– Биһиги бэҕэһээ көтөн кэллибит, быыстапка кулун тутар 17 күнүгэр үөрүүлээхтик аhыллыаҕа. Санкт-Петербург бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин көмөтүнэн сахалыы алгыһынан аhыахпыт. Бары биир дойдулаахтарбытын Российскай этнографическай түмэлгэ кэлэн көрѳргүтүгэр ынырабыт”, — диир этнография секторын исписэлииһэ Елизавета Алексеева.
Быыстапка 8 хайысхаҕа арахсар:
- XVIII үйэтээҕи эр киһи кыһыҥҥы сахалыы таҥаһа уонна XIX үйэтээҕи сахалыы таҥас;
• Тимир оҥоһуктар: батас, батыйа, кылыс уо.д.а.;
• Үрүҥ көмүс сахалыы киэргэллэр: бастыҥа, илин-кэлин кэбиһэр, кур уо.д.а.;
• XVII–XIX үйэлэрдээҕи сылгы тэрилэ: ыҥыыр, үүн, кымньыы уо.д.а.;
• Кымыс иһэргэ аналлаах тэриллэр: симиир, ытык, күөрчэх, чороон, кытыйа уо.д.а.;
• Саха мусуойун уонна РЭМ пуондатыттан туос уонна мас оҥоһуктар;
• РЭМ пуондатыттан муос оҥоһуктар;
• Норуот маастардарын оҥоһуктара.
Тэрээһин чэрчитинэн мусуой үлэһиттэрэ норуот маастардарын тустарынан киинэлэри көрдөрүөхтэрэ, саха национальнай таҥаһын туһунан лиэксийэ ааҕыахтара, сылгы сиэлинэн өрүүгэ маастар-кылаастары ыытыахтара уонна оҕолорго сахалыы остуол оонньууларын тэрийиэхтэрэ.
Санатан эттэххэ, 2022 сыл сэтинньи 9 күнүгэр «Арассыыйа этнография мусуойа» култуура федеральнай судаарыстыбыннай бүддьүөт тэрилтэтэ уонна СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ бииргэ үлэлээһин туһунан Сөбүлэһиини түһэрсибиттэрэ.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0