Найба 50 үөрэнээччилээх орто оскуолалаах. Нэһилиэккэ оҕо төрөөһүнэ олох кыччаан иһэрэ бэлиэтэнэр. Тутууну ыытар, биллэр биричиинэлэринэн, уустуктардаах. Өлүөнэ өрүс, уунан эргийэ бардахха, Найбаттан 600 км., сиринэн быһалаатахха – 280 км. Улуус киинэ Тиксии – 25 көс. Маныаха кыһыҥҥы эрэ суолунан сиринэн сылдьыһыы баарын болҕомтоҕо ылыахха наада.
Нэһилиэнньэ тула көрөр соҕотох тэрилтэтэ – таба племенной хаһаайыстыбата «Приморскай» МУП. Бу «муниципальнай унитарнай предприятие» дэнэр аат бүгүҥҥү олохпут быраактыкатыттан адьас сүтэн эрэр. Абына-табына биир эмэ улууска ордон сылдьар быһыылаах. «Приморскай» хаһаайыстыба 2010 сылга диэри өссө ГУП диэн ааттанара. Ити кэмтэн тэрилтэ дириэктэринэн Владимир Алексеев үлэлии сылдьар.
Владимир Владимирович олоҕун кэпсээнэ балачча сэргэх. 15 саастааҕар тустууга дьоҕурдаах диэн Дьокуускайга аҕалбыттар. Эмиэ бэйэтин курдук, сүнньүнэн хотугу улуустартан сүүмэрдэнэн кэлбит оҕолору кытта эрчиллэн, холун этэ хойдон, сиһин этэ ситэн барыыта улахан дьону кытта тустан иэмэхтэһэр буолан барар. 18 саастааҕар оччотооҕу Сэбиэскэй Сойуус успуорка уопсастыбаларын холбоһуктаах улахан күрэхтэһиилэригэр 68 киилэҕэ тустан чөмпүйүөннүүр. Успуорт маастарын нуорматын толорор. Өрөспүүбүлүкэҕэ Тарскай бирииһигэр иккис миэстэлэнэр. Кэккэ сылларга өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнинэн сылдьар. Тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар устудьуоннуур.
Владимир ити тустубут, үөрэммит сыллара, дойду үрдүнэн тосту уларыйыылаах кэмнэр. Элбэх эдэр киһи муммут-тэммит, онно-манна сайҕаммыт, олоҕун суолун сүтэрбит сыллара. Үөрэҕин, тыа хаһаайыстыбатын менеджерэ идэлээх бүтэрбит уолу, эгэ эрэ дуо, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин каадырга отдела, Булуҥ улууһун, Найба нэһилиэгин дьаһалталара, биир дойдулаахтара үлэҕэ ыҥыран туймалдьытан бараллар. Саҥа үөрэҕи бүтэрбит эдэр киһиэхэ тоҕо оччо айылаах бэһирбиттэрин сөҕө барыахха сатаммат. «Приморскай» уһун сылларга биир да салайааччы иҥнэн, тохтоон үлэлээбэтэҕэ ырааппыт хаһаайыстыба буолан биэрэр. Күннэри-түүннэри силлиэ-буурҕа тохтообокко улуйар, туундара аҥаардаах аһаҕас дойдуга, ыйы-ыйдаан хаайтаран хаалыаххын сөптөөх сиргэ-уокка хайа «дойду оҕото» баран биэрэн быстарыай. Ол дойдуга төрүт олохтоох эрэ киһи үлэлээн көрөргө сананара чуолкай буоллаҕа дии.
Дьиҥэр, Владимир куорат олоҕор үөрэммит, эриллибит-мускуллубут, сүһүөҕүн үрдүгэр сүүрэ сылдьар эдэр киһи, хайа баҕарар бэйэтин миэстэтин булунар кыахтааҕа. Аныгы олох сиэринэн, эргиэҥҥэ-урбааҥҥа да сыстыан сөптөөҕө. Төрөөбүт буор тардыыта диэн мээнэҕэ этиллибэт тыллар. Владимир Владимировичка барыта чуолкай уонна дьэҥкэ этэ. Кини кэтэмэҕэйдиирэ, саарыыра, билбэтэ-көрбөтө диэн туох да суох. Бэл, кинини туох ыарахаттар көһүтэллэрин кытта эндэппэккэ билэрэ. Тоҕо кини үлэлиэ, сатыа, кыайыа суохтааҕый? Ити санааларын Владимир Владимирович олоххо киллэрбит киһи буолар.
— Бастаан хаһаайыстыбаны тутарбар 1600 табалаах этэ, - Владимир Владимирович кэпсиир, - билигин 4200 табалаахпыт. 2016 сылтан племхаһаайыстыба быһыытынан уларытан тэриллэн үлэлии сылдьабыт. 2,5 тыһ. төрүүр-ууһуур табалаахпыт. Табабыт эбээн боруодата. Племенной хаһаайыстыба буоларбытынан өрөспүүбүлүкэ биир табаҕа 4000 солк. субсидияны көрөр. Бу тус сыаллаах туттуллар харчы. Федеральнай харчы тыһы табаҕа эрэ көрүллэр. Племенной, ол аата таба удьуорун ууһатар, боруодатын тупсарар үлэни ыытан, атын хаһаайыстыбаларга атыылааһын. Судаарыстыба субсидиятынан туһанар буоламмыт атыылыыр сыанабыт бэрт дьоҕус. Ааспыт сылга улууһум иһинээҕи хаһаайыстыбаларга уонна Усуйаана улууһугар 252 табаны атыылаабыппыт.
Кэлэктиипкэ 44 үлэһиттээхпит, орто саас – 40. Ханна баҕарар курдук каадыр боппуруоһа сытыытык турар. Сүүмэрдиир, сирэр-талар кыаҕыҥ суох. Ким баарынан – диэн бириинсип үлэлиир. Наймыга үлэлэтэр 4 балыксыттаахпын. 25 туоннаны балыктыыр квоталаахтар. Ол үөһэ атын балык биригээдэлэриттэн атыылаһабын, оччотугар 30-40 туонна буолар. Балыкпын атыылаан балачча өйүөктэнэбин, эбии харчы киллэринэн үлэһиттэрбин хамнастыыбын.
Биһиги Аартыка төрүт олохтоохторо буолабыт. Аартыканы сайыннарыы бырагырааматын туһунан истэн, ааҕан син билэбит. Билиҥҥитэ туох да сибики биллибэт. Ол биһиэхэ Найбаҕа кэлиэхтэрэ дуо? Мин Тиксии туһунан этэбин. Туох эрэ саҕалааһын баар буоллаҕына, онно биллиэхтээх этэ. Урут Сэбиэскэй кэмҥэ Тиксии муора суолун тэргэн аартыга этэ буоллаҕа. Кистэлэҥнээх, сабыылаах төһө эбийиэк, тэрилтэ Тиксиигэ үлэлээбитин биһиги билиэхпит баара дуо? Пограничнай зона сабылынна. Ол оннугар аармыйа, сэрии чаастара хаҥаан эрэр курдуктар. Аартыка былдьаһыктаах буолара биллэр. Кини баайыгар-дуолугар суудайааччы, бука, аҕыйаҕа суох буолуохтаах. Ол быһыытынан, аармыйаны тутар булгуччу наадалааҕа буолуо. Арай биир суол дьиксиннэрэр. Аартыканы былдьастаҕа аатыран, бары аармыйаларынан күөнтэһэ сырыттахтарына, хайа, били сайдыыбыт хаһан, хайдах тиийэн кэлэр? Бу биһиги, быычыкаа ахсааннаах төрүт норуоттар дьылҕабыт хайдах салаллар? Ол этэр сайдыыларыгар биһиги тиийиэхпит, онно үктэниэхпит дуо? Билиҥҥитэ бэйэбит-бэйэбитигэр ыйытыылары биэрэр эрэ кыахтаахпыт. Эппиэт суох.
Биһиги улууспутугар хонтуруоллуур, кэтиир-маныыр, ыстарааптыыр уорганнар бөҕө үрүт үрдүлэригэр тэпсиһэ сылдьар гына элбээтилэр. Балыктааһыны, бултааһыны, тиэхиньикэни, онтон да атын үгүһү хонтуруолга туталлар Бу «аармыйа» аҥаардас ыстараабынан аһаан олорорун курдук балаһыанньа үөскээн эрэр. Миигин, тус бэйэбин, 21 киһи хонтуруолга тутан сылдьар.
Икки сыллааҕыта чугастааҕы үрэхпитин туоруурга аналлаах 100 миэтэрэ усталаах тимир муостаны туппуппут. Нэһилиэк дьаһалтата 1,9 мөл. солк. харчынан көмөлөспүтэ. Дьокуускайтан матырыйаалын атыылаһан аҕалыытын, тутуутун, атын бары үлэтин бэйэбит күүспүтүнэн толорбуппут. Хапытаалынай муосталанан абыранныбыт, хайдахтаах да улахан тиэхиньикэ холкутук сылдьар.
10 куойкалаах учаастактааҕы балыыһалаах этибит. Онтубутун «тупсараннар» (оптимизациялаан) ФАП оҥоро сылдьаллар. Биһиэхэ киһи ыараханнык ыарыйдаҕына бөртөлүөт эрэ абырыыр кыахтаах. Билиҥҥи кэмҥэ ыарыһаҕы бөртөлүөтүнэн Дьокуускайга буолуохтааҕар, Тиксиигэ да илдьэриҥ улахан уустуктардаах буолуоҕа. Оҕону, баҕар, илдьэ сатыахтара, оттон кырдьаҕаска кыһамматтара чуолкай. Хата, айылҕабыт хаҕыһа, сирбит-уоппут киэҥэ, нэһилиэнньэбит аҕыйаҕа бу сордоох ыарыыттан көмүскээтэ, өрүһүйдэ быһыылаах («тү-тү, улаханнык этиллибэт» диэннээх). Арассыыйа Аартыкатын сайыннарбытын да иһин, биһиэхэ Найбаҕа таас балыыһа тутан дьэндэтэрэ биллибэт. Тиксиигэ тутуоҕа. Ол гынан баран, биһиги Тиксиигэ тиксиэхтээх айаммыт эрэйэ-муҥа ол онтон чэпчээн кэлиэ суоҕа. Эбэтэр тимир суол тутуохтара дуо? Эн, суруналыыс киһи, хайдах саныыр буолаҕын? Оттон бэйэм санаабар, эргэ учаастактааҕы балыыһабытын саҥардан тутан, 10 куойкатын тилэри үлэлэтэллэрэ буоллар, син хатыппайдаһан олоро сатыах этибит буоллаҕа.
Баҕар, эн соһуйуоҥ. Мин үлэни тэрийии, ол эбэтэр хаһаайыннааһын кэлэктиибинэй систиэмэтин ордоробун. Табаҕа бүттүүн кэриэтэ төрүт уус общинанан барбыттара. Түмүгэ хайдаҕый? Эмиэ бүттүүн кэриэтэ эһиннилэр. Бэрт аҕыйах ахсааннаах кэтэхтэр аатыгар эрэ ордон сылдьаллар. Күүһү түмэн үлэлээһин диэн кыайыылаах дьыала төрдө буолар. Ол эрээри экэниэмикэтин сыыһа төрүттээтэххинэ, тэрээһинин уонна дьиссипилиинэтин кыайбатаххына туохтан хоргутуоҥуй, күппүлүү бардаҕыҥ ол. Уопсай бас билиилээх, кэлэктиибинэй тэрээһиннээх, ол оннугар үлэһиттэрин ханнык да баттабыла суох чааһынай матырыйаалынай интэриэстиир хаһаайыстыба үчүгэйдик үлэлиэн, «быр» курдук олоруон сөп дии саныыбын.
Мин, олоппостон өндөйбөккө үлэлиир үлэлээх киһи, хаһаайыстыбанньыгы, салайааччыны кытта мөккүһэр кыаҕым суох. Арай биир суолга тус санаалаах хааллым: төрөөбүт дойдутугар, биир уустаах дьонун-сэргэтин ортотугар туохтан да толлубакка үөрэ-көтө, үлэлии-хамсыы сылдьар хотугу хоһуун эбит – бу Владимир Алексеев.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0