Быйыл хотугу сиргэ-уокка сыһыаннаах кэккэ стратегическай докумуоннар ылылыннылар: Аартыканы 2035 сылга диэри сайыннарыыга судаарыстыба бэлиитикэтин төрүттэрэ, Аартыка түбэтигэр урбааны сайыннарыыга федеральнай сокуоннар бакыаттара, сотору Аартыканы 2035 сылга диэри сайыннарыы Стратегията уонна судаарыстыба саҥа бырагыраамата күүстэригэр киириэхтэрэ. Арассыыйа бырабыыталыстыбатын баһылыга Михаил Мишустин бу күннэргэ Уһук Илин олоҕун-дьаһаҕын, экономикатын 2024 сылга диэри уонна инникитин 2035 сылга диэри сайыннарарга туһуламмыт национальнай тосхолу бигэргэттэ.
Айсен Николаев ити докумуоннар дойду хотугу эҥээрэ сайдарыгар сүҥкэн суолталаахтарын чорботон туран, Бэрэсидьиэн Владимир Путин Аартыка регионнарыгар дьон олоҕун таһыма Арассыыйа орто көрдөрүүтүттэн үрдэтиллиэхтээҕэр сорук туруорбутун, бу улахан соругу толорууга регионнар бииргэ төһө көдьүүстээхтик үлэлииллэриттэн манна олорор норуоттар дьылҕалара тутулуктааҕын санатта.
Мунньахха федеральнай биэдэмэстибэлэр туһааннаах бэрэстэбиитэллэрэ, губернатордар, хотугу уонна Аартыка регионнарыттан бырабыыталыстыбалар чилиэннэрэ кыттыахтара. Мунньах модератора – Социальнай чинчийии экспертнэй институтун регионнардааҕы бырагыраамаларга департаменын дириэктэрэ Дарья Кислицына.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0