Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Лев Гумилев түөрүйэтинэн, олоҕу айар-тутар дьоҕурдаах, айылҕаттан лиидэрдии хаачыстыбалаах, сонун идиэйэлэри тарҕатар, дьону-сэргэни үлэҕэ-үөрэххэ көҕүлүүр, саҥа суолу солоон, сирдьит буолар пассионарийдар эрэ олоҕу сайыннарар, уларытар, бүтүн норуоттары үөскэтэр кыахтаахтар.  Оннук айылгылаах дьоҥҥо салайар үүнү туттарбыт киһи, төһө эрэ сыыдамнык, тэтимнээхтик сайдыы суолунан айаннатыа, элбэҕи оҥоруо этилэр.

Лев Гумилев түөрүйэтинэн, олоҕу айар-тутар дьоҕурдаах, айылҕаттан лиидэрдии хаачыстыбалаах, сонун идиэйэлэри тарҕатар, дьону-сэргэни үлэҕэ-үөрэххэ көҕүлүүр, саҥа суолу солоон, сирдьит буолар пассионарийдар эрэ олоҕу сайыннарар, уларытар, бүтүн норуоттары үөскэтэр кыахтаахтар.  Оннук айылгылаах дьоҥҥо салайар үүнү туттарбыт киһи, төһө эрэ сыыдамнык, тэтимнээхтик сайдыы суолунан айаннатыа, элбэҕи оҥоруо этилэр.

Ону баара, үксүн аакка-суолга эрэ баҕалаахтар, дуоһунаска тиксэн, уоран сиэн-аһаан байар адьынаттаахтар, тус интэриэстэрин эрэ көрүнэр бэйэмсэхтэр, сирэй көрбөхтөр былааска талаһаллар уонна... тахсаллар. Ол иһин олохпут тупсан-туругуран киирэн барбат.

Ол эрээри пассионарийдарыҥ оннук омсолоох көстүүлэртэн, итинник кыра ычалаах дьонтон кыһыйбакка-абарбакка, бириэмэни аахсыыга бараабакка, үөһэттэн өйөбүл да ылбатахтарына, онтон самнан хаалбакка, харчы тиийбэтин харгыс оҥостубакка, иннилэрин хоту баран иһэллэр, соруммуттарын  ситиһэргэ дьулуһаллар.

         Оннук ыччаттан биирдэстэрэ – Сардаана Сыромятникова. Судаарыстыбаттан биир кэлтэгэй кэппиэйкэни ылбакка эрэ, бэйэтин баҕатынан Сахатын сирин имиджин оҥорсор, экология боппуруоһун көтөҕөр, култуурабытын, ускуустубабытын, фольклорбутун сыыппараҕа көһөрөн, куйаар ситимигэр үйэтитэр, сахалыы ааҕыыны көҕүлүүр, Өксөкүлээҕи үйэтитиигэ, саха тылын ыччакка тарҕатыыга үлэлэһэр, киинэ индустриятын сайыннарыыга кылаатын киллэрсэр дьиҥнээх уонна төлөннөөх уопсастыбанньык.

сарданасыр7

         --Сардаана, мин эйигин наһаа сөҕө көрөбүн --  араас эйгэни дьүөрэлии тутан, барытыгар көхтөөхтүк үлэлэһэргин: “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа бэрэссэдээтэлэ Д.А. Медведев эрэгийиэннээҕи приемнайын, “Амма кырдалын ыччата” бырайыагы, “Наследие Кулаковского” хамсааһыны, “Девушки-лидеры” форуму сүрүннээччи, Хотугу форумҥа экология сиэссийэтин иилээн-саҕалаан ыытааччы, Culture-yakutia.com саайты төрүттээччи,  сахалыы ютубу киэҥ эйгэҕэ таһаарааччы, эдэр кэрэспэдьиэннэр медиа-оскуолаларын тэрийээччи, саха тылын көҕүлээччи, Саха сирин тас дойдуларга билиһиннэрээччи, саха киинэтин өйөөччү -- барыта эн! Ити өссө дьарыккын-дьоҕургун ситэ аахпатым. Саамай сүрүнэ, ити дэгиттэр өрүттэргин барытын отчут-масчыт тыа кыыһа буоларыҥ киэргэтэн-тупсаран биэрэр. Чэ, баҕар, эн Дьокуускай үчүгэй көрдөрүүлээх оскуолатыгар уһуйуллубут, төрөппүттэриҥ кыраҕыттан анаан-минээн эйигин эрэ сайыннарыынан дьарыктаммыт, хара үлэҕэ эриллибэккэ, маанытык улааппытыҥ эбитэ буоллар, мин: “Итиччэ бүөбэйдэммит оҕоттон, ама, баччалаах киһи тахсыбат буолуо үһү дуо?” – диэн, соччо сэҥээриэм суоҕа этэ. Ону баара, алаастан көтөн тахсаҥҥын, өрөспүүбүлүкэ кэскилин түстэһэ, дириҥ суолталаах үлэни ыыта сылдьаргын хайгыы эрэ көрөбүн.

сар коров333

         -- Мин, кырдьык, алаас кыыһабын. Чурапчы Дириҥиттэн төрүттээхпин. Дойдубар тиийдим эрэ, Уһун Күөлбэр сылдьыбакка кэлбэппин. Аҕам онно нэдиэлэ барбатаҕына тэһийбэт. Кинилиин илимниирбин наһаа сөбүлүүбүн. Дьонум сүөһүлээхтэр, онон сайын аайы оттуубут. Урут тиэхиньикэбит суох эрдэҕинэ, мин: “Тоҕо хаарыан кылгас сайыммытын наар ходуһаҕа атаарабыт?!” – диэн кыҥкыйдаан ыларым. Билигин дьоммор махтанабын – айылҕалыын алтыһыннаран, өбүгэ дьарыгар сыһыаран, олоххо бэлэмнээх гына ииппиттэригэр. Аҕам Николай Гаврильевич Собакин сахалыы мындыр көрүүлээх киһи. Дьоҕур-сатабыл бөҕөтө, ол гынан баран, хаһан да аакка-суолга да, баайга-дуолга да таласпатаҕа, сэмэйдик дьаһанан олорор. Ис көҥүллээх буолан, оннук солото-дуоһунаһа да суох кини дьоллоох, бу билигин баартан дуоһуйар. Ийэм Антонина Тимофеевна оҕолору муусукаҕа уһуйар. Кэрэ эйгэтин кэрэ киһитэ хотоҥҥо сылдьар, ынахтарын бэйэтэ көрөр. Мин эмиэ үлэни “хара” уонна “үрүҥ” диэн араарбакка, тэҥҥэ тутабын.

сар родит

         -- Ол иһин сарсыарда өттүгэр муоста кырааскалыы сылдьыбыт кыыспыт киэһэтигэр Арктика экологиятыгар туһуламмыт норуоттар икки ардыларынааҕы Хотугу форуму ыыта олороруҥ.

         -- Ирбэт тоҥмут ирэн иһэрэ миигин уруккуттан долгутар. Төрөөбүт Дириҥим көнө кырдала уонча сыл иһигэр бысталанан, уулаах быллаардарга кубулуйбута дьиксиннэрэр. Дэлэҕэ Аангылыйа “BBC” теле-ханаала сирбит ол уларыйыытын кэлэн устуо, аан дойдуга суоһуур иэдээн, билиҥҥи кэм сүрүн кыһалҕата буоларын бэлиэтиэ үһү дуо? Саха сирэ 90 %-на ирбэт тоҥ иэнигэр хабыллар. Онон 2018 сыллаахха Ил Түмэн «Об охране вечной мерзлоты в Республике Саха (Якутия)» диэн сокуону ылыммыта. Аны билигин Госдума таһымыгар “Об охране и рациональном использовании вечной мерзлоты в Российской Федерации” сокуону ылыналларын ситиһиэхпитин наада.

сар клим11

         Кэлиҥҥи кэмҥэ баһаардар элбээннэр, онно эбиитин 2000 сыллардаахха солко өрөөччү диэн кэрбээччи үөн ыһан, ойууру-тыаны куруҥҥа кубулутан, онтон сылтаан тыа мууһа ууллан, билигин үгүс ходуһа күөл буолан турар. Аны суол алдьанан, сорох оттуур сирдэргэ кыайан барбат буоллулар. Онтон сылтаан элбэх ыал сүөһүтүн эстэ. Оттон төрүт дьарыктан тэйии өй-санаа, олоххо сыһыан, култуура уларыйыытыгар тириэрдэр. Саха култуурата, итэҕэлэ үйэ-саас тухары айылҕаны кытта ситимнээх.

         --  Оннук. Дьэ, эн ханнык да министиэристибэ санамматах сүҥкэн үлэтин оҥорон саҕалаатыҥ. Ол курдук, саха култууратын, фольклорун, ускуустубатын туһунан матырыйааллары видеоҕа устан, хаартыскаҕа түһэрэн, көмпүүтэргэ бэчээттээн, Culture-yakutia.com саайкар уган, Интэриниэт ситимигэр үйэтитэн эрэҕин. Бэйэҥ историк идэлээх киһи туохтан маннык өйгө-санааҕа кэллиҥ?

         -- Итиннэ элбэх төрүөт баар. Бастатан туран, “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатыгар дириэктэри солбуйааччынан ананан кэлэн баран, төрөөбүт тыл бэлиитикэтэ кэнчээри ыччакка бэчээтинэн эрэ бара турарын билэн соһуйбутум. Хаһыакка эрэ үбү-харчыны көрөллөрө. Дьиҥэр, хаһыат бэйэтин кэмигэр информацияны сүрүн тарҕатааччы эбит буоллаҕына, билиҥҥи XXI үйэҕэ Интэриниэт ситиминэн сонуну-нуомаһы тиэрдэр быдан түргэн уонна табыгастаах буоллаҕа эбээт. Оҕо барыта төлөпүөннээх буоллаҕа дии. Онно өйдөөбүтүм: почтанан ыйы-ыйдаан айанныыр хаһыаттан-сурунаалтан ураты сахалыы контеммыт суоҕун. Ол кэнниттэн оҕолорбут нууччалыы саҥарымыналар. Ол иһин хамаанда тэринэн,  Саха сирин төрүт олохтоохторун остуоруйаларын түмэн, электроннай бибилэтиэкэ, ону таһынан мобильнай сыһыарыы, ютубка ханаал, инстаграмҥа сирэй,  keskil14.ru саайт оҥорбуппут.

сар кэс

         Айар дьоҕурдаах үөрэнээччилэри суруналыыстыкаҕа уһуйар медиа-оскуоланы тэрийбиппит. Онно дьарыктанар юнкордарбыт быраактыка баралларыгар бэртээхэй буолуо диэн, “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээлгэ кэрэспэдьиэн быһыытынан үлэлэтээри, куорат дьаһалтатыгар бара сылдьыбытым. Итиччэ киэҥ далааһыннаах, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах тэрээһини медиа-былаана суох ыыталларын бэркиһээммин, пресс-кииннэрин салайарга тылламмытым. Аны, ыалдьыт бөҕөтүн ыҥыраллар. Олорго Саха сирин билиһиннэрэр, туох бэстибээлгэ кэлэллэрин сэһэргиир информацияны Интэриниэккэ укпаттар эбит. Ол иһин кылгас кэм иһигэр winteryakutia.com саайты оҥоро охсон үлэлэппиппит. Култуурабытын сыыппаралааһыҥҥа ити бастакы хардыыларым этэ.

сар зима99

         --Оттон иккис төрүөт?

         -- Тыл уонна култуура биир ситимнээхтэр буоллаҕа дии. “Кэскилгэ” наар сахалыы ааҕыыны көҕүлүү сылдьан, тылбыт сүөгэйэ-сүмэтэ иҥэн сылдьар төрүт ырыабытын-тойукпутун, олоҥхобутун-остуоруйабытын, чабырҕахпытын-таабырыммытын сэҥээрэр буолан барбытым.

         Ити кэмҥэ Аммаҕа олорор эколог-уопсастыбанньык Саргылаана Неустроевалыын билсэн, “Амма кырдалын ыччата” диэн эко-духуобунай форуму тэрийбиппит. Бастаан Амма кытылыгар турар нэһилиэктэр ыччаттарын эрэ түмэрбит. Кэлин 2016 сылтан ким баҕалааҕы барыларын ыҥырар буолбуппут. Саамай сөбүлээбитим – бу тэрээһин көҥүл киэптээҕин. Ол эбэтэр анал бырагыраамата, тиэмэтэ суох ыытыллар. Кутаа тула олорон, Амма кэрэ айылҕатын көрө-көрө, тулалыыр эйгэни харыстааһын, ыччат кэскилин туһунан кэпсэтэбит, ким туох дьарыктааҕын, бырайыактааҕын билиһиннэрэр. Саргылаана Александровна сэһэргэһиибитин сатабыллаахтык Өксөкүлээх Өлөксөй айымньыларыгар туһаайан биэрэр үгэстээх. Холобура, Саха сирин сайдар суолун туһунан ырытыһарбытыгар, кини: “Оттон Кулаковскай     “Письмо якутской интеллигенции” суругар маннык эппитэ”, – диэн, Өксөкүлээх эйгэтигэр киллэрэн кэбиһэр.  Итинник  ньыманан угуйан, элбэх ыччат Өксөкүлээҕинэн үлүһүйбүтэ, бөлүһүөк-суруйааччы айар үлэтин сэҥээрбитэ. Миигин Саргылаана Александровна Людмила Реасовна Кулаковскаяны кытта билиһиннэрбитэ. Кинилиин лекторийдары эҥин тэрийэрбит. Людмила Реасовна суох буолбутун кэннэ, Сербияҕа олорор Лариса Реасовналыын айар тыл аҕата Өксөкүлээх Өлөксөйгө уонна Сербия литературнай тылын төрүттээччи Вук Караджичка анаммыт «Едины в помыслах» тэрээһини Белградка ыыппыппыт.

сар серб3

Ол кэнниттэн аҕыйах ыйынан аны Ригаҕа ыһыах ыспыппыт. Ити 2019 сыллаахха. “Туохха наадалааҕый ол?” – дииллэр. Бастатан туран, онно өрөспүүбүлүкэттэн биир да харчы барамматаҕа, бэйэбит күүспүтүн тэриллибитэ. Иккиһинэн, атын омук сиригэр олорор сахалар, дьиҥэр, амбассадордарбыт буоллахтара дии. Мээнэ киһи көһөн барбата чахчы. Кинилэр култуурабытын тарҕатааччылар буолаллар. Үсүһүнэн, төһө да тэйдэллэр, төрөөбүт дойдуларын ахталлара чуолкай. Ыһыахпытыгар Европа 26 судаарыстыбатыттан кэлбиттэрэ. Кинилэр эппиттэрэ: “Сахабыт култууратын туһунан Интэриниэккэ туох да дьоһуннаах информация суох. Оҕолорбутугар сиэрбитин-туоммутун көрдөрөөрү гынабыт да – хайдах оҥоһулларын туһунан сүбэлэри булбаппыт. Тойуктуохпутун баҕарабыт – ютубка маастар-кылаас суох. Аны биир эмэ ыстатыйаны буллахха, ангылычаанныы тылбаастамматах буолар”, -- диэн. Онно өйдөөбүтүм – биһиги бэйэбит өрөспүүбүлүкэбит эрэ иһигэр буһа-хата сылдьар эбиппит. Атын дойду дьоно ааҕалларыгар-көрөллөрүгэр Саха сирин төрүт олохтоохторун култуураларын, устуоруйаларын, ускуустубаларын, фольклордарын туһунан матырыйаал куйаар ситимигэр букатын суоҕун кэриэтэ эбит.

сар ывсаыа88

         -- Онон оҥоро охсор соруктаах дойдугар кэллиҥ?

         -- Тугу да эргитэ санаабакка, ыарыҥнатан көрбөккө, судургутук толкуйдаан, оҥорон көрөргө сананным. Ыһыахтар кэмнэрэ чугаабыттар этэ. Ол иһин куорат дьаһалтатыгар баран, ханна да суох үчүгэй, киэҥ хабааннаах, саха култууратын барытын көрдөрөр ыһыаҕы тэрийэр эрээрилэр, тоҕо ону атын омуктар көрөллөрүгэр таһаарбаттарын этэн туран, ыһыах туһунан контены Интэриниэт ситимигэр оҥорорго эппитим. Биһирээбиттэрэ, онон биир ый иһигэр ыһыах устуоруйатын, түһүлгэтин, сиэрин-туомун, үгэһин, ырыатын, оһуокайын, оонньууларын, таҥаһын-сабын, аһын-үөлүн, иһитин-хомуоһун – барытын билиһиннэрэр ханаалы Boontar.life платформаҕа оҥорторбуппут. Онно Үс Хатыҥ ыһыаҕын түгэниттэн видео бөҕөтүн укпуппут.

сар ыс сайт

         Ол эрээри бүддьүөт тэрилтэтин кытта кыттыгас бырайыак оҥорор уустуктардаах буолар эбит. Кинилэр атын ирдэбиллээхтэр, эн атын идиэйэлээххин. Онон туспа баран, Culture-yakutia.com саайты арыйбыппыт. Бэйэм тула биир өйдөөх-санаалаах ыччаты түмтүм. Чуолаан саайты сүрүннээбит Татьяна Павловаҕа, матырыйаалын хомуйбут Анисия Архиповаҕа, бырайыагы суруйууга Инна Новгородоваҕа улаханнык махтанабын. Хайабыт да харчы-хамнас иһин буолбакка, бары туох эрэ туһалааҕы, үйэлээҕи айар-тутар баҕаттан бу бырайыакка кыттыспыттара үөрдэр.

-- Хаһыс сылгын хамнаһа суох өрөспүүбүлүкэ, норуот туһугар үлэлии сылдьаргын сөҕөбүн.

  --  Кэргэним Иван миигин олус өйүүр, “хамнаһа суох босхо хамсыыгын” диэн сирэй-харах аспат. Дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалааҕы оҥорорбуттан астынар. Култуураны сэҥээрэрбэр кини эмиэ сабыдыаллаах. Ол курдук, Чурапчы алааһын кыыһа алмаастаах Анаабырга кийиит буолан тиийэн баран, биир Саха сиригэр олорор дьон ураты да айылгылаах, сыаннастардаах, олоххо көрүүлээх, култууралаах, үгэстээх буоларбытын билбитим. Биһиги кэлиилээх-барыылаах киин сир дьоно былыргыттан элбэх кутталы көрсүбүт буоламмыт быһыылаах, бэйэбититтэн атын кимиэхэ да улаханнык итэҕэйбэт эбиппит. Оттон ыраах хоту олорор дьон айылҕаҕа, дьоҥҥо итэҕэллэрин билиҥҥэ диэри сүтэрэ  иликтэрэ кэрэхсэтэр. Туундараларыгар оҕолорун да эрэниэхтэрин сөп. Биһиги эбитэ буоллар: “Үлүйэн хаалыахтара. Мунуохтара. Тымныйан ыалдьыахтара. Илдьимэ, барсыбатыннар”, -- диэн эрдэттэн айманыа, буойуо-хаайыа  этибит. Кинилэргэ оннук оҥорон көрөн уолуйар өйгө да суох. Оннук курдук ыксатык тулалыыр эйгэлэрин кытта биир ситимҥэ сылдьаллар.

сар дьмиэ22

         Ол иһин бу саайпар аҥаардас сахалары эрэ буолбакка, Саха сиригэр олорор бары төрүт олохтоохтор култуураларын киллэрээри гынабыт. Онуоха матырыйаал хомуйа, хоту айанныырга үп-харчы наада. Көмөлөһөр дьоммор гонорардарын да төлөһөргө. Ол иһин граҥҥа бырайыак суруйан эрэбит.

  -- Ама, бачча үчүгэй бырайыагы сэҥээрэр, грант биэрэр инилэр...

 --Бу саайты арыйбыт саамай улахан төрүөтүм – туох баар матырыйаалынай (саха таҥаһа, хомуһа, иһитэ, туттар тэрилэ, о.д.а.) уонна  духуобунай (олоҥхо, тойук, дэгэрэҥ ырыа, оһуор үҥкүүтэ, о.д.а) баайбытын реестргэ киллэрии буолар. Кэлин ханнык да дойду-норуот бэйэтигэр сурумматын туһуттан. Хомойуох иһин, билигин “тойук”, “уруй-айхал” диэбит курдук тылларбыт Москва ханнык эрэ арыгы оҥорор тэрилтэтин табаарын бэлиэтин (товарный знак) быһыытынан регистрациялана сылдьар эбит. Онон билигин биһиги “тойук” диэн тылы аат быһыытынан туһанарбыт да хааччахтаах буолла. Оннук барытын былдьатан кэбиһиэхпитин сөп. Саха быһаҕын Иркутскай ханнык эрэ собуота номнуо оҥорон, Интэриниэтинэн атыылыыр. Кэргэним сакаастаан ылбыта. “Якутский нож” диэн сурулла сылдьар. Үүт-үкчү. Сэртипикээтэ эҥин барыта баар. Хаарыан быһахпытын ыллахтара ити.

сар уруй443

Юлия Бурнашева диэн юрист кыыс саха оҥоһуктарын табаарынай бэлиэлэринэн дьарыктанар. Реестргэ киирэн көрбүтүгэр, ханты-мансиларбыт, хата, норуодунай үҥкүүлэрин реестргэ киллэрбиттэр. Оттон биһиги оһуокайбатын билигин патеннаабатахпытына, кэлин көрдөрбүтүнэн былдьатыахпытын да сөп. Ол иһин Култуура министиэристибэтэ  хас биирдии матырыйаалынай уонна матырыйаалынайа суох сыаннастарбытын патенныырга бирикээс таһаарыан наада. Холобура, Сергей Зверев туруорбут “Оһуор” үҥкүүтүн реестргэ ааптарын, сылын, дойдутун, кимнээх толорбуттарын ыйан туран регистрациялыах тустаахпыт. Оччоҕо эрэ үйэ-саас  тухары бу биһиги норуоппут баайа буолара докумуонунан бигэргэниэ этэ.

 --Реестргэ туох баар айымньыларбытын, оҥоһуктарбытын испииһэгин киллэрэр, бэрээдэктиир, сэрэйдэххэ, унньуктаах уһун, уустук үлэ буолуо.

  -- Дьиҥэр, култуура сорох тэрилтэлэригэр электроннай киэпкэ угуллубут матырыйааллара син дэлэй ээ. Олор сыылкаларын матырыйаалбытыгар  сыһыарыахпыт. Холобура, саайты арыйдаххытына, хас да салаалаах: “олоҥхо”, “тойук”, “хомус”, “иһит-хомуос”, “киэргэл-симэх”, о.д.а. Ону “олоҥхо” диэни астахха, ол иһигэр ханнык олоҥхоһуттар, олоҥхолор бааллара суруллар. Сиһилии билиэххитин баҕарар буоллаххытына, ыйыллыбыт сыылканан киирэн көрүөххүтүн сөп.

сар культур4е4е

  -- Ол аата эһиги саайкыт култуура бары тэрилтэлэрин информациятын түмэр киин ситим курдук буолар эбит.

  -- Оннук курдук. Бэйэм култуура эйгэтигэр билиибин кэҥэтээри, Култуура уонна ускуустуба Арктикатааҕы институтугар аспиранынан киирбитим. Тиэмэм – “Культурное наследие народов Якутии в цифровом пространстве”. Онон билигин АГИКИ хомусчут, олоҥхоһут, үҥкүүһүт, тойуксут устудьуоннарын видеоҕа устан, ютуб ханаалбытыгар киллэрэ сылдьабыт. Бассаапка “Наследие Якутии” диэн бөлөх тэрийбиппит. Онно үлэлэһиэн баҕалаах ыччат эбиллэн иһэрэ үөрдэр: ким эрэ таабырыннары мунньар, ким эрэ уһанар, ким эрэ сахалыы симэхтэри үөрэтэр. Уопсайынан, Саха сирэ арҕаа дойдулартан тэйиччи сытар буолан, култуурабытын, үгэспитин, сиэрбитин-туоммутун сүтэрбэккэ илдьэ сылдьарбыт хайҕаллаах. Европа да судаарыстыбаларыгар былыр маннык барыта баара. Ону кинилэр умнан кэбиспиттэр. Биһиги ыһыахпытын көрдөхтөрүнэ: “Биһиэхэ эмиэ маннык  курдук үгэстэр, туомнар, абыычайдар бааллар үһү. Эһиги биһигини төрүппүтүгэр төнүннэрэҕит, хантан силистээхпитин-мутуктаахпытын өйдөтөҕүт”, -- дииллэр.  Христианиннар бибилиялаахтар, мусульманнар кораннаахтар.  Мин санаабар, ол сибэтиэй кинигэлэр хааччахтыыр курдуктар. Оттон биһиги оннук сурукка тиһиллибит итэҕэлбит суох буолан, итэҕэлгэ көҥүл соҕустук сыһыаннаһарбыт эмиэ үчүгэйдээх. Кумааҕыга буолбакка, эппитигэр-хааммытыгар, өйбүтүгэр-санаабытыгар иҥэринэ сылдьарбыт кэрэхсэбиллээх.  

облж сар5

         --Эн Саха сирин үтүө аатын ааттатыыга өрөспүүбүлүкэбит имиджевэй бэлиитикэтин исписэлиистэрэ ыытар үлэлэринээҕэр  элбэҕи ыыта сылдьаҕын. Бу күһүн өссө Саха сирин туһунан биэриини уһулалларыгар көмөлөспүтүҥ буолбаат?

-- Тюмень куорат уолаттара РФ Бэрэсидьиэнин гранын кыайан, Арассыыйа эрэгийиэннэрин билиһиннэрэр “Россия глазами иностранца” диэн тревел-шоу сиэрийэтин усталлар эбит. Били “Орел и решка” биэрии курдук. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр кэлэллэригэр, Ил Дархан аатыгар сурук ыыппыттар – массыынанан, арыалдьытынан хааччыйыҥ диэн. Ону Ыччат министиэристибэтигэр сорудахтаабыттар, олор миигин көрдөспүттэрэ.  Тоҕо диэтэххэ, мин ютубка “Саха ыала” диэн бырайыактаахпын. Онтукабын сэҥээрбиттэр. Арба, ол блогтарбын бу алтынньыттан “Саха” НКИХ ханаалынан хас күн аайы көрдөрө тураллар. Дьэ, итинник эрэнэн эппиттэрин кэннэ, үөрүүнэн сөбүлэстэҕим дии. Бу биэрии уратыта диэн, омук устудьуона саҥа сылдьар сирин хайдах ылынарын көрдөрүү.  Онон биһиэхэ сэттэ омук тылын билэр Камаль Зуани диэн марокканец уолу аҕалан устубуттара. Арассыыйаҕа медицинскэй институкка үөрэнэр эбит. Ол биэриини ютубка https://youtu.be/GwwW2UKRKyE сыылканан киирэн көрөөрүҥ.

сар кама334

Манна даҕатан эттэххэ, миэхэ этээччилэр: “Тоҕо эн өрөспүүбүлүкэбитин биллэрэ, култуурабытын көрдөрө, туристары угуйа сатыыгын? Кэлбэтиннэр, харахтарын хатаабатыннар, барытын былдьатан кэбиһиэхпит” – диэн. Тоҕо былдьатыахпытый? Эппитим курдук, барытын реестргэ регистрациялаатахпытына, юридическай өттүнэн көмүскэллээх буолуохпут. Мин саныахпар, туризм сайыннаҕына, бүддьүөппүтүгэр дохуот киириэ. Кылаабынайа, табыгастаах маршруту толкуйдуохпутун наада.

-- Аны өссө киинэ устуутугар продюсердыыгын. Ол эмиэ Саха сирин имиджин оҥорууга улахан суолталаах үлэ буоллаҕа дии.

-- Дойдуну киинэнэн билэллэр. Биһиги да Индияны таптал туһунан киинэлэринэн, Бразилияны сериалларынан, Кэриэйэни дорамаларынан билэбит буолбаат?

сар мариан

“Арт дойду” киинэ хампаанньа продюсера Марианна Скрыбыкинаҕа ассистенныыбын. Билигин саха киинэлэрэ араас улахан бэстибээллэргэ  миэстэлэһэр буоллулар. Итилэр “фестивальнай” киинэлэр. Дьүүллүүр сүбэ сыныйан, толкуйдаан көрөрүгэр анаан оҥоһуллаллар. Оттон дьоҥҥо-сэргэҕэ, маассаҕа тахсар киинэлэр, Голливуд бестселлердэрин курдук, кэмиэрчэскэй бырайыак буолуохтаахтар. Ол аата көрөөччү чэпчэкитик ылынарыгар анаан оҥоһуллуохтаахтар: сюжета түргэнник сайдан иһиэхтээх, элбэх трюктаах, кэрэхсэбиллээх көстүүлээх, абылыыр артыыстардаах буолуохтаах.  Марианна Скрыбыкина оннук ирдэбилинэн оҥорорго холонор. Ол курдук, кини устубут “Мой убийца” киинэтэ 80 куоракка көстүбүтэ. Итинник рекорду билиҥҥитэ сахалартан ким да ситэ илик. Аны билигин “Иччи” диэн мистическэй хоррору уһулла. Онтукатын Испания Ситжес куоратыгар ыытыллар кутталлаах кинилэр бэстибээллэригэр көрдөрөн, киэҥ сэҥээриини ылла. Саха сирин киинэ тыйаатырдарыгар бу харантыын бүттэҕинэ тахсыахтаах. Ону сэргэ олоҥхо сюжетынан “Хаар Кынат” фентэзини устан бүтэрэн, билигин графикатын, саҥатын, тыаһын-ууһун оҥоро сылдьаллар. Онно анаан XVII үйэтээҕи таҥаһы-сабы тикпиттэрэ, ураһалары туппуттара. Эмиэ аан дойду прокатыгар таһаарар сыаллаах оҥоһулунна.

-- Ити “Мой убийца” эҥин аатырбытыгар, режиссер Костас Марсаан аата ааттаммыта дии.

-- Дьон-сэргэ наар режиссерун сүрүн курдук саныыр. Оттон, дьиҥэр, туох баар үбүн булуута, киинэ тыйаатырдарын кытта дуогабардаһыыта,  киэҥ эйгэҕэ таһаарыыта, артыыстарын, режиссердарын, туох баар техническэй үлэһиттэрин талан ылыыта – барыта продюсер түбүгэ. Манна даҕатан эттэххэ, Марианна хамаанда састаабын туруорууга туһугар туспа талааннаах. Ол курдук, звукорежиссертан саҕалаан, гримеругар тиийэ наар соҕурууттан дьиҥнээх идэтийбит исписэлиистэри ыҥыран үлэлэтэр. Аппаратуралара да олор киэнэ үчүгэй. Кинилэргэ көмөлөһөөччүнэн мэлдьи  саха ыччатын аныыр. Киинэ, култуура үөрэҕэр уһуйулла сылдьар устудьуоннары. Көрөн үөрэнниннэр диэн. Холобура, “Иччигэ” гафферынан Москва киһитэ үлэлээбитэ. Киниэхэ илии-атах буолбут саха уола билигин бэйэтэ “Хаар Кынакка” уотунан сырдатааччы буолла. Ыччаты итинник уһуйар  ньыматын биһирээтим. Аны дьоҕурдаах дьону таба көрөрө эмиэ дьикти. Костас Марсааны Марианна таһаарбыта. Билигин Костас Арассыыйа 20 бастыҥ режиссерун ахсааныгар киирсэр.  “Саха” НКИХ оператора Искандер Иванову үлэлэппитэ, Арассыыйа бэстибээлигэр “За лучшую операторскую работу” ааты ылбыта. “Тойон кыыл” режиссера Эдуард Новиков эмиэ Марианна “Айыы Уолун”  устуоҕуттан биллэн-көстөн барбыта.

сар кино33

 Саха киинэтэ кэлин олус сайынна. Быйыл өрөспүүбүлүкэ өйөбүл быһыытынан киинэ устааччыларга 80 мөлүйүөнү анаабыта. Ону ылаарылар кэтэстилэр аҕай да, билиҥҥэ диэри түҥэтэ иликтэр. Ыйыппыттарыгар: “Пандемиянан атын сыалга туһанан кэбистибит”, -- диэбиттэр этэ. Ол иһин Ил Дархаҥҥа суруйбуттара. Иэс киирэ-киирэ, бэйэлэрин үптэринэн киинэ бөҕөтүн таһаарар дьоҥҥо биэрэллэрэ буоллар, төһөлөөх көмө буолуо этэ.

-- Оннук. Эн үйэлээх үлэҕэр эмиэ судаарыстыба өттүттэн өйөбүл баар буолуон баҕарабын.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (4)

This comment was minimized by the moderator on the site

Нвк5а дьиэ онорор кыыспыт маладьыас киьи эбит. Хай5ал

This comment was minimized by the moderator on the site

Сардаана улахан проегар ситиьиини. Ылсыбытын ыпсатан истин

This comment was minimized by the moderator on the site

Вдохновляющая , мотивирующая статья:) астык, сахалыы аахпатах, ырааппыт.

This comment was minimized by the moderator on the site

Сардаана,молодец.Итинник туругун куруутун илдьэ сылдьарыгар,санаабыт санаата барыта олоххо киирэ турарыгар,ситиһиилэр сиэттиһэ туралларыгар баҕабын этэбин.
Дьоллоох буол кэрэ киһи,сырдык,үтүө-мааны кыыспыт.

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением