Кинигэ биһирэмэ
Бүлүү улууһун дьаһалтата быйылгы сылы Степан Аржаков сылынан биллэрэн, улуус олохтоохторо биир дойдулаахтарын сырдык аатын үйэтитиигэ элбэх дьаһаллары тэрийбиттэр. Улуус хаһыатыгар бастайааннай рубрика үлэлээбит, П.Х. Староватов аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл үлэһиттэрэ нэһилиэнньэҕэ, чуолаан оскуола үөрэнээччилэригэр уонна эдэр ыччаттарга Степан Аржаков олоҕун, үлэтин, дьиэ кэргэнин туһунан киэҥ өрүттээх биллэрэр-сырдатар үлэни ыыппыттар, быыстапкалары тэрийбиттэр, лиэксийэлэри оҥорбуттар. Киин бибилэтиэкэ Степан Аржаковка сыһыаннаах докумуоннары билиһиннэрэр медиа-портаалы оҥорбут, Култуурунай сайдыы уонна норуот айымньытын киинэ нэһилиэктэр икки ардыларыгар «Аржаков. Сырдык олох» диэн документальнай киинэ куонкуруһун тэрийбит. Маны таһынан икки кинигэ тахсыбыт, бастакы кинигэ -- Национальнай архыып үлэһитэ Венера Тихонова «С.М.Аржаков оҕолоро. Аҕа дьоһун суолунан» кинигэтэ балаҕан ыйын 8 күнүгэр, Бүлүү куорат күнүгэр сүрэхтэммит.
Иккиһэ – Национальнай архыып дириэктэрин солбуйааччы Наталья Малышева архыып докумуоннарыгар олоҕуран «Степан Максимович Аржаков. Хаартыскалар. Докумуоннар» диэн 1999, 2009 сс. оҥорбут кинигэтэ саҥа чахчыларынан байытыллан тахсыыта буолар. Киин куоракка Степан Аржаков 125 сылыгар анаммыт тэрээһин сэтинньи 8 күнүгэр Национальнай бибилэтиэкэҕэ бу кинигэ сүрэхтэниитинэн саҕаланна. Онно Бүлүү улууһун дьаһалтата, Национальнай архыып үлэһиттэрэ, кыраайы үөрэтээччилэр кыттыыны ыллылар.
Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Федот Тумусов кинигэ-альбомтан элбэх саҥаны билбитин, интэриэһинэй санааларга кэлбитин эттэ.
– Бастатан туран, Степан Аржаков «Сахалар тустарынан былааны» оҥорбут Сэһэн Ардьакыап эт-хаан аймаҕа, сыдьаана эбит. Иккиһинэн, сахаҕа аптаныамыйаны биэрэр туһунан аан бастакынан, 1920 сыллаахтан, Коммунистическай университекка үөрэнэ сылдьан туруорсубут. Аны биир дьиктитэ баар, тас мөссүөнүнэн, тутта-хапта сылдьарынан хайдах эрэ Михаил Николаевка олус майгынныыр! Дьылҕата быһаарыллар ыксаллаах кэмнэригэр норуот бэйэтин чулуу уолаттарын таһаарар эбит: нуучча хаһаахтара дьаһааҕынан тууйан барбыттарыгар, Сэһэн Ардьакыап Екатерина II ыраахтааҕыны сирэй көрсөн, элбэх сымнатар дьаһаллары ылларан турар, 1920-с сс. кэм-кэрдии, олох-дьаһах тосту уларыйар кэмигэр Степан Аржаков инники күөҥҥэ тахсар, оттон 1990-с сс. Михаил Николаев сөптөөх дьайыылары оҥорбутун билэҕит. Ити курдук, саха хааныгар көҥүлгэ тардыһыы баар буолан, кэм-кэрдии ыган кэллэҕинэ, ону ыга тардан таһааран көмүскэлин тэринэр эбит, – диэтэ, Степан Аржакову үйэтитиигэ үлэлэрин сыаналаан, Бүлүү улууһун баһылыгар Сергей Винокуровка, Национальнай архыып сүрүн археограбыгар Александр Калашниковка Махтал суруктары туттарда.
«Күндү биир дойдулаахтарым!»
П.Х. Староватов аатынан Бүлүүтээҕи кыраайы үөрэтэр түмэл үлэһитэ Наталья Алексеева Степан Аржаков оҕолорун кытары билсиһиитин туһунан кэпсээтэ. Москубаҕа олорон, Клара Степановна 2019 с., Аида Степановна 2021 с. олохтон барбыттар. Аҕата «норуот өстөөҕө» аатыран тутуллан барарыгар кыракый уолчаан хаалбыт Галилей Степанович Новосибирскайга олорор эбит. Аҕатын 125 сылыгар анаммыт тэрээһиннэргэ анаан, төлөпүөнүнэн эҕэрдэлээбит. Ону диктофоҥҥа устан ылан иһитиннэрбиттэрэ улаханнык долгутта. Билигин 95 саастаах ытык кырдьаҕас өйө-санаата дьэҥкэ, саҥата-иҥэтэ чуолкай эбит. Маннык эттэ:
– Дорогие земляки! Я благодарен за ваше приглашение принять участие в торжественных мероприятиях, посвященных 125-летию выдающегося деятеля якутского народа Степана Максимовича Аржакова. Мы вместе с вами должны гордиться большими успехами, которых достигла Якутия за это время, и большим вкладом, который внес Степан Максимович в становлении Якутской автономии. Мы желаем больших успехов, процветания народу саха и пусть Якутия всегда занимает свое достойное место в дружной семье народов Великой России! – диэтэ, этиитин доргуччу уонна ыраас баҕайытык сахалыы саҥаран түмүктээтэ. – Уруй-айхал!
Саха тыйаатырыгар
Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар анаммыт үөрүүлээх мунньахха элбэх киһи кэлбит, иллэҥ олбох көстүбэккэ, балачча элбэх киһи саала ойоҕоһугар турдулар.
Өрөспүүбүлүкэ салалтатын аатыттан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын салайааччы, тэрийэр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Георгий Михайлов тыл эттэ. Судаарыстыбаннай наҕараадалары туттартаата. Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар С.М. Аржаков аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай бириэмийэтэ «Дайыына» бааһынай хаһаайыстыба баһылыгар, Арассыыйа Федерациятын үтүөлээх пиэрмэрэ Надежда Поповаҕа (Нам) туттарылынна. «Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ» аатынан Бүлүү улууһун тутууга управлениетын сүрүн инсэниэрэ Семен Степанов, үйэтитии дьаһалларын тэрийбиттэр Махтал суруктарынан бэлиэтэннилэр.
Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев Сэбиэт былааһын олохтооһуҥҥа, саха судаарыстыбаннаһын төрүттээһиҥҥэ Степан Аржаков оруолун Максим Аммосовы, Платон Ойуунускайы, Исидор Бараховы, Степан Васильевы кытары тэҥҥэ тутан, үрдүктүк сыаналаата.
– Степан Аржаков 18 сааһыттан Сэбиэт былааһын олохтоспута, өрөспүүбүлүкэни салайсыбыта. 19 саастааҕар, 1921 с. ыам ыйын 16 күнүгэр, Национальностар дьыалаларын наркоматын кэллиэгийэтигэр саха норуотугар амтаныамыйаны биэрэргэ туруорсан уоттаах-төлөннөөх тылы эппитэ, дакылаат оҥорбута. Кини олоҕо норуокка сулууспалааһын үтүө холобура буолар. Хамыыһыйа састаабыгар киирэн, Саха АССР Төрүт Сокуонун, Саха АССР үлэлээн иитиллээччилэрин бырааптарын уонна эбээһинэстрин туһунан декларацияны оҥорсубута, өрөспүүбүлүкэ сирин-уотун кыраныыссатын торумнаспыта, губбюро уонна губревком аптаныамынай өрөспүүбүлүкэ ыстаатыһын ылыыга бэлэмниир үлэлэригэр көхтөөхтүк кыттыбыта. Саха АССР тэриллэригэр 22 саастааҕа! Ис дьыала, эргиэн, хааччыйыы, сири оҥоруу наркомнарынан уонна Совнарком бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ, Саха Киин ситэриилээх кэмитиэтин аҕыс ыҥырыыга дьокутаата, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бастакы ыҥырыыга дьокутаата. Ити сылларга эргиэн уонна сыана бэлиитикэтэ, тыа хаһаайыстыбата научнай төрүккэ олоҕуран, былааннаан сайыннарыы ыллыгар киллэриллибиттэрэ, көмүс бырамыысаланнаһа сайдыбыта, үөрэҕэ суоҕу үөрэхтээһин хамсааһына күүскэ ыытыллыбыта, – диэтэ.
Салгыы Степан Аржаков олоҕун аргыһа Варвара Ивановна (1900-1990) кэргэнин аатын өрө туппутун, оҕолорун дьоһун дьон гына ииппитин, Москубаҕа олорон Саха сирин кытары ситимин быспатаҕын, онно үөрэнэр саха ыччаттарыгар кыаҕа баарынан көмөлөспүтүн туһунан кэпсээтэ. Степан Аржаков аатын үйэтитиигэ кыһамньыларын иһин Бүлүү улууһун дьонугар махтанарын биллэрдэ.
Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Винокуров Степан Аржаков олоҕун, үлэтин-хамнаһын туһунан киэҥ ис хоһоонноох дакылааты оҥордо.
Сибэкки дьөрбөтө
Сэтинньи 9 күнүгэр, Степан Аржаков төрөөбүт күнүгэр, сарсыарда Степан Аржаков пааматынньыгар тыыннаах сибэкки дөрбөтүн ууруу, кылгас миитин буолла.
Киэһэ Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар норуот суруйааччыта Дмитрий Наумов суруйбут «Үйэлэри уҥуордаан» испиэктээҕэ (режиссёр Руслан Тараховскай) көрдөрүлүннэ.
Хаартыскалар Василий Кононов, Петр Павлов (Ил Түмэн), Владимир Григорьев түһэриилэрэ уонна архыыптан ылылынна.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0