— Ааспыт сууккаҕа салгын аалынан, космическай кэтээн көрүүнэн 11 ойуур баһаара булулунна, билиҥҥи туругунан уот хаппыт иэнэ 314 га. Уоту утары охсуһааччылар күүстэринэн тоҕус ойуур баһаара бохсулунна (уопсай иэнэ 116 697 га): икки Алдан, биир Дьааҥы, биир Ленскэй, үс Өлүөхүмэ, биирдии Уус Маайа уонна Томпо улуустарыгар. Бүгүн сарсыардааҥҥы чопчулааһынынан өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар уопсайа 105 баһаар (уопсай иэнэ 350 670,5 га) баара бэлиэтэнэр. Биир ландшафтнай баһаар (3496 га) баар. Бу барыта 21 муниципальнай тэриллии сиригэр-уотугар бэлиэтэнэр, — диэн этэр кини.
Ойуур баһаардарын умуруорууга уопсайа 1461 киһи уонна 82 тиэхиньикэ үлэлиир. Маны сэргэ, чугастааҕы кэмҥэ зондировщик салгын ааллара үлэлиэхтэрэ. Ол курдук, «Авиалесоохрана» ФБУ Ан-26 «Циклон» салгын аала Уус Маайа улууһугар, «Полярные авиалинии» Ан-26 «Атмосфера» Өлүөхүмэ хоту өттүгэр уонна Горнай улууһугар.
От ыйын 1 күнүгэр РФ бырабыыталыстыбатын хамыыһыйатын мунньаҕар өрөспүүбүлүкэҕэ федеральнай суолталаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимин биллэрэр туһунан быһаарыы ылыныллыбыта. Үөһээ Бүлүү, Үөһээ Халыма, Өлүөхүмэ, Томпо, Уус Маайа улуустарыгар муниципальнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ салҕанар. Ону таһынан, Саха сирин сиригэр-уотугар ойуур баһаарын утары эрэсиим салҕанар.
Ил Дархан Айсен Николаев Ыксаллаах быһыы-майгы кэмитиэтин ааспыт мунньаҕар бэлиэтээбитин курдук, кэлэр нэдиэлэлэр баһаар дьылыгар быһаарыылаах буолуохтара. "Балаһыанньаны өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар кэлэр антициклон өссө ыаратыаҕа. Манан сибээстээн, саҥа баһаардар тахсаллара күүтүллэр. Билигин кинилэри суох оҥорууга 1400-тэн тахса киһи кыттыһар, олортон 600-ча кэриҥэ киһитэ - "Авиалесохрана" десантниктара. Баһаар тарҕамматын диэн уһук уонна ыраах сирдэргэ көһөрөллөр. Федеральнай ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ баһаары умуруорарга эбии күүстэри уонна үбү-харчыны тардар кыаҕы биэриэҕэ", - диэн эппитэ Айсен Сергеевич Николаев.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0