Тыа сирэ Арассыыйаҕа бэйэтэ адьас туспа уонна биир оннук ыар дьылҕалаах олохтооҕор тохтуу барымыаҕыҥ. Устуоруйаны уонна уус-уран литэрэтиирэни ааҕар ким баҕарар бу боппуруоска толору өйдөбүллээҕэр саарбахтыы барыллыбат. Арассыыйа бары кыайыыларыгар, кини тыатын сирэ бэйэтэ эстэн-быстан туран, тулааһын баҕана буолбут үтүөтэ туох да кэмэ суох улахан.
Саха сирин бары көлүөнэ дьонугар "тыабыт сирэ, дьоно-сэргэтэ төрөөбүт төрүт буорбут уонна норуоппут" диэн өйдөбүлү кытта баччааҥҥа диэри бииргэ тутуллан кэллэ. Мантан инньэ ол сибэтиэй өйдөбүлбүт, кэлэр кэнчээрилэрбитинэн хайдах салҕанан уонна хайысхаланан иһиэн таабырынныыр чахчыта уустук буолара буолуо.
Аан дойду бары судаарыстыбаларын олохторугар-дьаһахтарыгар, экэниэмикэлэригэр улахан түрбүөнү үөскэппит хоруона хамсыгын кириисиһин чуолаан тыа хаһаайыстыбата балачча тирэхтээхтик көрсүөн уонна туоруон сөбүн туһунан этэллэр. Маны ылыныахха сөп. Киһи аймах олох олороругар бастакы наадыйыыта уонна кыһалҕата – ас. Бу өттүнэн, ас-үөл оҥоһуллан таһаарыллыыта, батарыллыыта, атыыланыыта хайа да түгэҥҥэ быстан, тохтоон хаалар кыаҕа суох.
Тыа хаһаайыстыбатыгар бастакы улахан кутталынан айылҕа, күн-дьыл оҥорор уустуктара буолаллар. Тиэхиньикэ, уматык сыаналара үрдээһинэ уонна аҕалыллыыларын ороскуота – бу атын кыһалҕа.
Кэлин сүүрбэ сылга дойдуга тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүҥҥэ уонна сайыннарыыга диэн ааттаан, туох да хара баһаам бырагыраама ылыллан үлэлээн кэллэ. Ол үөһэ бэйэбит өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннай бырагыраамалардаахпыт. Дойду сорох соҕуруу эрэгийиэннэрэ ол бырагыраамалартан туһаналлар уонна оҥорон таһаарыылара сэргэхсийэр курдук маарыннаах. Ис-иһигэр киирдэххэ, дириҥ уутун түгэҕэ хайыр тааһынан кыстана да сыттар. Тыа сирин олохтооҕун, кини киин уобаластан буоллун, Саха сириттэн буоллун, кэтэх санаата, толкуйа маарыннаһар өрүттэрдээх. Ол кини аньыылаах-харалаах буор сиргэ үктэнэн турарыттан уонна буорга үлэлиириттэн диэххэ. Бааһынай үҥсэргиирэ, мэлдьитин кэриэлийэн тахсар майгыта, санаата хаһан да ис буолбата – бу кини айылҕаттан тартарыылаах айылгыта.
Дойдуга бу сылтан «Тыа сиринээҕи территориялары кэлим сайыннарыы» бырагыраамата үлэҕэ киирдэ. Бырагыраама ис хоһооно, идьиэйэтэ, чахчы, үчүгэй өрүттэрдээх. Ол курдук, ситиһиилээхтик олоххо киллэриллэрэ буоллар, судаарыстыба уонна былаас тыа сиригэр төлөммөтөх иэһиттэн көҕүрэтэригэр, саамай кылаабынайа, тыа сирин уонна кини дьонун-сэргэтин ыһыллыбыт олохторугар чэбдик сүүрээн киирэригэр төрүөт буолуох этэ.
Өссө судаарыстыба бу уочараттаах хамсаныыта, тыа сиригэр чуолаан эдэр дьон олорбуттарын курдук олорон хаалалларын уонна киһи-сүөһү эбии олохсуйа кэлэрин туоһулуохтаах барометр кэриэтэ буолуоҕа. Кэһэйбиппит элбэҕэ бэрт, тугу да улаханнык этиллибэт, олох бэйэтэ көрдөрөн иһиэҕэ.
Бу этиллэр бырагыраама туолуута, баан кирэдьиитигэр олоҕурарынан, уустуктардаах буолуон сөп. Сахабыт сирин холобуругар ылар буоллахха, күүстээх хамсаныы саҕалана илик. Онуоха туох төрүөттэр баалларый? Бу туһунан "Россельхозбаан" АУо Саха сиринээҕи салаатын дириэктэрэ Василий Тимофеевтыын кэпсэтэбин.
"Россельхозбаан" Арассыыйаҕа бу этиллэр бырагырааманы үбүлээһиҥҥэ генеральнай кыттыгас (партнер) буоларынан, Саха сиринээҕи филиала өрөспүүбүлүкэҕэ эмиэ биир итинник балаһыанньалаах.
— Василий Васильевич, бу бырагыраама ис хоһоонун дьон үчүгэйдик билэригэр саарбахтаабаппын гынан баран, саха киһитэ төрдүгэр тиийэ салҕыбакка түөргүлэһэр майгытынан, өссө төгүл сиһилии истиэҕи баҕарыллар.
— Тыа сиринээҕи территориялары кэлим сайыннарыы бырагыраама «Тыа сиринээҕи ипотека», «Тыа сирин инфраструктуратын уонна олоҕун-дьаһаҕын тупсарыы» хос бырагыраамалардаах. Тыа сиригэр дьон төннүөн эбэтэр саҥалыы олохсуйуон, тыа хаһаайыстыбатыгар сыстан үлэлиэн наада. Сайдыы туохтан да тутулуктаммакка бара турар. Тыа сирэ саҥалыы сайыннаҕына, ханна баҕарар курдук, биир эрэ өрүттээх тыа хаһаайыстыбатын производствота буолара тохтуоҕа. Билиҥҥи кэм түргэн тэтимигэр киирдэҕинэ, олоххо-дьаһахха, өҥөнөн туһаныыга, үлэлиир эйгэҕэ, о.д.а. салааларга куораттыын араастаһыыта улам кыччаан иһиэхтээх.
Өссө ааспыт үйэ 60-с сылларыгар, оччотооҕу Сэбиэскэй Сойууска тыа сирэ уонна куорат бииргэ силлиһиилэрин (слияние) түмүгэр, олох-дьаһах өттүнэн уонна социальнай араастаһыылара муҥутуур кыччыахтааҕын туһунан бырагыраама ылылла сылдьыбыттаах эбит. Идьиэйэтэ, биллэн турар, аһара үчүгэй. Ол эрээри, биһиэхэ чаастатык буоларыныы, сөптөөх төрүттэниигэ олоҕурбатах, үчүгэй тирэҕэ уонна усулуобуйата суоҕуттан, таах кыһыл тылынан кынаттаныыга кубулуйан хаалбыт. Дойду норуотун хаһаайыстыбата сэриигэ ылбыт урусхалланыытын саҥардыыҥҥыта оһоруммут кэмигэр итинник сорук хайдах да гынан кыаллар кыаҕа суоҕа. Били, «аны сүүрбэ сылынан хомунньууһумҥа олоруохпут» диэн оччотооҕу биллиилээх «сирдьит» халлаантан ылан эппитэ анекдокка кубулуйбута быданнаабытын курдук. Аныгы сайдыы тыа сирин территорияларын куораттыы тииптээх силлиһиигэ тиэрдиэн сөп. Мин хайа да түбэлтэҕэ бу этиллэр бырагыраама оннук түмүккэ тиэрдиэҕэ диэн эппэппин. Тыа сирин сайдыыта куорат сайдыытыттан туспалаах буолуохтааҕа өйдөнөр.
Территориялары кэлим сайыннарыы бырагырааманан (2020-2025 сс.) инфраструктураны, оскуолалары, оҕо сааттарын тутууга 1 трлн солк. суумалаах үбүлээһин чопчу сыаллаах хайысхалаах сайдыыга туһуланар. Үбүлээһинигэр бүддьүөтү таһынан, инвестордар, бааннар кытталлар.
Олорор дьиэни тутууга «Тыа сиринээҕи ипотеканы» хос бырагыраама 3% кирэдьиитинэн туһаныахха сөп этэ. Манна эбэн эттэххэ, ыам ыйыгар биһиги өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын кытта «Тыа сиринээҕи ипотека» субсидиялааһын туһунан сөбүлэһиини түһэрсибиппит. Ол чэрчитинэн кирэдьиит ылааччы страховкалаах буоллаҕына 2,7% оннугар, 1,7%-наах кирэдьиитинэн туһанар буолла.
— Сыл аҥаара кэм ааста. Дьиэ ипотекатын боппуруоһугар уонна усулуобуйатыгар туох эмэ уларыйыы баар дуо?
— Суох. 21 сааһыттан ылар бырааптаах, иэһин төлөөн бүтэригэр 75-гэр диэри саастаах дойду хайа баҕарар гражданина бу ипотеканан туһанар кыахтаах. 100 тыһ. солкуобайтан 5 мөл. солкуобайга диэри сууманы (Уһук Илиннээҕи уокурукка) 25 сыл болдьоххо бэриллэр. Ылар киһи булгуччу дохуоттаах буолуохтаах. Үлэтэ, тус дохуота суох эдэр киһиэхэ ийэлээх аҕата биэнсийэлэринэн хос иэс ылааччыларынан (созаемщик) буолуохтарын сөп. Ипотека куоракка бэриллибэт. Оттон куораттан тыаҕа көспүт киһи маныаха хапсар. Улуус киинин олохтооҕо кирэдьиитинэн туһанар. Улуус киинин нэһилиэнньэтэ 30 тыһ. киһиттэн аҕыйах ахсааннаах буолуохтаах.
—Көр эрэ, биһиги эмиэ да бырамыысыланнастаах, ону кытта эмиэ да тыа хаһаайыстыбалаах балачча ахсааннаах улуустардаахпыт. Чэ, холобурга, Томпо (Хаандыга), Ленскэй, хотугу улуустарбыт. Маныаха балаһыанньа хайдах сүрүннэнэрий?
— Маныаха тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар нэһилиэктэрин дьонноругар-сэргэлэригэр ханнык да хааччах суох. Ленскэй куорат 30 тыһ. тахса киһилээх нэһилиэнньэлээх. Мииринэйтэн, Нерюнгриттан, атын да бырамыысыланнай бөһүөлэктэртэн тыа сиригэр олохсуйуон, дьиэ туттуон баҕалааҕы лупалаах көрдөөн булуохха сөп эбитэ дуу. Билиҥҥитэ оннук киһи көстө илик диэхтээхпин.
— Дьэ эрэ, оччотугар бүгүҥҥү күннээххэ төһө сайаапка киирдэ?
— Биһиги бааммыт бу хайысханан үлэтин кулун тутартан саҕалаабыта. Бу күннээххэ 1 млрд 894 мөл солк. суумалаах 738 сайаапкалаахпыт. Мантан 53 киһи 118 мөл солк. суумалаах кирэдьиити ылан турар. 418 мөл солк. 156 сайаапкаҕа сөбүлэҥ бэриллэн турар.
— Василий Васильевич, 2%-наах кирэдьиитинэн сайдыылаах дойдуларга эрэ туһаналларын туһунан истэн аҕай кэлбит дьон буолабыт. Маннык намыһах бырыһыаннаах кирэдьииккэ тиксэр, биһиэхэ улахан охсуһуута, хаана-сиинэ суох кыаллыбата буолуо дии санаабытым баара.
— Бэйи, тохтоо, күүтэ түс. Харантыыны өссө ким да халбарыта илик. Кэлиигэ-барыыга, айаҥҥа, тэрилтэлэргэ тиэстэргэ, приемнарга бу харантыын төһөлөөх мэһэйи, харгыһы үөскэппитэ буолуой? Бу пандемия аастын, дьон-сэргэ өрө тыына түстүн. Кэлэр сылтан сайаапка киириитэ элбиэҕэ диэн эрэллээхпит.
— Ол 21 саастаах эдэр киһи соҕотох турар бэйэтэ эрэ буоллун. Ол аата ойоҕо да, оҕото да суох. Бу ипотекаҕа хапсар кыахтаах дуо?
— Төлөһөр дохуоттаах уонна кыахтаах эрэ буолуон наада. Ипотека кирэдьиитин ылбыт киһи страховкалаах буоллаҕына, сыллааҕы бырыһыана 1,7%-ҥа диэри намтыыр. Маннык бырыһыаннаах ипотека элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ эмиэ үлэлиэн сөп. Страховкалаах киһи өллөҕүнэ эбэтэр төлөһөр кыаҕыттан таҕыстаҕына, страховой компания иэһин ордугун төлүөхтээх.
— Бу ипотека балаһыанньатынан бастакы уонна иккис ырыынактар үлэлииллэр дуо?
— Үлэлииллэр. Ипотека ирдэбилигэр сөп түбэһэр дьиэни атыылаһыаххын сөп. Кирэдьииттээх иэскин толору төлөөн бүтэрдэххинэ, дьиэ эн бас билиигэр киирдэҕинэ, хайдах баҕарар дьаһанар кыахтааххын.
— Төһө даҕаны кылгас бириэмэ ааспыт курдугун иһин, билигин хайыы-үйэ үчүгэйдик билиннэҕэ дии, бу ипотекаҕа дьон тугу ордук ыарырҕатар буолар эбитий?
— Туттар дьиэҥ булгуччу бырайыактаах уонна тутар бэдэрээччиктээх буолуохтаах. Маныаха уустуктар үөскүүллэр. Бэдэрээччик ИП анал туруктаах, аккредитацияны ааспыт буолуохтаах. Дьиҥэр, тыа сиригэр чуолаан мас дьиэни тутар биригээдэ аҕыйаҕа суох. Бу биригээдэлэр, нолуогу төлөөбөт туһуттан, сүрүннээн күнүнэн наймыламмыт холтууралааһын бэрээдэгинэн үлэлииллэр. Биллэн турар, маннык майгыннаах үлэлээх-хамнастаах биригээдэ, бу ипотека ирдэбилинэн, бэдэрээччигинэн буолар кыаҕа суох.
"Тыа сиринээҕи ипотеканы" олоххо киллэриигэ билиҥҥитэ "Россельхозбаан" генеральнай кыттыгас быһыытынан үлэлэһэ олорор. Эмиэ бу сылтан, «Тыа сиринээҕи территориялары кэлим сайыннарыы хос бырагыраама» чэрчитинэн, «Тупсаран оҥоруу» бырагыраама үлэлээн эрэр. Олорор дьиэни-уоту тупсарыыга (өрөмүөҥҥэ, гаас оттугу, ууну киллэриигэ, о.д.а. үлэлэринэн ситэри хааччыллыылаах оҥорууга) 3-5%-наах потребительскай кирэдьиит көрүллэр. Тупсаран оҥоруу үлэтэ эмиэ анал бэдэрээччиктээх буолуохтаах.
Уруккуттан үлэлээн кэлбит «Саҥа саҕалыыр фермер», «Дьиэ кэргэн фермата» бырагыраамалар, бу кэлим сайыннарыы бырагыраама хайысхаларын быһыытынан киирдилэр. 2020 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ тус сыаллаах (социальнай хайысхалаах) 1,5 млрд солк. бэдэрээлинэй харчы бэрилиннэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0