Улуус Сэбиэтин VII ыҥырыыта
Улуустар Мунньахтарын бу уонна атын да хайысхалаах үлэлэрин туһунан Константинова Маргарита Гаврильевна, Горнай улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин кытта кэпсэтиибититтэн билсиэххитин сөп. Улууһугар биллэр, уопуттаах салайааччы, улуус Мунньаҕар 3-с төгүлүн дьокутаатынан талыллан үлэлиир.
– Горнай улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин билиҥҥи VII ыҥырыыта 2023 сыллаахха талыллыбыта. Уруккулуу уокуругунан куоластааһын буолбакка, бу ыҥырыыга 8 дьокутаат баартыйа испииһэгинэн уонна биир мандааттаах мажоритарнай систиэмэнэн куоластааһыны ааспыттара. Ол курдук, биһиги улууспут Сэбиэтигэр 4 баартыйаттан 5 дьокутаат баар. Үксүлэрэ «Биир Ньыгыл Арассыыйа» баартыйаттан уонна бу ыҥырыы састаабын уратытынан үөрэхтээһин тиһигэр үлэлиир дьокутааттар үгүстэрэ буолар.
Сэбиэт уопсайа 8 сиэссийэни ыытта. Сэбиэт тутулун туһунан билиһиннэрдэххэ, былырыыҥҥыттан үлэбитин саҕалыырбытыгар 7 бастайааннай хамыыһыйаны бигэргэппиппит. Уопсай быһаарсыы түмүгүнэн хас биир дьокутаат икки хамыыһыйаҕа чилиэнинэн турар. Хас биир дьокутаат биир анаммыт нэһилиэккэ куратор, онон боппуруостары көрүүгэ, интэриэстэри көмүскээһиҥҥэ бары тэҥ бырааптаахтар. Дьокутааттар нэһилиэктэрин кытары сибээһи тутуһаллар, миэстэтигэр тиийэн кыһалҕаларын, хас биир этиилэрин, туруорсууларын көрөн, билэн кэлэллэр. Холобура, билигин 2025 сыллааҕы бүддьүөтү сүрүннээһин бара турарынан, хас биир нэһилиэктэн этиилэрин хомуйан, наардаан, сүүмэрдээн киллэрэбит. Ол кэннэ биир кэлим дааннайы киллэрэбит.
Күһүҥҥү сиэссийэбитин алтынньы саҥатыгар саҕалаан бастакы пленарнай мунньаҕы ыытан, сайын устата мунньуллубут суһал боппуруостары көрбүппүт. Арассыыйа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуоннарыгар сөп түбэһиннэрэн улуус Устаабыгар наадалаах уларытыылары киллэрдибит. Сүрүн уларытыылар ыччат бэлиитикэтин кытта сыһыаннаах буолла. Ол курдук ыччат боппуруоһугар нэһилиэктэр боломуочуйаларын улуус таһымыгар таһааран, билигин Устаапка да, атын да нуормалыыр аакталарга уларытыы киллэрдибит. Салгыы бу үлэни нэһилиэктэри кытта биир соруктаахтык ыытар сыалтан, билигин үлэлии турар Ыччат бэлиитикэтин муниципальнай бырагырааматыгар эбиилэри киллэриэхпит. Кылаабынайа биһиги нэһилиэктэр улууһу кытта биир соруктаах үлэни ыыталларын ситиһиэхтээхпит. Бу иннинэ, ханнык эрэ кэмҥэ нэһилиэктэргэ эдэр ыччат исписэлиистэрэ бэрт үчүгэйдик үлэлии сылдьыбыттара да, сарбыйыы баран, тохтуу сылдьыбыттара. Билигин бу бырагыраама хайысхатынан үлэ ыытан, нэһилиэктэргэ бу сайыҥҥыттан ыччат исписэлиистэрэ үлэлииллэр.
7 боппуруоһунан публичнай истиилэри ыытан, быһаарыы, эрэкэмэндээссийэ ылыллыбыта. Билигин Горнай улууһугар 20 муниципальнай бырагыраама үлэлии турар. Бу алтынньы ыйга улуус дьаһалтатын туһааннаах салаалара улуустааҕы Сэбиэт дьокутааттарын иннигэр бу бырагыраамалар хайдах-туох толоруллан иһэллэрин туһунан отчуоттарын истии ыытылынна. Холобура, Социальнай бэлиитикэ боппуруостарыгар хамыыһыйаҕа ыччат бырагырааматын тула улахан кэпсэтии, дьүүллэһии барда. Онно бырагыраама туолуутун эрэ буолбакка, кэлэр сылга, инникитин өссө туох, ханнык былааннар баалларын тула кэпсэттибит.
Мин санаабар бу маннык формалаах отчуоттарга дьүүллэһиилэр, кэпсэтиилэр бараллара уонна бырагыраама тоҕо, туохтан мэһэйдэтэн туолбатын, кыаллыбатаҕын быһаарсан, сөпкө көрүү өйдөһүүнү олохтуур. Ол түмүгэр улуус дьаһалтата уонна улуус бэрэстэбиитэллээх уоргана тирээн турар соруктары толорууга биир санааҕа, быһаарыыга кэлэллэрэ үчүгэй диэн көрөбүн.
Биир кэмҥэ бэркэ үлэлээбит улуустааҕы Ыччат парламенын сөргүтэр туһуттан билигин анал Балаһыанньа оҥоро сылдьабыт. Билигин каадырынан хааччыллыы кыһалҕата үөскээн таҕыста, уустук да диэххэ сөп. Салалтаҕа кытары бу боппуруос сытыытык турар буолла.
Үөрэрим диэн, бу ыҥырыы дьокутааттара бары бэрт көхтөөхтөр, актыыбынай позициялаахтар. Туруорсуулара, быыбардааччылар накаастарын да толорууллара бэрт кимиилээхтик барар уонна кэмигэр толоруллар, быһаарыллар, кылаабынайа дьонноругар-сэргэлэригэр чугас сылдьаллар. Билигин бу бүддьүөтү көрүү боппуруоһугар күүскэ ылсан, хас биирдии ыстатыйанан үөрэтии ыыта сылдьаллар, дьүүллэһиилэри, чуолкайдааһыннары ыыталлар.
Уларытыы сыыйа киллэриллиэҕэ
Билигин улуус, нэһилиэк таһымын дьокутааттарын Арассыыйаҕа олохтоох салайыныы сокуонугар улахан суолталаах уларытыылары киллэрии долгутар. Бу күһүҥҥүгэ диэри хайдах эрэ кэтэһии курдук кэм ааста. Билигин Дьокуускайтан дьэ, улуус, нэһилиэк таһымынан этиилэрбитин хомуйдулар, улуус бэрэстэбиитэллээх уорганнарын салайааччыларын мунньан төгүрүк остуол ыытылынна. Бу хайысханан үлэ хас эмэ сыл устата тэнийэн, уларытыы сыыйа киллэриллэрэ былааннанар диэн көрөбүн.
Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөнү оҥорууга улахан болҕомтону уурабыт. Кинилэргэ сокуонунан мэктиэлэммит араас пуормалаах социальнай, матырыйаалынай көмөнү кэмигэр оҥорорго нуормалыыр аакталары ылынныбыт, уларытыылары киллэрэбит. Ол курдук, Горнай улууһугар Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ оҕо саадын төлөбүрүттэн босхолонон тураллар, нолуоктарга, түһээннэргэ кэккэ чэпчэтиилэринэн туһаналлар. Алтынньы ыйга улууспут баһылыга Никита Викторович Андреев Анал байыаннай дьайыы суонатыгар тиийэн уолаттары кытта көрсүһэн, улуус көмөтүн, баһыылкалары, тэриллэри туттаран кэлбитэ .
20 муниципальнай бырагыраама туолуутугар 2024 сылга уопсайа 900 тыһ. солк. кэриҥэ көрүллүбүтэ. Улууспут бүддьүөтэ дотационнай буолан, ити суума үксэ бүддьүөттэн көрүллэр. Ити үлэ иһинэн аҕа саастаах көлүөнэ дьоммутугар болҕомто ууран уонна улуус нэһилиэнньэтин доруобуйатын харыстабылын өйөөһүҥҥэ анаан, бу ааспыт сыл кыһын «Горнай улууһун уопсастыбаннай доруобуйатын харыстааһын » диэн бырагыраама ылыммыппыт. Маннык бырагыраама урут улуус таһымынан оҥоһуллан үлэлии сылдьыбыта да, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар көспүтэ, ону сөргүттүбүт. Бу хайысха 2025 сылга Кыайыы 80 сылыгар бэлэмнэнии үлэ чэрчитинэн ыытыллар.
Горнай улууһа инбэстииссийэни тардыыга бастыҥ
Горнай улууһа инбэстииссэйэни тардыыга өрөспүүбүлүкэҕэ саамай бастыҥ рейтиннээхпит . 2023 сыл түмүгүнэн 3 млрд. солк. тардаммыт чыпчаал муҥутуур көрдөрүүнү ситиспиппит уонна үһүс сылын өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы миэстэҕэ сылдьабыт. Манна мин нэһилиэнньэбит бэрт көхтөөхтүк ылсарын уонна баһылыкпыт Никита Викторович Андреев кимиилээх үлэни ыытарын бэлиэтиэм этэ. Салайааччы быһыытынан кини квартал аайы биир нэһилиэккэ, тэрилтэҕэ сылдьан дьону-сэргэни кытта көрсөр, кэпсэтэр, үлэлэрин-хамнастарын билсэр үтүө үгэстээх. Онон нэһилиэнньэҕэ чугас, дьон да киниэхэ итэҕэйэр. Бэйэ бэйэҕэ интэриэс куруук баар буолуохтаах.
Кэнники сылларга дьоммут-сэргэбит барыга – бырагыраамаларга, бырайыактарга, граннарга бэрт көхтөөхтүк кыттар буолла, актыыбынаһа улаатта. Олохтоох дьон көҕүлээһинин өйүүр бырагарааманан хамсааһын таҕыста. Бу күһүн Бэрдьигэстээх стадионугар толору дьон мустан бу хайысханан 2026 сылга диэри уопсастыбаннай сирдэри тупсаран оҥорууга улахан, киэҥ кэпсэтии, дьүүллэһии барбыта. БилигинТОС-тар бу долгуну тутаннар үчүгэй хамсааһыны таһааран иһэллэр. Тупсаран оҥорууга, успуорт, сынньалаҥ былаһааккаларын тутууга нэһилиэктэринэн улахан үлэ ыытылла турар.
Бырагырааманан үлэни кыайа тутан
Урбааны сайыннарыыга, аччыгый уонна орто урбааны кытта үлэҕэ саҥа технологиялары киллэрии барар турар. Билигин производствоны, оҥорон таһаарыыны өйөөһүн приоритет быһыытынан көрөбүт. Улууска бу кэмҥэ 600 кэриҥэ аччыгый уонна орто предпринимательствонан дьарыктанар юридическай эбийиэк үлэлии, өҥөнү оҥоро тураллар. Улуус дьаһалтата производство хайысхатын тутуһан Бэрдьигэстээххэ Бырамыысыланнас пааркатын тэрийдэ, киэҥ, улахан сирдээх, тутуулардаах сири анаан, сылы быһа бэлэмнээтилэр. Номнуо 5 резидент бу пааркаҕа сайаапка биэрдилэр. Бу инновационнай бырайыак буолар.
Бырагырааманан үлэҕэ биһиги улуус эмиэ биир улахан ситиһиилээхпит, бу сылга биһиги бырайыакпыт «Тыа сирин территорияларын сайыннарыы» өр сыллаах федеральнай бырагыраамаҕа киирэр кыахтанна. Саха Сириттэн бу бырагыраамаҕа биир эрэ бырайыак киирбитин бэлиэтиэххэ сөп. Онон инникитин 5 сылга өссө элбэх, улахан үлэ күүтэр, уопсайа 113 тэрээһини ыытыы онно бэлиэтэнэн турар.
Горнайбыт, Бэрдьигэстээхпит күннэтэ сайда-үүнэ турар. Биир үөрэрбит диэн биһиги улууспут демография көрдөрүүтүнэн естественнэй улаатыыга тахсан иһэр. Статистика көрдөрөрүнэн 2023 сыл түмүгүнэн ахсааммыт 56 киһинэн улаатта, экономистарбыт ааҕалларынан 2030 сыллаахха диэри бу темпэбит улаатан иһиэхтээх, онон эрэлбит улахан. Өрөспүүбүлүкэбит салалтата биһиги көҕүлээһиннэрбитин өйөөн, былааҥҥа киллэрэргэ үлэлэһэр.
Улууспут дьоно-сэргэтэ, нэһилиэктэрбит, улууспут дьаһалталара уонна улуус дьокутааттара бары биир соруктаахтык үлэлиибит. Хас биир киһи санаата, нэһилиэк кыһалҕата, дьаһалта уонна сэбиэт үлэтэ барыта түмүллэн улууспут сайдыытыгар туһуланарын өйдүүбүт.
Кэпсэттэ Алексей МАТВЕЕВ
Хаартысклар Горнай улууһун дьаһалтатын саайтыттан
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0