэрээтэ, хомсомуол бөлөҕө, хомсомуол тэрилтэтэ. Хамсааһын итинник бэйэ-бэйэтиттэн салҕанан иһиэхтээх, о.э. үөһээ тэрилтэттэн аллараа түһүөхтээх. Маннык сүрүннүүр тутул билиҥҥи хамсааһыҥҥа суох. Ону мин сөбүлээбэппин.
Онон оҕо уонна ыччат хамсааһынын оччотооҕу пионер хамсааһынын тутулунан тэрийиэххэ уонна дьиэ кэргэни кытта үлэни күүһүрдүөххэ диэн этиилээхпит. Үөрэх тэрилтэлэрэ уонна дьиэ кэргэн бииргэ үлэлээбэт буоллахтарына, оҕону иитэр кыаллыбат. «Биир ньыгыл Арассыыйа» сүрүн баартыйа буоларын быһыытынан, оҕо уонна ыччат хамсааһынын илиитигэр ылан, олохтоохтук тэрийиэхтээх. 2021 сыллаахха Москубаҕа улахан сүлүөт буолбута, онно пионер тэрилтэтин утумнааччынан буолар саҥа оҕо хамсааһынын тэрийдибит диэбиттэрэ. Биһиги «бу саҥа хамсааһын пионер тэрилтэтин салҕаан үлэлиэҕэ» диэн үөрэ истибиппит, онтубут санаабыппыт курдук буолбата.
Санаан көрдөххө, «Пионер» диэн ааттан тоҕо куттаналларый? Бу, дьиҥинэн, бэлиитикэҕэ сыһыана суох аат эбээт. Урукку уонна билиҥҥи оҕо хамсааһыннарын ааттарын уратылара туохханый? Пионер – инники иһээччи, бастакы аһааччы, суолу тэлээччи диэн ис хоһоонноох. Онтон «Бастакылар хамсааһыннара» диэн ааты ылыахха, «бастакылар» диэн кимнээҕий? Туохха бастакыларый? Миэхэ өйдөммөт... Мин саныахпар, «бастакылар» диэн тэрилтэҕэ барсыбат аат. Хамсааһын аатыттан саҕалаан, тутулугар тиийэ сыыстардылар диибин. Өскөтүн саҥа тэриллибит оҕо уонна ыччат хамсааһына сүнньүн өйдөөн-дьүүллээн оҥорботохторуна, ити тэрилтэ көрүнньүк эрэ буолан хаалыаҕа. Оҕолору туохха да түптээн иитиэхпит суоҕа уонна, дьэ, «патриот диэн кимий?» дии-диибит чоргуйан олоруохпут. Дьиэ кэргэнтэн саҕалаан оҕону ииппэт буоллахпытына итини тоҕо ыйытабыт?! Төрөппүт уонна оскуола биир сутурук курдук буолуохтаахтар. Үнүрүүн миэхэ, Кыайыы күнүгэр оскуола оҕолоро бэлэхтээх кэлэ сылдьыбыттара. Ону оҕолортон: «Бу бэлэҕи ыларга харчы хомуйбуккут дуо? - диэн ыйытабын. Онуоха оҕолор: «Аһа», - диэн хоруйдаатылар. Дьэ, бу сыыһа, кинилэр харчы бырахсан бэлэх ылбаккалар эрэ, бэйэлэрэ оҥорбут сибэккилэрин уонна суруйбут суруктарын бэлэхтээбиттэрэ буоллар астык буолуо этэ. Иитии маннык түгэннэртэн турар.
Бу санаабын тиэрдээри, чуолаан «Эркээйи эргиирэ» диэн бырагыраамаҕа уонна оҕо, ыччат хамсааһынын тула сэһэргэһээри Феодосия Васильевна Габышевалыын көрсүөхпүн баҕарбытым да, кыаллыбата. Соторутааҕыта Александр Николаевич Жиркову кытары көрүстүбүт. Оҕо уонна ыччат хамсааһыныгар сокуон ылыллыахтаах, онно бэйэбит этиилэрбитин киллэрдибит. Бу көрсүһүүгэ уонтан тахса бэтэрээн баһаатай кэлбитэ. «Ыччаты патриоттуу иитиигэ көхтөөх үлэ иһин бэлэм буолуҥ!» диэн ыҥырыы эттибит уонна Александр Николаевиһы Бочуоттаах пионерга ыллыбыт.
Ааспыт күһүн, Саха Сирин пионериятын 100 сылынан, Ярославскай түмэлигэр улахан сбор ыыппыппыт. Быйыл күһүн, атырдьых ыйыгар Уус Алдаҥҥа, пионерия 50 сылын ылбыт пааркабытыгар, сбор ыытыахпыт диэн былааннаахпыт, тэрээһин үлэтэ бара турар. Биһиги, аҕа көлүөнэ, бэйэбит эрэ иннибитин көрүммэккэ, кэлэр көлүөнэбит туһугар, кинилэр ким буолан тахсалларыгар, чуолаан патриот буолалларыгар үлэлэһэбит дии саныыбын.
Кэпсэттэ Антонина НЕУСТРОЕВА
Хаартыскалар З. Винокурова архыыбыттан
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0