Манна сиэттэрэн, халлаан туруга билигин дьону-сэргэни үөрдэ турар кэмигэр атыы-эргиэн долбууругар сыана хайдаҕын үөрэтээри икки атахпынан ырыынактары кэрийдим. Дьокуускай киин ырыынагар сыана хайдах араастаһарын туһунан биһиги фоторепортажпытыгар ааҕыҥ.
Лермонтова уул. “Крестьянскай” ырыынакка оҕуруот аһа, фрукта арааһа киһи хараҕын сымнатар эрээри, олохтоох нэһилиэнньэ бородууксуйатын сыаната үрдүк. Сорох долбуурдарга сыана ыйыллабатаҕа хомолтолоох. Кинилэртэн атыылаһымаҥ, сыананы үрдэтиэхтэрин сөп диэн сүбэлиэм этэ. Кууһунан ылыыга 1 сортаах оҕурсу 220 солк., 2 сорт – 150 солк., биирдиилээн атыыга – 245 солк. (1 сорт) уонна 165 солк. (2 сорт) араастаһар. Помидор сыаната киилэтэ 250-275 солк. диэри үрдүүр, укуруоп, салат, күөх луук – 20-35 солк. Хортуоппуй киилэтинэн 35 солк. саҕалаан 95 солк. диэри үрдүүр.
Атын ырыынактары кытта тэҥнээтэххэ, сыана улаханнык араастаспат. Ону таһынан олохтоох нэһилиэнньэ үүннэрбит уонна тастан аҕалыллыбыт оҕуруот аһа улахан уратыта суох эбит. Онон ким ханнык ырыынакка, тугу талан атыылаһара бэйэтин баҕа санаатынан.
“Бородууксуйабыт минньигэстэр, хаачыстыбалаахтар, химията суохтар”, — диэн урбаанньыттар кэпсииллэр. Аны туран, сотору кэминэн сыана үрдүөҕэ диэн эттилэр.
Санатар буоллахха, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатыгар оҕуруот аһын уонна фрукта сыанатын хонтуруолга тутарга соруйбута. Кистэл буолбатах, коронавирус тэнийэр кэмигэр сорох урбаан күннэтэ туттуллар аска-үөлгэ сыананы ыаратар түгэннэрэ бэлиэтэнэр. Оттон күннэтэ туттуллар бородуукта испииһэгэр хортуоппуй, эриэппэ луук, хаппыыста, моркуоп, дьаабылыка киирэллэр. Сокуон хараҕынан билигин бу ыйыллыбыт бородуукталар сыаналарын бырабыыталыстыба хонтуруоллуур. Манна даҕатан ырыынак сыаната сөптөөх нуорматтан үрдүө суохтаах. Сокуон ирдэбилинэн, сүрүн бородуукталар испииһэктэригэр киирэр ас-үөл сыаната оҥорон таһаарааччы ыйбыт сыанатыттан 15 % куоһарыа суохтаах.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0