Төрүт үгэспит сүппэтин туһугар
Мин бүгүн биир оннук киһи Иван Константинович Сивцев туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Кини эдэр, эрчимнээх сааһыгар холооно суох дириҥ толкуйдаах, холку майгылаах, киэҥ көрүүлээх, тулуурдаах – дьулуурдаах, талбыт идэтигэр бэриниилээх. Иван Константинович Хатаска 2000 сыллар саҕаланыыларыгар, ол кэмҥэ Хатастааҕы СХПК-аҕа үлэлии кэлбитэ. Билигин санаатахха, үлэтин саҥа саҕалыыр киһиэхэ киһи эрэ саллыах, төттөрү түһүөх күннэрэ – дьыллара сабардаан турбуттара. Хамнас диэн сылы – сылынан төлөммөтө, оҥоруохха – тутуохха диэтэххэ, бары өттүттэн туох да хааччыллыы суоҕа.
Дьэ, манна саха ньоҕой, оҕото өссө ньоҕой диэн мээнэҕэ этиллибэтэх тыллар киниэхэ улахан оруолу оонньообуттара. Төрүт үгэспит сүттэҕинэ, саха буолан бүтэбит диэн санаа үүйэ-хаайа туппута. Түргэнник ааҕар – суоттуур, ыраҥалыыр, анаарар исписэлииһи бэлиэтии көрөннөр, үөһээ салалтаҕа ыҥырбыттара. Дьокуускай куорат дьаһалтатыгар тыа хаһаайыстыбатын салайар управлениеҕа үлэлии киирбитэ. Ити кэмтэн ыла Хатастааҕы сопхуоспут «Баҕарах» ХЭТ диэҥҥэ кубулуйбута. Маны кини ис сүрэҕиттэн баҕаран туран үөрэтэн – билэн, маннык гыннахха үчүгэй буолаарай диэн салайсан, өйүн-санаатын уурбута.
Хас биирдии ынахха тиийэ билэр
Онон 2019 сылтан «Баҕарах» ХЭТ салайааччытын быһыытынан ананан кэлэн ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Иван Константинович аныгы үйэ технологияларын уонна урукку үлэ сатабылын тэҥҥэ алтыһыннаран тэрилтэни салайар. Аныгы үйэ киһитин быһыытынан, төлөпүөнүн иһигэр үлэтин ымпыгын-чымпыгын барытын тутан олорор, хас биирдии ынахха тиийэ билэр, үлэһиттэригэр киһилии сыһыаннаах.
Киһи эрэ истэ олоруон курдук сүрдээх үчүгэй бархатнай куоластаах, чуолкай саҥалаах буолан, 2000 сыллар саҕаланыахтарыттан нэһилиэк улахан тэрээһиннэригэр диктордааччы. «Тускул» култуура киинигэр төрөөбүт тылга анаммыт хомоҕой хоһоону уустаан – ураннаан ааҕыыга кыттан, элбэх киһи биһирэбилин ылбыта. Мин кинини кытта көрсөн, түбүктээх үлэтин, дьиэ кэргэнин, олоххо сыһыанын туһунан кэпсэттим.
— Иван Константинович, ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр тыа хаһаайыстыбатыгар хайдах үлэлии кэлбиккиний?
— Мин төрдүм ийэм өттүттэн Хатас, аҕабынан Мэҥэ Хаҥалас. Константин, Александра Сивцевтэр диэн сэттэ оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ сэттис оҕонон күн сирин көрбүтүм. Ийэм эмчит этэ, аҕам тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбитэ. Хайа баҕарар тыа сирин оҕотун курдук дьиэ-уот, хаһаайыстыба ис-тас үлэтигэр сыстан улааппытым, сайын аайы үлэлиир этим. Оскуоланы бүтэрэн баран Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын үнүстүтүүтүгэр киирэн, ону бүтэрэн зоотехник идэтин ылбытым.
Үөрэхпин бүтэрэн баран Өлүөхүмэ улууһугар ананан тиийбитим. Онно үлэбэр да, олохпор да ураты суолталаах, ытыктыыр – убаастыыр киһибин, салайааччыбын Виктор Дмитриевич Сидоровы көрсүбүтүм. Кини: “Хатаска үлэлии барар буоллум”, — диэбитигэр барсар баҕабын эппиппэр үөрүүнү кытта ылабын диэн үөрдүбүтэ. Кини эрэлин түһэн биэрбэт туһугар үлэ диэн баран түһүнэн кэбистэҕим дии. Төрөппүттэрим кыра эрдэхпиттэн туппуту ыһыктыбат, саҕалаабыты бырахпат гына үөрэппитэрэ.
— Түбүктээх үлэҕин дьиэ кэргэниҥ өйүүр – өйдүүр эрэ буоллаҕына тирэхтээх, эркиннээх курдук сананаҕын. Дьиэ кэргэниҥ туһунан кыратык кэпсиэҥ дуо?
— Дьэ, итиннэ сүүс бырыһыан сөбүлэһэбин. Киһи орто дойдуга олох олороору, аҕа ууһун салҕаары, ийэ ууһун тэнитээри кэлэр дии саныыбын. Кэргэммин Зоя Николаевнаны кытта элбэх оҕолоох ыалбыт, үс уоллаахпыт, биир кыыстаахпыт. Оҕолорбут улаатан олох киэҥ аартыгар үктэнэллэригэр бэлэмнээх буолалларын туһугар төрөппүт эппиэтинэһэ үрдүгүн өйдүүбүт. Манна төрөппүт тус бэйэтин холобура ордук дьайыылаах диэн санаалаахпыт. Бары дьиэ кэргэнинэн олоххо көхтөөхпүт, үөрэҕи-үлэни туйгуннук оҥорорго дьулуһабыт, сынньалаҥмытын бары бииргэ атаарабыт. Уопсай субуотунньуктартан, араас тэрээһиннэртэн аккаастаммаппыт, олорор, үүнэр – сайдар куораппыт уопсастыбаннай олоҕор кыах, күүс баарынан куруутун кыттабыт.
Үлэҕэ да дьиэҕэ да үөрүү, ситиһии, кыайыы элбэх толкуй, ырытыы, анаарыы кэнниттэн кэлэр, хайа уонна сыыһа–халты туттунуу ханна барыай, ону кэргэммин кытта барытын тэҥҥэ үллэстэн, сүбэ – ама буолар киһим кини. Эдэр сылдьан биир чымадаантан саҕалаан, билигин дьиэлээхпит-уоттаахпыт, ааппытын ааттатар оҕолордоохпут, ол барыта биир сыл иһинэн кэлбэтэҕэ.
— Кистэл буолбатах, билиҥҥи сир-саарбах кэмҥэ тоҕо элбэх оҕолонуохпутуй диэччилэр бааллар. Эһиги хайдах элбэх оҕолонорго санаммыккытый?
— Итини хас биирдии киһи, ыал бэйэтэ быһаарар. Мин туспунан этэр буоллахха, элбэх оҕолоох ыалга төрөөбүтүм, иитиллибитим, улааппытым, ол аата тирэх буолар дьонноохпун, ким эрэ миэхэ эмиэ наадыйар, онон үчүгэйэ мөкүтүнээҕэр элбэх. Оҕолорбут туохха дьоҕурдаахтарынан көрөн салайан биэрэбит, хайаан да биһиги этэрбитин оҥороллорун курдук ирдээбэппит. Билигин улаатаннар бэйэ-бэйэлэрин көрсөллөр, көмө дьоно буоллулар.
— Ийэҥ өттүнэн эн эһэҥ өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр библиотекарь, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа Дмитрий Иннокентьевич Панаев. Онон эн манна үлэлии кэлбиккэр нэһилиэк дьоно үөрэ-сэргии истибиттэрэ.
— Эһэм үлэһит киһи быһыытынан, баччааҥҥа диэри уос номоҕор сылдьар, онон ону түһэн биэрбэт курдук дьаһанан үлэлии сатыыбын. Үлэбэр хамаанданан үлэлиири сөбүлүүбүн. Биир киһи барыбыт туһугар, бары биир киһи туһугар диэн. Мунньахха баары барытын ыраас илиискэ ууран олорон ырытабыт, итэҕэһи – быһаҕаһы сирэй сирэйгэ этэбит, ситиһииттэн үөрэбит. Үлэһит киһи үлэтэ – хамнаһа кэмигэр, бириэмэтигэр сыаналаныахтаах диэн өйдөбүллээхпин, ону куруутун тутуһабын.
Нэһилиэк араас тэрээһинигэр кыттан, олоххо өрүү көхтөөх буолабыт. Этэргэ дылы ырыаҕа-тойукка да баарбыт, үлэҕэ да дьонтон хаалсыбаппыт. Тыа хаһаайыстыбатын ыарахан үлэтигэр оччоттон – баччаҕа диэри дьиҥ чахчы тулуурдаах, дьулуурдаах дьон тулуйан үлэлииллэр. Онон бииргэ үлэлиир кэлэктиибим хас биирдии үлэһитигэр ис сүрэхпиттэн махтанабын.
— Эн салайар тэрилтэҥ кэккэ ситиһиилэрдээх, ылбыт кирбиилэрдээх, саамай сүрүнэ ханнык баҕарар үлэ кэлэктиибигэр сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээх буолуу. Бу туһунан туох диэҥ этэй?
—Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар биирдиилээн киһи, тэрилтэ даҕаны сарсыҥҥыга бигэ эрэллээх таһымҥа тахсара сүрдээх ыарахан. Мин тутуһар бириинсибим: тиэтэйбэккэ, барытын ыраҥалаан, ырытан, ыараҥнатан, үөрэтэн көрөн баран иннибит хоту баран иһэбит. Ону “Баҕарах” холобуругар этэр буоллахха, биһиги кэнники биэс сыллаах үлэбит түмүгүнэн сыллааҕы бүддьүөппүтүгэр спонсорскай көмө диэн ыстатыйа көрүнэр буоллубут. Сыллааҕы оҥорон таһаарыыбыт көрдөрүүтэ кэккэ сылларга наһаа өрө көтөн тахсыбатар даҕаны, кыралаан үрдээн, биирдии ыанар фуражнай ынахтан 2800 киилэҕэ тиийдибит. Быйылгы дьыл өҥүн-быйаҥын толору туһанан, оттооһуҥҥа-сиилэстээһиҥҥэ былааммытын толордубут, сорох көрүҥэр куоһардыбыт.
Үлэни сүрүннүүр тутаах үлэһиттэрим Москватааҕы Тимирязевскай академияны, Новосибирскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятын бүтэрбиттэрэ. Кинилэр этэллэринэн, сүөһүттэн ылар бородууксуйа аһыыр аһылыгын хаачыстыбатыттан улахан тутулуктаах. Онон анал оборудованиены атыылаһан, эбии аһылыгы бэлэмниибит. Ол ахсаан да өттүгэр эбиллиини аҕалла.
Өссө биир тутуһар бириинсибим үлэһит киһи сааһыттан тутулуга суох үбүлүөйдэргэ эрэ буолбакка наҕараадалыыр, чиэстиир-бочуоттуур олус наадалаах. Үтүө санаа, тулуур-дьулуур, сатабыл кэмигэр бэлиэтэниэхтээх, болҕомтоҕо ылыллыахтаах дии саныыбын.
Салайааччы уонна үлэһит икки ардыгар сыһыаҥҥа эрэл, итэҕэл баар буоллаҕына кэлэктиипкэ доруобай, чэбдик, ыраас тыын баар буолар, киһи кэнниттэн ол-бу саҥарсыы сүтэр. Үлэһиттэрбэр олох араас түгэннэригэр, үөрүү-хомолто, сыыһа-халты туттунуу кэмигэр, иэс-күүс да буоллун көмө-тирэх буолабыт.
— Оттон ситэ кыаллыбатах боппуруос баар дуо?
— Саамай туруорсар боппуруоспут сайылык дьиэтэ-уота, хотоно буолар. Күн бүгүн сир боппуруоһун быһаарбыппыт. Онтон атына араас бырайыактарга, инвестицияларга киирии эмиэ син иннин диэки сыҕарыйар, эрэлбитин сүтэрбэппит.
— Оҥорон таһаарар ханнык баҕарар тэрилтэ бородууксуйатын батарарга дьулуһар. Эһиги үүккүтүн ханна туттараҕытый?
— Дьокуускайдааҕы үүт собуотугар туттарабыт, ирдэбиллэрин барытын толорорго элбэхтик сүүрдүбүт-көттүбүт. Онон оҕо уһуйааннарыгар, оскуолаларга, ыарыһахтары эмтиир тэрилтэлэргэ биһиги туттарар үүппүт эмиэ баар.
— Үлэҕитигэр сахалыы сиэри – туому төһө тутуһаҕытый?
—Саха айылҕа оҕото, айылҕаны кытта алтыһыыга үйэттэн-үйэҕэ бэриллибит үгэстэри тутуһабыт. Кыстыкка киириигэ, сайылыкка көһүүгэ, оттооһуҥҥа, төрүөх кэлиитигэр уо.д.а анаммыт туомнары оҥоробут. Саамай кэтэһиилээх – күүтүүлээх ыһыахпытыгар нэһилиэк дьонун кытта бииргэ буолар тэрээһиммитигэр хайаан да киирэбит. Анал бэйэбит түһүлгэбитигэр дьоммутун сэргэхситээри, сүргэлэрин көтөҕөөрү анал бырагыраамалаах оҥоро сатааччыбыт.
—Иван Константинович, истиҥ-иһирэх кэпсээниҥ иһин махтал!
Үлэни сатаан көҕүлүүр
Салайааччы төһө сатабыллааҕын, үлэҕэ, дьоҥҥо хайдах сыһыаннааҕын чугас эргимтэтэ эндэппэккэ билэр. Кини туһунан Хатас олохтоохторо санааларын маннык үллэстэллэр.
Үлэһиттэрин сыаналыыр
Евгений Пермяков, Хатас нэһилиэгин дьаһалтатын салайааччыта:
—Иван Константиновиһы Дьокуускай куорат дьаһалтатын тыа хаһаайыстыбатын салаатын салайар кэмиттэн ыла билэбин. Онон «Баҕарах» салайааччыта буолан кэлбитигэр үөрбүтүм. Кини үп-харчы хамсааһынын, хантан эбии үбүлээһин кэлэрин, эбэтэр анал бырагыраама баарын чуолкай билэрэ үчүгэй. Сүрдээх чуолкай, көнө сүрүннээх, илин - кэлин тыла – өһө, халтай хамсаныыта суох салайааччы.
Үлэлиир кэлэктиибигэр сыалы-соругу табан туруорарын, үлэни былаанныырын, урукку уонна билиҥҥи үлэ үөрүйэхтэрин сатаан алтыһыннарарын сыаналыыбын. Нэһилиэк олоҕор, улахан тэрээһиннэрбитигэр көмө – тирэх буолара элбэх, уопсастыбаннай олоххо куруутун кытталлар. Өссө биир сыаналыыр өрүтүм үлэһиттэрин сүрдээх үчүгэйдик сыаналыыр, бэлэх-туһах туттартыыр, кэмигэр, бириэмэтигэр бириэмийэлиир, ол биллэн туран, үлэни көҕүлээһиҥҥэ кырата суох оруоллаах.
Үрдүк ирдэбиллээх
Елена Ксенофонтова, отуттан тахса сыл үлэлээбит ыанньыксыт:
– Иван Константинович бэйэтигэр да, биһиэхэ да үрдүк ирдэбиллээх салайааччы. Сүрдээх кыһамньылаах, болҕомтолоох, үлэ усулуобуйатын тупсарарга элбэх үлэни ыытар. Бээтинсэ аайы мунньахтыыр буоламмыт, үлэбит хардыытын илиибит иһигэр тутан олоробут. Биллэн турар, ынах-сүөһү маассабай төрөөһүнэ саас буолар. Ол гынан баран ынахтарбыт төгүрүк сыл быспакка төрүүллэр, бу билигин кыралаан саҕалаатылар. Муҥутаан элбэх үүтү сайын туттарабыт.
Сыалы-соругу таба туруорар
Ольга Слепцова, зоотехник:
—Иван Константинович биир баһылаабыт дьоҕура – тэрилтэ сыалын – соругун итэҕэтиилээхтик хас биирдии үлэһиккэ сатаан тиэрдэр. Ону таһынан, атын киһи санаатын эмиэ истэр, учуоттуур хаачыстыбалаах буолан, үлэлииргэ үчүгэй.
Дьон сүрдээх дуоспуруннаах уонна чуолкай, көнө кэпсэтиилээх, астык киһи кэлбит диэбиттэрэ. Ахсаан – сыыппара өттүн төрүт олох хармааныттан хостуур курдук кэпсиир, ааҕар – суоттуур эбит уонна кэпсээнэ – сэһэнэ барыта туохха эрэ олоҕурар, тирэҕирэр буолан, тыла-өһө ылыннарыылаах.
Түмүккэ
Итинник дьону кытта кэпсэтэн көрдөххө, салайааччы киһи сүрүн хаачыстыбалара: чиэһинэй буолуу, үлэҕэ чуолкай сыал – сорук, дьоҥҥо тэҥ сыһыан. Тыа хаһаайыстыбатын сайдар суолун таба тайаннахха, бу салаа кэскиллээх, инникилээх, өбүгэ төрүт дьарыгын салгыыр үтүө үгэстээх.
Дьэ ити курдук орто дойду дьиктилээх суолларын арыйаары, үлэни өрө тутаары олох мөҥүрүөн мөккүөрдэриттэн муннукка анньыллыбакка, охсуулартан охтубакка, тулуурдаахтык тутуһан, дьулуурдаахтык үлэлиир-хамсыыр Иван Константинович Сивцевка ситиһиилэрэ ситимнээх, арыллар аартыктара айхаллаах буоларыгар баҕарыаххайыҥ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0