Быйыл оскуола баһаара үлэлиир кэмигэр араас тэрээһин ыытыллара эрдэ иһиллибитэ: кэнсиэр, сүүйүүлээх оонньотуу, экологияҕа сыһыаннаах, аһымал аахсыйалар... Өрөбүл күн үөрэх тээбиринин, оҕо таҥаһын сыаналарын бэлиэтэнээри, репортаж оҥороору Хомсомуол болуоссатын диэки хаамтым. Болуоссакка ырыа-тойук тардыллыбыт. Киирэр аантан массыыналар ыга симиллэн тураллар, киһи хаамар да сирэ суох. Соһуйуом иһин, баһаары кэрийэн көрөөччү, атыылаһааччы бэрт кэмчи буолан биэрдэ.
“Столичнай” ырыынак табаардара...
Оскуола баһаарын хаһыс да сылбын суруйар буоламмын, сылдьа үөрэммит киһи буоларым быһыытынан, урукку сыллары кытта тэҥнээн көрүөхпүн сөп. Манна атыыһыттар үксүн “Столичнай” ырыынактан “көһөн” күккүрээн кэлэллэр. Таҥас-сап хаачыстыбата үкчү кытай ырыынагын курдук, онно баар табаардар манна ыйанан тураллар. Болуоссакка миэстэни арыандалаан олорор буоланнар, сыаналарын үрдэтиэхтэрин сөп. Быйыл Арассыыйаҕа тигиллибит таҥас-сап кэмчи, үксүн кыра кылаас оҕолоругар сөптөөх табаар атыыланар. Атыыһыт дьахтар: “Үрдүкү кылаастар мантан таҥныбаттар, маҕаһыынтан атыылаһаллар. Ол иһин кинилэргэ сөптөөҕү аҕалбаппыт”, – диэн кэпсээтэ. Биллэр бренд таҥастар репликалара элбэхтэр. Хаачыстыбата, биллэн турар, ортоһуордар. Биир атыыһыт эр киһи сахалыы оһуордаах кэмпилиэк таҥаһы тэлимнэтэ турар. Сыаната маннык: улахан киһиэхэ сөптөөҕө – 2000 солк., оҕоҕо – 1500 солк. Ханна тигиллибитин ыйыппыппар: “Узор якутский, производство – наше, кыргызское”, – диэн хоруйдаата.
Быйыл дьаарбаҥкаҕа 40 урбаанньыт уонна тэрилтэ табаары атыылыыр. Урукку сылларга оскуола баһаарыгар мэлдьи кытайдар төгүрүк сирэйдэрэ мэлтэһэн олорор буолара. Быйыл биир даҕаны кытайы түбэһэ көрбөтүм. Атыыһыт 80 %-на – Орто Азия омуктара. “Это кыргызский товар” дэһэллэр, матырыйаалын хаачыстыбата, тигиитэ кытай киэниттэн биллэ үчүгэйин туһунан этэллэр. Аҕыйах саха кыргыттара бааллар. Арааһа, нойуомньук үлэһиттэр. Чааһынай атыыһыттары сэргэ “Акварель”, “Книжный маркет”, “Бичик” уо.д.а. тэрилтэлэр маҕаһыыннара табаардарын эмиэ тардыбыттар.
Сыана төһө үрдээбитий?
Оскуола үөрэнээччилээх төрөппүттэри долгутар ыйытыы: быйыл үөрэх тээбирин сыаната төһө үрдээбитий? От ыйыгар үөрэх тээбирин сыаната (холобур, дневник 284 %, тэтэрээт 241 %, портфель, үрүсээк 200 %) эмискэ үрдээбитин туһунан сурах тарҕанан төрөппүттэр улаханнык долгуйбуттара. Долгуйуохтарын долгуйаллар: хайа да балаһыанньаҕа оҕолорун оскуолаҕа тэрийэн ыыталларыгар тиийэллэр. Үөрэх тээбириннэрин атыылыы турар дьахтар: “Дьокуускайга быйыл сыана ортотунан 10-15 % үрдээтэ. Холобур, былырыын 45 солк. атыыламмыт уопсай тэтэрээт, быйыл 54 солк. буолла. Сыана сыл аайы итинник үрдүүр”, – диэн кэпсээтэ. Мин көрбүппүнэн, сыана үөрэх дьылын саҥатыгар мэлдьи буоларын курдук үрдээбит. Ол эрээри от ыйыгар кэпсээн аймаабыттарын курдук, 150-200 % үрдээбит сыаналаах табаары биири даҕаны көрбөтүм. Саамай чэпчэки уруучуканы 10 солк., 12 лиистээх тэтэрээти 8 солк., харандаас килиэйи 45 солк. атыылаһыахха сөп. Итилэр сыаналара – былырыыҥҥытын курдук, уларыйбатах.
Арассыыйа атын куораттарыгар сыана төһө хамсаабытый? Арассыыйатааҕы “Парламентская газета” суруйарынан, быйылгы үөрэх дьылыгар биир оҕону оскуолаҕа тэрийэргэ ортотунан 14 000 солк. баранар диэн суоттаабыттар. Ол былырыыҥҥыттан 20 %-нан үрдүк. Дойду үрдүнэн канцелярскай тээбирин сыаната 7 %, онтон үрүсээк 14 % үрдээбитэ билиннэ. Судаарыстыба Дууматыгар Ыччат парламенын бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Шатунов Федеральнай антимонопольнай сулууспаҕа “үөрэх тээбиринин сыанатын хонтуруоллааҥ, салгыы үрдээбэтин хааччыйыҥ” диэн этиилээх таҕыста.
Аахсыйаларга кыттыаххайыҥ!
Дьаарбаҥка үлэлиир кэмигэр хас да аахсыйа ыытыллар. Ол курдук, “Оҕону оскуолаҕа тэрий” аахсыйаҕа ким баҕарар кыттыан сөп. Хомуллубут үөрэх тээбирин, таҥаһы-сабы элбэх оҕолоох ыалларга түҥэтиэхтэрэ. Маны таһынан сайын халаан уутугар эмсэҕэлээбит Дьааҥы оҕолоругар көмө аахсыйа тэриллэр. Кинилэргэ анаан үөрэх тээбиринин туттарыахха сөп.
Аһымал аахсыйалары сэргэ экологическай аахсыйа буолар. “Готовимся к школе с заботой о природе” аахсыйаҕа хортуону, макулатураны хомуйаллар. “Робототехника оскуолата” уонна “Web-дизайн оҕо оскуолата” претензияларын аан маҥнай көрөөччү киэҥ дьүүлүгэр таһаарыахтара.
Таҥас-сап
Маҥан булууһа: алын кылаас кыргыттарыгар – 1200 солк. саҕалаан, улахан кылаас кыргыттарыгар – 1500-2500 солк. (Кытай). Кыыс оҕо сарапаана (алын кылаас) – 1800-2200 солк. Дьууппалаах сэлиэччик (алын кылаас) – 1200 саҕалаан. Маҥан баантык – 250 солк. Маҥан колгуотка – 250 солк. Уол ырбаахыта: алын кылаастарга – 800-1200 солк. саҕалаан, үрдүкү кылаастарга – 1500-2800 солк.
Бүрүүкэ: алын кылаас уолаттарыгар – 1200-1500 солк., үрдүкү кылаастарга – 1700-2700 солк. Уол сэлиэччигэ (алын кылаас) – 600-1500 солк.
Спортивнай көстүүм: алын кылаастарга – 2500-4500 солк., улахан кылаастарга: – 3500-5500 солк. Оскуола оҕолоругар сөптөөх спортивнай көстүүм сыаната “Адидас”, “Найк” курдук брендовай маҕаһыыннарга икки төгүл үрдүк. Холобур, улахан кылаас үөрэнээччитин көстүүмүн 5000-6000 солкуобайтан итэҕэскэ атыыласпаккын.
Кроссовка: Уолуттан кыыһыттан тутулуга суох 1500 саҕалаан 4500 солк. диэри атыыланар. Алын кылаас үөрэнээччилэригэр саамай чэпчээбитэ 1200 солк. булуохха сөп.
Үөрэх тээбиринэ: Уруучука – 10 солк. саҕалаан 250 солк. диэри (паачканан атаалыстахха, сыаната биллэ чэпчиир диэн эттилэр). Боростуой харандаас – 10-55 солк. 8 өҥнөөх харандаас нобуора – 8-100 солк. 12 өҥнөөх харандаас нобуора – 150-200 солк. 24 өҥнөөх харандаас нобуора – 250-320 солк. 12 өҥнөөх фломастер – 180-250 солк. 10 өҥнөөх акварель кырааска – 100-150 солк.
12 өҥнөөх акварель кырааска – 160-230 солк. Уу кутар иһиттээх акварель кырааска – 250 солк. Үөһээ Штрих – 50-150 солк. Харандаас килиэй – 45-120 солк.
Тэтэрээт: 12 лиистээх – 8 солк. 18 лиистээх – 12 солк. Биридимиэт тэтэрээтэ – 40-100 солк. 80 лиистээх пружиналаах тэтэрээт – 80-150 солк.
Альбом: 12 лиистээх – 35-50 солк. 40 лиистээх – 50-80 солк. Циркуль – 450 солк. Пластилин – 120-250 солк. Дневник 80 солк. саҕалаан атыыланар. Кытаанах тастаах ыйынньыктаах дневнигы 250-300 солк. атыылыыллар. Уруучуканы, харандааһы уурар анал иһит – 350-450 солк. Кинигэни уурар поставка – 40 солк. Үөрэх тэрилин нобуора (уруучукалаах, харандаастаах, кыптыйдаах, сотор эрэһиинэлээх, линейкалаах) – 250-550 солк.
Линейка кылгас – 35 солк., уһун – 80 солк. Линейка нобуора – 150-200 солк. Кыптый – 60-250 солк. Боростуой пеналы 70 солк. атыылыыллар. Икки истээх үөрэх тээбэриннэрдээх сымнаҕас пенал – 200-1200 солк.
Үрүсээх суумка: Алын кылаас үөрэнээччилэригэр – 1200-5000 солк., улахан кылаастарга – 2500-6000 солк.
***
Оскуола баһаарыттан алын кылаас үөрэнээччитин үөрэх дьылыгар тэрийэргэ ортотунан ортотунан 8000-10000 солк. барыыһы. Тоҕоһолоон этиим, саамай чэпчэки сыаналааҕы ылар түгэҥҥэ. Онтон маҕаһыынтан үчүгэй хаачыстыбалааҕы көрөр буоллахха, аҥаардас биир оскуола формата 6000 солк. атыыланар.
Хомсомуол болуоссатыгар оскуола баһаара балаҕан ыйын 4 күнүгэр диэри сарсыарда 9 чаастан киэһэ 6-ҕа диэри өрөбүлэ суох үлэлиир. Дьаарбаҥканы СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министииристибэ өйөбүлүнэн “Якутская ярмарка” АУо тэрийэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0