Манна талба талааннаах иистэнньэҥнэр, тимир уустара, мас уустара уонна да атын ураты суоллаах маастардар үлэлэрэ турдулар. Тэрээһин ааптара – биллиилээх маастар, учуонай Светлана Ивановна Петрова-Уран Хатыҥ. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биллэр-көстөр маастардары көччөх гынан көтүппүт уһуйааччы, быраактык-теоретик учуутал. Быыстапкаҕа анаан-минээн Сахабыт сирин үгүс улуустартан муһуннулар, Орто Халыма, Дьааҥы, Кэбээйи курдук ыраах сирдэртэн кэлитэлээтилэр. Чугас сытар улуустартан этэ да барыллыбат, элбэх маастар кэлэн кытынна. Маны таһынан, саха каталогун 2 чааһа – Саха сирин декоративнай-прикладной искусствотын каталога сүрэхтэннэ, кинигэ ааптардарынан Светлана Ивановна Петрова уонна бырайыак ааптара, кинигэ таһаарааччы Анетта Андреевна Егорова буолаллар.
Бу үөрүүлээх түгэнинэн туһанан маастардар айар аартыктарын арыйар киһилэригэр С.И. Петроваҕа сүгүрүйэллэрин биллэрэн үгүс махтал тылларын эттилэр. Учуонай С.И. Петроваҕа үөрэнии иис-уус эрэ сайдааһыныгар буолбакка, ону-таһынан сахабыт тыла сайдыыта эмиэ көстөрүн болҕомтоҕо ыйдылар. Элбэх умнууга баран эрэр сахалыы тылбытын биллибит-көрдүбүт дииллэр, төрүт тылбыт сайдара манна эмиэ ньыма буолара бэлиэтэннэ. Ону тэҥэ, элбэх киһи үлэнэн хааччылыылаах буолуута эмиэ бэлиэтэннэ.
Онон тохсунньу 31 күнүгэр диэри быыстапкаҕа сылдьыҥ, көрүҥ.
- 0
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0