Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Дьоҕус биисинэскэ аа-дьуо улахан уларыйыылар киирэн иһэллэр.  Дойду үрдүнэн 2021 сыл тохсунньу 1 күнүттэн ЕНВД (единый налог на вмененный доход) диэн нолуок эрэсиимэ сотуллаары турар. Бу ЕНВД биир үксүн атыыһыттарга уонна өҥө оҥорооччуларга табыгастаах, ордук барыстаах этэ, тоҕо диэтэххэ нолуок кээмэйэ дохуоттан буолбакка, атыылыыр былаһаакка иэниттэн тутулуктааҕа.

Аны туран, от ыйын 1 күнүттэн бэйэлэрэ тус дьарыктаахтарга (самозанятайдарга) 4-6 %-наах “налог на профессиональный доход” диэн киирдэ.

Кэлэр сылтан урбаанньыттар бука бары УСН-ҥа (упрощенная система налогов) көһүөхтэрэ. Оччотугар учуоту туруоруу (постановка учета) булгуччулаах буолар.

Дьоҕус биисинэскэ аа-дьуо улахан уларыйыылар киирэн иһэллэр.  Дойду үрдүнэн 2021 сыл тохсунньу 1 күнүттэн ЕНВД (единый налог на вмененный доход) диэн нолуок эрэсиимэ сотуллаары турар. Бу ЕНВД биир үксүн атыыһыттарга уонна өҥө оҥорооччуларга табыгастаах, ордук барыстаах этэ, тоҕо диэтэххэ нолуок кээмэйэ дохуоттан буолбакка, атыылыыр былаһаакка иэниттэн тутулуктааҕа.

Аны туран, от ыйын 1 күнүттэн бэйэлэрэ тус дьарыктаахтарга (самозанятайдарга) 4-6 %-наах “налог на профессиональный доход” диэн киирдэ.

Кэлэр сылтан урбаанньыттар бука бары УСН-ҥа (упрощенная система налогов) көһүөхтэрэ. Оччотугар учуоту туруоруу (постановка учета) булгуччулаах буолар.

Нам улууһугар “Сигма-актив” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ дьоҕус биисинэс эйгэтигэр үлэлээччилэргэ буҕаалтыр өҥөтүн оҥоруунан дьарыктаммыта ыраатта. Салайааччы Светлана Амбросьева (Инстаграмҥа @sigma_aktiv) билиҥҥи уустук кэмҥэ урбаанньыттар үп-харчы ааҕыытын чааһыгар туох ыарахаттары көрсөллөрүн, итиэннэ үөскээбит балаһыанньаттан тахсар ханнык суоллар баалларын кэпсээтэ.

cигма

--Билигин кыра тэрилтэлэргэ барыларыгар автоматизация, хаасса аппараата, “Честный знак” систиэмэтэ киирэ туралларынан сибээстээн, анал бырагырааманан туһаныахха наада буолла. Үгүстэр ханныгы талан туруорарга ыарырҕаталлар. Ити тэрилтэ тугу гынарыттан, хаһаайын ханнык көрдөрүүлэринэн туһаныан баҕарарыттан тутулуктаах.

— Оттон боростуой “Excel” (эксель) бырагыраамаҕа судургу учуоту оҥоруохха сөп буоллаҕа дии?

“Excel” бырагыраамаҕа халыып оҥорор, күннэтэ илиинэн туруорар уустуктардаах даҕаны, улахан көдьүүһү биэрбэт даҕаны. Автоматизированнай анал бырагырааманы туруордахха, үлэһиттэр өттүлэриттэн уоруу тахсара, харчы итээһинэ тохтуур. Салайааччы даҕаны эрдэттэн ханнык итэҕэстэр баалларын бэлиэтээн, ону туоратарга кыһаллар. “Нолуок эрэсиимин төһө сөпкө талбыппыный?”, “Ханнык табаар атыыга кэмигэр барарый?”, “Үлэҕэ-хамнаска туох харгыстар тахсалларый?” диэн ыйытыылары бэйэтигэр биэрэн анаалыстанар.

 Тэрилтэ буҕаалтырдаах буоллаҕына да, анал бырагыраама кини үлэтин лаппа чэпчэтэр. Оччотугар кини отчуотун кэмигэр оҥорор, элбэх хара үлэтэ көҕүрээн, сүрүн суот-учуот үлэтэ тахсыылаах буолар. Сөптөөх бырагырааманы талан, дааннайдары киллэрэн, көдьүүстээх учуот оҥоһулуннаҕына, салайааччы харчы хамсааһынын, тэрилтэ сайдыытын кэмигэр көрөр кыахтанар.

Кэнники кэмҥэ кэтээн көрөрбүнэн, тэрилтэлэр учуоттарын туохтан хайдах саҕалыылларын билбэттэр эбит. Онон биһиги бу салааҕа күүскэ ылсан үлэлээн эрэбит. Өскөтүн учуоккун хара маҥнайгыттан сөпкө туруорбут буоллаххына, кэлин үлэлииргэр чэпчэки буолар. Манна уопуттаах, киэҥ билиилээх, идэтийбит буҕаалтыр көмөтүнэн туһаныҥ диэн сүбэлиибин. Тэрилтэ үлэтэ улааттаҕын, кэҥээтэҕин аайы дьоҕус уларыйыылар киириэхтэрин сөп. Биһиги бу уустук боппуруоһу кэбэҕэстик быһаарарга көмөлөһөбүт. Бу биирдэ оҥоһуллар өҥө.

— Тоҕо үгүс урбаанньыт буҕаалтырга табыллыбатый?

Кэнники уон сыллаах уопуппуттан көрдөхпүнэ, дьоҕус биисинэскэ эргиирдэрэ улааттаҕына, туспа буҕаалтырданаллар. Ол гынан баран, манныкка каадыр уларыйыыта (“текучка кадров”) баар буолар. Саҥаттан саҥа исписэлиис кэлэр, ол түмүгэр тэрилтэ сайдыыта атахтанар, үгүс үлэ ситэ оҥоһуллубат. Ити биир үксүн хара маҥнайгыттан үчүгэй учуот турбатаҕыттан тахсар. Урут Сэбиэскэй Сойуус саҕана биир тэрилтэ хас эмэ буҕаалтырдаах буолара: дохуот-ороскуот суоттуур буҕаалтыр туспа, хамнаһы быһаарааччы туспа, матырыйаал ааҕааччы туспа, тэрилтэлэри кытта аахсааччы туспа. Оттон билигин маны барытын биир киһиэхэ сүктэрэллэр. Биллэн турар, кини ыарырҕатар. Омос көрдөххө, тэрилтэ харчытын эргиирэ кыра, үлэһитэ аҕыйах курдук эрээри, буҕаалтыр бары салааҕа барытыгар иҥэн-тоҥон быһаарсыан наада. Ити элбэх бириэмэни, сыраны, этэргэ дылы, уникальнай өйү эрэйэр. Дьэ, ол иһин учуоту туруоруу (постановка учета) хайаан да оҥоһуллуон наада.

— Маныаха эһиги көмөҕүт хайдах оҥоһулларый?

Аан бастаан тэрилтэни үөрэтиэххэ наада. Ханнык көрүҥүнэн кини дьарыктанарын эбэтэр дьарыктаныан, кэлэр биир-икки сылга тугу эбии киллэриэн баҕарарын билиэхтээхпит. Үгүс урбаанньыт  хас да тэрилтэлээх буолар уонна ол тэрилтэлэрэ бэйэ-бэйэлэрин икки ардыгар харчыларын буккуйан кэбиһэллэр. Инньэ гынан, ханнык тэрилтэлэрэ ордук барыстааҕын, ханныга ночооттооҕун кыайан быһаарбаттар. Ол иһин бу тэрилтэлэр “хармааннарын” араартыах тустаахпыт. Аны, тэрилтэ уратытын үөрэтэн баран, ханнык бырагыраама ордук барсарын талыахха наада. Маныаха “оптимизация налогооблажения” диэн өҥөнү, ол эбэтэр нолуогун эрэсиимин уларытыыны бииргэ оҥоруохха сөп.

“Бырагыраамаҕа тугу хайдах арааран киллэрэбит?” диэн ыйытык үөскүүр. Ол аата биир-икки ыйдаах дааннайдары эбэтэр тэрилтэ эргиирин олоччу киллэрии. Салгыы буҕаалтыры бырагырааманы хайдах туһанарга үөрэтиэххэ наада. Ол биирдэ көрдөрүүнэн муҥурдаммат. Хас биирдии дьайыыны: счет оҥоруута буоллун, сибиэркэлээһин аахтатын таһаарыы буоллун, хааччыйааччылары (поставщиктары) кытта аахсыы буоллун -- барытын видеоҕа устан, кумааҕыга схема оҥорон, хайдах буолуохтааҕын ымпыгар-чымпыгар диэри ойуулуубут. Нууччалыы эттэххэ, “описание бизнес-процессов” диэни  оҥоробут. Уопсай аата “разработка учетной и налоговой политики” диэн буолар. Биһиги хас биирдии үлэни ыстаан, илдьиритэн, методологическай өттүн тиийимтиэ гына быһааран биэрэбит.

--2021 сыл тохсунньу 1 күнүттэн ЕНВД суох буолаары турар. Мин санаабар, атыы-эргиэн салаата биһиэхэ улаханнык оҕустарыаҕа. Онтон сылтаан табаар сыаната эмиэ улаатыан сөп курдук. Атыыһыттарга УСН ханнык көрүҥүн талар ордук буолуой?

— Мин санаабар, “доход минус расход” диэн  10%-наах ставка ордук буолара буолуо. Өскөтүн тэрилтэ салайааччыта дьонун социальнай бакыатынан хааччыйар, хаһаайыстыбаннай ороскуота элбэх, кирэдьииттээх эҥин буоллаҕына, ыраас барыһыттан 10 % төлүүрэ табыгастаах курдук. Маныаха барыһа адьас кыра буоллаҕына, дохуотун 1 %-нын төлүүр. Дохуоттан 6% нолуокка барара атыы-эргиэн эйгэтигэр үлэлиир урбаанньыкка улахан охсуулаах буолара чахчы. Ол эрээри хас биирдии тэрилтэ туспа уратылааҕын учуоттаан, киниэхэ нолуок ханнык көрүҥэ ордук барсарын быһаарар оруннаах

сигм

— Дьоҕус биисинэскэ ханнык анал бырагырааманан үлэлиир ордугуй?

— “1С” бырагыраама кэбэҕэс уонна көдьүүстээх, сыаната да удамыр. Кини атыыһыттарга ордук табыгастаах. Кыра маҕаһыыннар “1С: Розница” диэни биир үксүн ылаллар. Сорох хас да туочукалаах, кэҥээбит тэрилтэлэр “1С: Управление торговлей” диэнинэн тутталлар. “Управление нашей фирмой” диэн аныгы бырагырааманы туһанааччылар да бааллар. Улахан, кыахтаах тэрилтэлэр “1C Фреш” диэни тутталлар. “Розницаттан” ураты бу бырагыраамалар бары облачнайдар. Ол эбэтэр Интэриниэт нөҥүө ыраахтан толоруллар кыахтаахтар.  

Өҥө оҥорооччуларга “Контур” бырагыраама барсар. Сыаната сылга 3,5 тыһ. солк. саҕалаан -- 18 тыһ. солк. диэри. Уопсайынан, “ ханнык көрүҥүттэн көрөн, сыллааҕы төлөбүрэ 30-35 тыһ. солк. курдук буолар.

— “1С: Розница” уонна “1С: Управление розницей” бырагыраамалар бэйэ-бэйэлэриттэн сүрүн уратылара тугуй?

1С: Розница — судургу бырагыраама. Дьоҕус эрээри, эргиэнэ улааппыт маҕаһыыҥҥа атыыһыт да, атыылаһааччы да өттүттэн уоруу, сүтүү тахсааччы. Кыра уорууну хаһаайын өйдөөн хаалымыан да сөп. Бу бырагыраама атыы хаамыытын, учуоту, инвентаризацияны, табаар сыанатын, дисконтнай каартанан чэпчэтиини, хаасса аппараатын, штрих-код сканерын кытта үлэлэһиини кыраҕатык кэтиир. Атыыһыт үлэтин чааһын хайдах туһаммытын көрөр. Буҕаалтыр бырагырааматын кытта сибээстээх. Араас отчуоттары туруоран биэриэххэ сөп.

“Розница” бырагыраама маҕаһыын эрэ үлэтин көрдөрөр буоллаҕына, “1С: Управление торговлей”  атын операциялары барытын онорор. “Два в одном” диэххэ сөп.

Килийиэннэри кытта сыһыаны, үп-харчы эргиирин, атыы-эргиэн хаамыытын, ыскылаат үлэтин, анаалыс уонна хонтуруол араас көрүҥнэрин барытын дьүөрэлиир. Хайысхата элбэх, таһыма үрдүк. Интэриниэт-маҕаһыыны кытта сибээстиэххэ сөп.  

— Светлана, элбэх урбаанньыты долгутар, мунаахсытар  боппуруостарга чопчу хоруйдары биэрбиккэр, сиһилии быһаарбыккар махтанабын. Эһиги тэрилтэҕит Намҥа үлэлиир. Атын улуустар өҥөҕүтүнэн туһаныахтарын сөп дуо?

— Чугас эргин улуустарга баран үлэлэһиэхпитин сөп. Холобур, илин эҥэр уонна киин улуустарга дуогабар түһэрсэр санаалаахпыт.

                                               Кэпсэттэ Сардаана Эверстова.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением