Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -28 oC

Арассыыйа ЫБММ СӨ Кылаабынай управлениетын пресс-сулууспата биллэрэринэн,  ыам ыйын 20  күнүн сарсыардатыгар Өлүөнэ өрүскэ муус Кэбээйи, Нам, Мэҥэ Хаҥалас улуустарын уонна Дьокуускай куорат территорияларынан устар. Алын кирбиитэ  Сангаартан үөһээ 30 км. (Алдан төрдүттэн 95 км. аллараа) , үөһээ кирбиитэ  Кангаласс мкр. аннынан бэлиэтэнэр  (уу таһыма 900 см, кутталлаах таһыма 1100 см, муус устуутун уһуна 262 км.). Бу улуустарга уу  кутталлаах таһымтан үрдүөҕэ диэн сэрэтэллэр. Харыы үөскүүр түбэлтэтигэр Сангаар, Батамай, Кальвица бөһүөлэктэригэр намыһах сирдэри уу ылыан сөп.

Арассыыйа ЫБММ СӨ Кылаабынай управлениетын пресс-сулууспата биллэрэринэн,  ыам ыйын 20  күнүн сарсыардатыгар Өлүөнэ өрүскэ муус Кэбээйи, Нам, Мэҥэ Хаҥалас улуустарын уонна Дьокуускай куорат территорияларынан устар. Алын кирбиитэ  Сангаартан үөһээ 30 км. (Алдан төрдүттэн 95 км. аллараа) , үөһээ кирбиитэ  Кангаласс мкр. аннынан бэлиэтэнэр  (уу таһыма 900 см, кутталлаах таһыма 1100 см, муус устуутун уһуна 262 км.). Бу улуустарга уу  кутталлаах таһымтан үрдүөҕэ диэн сэрэтэллэр. Харыы үөскүүр түбэлтэтигэр Сангаар, Батамай, Кальвица бөһүөлэктэригэр намыһах сирдэри уу ылыан сөп.

 Суукка иһигэр Өлүөхүмэ улууһун  I Нөөрүктээйи 27 олбуор, 27 олорор дьиэ ууттан босхолоннулар.  

Алдан өрүскэ муус устуута Кэбээйи, Уус Алдан улуустарын сирдэринэн, аллараа кирбиитэ өрүс төрдүгэр, үөһээ кирбиитэ Уус Алдан улууһун Чэриктэйиттэн 55 км. аллараа  бэлиэтэнэр, уу таһыма намыһах, муус устуутун уһуна 20 км. Алдан Өлүөнэҕэ тахсыытынан Нам Арбыныгар, Кэбээйи Батамайыгар уу кутталлаах таһымы куоһарыан сөп.

Бүлүү өрүскэ муус Бүлүү, Кэбээйи улуустарынан устар. Аллараа кирбиитэ Хатырык Хомоттон 10 км. аллараа (уу таһыма 1040 см, кутталлаах таһыма 1220 см.), үөһээ кирбиитэ Бүлүү куоратын таһынан (уу таһыма 937 см, кутталлаах таһыма 1050 см. Муус устуутун уһуна 218 км.,  өрүс төрдүгэр тиийиитэ ыам ыйын 20-21 күннэригэр сабаҕаланар

Халымаҕа  муус устуута Үөһээ Халыма, Орто Халыма улуустарынан бэлиэтэнэр, Аллараа кирбиитэ Орто Халыма куоратыттан 16 км. аллараа  (уу таһыма 1183 см, кутталлаах таһыма 1200 см.), үөһээ кирбиитэ Зырянкаттан 80 км. аллараа  (уу таһыма 614 см, кутталлаах таһыма 850 см., муус устуутун уһуна 277 км.),  сууккаҕа 78 км. барда. Орто Халыма куоратын аннынан намыһах сирдэри уу ылыан сөп, харыы үөскээтэҕинэ кутталаах таһымы куоһарара сабаҕаланар.

Ясачная өрүһүгэр муус устуута Нелемное сэлиэнньэтин аннынан бэлиэтэнэр (уу таһыма 1127 см.). Икки-үс хонугунан төрдүгэр тиийэрэ сабаҕаланар.

Дьааҥы өрүс саллааларыгар Сартаҥҥа, Дулҕалаахха ырбыы тахсар, муус алдьанар, Адыаччыга муус хамсыыр, Үөһээ Дьааҥы куоратын аннынан муус устуута ыам ыйын 21 күнүгэр сабаҕалар.  Индигииргэ Усть Нера- Хонуу учаастагар муус хамсыыр,  уу кыралаан эбиллэр, Усть Нера аннынан муус устуута ыам ыйын 20 күнүгэр сабаҕаланар.

Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ  Арассыыйа ЫБММ СӨ Кылаабынай управлениетын 4 оперативнай бөлөх муус устуутун, халаан уутун кэтээн көрүүнү, аэрофотосьемканы ыытар, быыһыыр, иһитиннэрэр, биллэрэр үлэни иилиир-саҕалыыр.

  

“Муус устуутун кэмигэр уу таһыма үрдээн ааспыт сууккаҕа Фрунзе, Аппааны, Үөдэй, Никольскай сэлиэнньэлэригэр эбии 27 олбуор ууга барда. Билигин уопсайынан 647 олбуор, ол иһигэр 489 олорор дьиэ 16 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа ууга баран тураллар (2-с Хомустаах, Нам, Арбын, Кириэс Кытыл, Бүтэй Үрдэ, Граф биэрэгэ, Кыһыл дэриэбинэ, Бартыһаан, Маймаҕа, Остуолба, Тумул, Харыйалаах, Фрунзе, Аппааны, Үөдэй, Никольскай).

Билигин халаан уутун содулун туоратыыга 384 киһи, 92 тиэхиньикэ, ол иһигэр Арассыыйа ЫБММ 92 киһи уонна 13 тиэхиньикэ тардыллан быыһыыр үлэни ыыталлар,”-диэн ЫБММ СӨ управлениетын начальнига Павел Гарин иһитиннэрэр.

Хаартыскалар ЫБММ СӨ Кылаабынай управлениетын саайтыттан ылылыннылар

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением