Сэттис сылын таҕыста
Дьокуускай куорат олохтоохторо, географ идэлээх Маргарита уонна Александр Герасимовтар күн-дьыл туругун бэлиэтиир күннүгү бастаан сиэннэригэр анаан оҥорбуттар. Уолчаан ону олус сөбүлээбит, ол иһин эбэлээх эһэтэ «Күннүгү» киэҥ эйгэҕэ таһаарарга быһаарыммыттар. Ити курдук, 2016 сыллаахха күн-дьыл туругун бэлиэтиир, бэрт тупсаҕай оҥоһуулаах, сахалыы уонна нууччалыы тылларынан оҥоһуллубут «Күннүк» баар буолбут.
– Биһиги дьиэ кэргэн сэттис сылбытын күнү-дьылы кэтээн көрөр «Күннүгү» таһаарабыт, – диир Александр Августович. -- Бу үлэбит икки сүрүн соруктаах. Бастакы сорукпут оҕоҕо тулалыыр эйгэҕэ интэриэһи үөскэтии буолар. Улаатан эрэр оҕо күн аайы айылҕа араас көстүүлэрин кэтээн көрүүтэ кини болҕомтолоох, дьаныардаах буола улаатарыгар уонна толкуйдуур дьоҕура сайдарыгар туһуланар. «Күннүгү» толоруу дьиэ кэргэнинэн, кылааһынан уонна биирдиилээн учууталлар көҕүлээһиннэринэн ыытыллар.
Иккис сорук – нэһилиэктэринэн уонна улуустарынан күн-дьыл уларыйыытын кэтээн көрөн күннээҕи олоххо туһаныы. Өрөспүүбүлүкэ отут улууһун нэһилиэктэриттэн күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэри түмэммит, батсаапка бөлөх тэриннибит. Араас улуустарга, нэһилиэктэргэ күн-дьыл хаамыытын кэтээн көрөн, кини уларыйыытын быһаарар табыгастаах эбит. Ол курдук Бүлүү бөлөх улуустарга сөҥүү түһүүтүн хаамыытын кэтээн олорон, тыал хайысхатынан хайа диэки салалларынан сирдэтэн, хайдах күн-дьыл буолуоҕун билэ олоробут. Кэнэҕэскитин хас биирдии нэһилиэккэ итинник күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр баар буоллахтарына, улуустарынан уонна нэһилиэктэринэн хайдах күн-дьыл буолуоҕун билэргэ олус табыгастаах буолуоҕа. Арай Интернет сибээс сорох нэһилиэктэргэ мөлтөҕө үлэни атахтыыр эбит.
Айылҕа уларыйыыта уонна таҥара күнэ
Кэнники кэмҥэ айылҕабыт биллэ уларыйда. Онон мындыр өбүгэлэрбит урут олохторун-дьаһахтарын халандаар ыйынан буолбакка, халлаан ыйын хаамыытынан сирдэтинэр эрдэхтэринэ оҥорон хаалларбыт билгэлэрэ билигин сөп түбэспэт буолуута баар суол.
Таҥара күннэринэн билгэлээһини күнү-дьылы билгэлээһиҥҥэ наһаа туттуу тутах эбит. Дьиҥинэн, таҥара күннэринэн билгэлэр нуучча омук уутуйан олорбут сирдэригэр, Арассыыйа Европатааҕы чааһыгар оҥоһуллубут билгэлэр. Онно итиэннэ Саха сиригэр килиимэт үөскүүр төрүөттэрэ букатын атын. Холобур, Арассыыйа Европатааҕы чааһыгар Атлантическай акыйаан сабыдыала улахан буолан, сөҥүүнү арҕааттан түһэр тыал аҕалар, оттон биһиэхэ сөҥүүнү үксүн илинтэн уонна соҕурууттан түһэр тыал аҕалар. Өйдөөн көрдөххө, таҥара күннэринэн билгэлэргэ хайдах күн-дьыл буолара тыал хайысхатынан, сөҥүү түһүүтүнэн быһаарыллар элбэх билгэлэр бааллар.
Сыллата тэриллэр куонкурус
2018 сылтан саҕалаан Үөрэҕирии итиэннэ Экология, айылҕаны туһаныы, ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэлэрин, Бүтүн Арассыыйатааҕы «Нуучча географическай уопсастыбата» уопсастыбаннай тэрилтэ Саха сиринээҕи салаатын, ХИФУ Естественнай наукаларга институтун уонна Гидрометеосулууспа управлениетын кытары кыттыһан, “Күннүгү” толорууга оскуола үөрэнээччилэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһун тэрийэбит. Онно оҕолор өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан көхтөөхтүк кытталлар.
Саҥа бырайыак
Быйылгыттан «Арктика өрүстэрэ» диэн бырайыак чэрчитинэн, түөрт дьиэ кэргэн хотугу өрүстэри кэтээн көрүүнү саҕалаатылар. Орто Халыма Арҕахтааҕар география учуутала Ольга Потапова уола Сашалыын (V кылаас) Алаһыай өрүһү, Муома Хонуутугар “Сахаэнерго” инженерэ Светлана Слепцова кыыһа Алисалыын (IV кылаас) Индигир өрүһү, Усуйаана Хаһааччыйатыгар Юбилейнай метеостанция салайааччыта Елена Овчаренко уола Артемнуун (IV кылаас) Дьааҥы өрүһү, Анаабыр Үрүҥ Хайатыгар култуура дьиэтин сэбиэдиссэйэ Сергей Сыроватскай уолаттара Айысхаанныын (VII кылаас), Алданныын (IX кылаас) Анаабыр өрүһү үөрэтэллэр. Күннүгү толороллорун таһынан, өрүс эстэр, турар, уутун таһыма түһэр-тахсар, уута киртийиитин, кытыла сиҥниитин уо.д.а кэтээн көрөллөр. Нэһилиэнньэҕэ айылҕа уларыйыытын, айылҕаҕа дьон сыһыанын туһунан араас хайысхалаах анкеталары толортороллор.
Штрих-код
Дьэ онон кэлэр 2022 сыллаах «Күннүк» таҕыста. Манна күн-дьыл туругун, салгын температуратын, тыал хайысхатын, салгын баттааһынын уонна сөҥүү түһүүтүн күннэтэ кэтээн, ону таһынан бэлиэ күннэринэн (бастакы тураах кэлиитэ, маҥнайгы ньургуһун тахсыыта о.д.а.) сыл устата толоруллар. «Күннүк» Максим Афанасьев (Сунтаар), Александра Кондратьева (Ньурба, Күндээдэ), Прокопий Ноговицын (Хаҥалас, Нөмүгү) уонна Руслан Кириллин (Дьокуускай) хаартыскаҕа түһэриилэринэн байытылынна.
Күннүк биир сирэйэ күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспаларга ананна. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн төһө метеоыстаансыйа уонна ханнык улууска баара хаартаҕа ыйылынна. Муннукка баар анал штрих-коду сканердаан, суотабай төлөпүөн көмөтүнэн Саха сиринээҕи Гидрометеосулууспа саайтыгар киирэн, улуустарынан хомуллубут чахчылары көрөҕүн. Бу ньыма киһи бэйэтэ хомуйбут чахчытын тустаах улууһун көрдөрүүтүн кытары тэҥнииригэр (оннооҕор биир бөһүөлэк иһигэр көрдөрүү тус-туһунан), ыаллыы улуустар чахчыларын билсэригэр уонна онон сирдэтэн билгэлээһиннэри оҥороругар табыгастаах.
Ый хаамыыта уонна Зодиак бэлиэлэрэ
Сир аргыһа, Ый, дьайыытыттан акыйаан уута түллэр уонна уостар, оттон киһи организмын 70 %-а ууттан турар буолан, ол киһи туругар эмиэ сабыдыаллыыр. Ити иһин, ый үүнэр кэмэ араас тэрээһиннэри оҥорорго, кэпсэтиилэри ыытарга, эмтэнэргэ, оттон ый эргэтэ саҕаламмыты ситэрэргэ ордук табыгастаах эбит.
Ый халандаарын оҕуруотчуттар ордук туһаналлар, үгүстэн биири санаттахха, ый үүнэр кэмигэр сиэмэни буорга баттыыр, ый бүтүүтүгэр төрдүгэр астаахтары олордор идэлээхтэр. Ый Сири тула 29,5 күн устатыгар эргийэр итиэннэ Зодиак бары бэлиэлэринэн ааһар. Дьэ ити иһин Ый хаамыытын уонна Зодиак бэлиэлэрин кытары алтыһыытын киллэрдибит.
Бэйэҕин иһиллээ!
Күннүк бэйэ доруобуйатын туругун, чуолаан, хаан баттааһынын, бэлиэтэнэргэ эмиэ табыгастаах. Ыйдааҕы чахчылары тэҥнээн көрөн, ханнык күннэргэ (онно Ый хаамыыта учуоттанар) киһи хаанын баттааһына халбаҥныырын, сэниэтэ күүһүрэрин-эстэрин быһаарыан сөп.
Билигин, пандемия кэмигэр, бэйэ туругун хонтуруолланар наада. Айылҕаны кытары дьүөрэлэһэн, кини тэтимин тутуһан сылдьар киһи кута-сүрэ чөл, доруобуйата чэгиэн-чэбдик буоларын умнумуохха.
Өбүгэ төрүт дьарыга
«Саха – айылҕа оҕото» диэн мээнэҕэ этиллибэт. Өбүгэлэрбит айылҕа тэтимин, сулустар хамсааһыннарын, Үргэл алтыһыытын, кыыл-сүөл быһыытын-майгытын кэтээн көрөн, күнү-дьылы билгэлииллэрэ уонна олохторун-дьаһахтарын онон сирдэтэн тэринэллэрэ. Кураан дьыллары эрдэттэн от хаһаанан, сүөһүлэрин-сылгыларын арыый аҕыйатан көрсөллөрө уонна өҥ дьылларга өрө баһан тахсаллара.
Норуот мындыр дьонун умнуо суохтаах, онон “Күннүккэ” урукку уонна билиҥҥи дьылдьыттар тустарынан сырдатабыт, сыллата биэстии-алталыы киһини таһааран иһэбит. Ол түмүгэр, билгэһиттэр, күнү-дьылы сабаҕалааччылар, айылҕаны кэтээн көрөөччүлэр тустарынан балачча матырыйаалы мустубут.
Хомойуох иһин, хойутаан саҕалаан, аҕа көлүөнэ дьылдьыттары үгүстэрин “куоттарбыппыт”. Ол эрээри, утумнааччылар суох буолбатах эбиттэр: Бүлүү улууһун Халбаакытыгар олорор, учуутал идэлээх Алексей Васильев күнү-дьылы билгэлээһиҥҥэ эһээтиттэн уһуйуллан, 15 сааһыттан дьарыктанар. Чурапчыттан төрүттээх, билигин киин куорат олохтооҕо Андрей Варламовтыын күннэтэ кэриэтэ алтыһабын, күнү-дьылы билгэлииргэ астрономия билиитин туһанарга Анатолий Павловтан-Дабылтан элбэххэ үөрэнним. “Күннүгү” толоруу куонкуруһугар киирбит сиэнэ кыыс үлэтиттэн сирдэтэн, Кэбээйи Куокуйун олохтооҕо, 1966 сылтан күн-дьыл туругун бэлиэтэнэр Геннадий Иванову буллубут. Дьиҥинэн, маннык дьон хас улуус, нэһилиэк ахсын бааллара чахчы. Түгэнинэн туһанан, хаһыат ааҕааччыларыттан кинилэр тустарынан биһиэхэ биллэрэргэ көрдөһөбүт.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0