Исидор Никифорович бу тыа сирин олоҕун үөрэтэригэр Обком сэкиритээрэ Пестун диэн баартыйа тутаах салайааччытын илдьэ сылдьыыта эмиэ элбэҕи этэр. Ол аата тыа сирин бэлиитикэтин аллараттан ол кэмҥэ салайан олорор баартыйа болҕомтотун тардан өйөбүл ылаары сыал - сорук туруоруннаҕа. Ол да курдук бу тыа ыалын үөрэтиитин ол кэмнээҕи республика бюджетын таҥалларыгар туһаммыт эбит.
Үөһээ Бүлүү ТХУ тын главнай экономиһа Сидорова А Ю 2009- 2010 сылларга Барахов И Н ыал олоҕун үөрэппит ньыматыгар олоҕуран, нэһилиэктэр ынах сүөһүлээх ыалларын үөрэтэн, ааҕан-суоттаан хас ыал ол кэмнээҕи 7 тыһыынча олох аллараа кээмэйин таһааран турар.
Ол кэмнэргэ тыа хаһаайыстыбатын специалистара диэн суох этилэр. Нэһилиэк дьаһалтатын специалистарын кытта ТХУ та үлэлэһэр этэ.
Сүрүн методика доход - расход .
Доход өттүгэр ааҕыыҕа үүт - эт атыыта, пенсия, оҕо босуобуйата , хамнас киирбитэ.
Расход өттүгэр - аһылык , мал - сал атыылаһыыта , оҕо үөрэттэриитин төлөбүрэ, уот, нолуок, кредит төлөбүрдэрэ киирбиттэрэ.
Бу үлэлэри ол кэмҥэ үлэлээбит нэһилиэк специалистара ыаллартан ыйыталаһан , даннай хомуйан биэрбиттэрэ .
Элбэх нэһилиэккэ мониторинг оҥоһуллубуттатан Кырыкый нэһилиэгэр эрэ 7 ыал ол кэмнээҕи 7 тыһыынча нэһиилэ тиийинэн олорууга хапсыбыта.
Хапсыбыт дьоннор истэригэр ол кэмҥэ үлэлээбит элбэх ынах сүөһүлээх нэһилиэк баһылыга Семенов В.А. уонна эмиэ сүөһүлээх учууталлар, кочегардар, ол эбэтэр бүддьүөттэн хамнастаах дьон хапсыбыттара. Улуус Баһылыга Поскачин В С бу ТХУ оҥорбут моноторинын ол кэмҥэ Правительства председателинэн үлэлии олорор Борисов Е А приемҥа киирэн көрдөрбүтүн сөбүлээн , ТХМ министиригэр Дмитриев Р. Г. сорудах биэрбитэ туолбатаҕа.
Сахаларга былыргыттан баччаҕа дылы ордурҕас, бэрт былдьаһар кэмэлдьи диэн баар.
Дмитриев Р. Г. ол иннигэр Ньурба ТХУ начальнигынан , улуус баһылыгынан үлэлии сылдьыбыта, онон Үөһээ Бүлүүттэн киирбит саҥа механизмы таһаарыан баҕарбатаҕа эбитэ дуу , кыайбатаҕа эбитэ дуу ол кэмнэргэ нэһилиэк специалистара суох этилэр .
Ол кэмнэргэ нэһилиэктэргэ төһө саастаах дьон төһө ынах сүөһүнү тутан , көрөн - харайан олороллорун туһунан эмиэ туһалаах анализ оҥоһуллубута . Анализ көрдөрөрүнэн ынах сүөһү 40% на 50 - 60 саастаах дьоҥҥо 50 % на 30 - 40 саастаах дьоҥҥо , 10% на 30 сааһын туола илик дьоҥҥо тиксэр этэ .
Бу анализ ынах сүөһү хамсааһынын, эбиллиитин - көҕүрээһинин ааҕыыҕа туһалаах этэ .
ТХМ тэ , улуустар ТХУ лара Барахов И Н методикатын туһанан үлэлиэхтээхтэр . Бу маннык үлэ - хамнас бардаҕына тыа хаһаайыстыбатын үбүн - харчытын , бюджетка киллэриитин ааҕан - суоттаан , дакаастаан туруорсарга даҕаны үчүгэй буолуо этэ .
Күдээринэ тыа хаһаайыстыбатыгар бюджет кыраны көрөр диэн мөҥүттэ сылдьыбакка .
Хаартыска: ЯСИА
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 1