81-с сезон
Манна 55-тэриттэн аҕа саастаах дьон кэлэн, уон күн устата, сорох күнүскү өттүгэр, сорох хоно сытан сынньанар, көрдөрүнэр, эмтэнэр. Мин урут күнүскүгэ түөрт төгүл сылдьыбытым. Киин 5 cыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн, социальнай сэртипикээттээх дьоҥҥо аахсыйа оҥорон босхо сынньалаҥы бэлэхтээн үөртэ, дьоллоото. Аахсыйа үс cезоҥҥа ыытыллар эбит. Администратор Ньургуйаана Иванова төлөпүөннээн ыҥырбытыгар, үөрүүнэн сөбүлэспитим. Кини эппэтэҕэ буоллар, төрүт да билбэккэ хаалыа эбиппин, дьиҥинэн, араадьыйанан, тэлэбиисэринэн биллэрбиттэр үһү даҕаны, мин кулгаахпар тиийбэтэх. Онон бу аахсыйаҕа түбэспиппэр киниэхэ олус махтанабын!
Биһиги 81-c cезоҥҥа ыраах Муома, Өлөөн, Өймөкөөн, Бүлүү улуустарыттан уонна Дьокуускайтан түмсэн, 21 киһилээх бөлөх буолан, ”кыргыттар”, “уолаттар” дэһэн, олус иллээхтик, биир дьиэ кэргэн курдук буолан сырыттыбыт. Инньэ гынан, 10 күммүт (алтынньы 21 күнүттэн сэтинньи 1 күнүгэр диэри) биллибэккэ, элэс гынан хаалла.
Сынньаммыт, эмтэммит уон күнүм устатыгар мин кииҥҥэ сарсыарда аайы бырааһынньыкка курдук үөрэ-көтө барар этим. Сэбиэдиссэй Вероника Макарова салайар кэлэктиибин үлэһиттэрэ бары аламаҕай, сылаас сыһыаннара, кыһамньылара, тулуурдара уонна ол дьиэҕэ сэргэх, интэриэһинэй олох күөстүү оргуйара онно төрүөт буоллаҕа. Ыалдьытымсах, сылаас, үтүө эйгэлээх ыалга эмиэ оннук буолар ээ, онтон барыаххын баҕарбаккын, мэлдьи кэлэ туруоххун баҕараҕын.
Амарах санаалаах аанньаллар
Уһун үйэлэнии киинин үлэһиттэрин, үрүҥ халааттаах аанньаллар, тустарынан киһи дириҥ махталынан ахтар. Сымнаҕас илиилээх сиэстэрэбит Альбина Аталларова идэтин чахчы сөбүлээн талбыт уонна дэгиттэрдик баһылаабыт эбит. Соҕотох үлэһит холугар наһаа элбэх үлэлээх. Укуоллуур, анаалыс ылар, ону таһынан систиэмэ туруортуур буолан, өрүү солото суох сүүрэ-көтө сылдьар. Сынньанааччыларга хаһан да кыыһырбат-тымтыбат, сылайдым диэн үҥсэргээбэт, сэргэхтик мичээрдии сылдьар. Ол быыһыгар хаартыскаҕа түһүүгэ кырдьаҕас “кыргыттар” сирэйдэрин анал кэсмиэтикэнэн кырааскалаан, тупсаран биэрэн үөрдүтэлиирин киһи хайгыы көрөр.
40-ча сыл үлэлээбит уопуттаах норуот эмчитэ, илбийээччи (массажист-мануальщик), отоһут Франческа Сметанина көннөрү илбийэр эрэ буолбатах, бааҥка туруорар, түөннүүр, араас ньыманы туһанан эмтиир. Ол иһин, киниэхэ эмтэнэр туһуттан, бу кииҥҥэ кэлэр дьон баар эбиттэр. Өр сыллар тухары мунньуммут билиитин үөрэ-көтө үллэстэр, хас биирдии киһиэхэ олус туһалаах сүбэлэри биэрэр, брошюраларын бэлэхтиир. Кини уола Дмитрий ийэтиттэн үөрэнэн, эмиэ бэркэ илбийэн эмтиир. Бииргэ үлэлииллэр.
– Син-биир мин курдук эмтиир, илбийэр, — диир Франческа Дмитрий туһунан. Киниэхэ сылдьыбыт сынньанааччыттан туоһуласпыппар: “Үчүгэй уонна эр киһи буолан, илиитэ күүстээх», – диэн хайҕаабыта. Үлэлээн түбүгүрэн тахсар кыһамньылаах санитарка Рея Малышева аһы түҥэтэр, дьиэни сууйар-сотор. Дьиэ, туалет мэлдьи ыраастара киһини үөрдэр.
Иллэҥ кэми туһалаахтык
Астара аһара минньигэс, тотоойу баҕайы. Сэрэйдэххэ, үксүбүт ыйааһына эбилиннэ быһыылаах. Ити иһин асчыттарга улахан махтал буолуохтун!
Кыраҕа уолуһуйбат холку майгылаах Евгения Игнатьева култуурунай сынньалаҥы тэрийэр. Ол курдук, киэһэ саха эстрадатын биллэр ырыаһытын Эрчими ыҥыран ыллатта, көрөөччү улахан биһирэбилин ылбыт саҥа “Триумф” киинэҕэ уонна ”Сокровишница Якутии” түмэлгэ сырытыннарда (балары эмиэ босхо көрдүбүт), Үһүс көлүөнэ оскуолатын ырыа куруһуогун ырыаһыттарын кэнсиэрин тэрийдэ.
”Сокровишница Якутии” түмэлгэ саха удьуор көмүс уустарын быыстапкаларыгар түбэһэн, кинилэр айылҕаттан бэриллибит сүдү талааннарын, аһара сиэдэрэй оҥоһуктарын сөҕө-махтайа көрдүбүт. Экскурсовод олус кэрэхсэбиллээхтик кэпсиирин болҕойон иһиттибит, билиибитин хаҥаттыбыт, Төрөөбүт-үөскээбит дойдубут барахсан сирин сиртэн хостонор баайын, күндү таастарын, улахан баайдар эрэ оҥорторон кэтэр кыахтаах киэргэллэрин харах халтарыйар кэрэлэрин умсугуйа, ымсыыра көрдүбүт. Мин аһара сөбүлээбит, ымсыырбыт таастарбын, киэргэллэрбин санаабар илиибэр тутан, кэтэн, иилинэн көрдүм. Өрдөөҕүтэ эмиэ сылдьыбытым эрээри, хайа баҕарар түмэл эспэнээтэ уларыйа турар уонна сороҕо умнуллар буолан, сырыттах ахсын син-биир кэрэхсии көрүллэр.
Киһи киһиттэн үөрэнэр
Биһиги эмиэ ииспитин, оҥоһуктарбытын көрдөрсөн саҥаны биллибит, үөрэннибит. 80-наах уонна онтон аҕа саастаах дьоммут хаһыа да этилэр. Дьулугур, көбүс-көнө уҥуохтаах 84-тээх Надежда Максимова уонна 89-таах Михаил Сивцев сүрдээх чэпчэкитик дэгэйэ хамсанан вальстаан тэлээрэллэрин көрөн, хайдах да итиччэ элбэх сааһы биэрбэккин. Михаил дискотекаҕа эмиэ сымсатык тэйиэккэлээн үҥкүүлээн сөхтөрөр. Чахчы холобур буолар дьон! Биһигинниин тэбис-тэҥҥэ, өссө куоһарардыы түргэнник хамсанарын, хаамарын иһин Надежданы хайдах эрэ бэйэм саастыылааҕым курдук санаан ылабын, итиччэ сааһын умнан кэбиһэбин. Кэргэнин Федот Павловиһы кытта иккиэн олоххо көхтөөхтөрүнэн, үҥкүүһүт, балалаайкаһыт быһыытынан куоракка биллэр дьон буолаллар.
Сезон сабыллыытын Табаҕаҕа Улуу Тоҕой диэн кэрэ айылҕалаах сиргэ баар сынньалаҥ баазатыгар көһөн тиийэн бэлиэтээтибит. Реялаах сарсыарда эрдэттэн хомуйбут баһаам элбэх иһиппитин-хомуоспутун, аспытын, байааммытын, тэрилбитин өр баҕайы тиэнэн, футболканан, шортигынан эрэ сылдьар (ыччакатыын, сураҕа, кыһыннары оннук таҥастаах буолар үһү!) саха суоппардаах оптуобуһунан айаннаатыбыт. Антах ааны аһан көрсүөхтээх бааза үлэһитэ сыыһа өйдөөн хойутаан, өр соҕус иһирдьэнэн-таһырдьанан кинини күүтүү буолла. Хата, ол кэмҥэ чэбдик салгынынан тото тыынныбыт, сорохтор үс сэлии кыыл скульптуратыгар хаартыскаҕа түстүлэр, уолаттар хаар күртүлэр.
Киһибит кэлэн ааны арыйбытыгар дьиэҕэ киирдибит. Таҥнан-симэнэн баран, киириигэ-тахсыыга, хамсаныыга сорохтор буккуллан, сыыһа-халты хамсанан ыла-ыла, хореограф Александра Посельская үөрэппитинэн муода көрдөрдүбүт. Салгыы музыкант Александр Харитонов байааҥҥа доҕуһуолунан эҕэрдэ кэнсиэрпит уонна флешмоб буолла. Онтон үлэһиттэр бары саба түһэн тардыбыт толору астаах остуолларыгар олорон аһыы-аһыы, аны кинилэр эҕэрдэ кэнсиэртэрин көрдүбүт. Эчи, талааннара бэрдин сөхтүбүт, хайҕаатыбыт, ытыспытын күүскэ таһынныбыт, “Браво!” хаһыытаатыбыт.
Ырыаһыт Евгения уонна Франческа, Альбина кэрэ куоластарынан ыллаан дьиэрэттилэр. Онтон Рея, Дмитрий, Альбина, Александра, Франческа көрдөөх сыаҥкаларыттан күлэн бөҕө буоллубут. Биирэ биир киэһэ иһигэр бэлэмнэммит саҥа сыаҥка үһү эрээри, киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук бары наһаа бэркэ дьүөрэлэһэн, олус талааннаахтык оонньоон сөхтөрдүлэр. Урут хайалара да кэнсиэркэ кыттыбатах, артыыстаабатах эбит. Гастроллуур биригээдэ тэринэн ханна баҕарар кэнсиэртиир кыахтаах бэлэм артыыстар буолбуттар.
Бырааһынньыгы тэтимнээх дискотеканан түмүктээн, наһаа сэргэхсийэн, үөрэн-көтөн, төттөрү айаннаатыбыт.
Түмүк оннугар
Дьэ, ити курдук уон күн устата саҥа дьоннуун билсэн, кэпсэтэн, дуоһуйа сынньанан, сэргэхсийэн, уйулҕабытын уоскутан, терапевт, кардиолог, невролог, окулист быраастарга көрдөрөн, УЗИ-га түһэн, эмтэнэн-томтонон доруобуйабытын бөҕөргөтөн, турукпутун тупсаран тарҕастыбыт. Үксүбүт аны саас, күһүн эмиэ бииргэ сынньанаары испииһэккэ суруйтардыбыт.
Үөрүү-көтүү, дьоллонуу туруга киһи доруобуйатын тупсарар, үйэтин уһатар. Биһиэхэ оннук турукка киллэрэр уон умнуллубат күнү бэлэхтээбит киини төрүттээччи Мария Николаевна Христофороваҕа уонна күндүтүк саныыр үлэһиттэрбитигэр барыгытыгар барҕа махтал тылларын этэбит! Сааһырбыт, кырдьаҕас дьону кытта күннэтэ алтыһар чэпчэкитэ суох үлэҕитигэр модун тулууру, бөҕө доруобуйаны, дьоллоох-соргулаах олоҕу, этэҥҥэ буолууну, чугас дьоҥҥут сылаас сыһыанын, итии тапталын баҕарабыт!
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0