Маһы соҕотуопкалыырга саҥа саҕахтар
Мунньаҕы Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев үүннээн-тэһииннээн ыытта. Саха сиригэр ойуур маһын уопсай туругун туһунан СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Алексей Агеев сүрүн иһитиннэриини оҥордо. Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сирин үрдүнэн ойуур учаастагын туһаныыга 5 тыһ. кэриҥэ дуогабар түһэрсиллибититтэн 2789-һа сир баайын геологическай чинчийиигэ, сир баайын туһаҕа таһаарыыга уонна араас хабааннаах эбийиэктэри тутууга сыһыаннаахтар. Билиҥҥи туругунан, сыл аайы 513,9 тыһ. куб. м маһы соҕотуопкалыырга 14 дуогабар баара биллэр. Сүрүн соҕотуопкалааччыларынан «АЛМАС» уонна «Витимнээҕи ойуур хампаанньата» ХЭУо-лар буолаллар, кинилэр үксүн Ленскэй оройуонугар үлэлииллэр.
СӨ бырамыысыланнаска уонна геологияҕа миниистирэ Максим Терещенко өрөспүүбүлүкэ ойуурун комплексын туруга бэрдэ суоҕун туһунан иһитиннэрбит. Ол курдук, маһы соҕотуопкалыыр тэрилтэлэр 75 %-нара мөлтөх туруктаахтар уонна ойуур суолун инфраструктурата сайдыбакка турар эбиттэр. Министиэристибэ 2024 сылга диэри дьыалабыай маһы оҥорон таһаарыыны 2,1 (430 тыһ. куб. м 921 тыһ. куб. м диэри) уонна пиломатырыйаалы оҥорууну 2,2 төгүл (158 тыһ. куб. м 351 куб. м диэри) улаатыннарар соругу ылыммыт. Ити соругу ситиһэр инниттэн өрөспүүбүлүкэҕэ маһы соҕотуопкалааһыҥҥа саҥа хайысханы олоххо киллэрэр туһунан этиллибит. Ол курдук, маһы тиэйэргэ аналлаах инфраструктураны сайыннарарга, маһы соҕотуопкалааһынтан хаалар тобохтон оттукка туһаныллар брикети уонна пеллети оҥорон таһаарыыга итиэннэ мас дьиэни тутууга болҕомто ууруллуохтаах. Бу балары олоххо киллэриинэн кластернай хайысханы сайыннаран, аччыгый уонна орто биисинэс тэрилтэлэрэ үлэлииллэригэр аартык арыллыахтааҕа этиллибит.
Маслобойников мүөттээх тыла
Салгыы Амма өрүс баһыгар маһы кэрдээри ыҥырыа уйатын тоҕо тарпыт «Ангара» уонна «Вудленд24» тэрилтэлэр генеральнай дириэктэрдэрэ Георгий Маслобойников 2019 сыл ахсынньы 30 күнүгэр ыытыллыбыт аукцион түмүгүнэн Алдан оройуонугар ойуур учаастагын уларсыыга икки дуогабар түһэрсиллибитин туһунан иһитиннэрэн туран, чахчы сиппит-хоппут мас кэрдиллиэхтээҕин туһунан кэпсээтэ. Амма улууһун уопсастыбаннаһа сүрүн долгуйуутун төрүөтэ манна сытар. Ол эбэтэр аҥардас сиппит эрэ маһы буолбакка, аҥар кырыытыттан барытын кэрдии буолуо диэн санааларын аһаҕастык этиммиттэрэ. Георгий Маслобойников учаастакка үлэ хайдах ыытыллар былаанын кэпсииригэр хампаанньалар учредителлэригэр омук дьоно баалларын туһунан иһитиннэрии оруна суоҕун туһунан эппит. Кини эппитинэн, кэрдиллибит дьыалабыай мас Кытай диэки тиэллиэ суохтаах, кинилэргэ мас атын суорда наадатын ыйбыт. “Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сирин пиломатырыйаалын сыаната тас дойдуга атыыга тахсар сыананы кытта тэҥ. Ол иһин өрөспүүбүлүкэ наадатыгар атыылыыр ордук”, - диэн быһаарбыт. Итини тэҥэ, икки тэрилтэтин Алдан оройуонугар регистрациялаан Саха сиригэр нолуок төлүүрүн уонна маһы соҕотуопкалааһыҥҥа олохтоох тэрилтэлэри кытта дуогабардаһан үлэлиэн сөбүн туһунан иһитиннэрбит. Аны туран, Улуу Кыайыы 75 сылынан, ыам ыйын 9 күнэ чугаһаан эбитэ дуу, бэтэрээннэргэ, биэнсийэлээхтэргэ, элбэх оҕолоох ыалларга оһоххо оттуллар маһы босхо эбэтэр адьас кыра сыанаҕа биэриэхпит диэн тылын минньиппит. Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар сирдэригэр маһы кэрдиэхпит суоҕа диэбит.
Дьокутааттар этиилэрэ
Амма улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Софья Александрова Амма өрүс баһыгар уонна Улууга маһы кэрдии Амма ураты экосистиэмэтигэр экологическэй өттүнэн алдьархайы аҕалыан сөбүн этиммит. Ил Түмэн дьокутаата Павел Ксенофонтов «Биһиги СӨ бырабыыталыстыбатын кытта Амма өрүһү харыстыырга аналлаах тэрээһини толкуйдуохпутун наада. Бу өттүгэр Амма улууһун бэрэстэбиитэллэрин өйүүбүн», - диэн санаатын малтаччы эппитин уонна Амма өрүһү харыстыырга аналлаах боппуруостары быһаарарга анал хамыыһыйаны тэрийэргэ этии киллэрбитин биир бэйэм сэргээтим.
Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев «төгүрүк остуол» кыттыылаахтарыгар эрэкэмэндээссийэлэри билиһиннэрбит. «Сүрүннэрин билиһиннэрэр буоллахха, 2020-2024 сс. СӨ ойуур бырамыысыланнаһын комплексын сайыннарыы Стратегиятын (экологическай тосхол ирдэбиллэрэ хайаан да учуоттаныллыахтаах) олоххо киллэрии былаанын оҥорон киллэрэллэригэр, СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ойуур маһын кэрдии хайдах бара турарын, чуолаан, Амма баһыгар учаастакка үлэ ыытыллыытын үчүгэйдик бэрэбиэркэлииригэр, “Ангара” уонна “Вундленд24” ХЭУо-лар түүлэһиигэ ылбыт учаастактарыгар баар ураты харыстаныллыахтаах сиргэ киирэр кыраныыссаларын хаттаан көрөллөрүгэр уонна бу хампаанньалар бырайыактарынан уопсастыбаннай дьүүллэһии барыахтааҕын тустарынан ыйдыбыт”, - диэн Владимир Михайлович иһитиннэрдэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0