Быйыл Арассыыйа үрдүнэн үлэҕэ киирбит тыа сиригэр чэпчэтиилээх ипотека тосхоло биһиэхэ эмиэ үгүс дьон болҕомтотун тарта. Ол эрээри тыа сирин ипотекатыгар анаан бэриллибит үп-харчы кэмчи буолан биэрдэ. Онон судаарыстыба бу өйөбүлүнэн аҕыйах дьиэ кэргэн туһаммытын кэннэ бааннар сайаапканы хомуйууну олох да тохтоппуттара...
Ипотека саҥа көрүҥэ «Тыа сирин-уотун кэлимник сайыннарыы» федеральнай тосхол чэрчитинэн олохтоммута, итиэннэ ол сүрүн соругунан тыа сиригэр дьону-сэргэни олохсутуу бэлиитикэтин күүһүрдүү буолар. Биллэн турар, Саха сирэ бу хайысхаҕа уруккуттан даҕаны күүскэ үлэлиир. Ону ааһан, өрөспүүбүлүкэбит салалтата бу тосхолу ырытан оҥорууга көҕүлээччилэртэн биирдэстэрэ буолбута.
Тыа сирин ипотекатынан сэлиэнньэлэргэ уонна бөһүөлэктэргэ олорор дьон, ол эбэтэр Саха сиригэр 331,9 тыһ. киһи туһаныан сөп. Бу тыа сирин 582 нэһилиэнньэлээх пууннарыгар олохсуйан олорор эрэгийиэн олохтоохторун үс гыммыта (33,9 бырыһыан) буолар. Биһиги дойдубут Сэбиэскэй былаас эстиэҕиттэн күн бүгүҥҥэ диэри тус-туспа сэлиэнньэлэринэн тэнийэн олорууну тутуһан кэлбит Арассыыйа Федерациятын соҕотох кэриэтэ субъега буолар. Бу биһиги дойдубутун, биир уһугуттан биир уһугар диэри Арассыыйа дьоно-сэргэтэ олорор, бэйэтэ суверенитеттаах дойду быһыытынан харыстыыр геополитическай соругу быһаарыыга тэҥнээх дии саныыбын.
Саха сирин олохтоохторо, Уһук Илин олохтоохторо бары даҕаны, 5 мөл. солк. тиийэ суумалаах кирэдьиити ылыахтарын сөп. Кирэдьиит сыллааҕы ыстаапката иэс ылар киһи олоҕун страховкатын туһанар буоллаҕына – 2,7 бырыһыаҥҥа, туһаммат буоллаҕына – 3 бырыһыаҥҥа тэҥнэһэр. Тосхол сүрүн уратытынан кирэдьиит бырыһыанын олус намыһах ыстаапката буолар. Дьиэни чэпчэтиилээх ипотеканан бастакы даҕаны, иккис даҕаны ырыынакка атыылаһыы, оттон бас билэр сирдээх буоллаххына бэдэрээт дуогабарынан бэйэ дьиэтин туттарыы дьону ордук кэрэхсэтэр.
Барыта тиһэҕэр тиийэ толкуйдаммыт, табыгастаах, барыстаах. Маны ааһан, өскөтүн эрэгийиэн бааҥҥа араастаһыыны үбүлээтэҕинэ, кирэдьиит бырыһыана өссө түһүөн сөп. Тыа сирин ипотекатыгар Арассыыйа бааннарын ситэ ылбатах дохуоттарын толуйарга 2020 сылга Саха сирин бүддьүөтүгэр тус сыаллаах үп-харчы көрүллэн турар. Ипотека кирэдьиитин ыстаапкатын эбии биир бырыһыан намтатарга сэттэ мөл. солк. кэриҥэ көрүллүбүтэ. Биллэн турар, бу олус элбэҕэ суох эрээри, илиҥҥи норуот муудараһыгар этиллэринии, тыһыынча ли уһуннаах суол бастакы хардыыттан саҕаланар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыа хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ 2020 сыл ыам ыйыгар кирэдьиит биэрэр тэрилтэлэр ортолоругар сүүмэрдээһини ыыппыта итиэннэ «Россельхозбаан» АУо-ны кытта сөбүлэҥ түһэрсибитэ. Хомойуох иһин, эрэгийиэннээҕи бүддьүөт үбүн суотугар ыстаапканы эбии аччатыы кыаллыбата, ол аахсыллара буоллар ыстаапка икки бырыһыаҥҥа, оттон иэс ылааччы страховкалаах буоллаҕына – 1,7 бырыһыаҥҥа тэҥнэһиэх этэ. Бу сыалга анаан көрүллүбүт үп баан сүрүн офиһыгар тэрийэр-техническэй уустуктар тахсаннар туһаныллыбакка хаалла.
Судаарыстыба социальнай бэлиитикэтин улахан суолталаах түмүктэрин ситиһиигэ судаарыстыбаннай баан үлэһиттэрин бытааран биэриилэрэ харгыс буолуо суохтаах дии саныыбын. Бу боппуруос сотору кэминэн быһаарыллыа диэн эрэнэбин.
Сыл саҕаланыаҕыттан атырдьах ыйа бүтүөр диэри «Россельхозбаан» олохтоохтортон 919 сайаапканы ылбытыттан 232-гэр сөбүлэҥи биэрбит. Барыта 184 мөлүйүөнтэн тахса суумалаах 79 кирэдьиит бэриллибит. Оттон Сбербаан 24 сайаапканы ылбытыттан 11-гэр сөбүлэҥи биэрэр туһунан быһаарыыны ылыммыт уонна 1 кирэдьиити биэрбит. Итинэн бүтэр. Нэһилиэнньэттэн сайаапканы ылыы номнуо тохтотулунна, тоҕо диэтэххэ, Россия тыа хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ олохтообут лимиитэ бүтүннүүтэ туһаныллыбыт.
Кыттыылаах бааннар «Тыа сирин ипотеката» тосхол Саха сирин олохтоохторугар улахан кэрэхсэбили ылбытын бэлиэтииллэр. Манна киһи соһуйара суох, тоҕо диэтэххэ, өрөспүүбүлүкэҕэ тыа сирин олохтооҕун ылар өлүүтэ үрдүк буолан (ол Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка 27 бырыһыаҥҥа, оттон РФ үрдүнэн – 25,4 бырыһыаҥҥа тэҥнэһэр), нэһилиэнньэ ахсаанын үрдээһинэ бэлиэтэнэр. Эрэгийиэҥҥэ оҕо төрөөһүнүн көрдөрүүтэ, чуолаан, тыа сиригэр үрдүк (тыа сиригэр ити көрдөрүү 2,8 тэҥ буоллаҕына, куорат сиригэр – 1,67).
Ханна да буоларын курдук, тыа сиригэр олорор дьиэ эмиэ эргэрэр, саахалланар хаарбах турукка киирэр. Оттон дьиэ кэргэҥҥэ оҕолор улааталлар, бэйэлэрэ туһунан олорор дьиэлэниэхтэрин баҕараллар. Уопсайынан даҕаны, ким барыта тупсаҕай оҥоһуулаах дьиэҕэ-уокка олоруон баҕарар. Ол иһин тыа сирин дьоно кэлиҥҥи кэмҥэ бииртэн биир ситэри-хотору тутуулаах, сиэдэрэй оҥоһуулаах саҥа дьиэни күүскэ туттар буоллулар.
2019 сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ тыа сиригэр олорор дьиэни тутуу кээмэйэ 150,6 тыһ. кв. миэтэрэҕэ, онтон 2020 сыл бастакы аҥаарыгар 65,3 тыһ. кв. миэтэрэҕэ тэҥнэстэ. Тыа сирин хас биирдии олохтооҕор ортотунан саҥа тутуллан киирэр дьиэ 23,4 кв. миэтэрэҕэ тиксэр. Мантан ылан көрдөххө, сыл аайы 750 кэриҥэ ыал саҥа дьиэҕэ киирии малааһынын тэрийэр. Маннык киэҥ хабааннаахтык ыытыллар тутууга «Тыа сирин ипотеката» тосхолунан кирэдьиити биэрии кэриҥэ 3-3,5 млрд. солк. тэҥнэһиэн сөп этэ.
Ордук элбэх дьиэ Амма, Үөһээ Бүлүү, Нам, Сунтаар, Чурапчы курдук бөдөҥ нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна улуус киинэ – куорат буолар өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыгар тутуллар. Ити, холобур, Ньурба, Бүлүү, Ленскэй оройуоннара, ону таһынан Дьокуускай аттынааҕы улуустар буолаллар. Бу улуустарга сылын аайы 10 тыһ. кв. миэтэрэттэн итэҕэһэ суох дьиэ тутуллар. Онон тыа сирин ипотеката, чуолаан, хастыы эмэ тыһыынча киһи олорор улахан поселениеларга көдьүүстээх буолуо диэн сабаҕалыахха сөп.
Ити билигин номнуо арылхайдык көстөр. Киирэр сайаапка ахсаана уонна 2,3 млрд. солк. суумалаах кирэдьиит үбүгэр наадыйыы дьон тыа сиригэр дьиэ-уот туттар баҕалааҕын туоһулуур. Биллэн турар, тыа сиригэр ипотекаҕа наадыйар дьон элбэҕин аахсан туран, кэлэр сылларга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр эмиэ бырыһыан ыстаапкатын субсидиятыгар чопчу сууманы көрөр туһунан толкуйдуур тоҕоостоох. Ол эрээри ити бастакы сорук буолбатах. Бастакы соругунан бэриллэр кирэдьиит ахсаана буолар, оттон ол – олус аҕыйах.
Судаарыстыба бу өйөбүлүн сүрүн соругунан тыа сиригэр нэһилиэнньэ ахсаана аччааһынын туоратыы буолар. Биһиги тыа сиригэр талаһар, олохсуйан олорор дьон ахсаана элбээтэҕинэ эрэ – бу тосхол көдьүүстээхтик үлэлиир диэхпитин сөп. Ол иһин тыа сирин ипотекатын тосхолун үбүлээһини улаатыннарар наада дии саныыбын. Ону таһынан, биирдиилээн олорор дьиэни тутууну өйүүр атын табыгастаах ньыманы тобулар, ол иһигэр «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак нөҥүө, тоҕоостоох буолуо этэ.
Манна даҕатан эттэххэ, Саха сиригэр итиннэ майгынныыр бэйэбит атын тутуллары туһанабыт. 2032 сылга диэри өрөспүүбүлүкэ олоҕун-дьаһаҕын уонна экэниэмикэтин сайыннарыы стратегиятын (2050 сылга диэри сыалы-соругу быһааран туран) быһыытынан «2020-2025 сылларга тыа сирин кэлимник сайыннарыы» эрэгийиэннээҕи судаарыстыбаннай тосхол үлэлиир. Туһааннаах сылга уонна 2021-2022 сылларга былааннанар кэмҥэ тыа сиригэр кимиэхэ баҕарар кыаллымтыа, тупсаҕай оҥоһуулаах олорор дьиэнэн хааччыйар туһугар федеральнай, эрэгийиэннээҕи уонна муниципальнай бүддьүөттэн 1,35 млрд. солк. көрүллэр.
Петр Гоголев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ.
Хаартыска: СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата (Сунтаар улууһун Тэҥкэ сэлиэнньэтигэр олорор Игнатьевтар дьиэлэрэ, Yakutia-daily сайтан).
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0