Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -21 oC

Күн бүгүн үгүс киһи биэнсийэ пуондатыгар, нолуокка төлөбүр улаханыттан саллан ИП буолуон баҕарбат. Холобур, баттах кырыйыыта, иистэнии, атах таҥаһын улларыы, уһаныы, ас астааһын, уо.д.а. бытархай өҥөлөр үксүлэрэ “күлүккэ” сылдьаллар. Биллэн туран, “күлүккэ” сылдьар биисинэс сайдар кэскилэ суох.

Күн бүгүн үгүс киһи биэнсийэ пуондатыгар, нолуокка төлөбүр улаханыттан саллан ИП буолуон баҕарбат. Холобур, баттах кырыйыыта, иистэнии, атах таҥаһын улларыы, уһаныы, ас астааһын, уо.д.а. бытархай өҥөлөр үксүлэрэ “күлүккэ” сылдьаллар. Биллэн туран, “күлүккэ” сылдьар биисинэс сайдар кэскилэ суох.

От ыйын 1 күнүттэн Арассыыйа бары эрэгийиэннэригэр бэйэ дьыалалаахтарга (самозанятый) нолуок саҥа эрэсиимэ олохтонно. Бу иннинэ маннык эрэсиим “пилотнай” бырайыак быһыытынан Москубаҕа, Москуба уонна Калуга уобаластарыгар, Татарстаҥҥа үлэлээбитэ. Кэлин Арассыыйа үрдүнэн барытынан тарҕанна.

Саҥа эрэсиимҥэ холбонуу сүрүн сыала-соруга диэн бытархай өҥөнөн дьарыктанар урбаанньыттар нус-бааччы үлэлииллэрин ситиһии буолар. Мэлдьи бэрэбиэркэттэн куттана, дук-дах туттан, “күлүк” ырыынакка уоран үлэлии сылдьар туох үчүгэйдээх буолуой? Ол гынан баран, саха – сэрэх омук. Барытын бэйэтэ биллэҕинэ-көрдөҕүнэ, бэрэбиэркэлээтэҕинэ сатанар. Онон саҥа нолуок туһунан урбааны өйүүр киин үлэһиттэриттэн сиһилии быһааралларыгар көрдөстүбүт.

Урутаан эттэххэ, күн бүгүн коронавирус сабыдыалыгар тыа сирин урбаанньыктара улаханнык оҕустаран олороллор. Эстибит-быстыбыт элбэх. Онон кинилэргэ бу иһитиннэриилэр ордук туһалаах буолуохтарын сөп.

Дьулустаан Юшков

Дьулустаан Юшков: “Аһаҕастык үлэлииргэ кыах бэрилиннэ...”

Дьулустаан Юшков, “Мин биисинэһим” өрөспүүбүлүкэтээҕи киин улуустааҕы салаатын салайааччыта, Амма улууһа:

– От ыйын 1 күнүттэн киирбит саҥа эрэсиими биһирээтим. Тыа сирин дьонугар чахчы көмөлөөх бырайыак буолсу. Бастатан туран, нолуокка төлөбүрэ аччыгый. Холобур, биирдиилээн дьону кытта үлэлиир буоллаххына – дохуоккуттан 4 %-нын төлүүгүн, тэрилтэлэри эбэтэр ИП-лары кытта үлэлиир буоллаххына – 6 %-нын. Ону сэргэ биэнсийэ пуондатыгар булгуччулаах төлөбүрэ суох.

– Кимнээх саҥа эрэсиимҥэ киириэхтэрин сөбүй?

 – Билигин ИП-та суох үлэлии сылдьар киһи элбэх. Холобур, дьиэ тутар биригээдэлэр, миэбэл оҥорооччулар, таксилар, баттах кырыйааччылар, ас астааччылар, уо.д.а. бааллар. Балар бары чэпчэтиилээх эрэсиимҥэ холбонон аһаҕастык үлэлиир кыахтаннылар. Этэргэ дылы, “күлүктэн” тахсан биисинэстэрин сайыннарар бырааптаналлар. 

– Туох үчүгэй өрүттээҕий?

 – Саҥа эрэсиимҥэ киирбит киһи “Мин нолуогум” (“Мой налог”) диэн сыһыарыыны холбуур уонна онон үлэлиир. Оччоҕо нолуога бүтүннүү көстөр. Үлэтэ суох киһи курдук сир-халлаан икки ардыгар сылдьыбат. Сыһыарыыттан ыспыраапка таһаартаран кирэдьиит эбэтэр ипотека ылар кыахтанар. Ону сэргэ мэдиссиинэ өҥөлөрүнэн босхо туһанар бырааптанар, медстраховкалаах буолар. Аны туран, ИП-лартан сокуонунан онлайн-касса ирдэнэр. Ону атыылаһыахха, туруоруохха наада. Онтуҥ эмиэ хос ороскуот. Оттон бэйэ дьарыктаах киһи касса эҥин атыыласпат. Сыһыарыы көмөтүнэн чек таһааран биэрэр кыахтанар.

Аны туран, бэйэ дьарыктаах дьон инникитин араас судаарыстыбаннай бырагыраамаларга хапсыахтарын сөп. Холобур, билигин номнуо чэпчэтиилээх кирэдьииккэ киирсэр кыахтаахтар. Инникитин граннар баар буолуохтара диэн этэллэр. Онтун эмиэ улахан көмө буоллаҕа. Этэн аһарбытым курдук, нолуоккун дохуоккуттан 4 % эбэтэр 6 % төлүүгүн, онтон атын отчуотуҥ, кумааҕыҥ суох.

– Кимнээххэ ордук туһалаах буолуон сөбүй?

 – Бэйэ дьарыктаах буолуу эрэсиимэ саҥа саҕалааччыларга туһалаах буолуон сөп. Бу эрэсиимҥэ холбоммут киһи сыллааҕы дохуота 2,4 мөл солк тахсыа суохтаах. Онтон таҕыста да, ИП буолуон наада. Онон дьон бэйэтин урбаан эйгэтигэр холонон көрөрүгэр табыгастаах.

Аны туран, билигин үлэлии сылдьар урбаанньыт, өскөтүн коронавирустан эмсэҕэлээбит буоллаҕына, бэйэ дьарыктаах буолуу эрэсиимигэр холкутук көһүөн сөп. Биир ый иһинэн нолуок уорганын сэрэтиэн эрэ наада. 

– Бу эрэсиимҥэ холбоммут киһи тугунан барытынан дьарыктаныан сөп дуо?

 – Хааччахтардаах. Акцизтаах табаардары атыылыыра көҥүллэммэт, о.э. арыгыны, табаҕы, спиртээх бородууксуйаны. Ону таһынан хамсаабат баай-дуол арендата, бэлэм табаарынан эргинии, сир баайын хостооһун, атын юридическай эбэтэр физическай сирэйдэр тустарыгар үлэлээһин хапсыбат. 

– Сезонунан үлэлээччилэргэ төһө табыгастааҕый?

 – Саҥа эрэсиими элбэх киһи ыйытар. Ол быыһыгар сезоннай дьарыктаах дьон кэлэллэр. Холобур, туризмынан дьарыктанааччылар. Билигин туризм Аммаҕа кэскиллээх салаа быһыытынан биллэр. Ол эрээри, сезоннай. Онон дьон “сайынын эрэ үлэлээн баран кыһыны быһа халтайга нолуок төлүүбүт дуо?” диэн ыйыталлар. Ону этиэххэ наада. Бэйэ дьарыктаах киһи үлэлиир, дохуот киллэринэр эрэ кэмигэр нолуок төлүүр. Үлэлээбэтэҕинэ, нолуогун тохтотор. Онуоха кинини ким да ыстырааптаабат, эккирэппэт. Инньэ гынан сезоннай үлэлээх оҕуруотчуктарга, тутааччыларга сүрдээх табыгастаах. Саамай сүрүнэ – бэйэ дьарыктаах буолуу эрэсиимэ дьону социальнай өттүнэн көмүскэллээх оҥорор. Мэдиссиинэҕэ, кирэдьииккэ, ипотекаҕа, судаарыстыба өйөбүлүгэр тиксэр кыахтаналлар.

Ньургуйаана Михайлова

Ньургуйаана Михайлова: “Тыа сирин дьонугар туһалаах эрэсиим киирдэ”

Ньургуйаана Михайлова, Урбааны өйүүр киин салайааччыта, Ньурба улууһа:

– Аныгы үйэҕэ ИП быһыытынан регистрацията суох киһи мэлдьи “күлүккэ” сылдьар. Хаһан баҕарар ыстырааптаныан сөп. Ону таһынан, өҥөлөрүн, табаарын аһаҕастык эрэкэлээмэлиир, атыылыыр кыаҕа суох. Ол эрээри үгүс киһи ИП буоларга тиэтэйбэт, тоҕо диэтэххэ биэнсийэ пуондатыгар, нолуокка төлөбүр ботуччута бэрт. Онон элбэх киһи уоран үлэлииргэ күһэллэр. “Күлүккэ” үксүгэр торт астааччылар, иистэнньэҥнэр, уустар, тыҥырах уонна кыламан оҥорооччулар, уо.д.а. сылдьаллар. Сүрүннээн тыа сиригэр маннык дьарыктаах киһи элбэх.

Билигин нолуок саҥа эрэсиимигэр холбоннохторуна, туохтан да толлубакка сокуоннайдык үлэлиир кыахтаналлар.

– ИП-тан туох уратылааҕый?

– Бүрүкүрээтийэтэ быдан аҕыйах. Отчуот, нолуок декларациятын эҥин туттарбаттар. Биэнсийэ пуондатыгар булгуччулаах төлөбүрдэри оҥорботтор. Баҕа эрэ өттүнэн оҥоруохтарын сөп. Сүрүн ирдэбилэ диэн – үлэһитэ суох буолуохтаахтар. Ыйдааҕы дохуоттара 200 тыһ. солк. тахсыа суохтаах. Дьиҥэ, тыа сиригэр үгүс киһи итиччэ суумаҕа тиэрдибэт. Онон сезонунан үлэлээччилэргэ, оҕуруот аһын атыылааччыларга, торт астааччыларга, уустарга, массыына өрөмүөннээччилэргэ олус табыгастаах эрэсиим дии саныыбын.

– Ньурбаҕа саҥа эрэсиими төһө сэҥээрэллэрий?

 – Урут тэрилтэбит Биисинэс-инкубатор быһыытынан үлэлии турбута. Билигин Урбааны өйүүр киин диэн буоллубут. Онон өҥөлөрбүт өссө кэҥээтилэр. Билиҥҥитэ биһигиттэн кэлэн саҥа эрэсиими элбэхтик ыйыталлар, консултаассыйаҕа сылдьан бараллар. Аны туран, тэрилтэбитигэр “Мин биисинэһим” өрөспүүбүлүкэтээҕи киин салаата үлэлиир. Инньэ гынан баҕарааччылары миэстэтигэр регистрациялыыр кыахтаахпыт.

– Коронавирус кэмигэр урбаан ханнык көрүҥнэрэ ордук эмсэҕэлээтилэр?

– Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн өҥөнү оҥорор эйгэ ордук эмсэҕэлээтэ. Дьон 3-түү, 4-түү ый үлэлээбэккэ олордо. Ол гынан баран аренданы, хомунаалынай өҥөлөрү төлүөххэ, үлэһиттэри хамнастыахха наада буоллаҕа. Инньэ гынан Ньурбаҕа элбэх урбаанньыт эстэр кутталлаах. Мин санаабар, үгүстэрэ ИП-ларын сабан баран бэйэ дьарыктаах буолуу эрэсиимигэр холбоноллоро буолуо.

Мария Саввина

Мария Саввина: “Сокуонунан көмүскэллээх буолуу эрэсиимэ”

Мария Саввина, Сунтаардааҕы урбааны өйүүр киин дириэктэрэ:

– Бытархай өҥөлөрү оҥорооччуларга аһара табыгастаах эрэсиим киирдэ. Нолуога сүрдээх аччыгый. Холобур, 100 солк дохуоттан 4 солк төлүүгүн, ол аата дохуоккуттан 4 %-нын эрэ. Юридическай сирэйдэри кытта үлэлээччилэр – 6 %-нын төлүүллэр. Мин санаабар, торт астааччылар, репетитордар, уо.д.а. бытархай өҥөлөрү оҥорооччулар аһаҕастык үлэлииллэригэр табыгастаах. Бэрэбиэркэттэн, ыстырааптан куттаммакка үлэлиир кыахтаналлар. Ону сэргэ бэйэ дьарыктаах дьон кирэдьиит ылыахтарын эбэтэр субсидияҕа тиксиэхтэрин сөп. Этэргэ дылы, сокуонунан көмүскэллээх буолаллар. Урбаан министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, нолуок ыстаапката 2029 сылга диэри уларыйбат. Аны туран, дьон төлөммүт нолуоктарыттан 10 тыһ. солк төнүннэрэр кыахтаныахтара.

Инникитин бэйэ дьарыктаах буоларга ирдэнэр сааһы намтатар былааннаахтар, о.э. 16 саастарыттан үлэлиир кыахтаныахтара.

Түмүккэ

Урбаанынан идэтийэн дьарыктаныан баҕарааччыларга саҥа эрэсиим элбэх кыаҕы биэрэр. Судургутук суоттаан көрдөххө, өскөтүн сылга 2,4 мөл солк муҥутуур суумалаах өҥөнү оҥордохпуна, нолуокка 96 тыһ солк төлүүр эбиппин. Онтон ордугун бэйэбэр – биисинэспин сайыннарарга эбэтэр айахпар хаалларабын. Орто хамнастаах бүддьүөт тэрилтэтигэр итиччэ хамнаһы аахсарын саарбах. Үчүгэйэ диэн – тутуллуом диэн куттаммакка социальнай ситимнэринэн аһаҕастык тахсар, быыстапкаларга кыттар, эрэкэлээмэлэнэр кыахтанаҕын. Кылгастык саҥа эрэсиими билиһиннэрдэххэ итинник. Сиһилии хоруйдары “Мин биисинэһим” киин эбэтэр Урбааны өйүүр кииннэр испэсэлиистэриттэн ылыаххытын сөп.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31