Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -24 oC

Өксөкүлээх Өлөксөй: “Сахалар бэйэбитигэр сөбө суох улахан итэҕэллээхпит”, -- диэн этэн турар. Кини, биллэн турар, итэҕэл диэн тылы дьиҥ бэйэтин өйдөбүлүгэр туттан эттэҕэ - олох кистэлэҥнэрин билэр, айылҕа сокуоннарын өйдүүр, норуот муудараһын быһыытынан өйдөбүлгэ. Билиҥҥи курдук, итэҕэл диэни религия диэн тутах өйдөбүлгэ буолбатах.

Өксөкүлээх Өлөксөй: “Сахалар бэйэбитигэр сөбө суох улахан итэҕэллээхпит”, -- диэн этэн турар. Кини, биллэн турар, итэҕэл диэн тылы дьиҥ бэйэтин өйдөбүлүгэр туттан эттэҕэ - олох кистэлэҥнэрин билэр, айылҕа сокуоннарын өйдүүр, норуот муудараһын быһыытынан өйдөбүлгэ. Билиҥҥи курдук, итэҕэл диэни религия диэн тутах өйдөбүлгэ буолбатах.

 CE3bYwmKEXI

Итэҕэл дьиҥ билии быһыытынан олоххо туһалыыр буоллаҕына -- туһа туспа. Оттон политическай хабааннаах религиознай итэҕэлгэ кубулуйдаҕына -- алдьатар, сэриини төрүөттүүр күүс буолар.

 Итэҕэли үөрэхтээх буолан баран, тоҥ сүрэхтээх дьон кыайан сүрүннүүр кыахтара суох, тоҕо диэтэххэ, итэҕэл эмиэ таптал курдук, киһи ис туругун кытта сибээстээх. ТАПТЫЫРГА киһини ким да ҮӨРЭППЭТ, арай тапталга бэлэм буоларга уһуйан көрүөххэ сөп. Билиҥҥи үөрэх, тас билии тоҥ билиини биэрэр буолан, өйү ордук сайыннарар. Өй ТАПТАЛЫ да, ИТЭҔЭЛИ да ҮӨСКЭТЭР кыаҕа суох, төттөрүтүн аччатыан сөп.

  Өйдөөх, тас билиитинэн сирдэтинэн сылдьар киһи, кырдьык, үчүгэйи куһаҕаны араарарга улахан үөрэхтээх буолар. Өй бэйэтин айылҕата оннук. Кини, нууччалыы эттэххэ, практичнай. Ол иһин наар бэйэтин барыһынан сирдэтинэр. БАРЫСТАН, КЫАЙЫЫТТАН ҮӨРЭР НОЧООТТОН, КЫАЙТАРЫЫТТАН ХОМОЙОР. ӨЙҮНЭН ЭРЭ салайтаран сылдьар киһи ИС ТУРУГУ сатаан ИИТИЭХТИИР кыаҕа суох.

  Өй барахсан киһи тыыннаах буолан сылдьарыгар анаммыт, сүрдээх наадалаах айылҕа биэрбит кыаҕа, нууччалыы эттэххэ, инструмена. Киһи бу орто дойдуга өйүн сайыннарбакка кэхтэр кыахтаах, эстэр аналлаах. Ол иһин өй куһаҕана суох. Кини хайаан да баар буолуохтаах.

    Өйдөөх киһи ПРАКТИЧНАЙ, ДЕЛОВОЙ буолар. Бэйэтин барыһын элбэхтик толкуйдуур, ол туһугар сыралаһар. Өйө сайдыбыт киһи үчүгэй БИЗНЕСМЕН, ПОЛИТИК, САЛАЙААЧЧЫ буолуон сөп. Ол эрэн ӨЙ ЭЙГЭТЭ киһини АҤААРДАСТЫЫ БАҺЫЛААН бардаҕына,киһи сүрэҕэ сабыллар, ТОҤ, ТОҤУЙ буолар, БЭЙЭТИН ИННИН ОРДУК КӨРҮНЭН, дьону ААННЬА АХТЫБАТ, кинилэргэ КЫҺАММАККА, бэйэтин эрэ СУОЛУН СОЛОНОР аатыгар барар. Оннук киһи уһаабат. Тоҕо диэтэргин, СҮРЭҔЭ САБЫЛЛЫБЫТ киһи Айыы тыынын, айылҕа тыынын ЫЛАРА ТОХТУУР.

Манна, дьэ, АЙЫЛҔА ОЛУС МУУДАРАЙ ОҤОҺУУТА БААР. Тугу эмэ ТАПТААТАХХЫНА, тугу эмэ КЭРЭХСЭЭТЭХХИНЭ, туохтан эмэ СОҺУЙДАХХЫНА, СӨХТӨХХҮНЭ ЭРЭ сүрэҕиҥ АҺЫЛЛАР, КҮҮС КИИРЭР. ТОҤ өйүнэн сыаналыыр киһи САБЫЫЛААХ буолар, ол иһин сатаан айылҕа күүһүн КИЛЛЭРБЭТ. Ол иһин даҕаны өйдөөх буолан баран, тоҥ киһи олоххо уһаабат. Уһуур да буоллаҕына, туох баар чувствотын барытын сабан, массыына дуу, робот дуу курдук буоллаҕына, КӨҤДӨЙ КӨХСӨ төһө баҕарар уһуннук олоруон сөп. Оннук дьон сылаас тыыннара суох буолаллар, ИЧЧИТЭ СУОХ кураанах тыыннаналлар.  

   САХА ИТЭҔЭЛИН ИС ИҺИТТЭН ӨЙДҮҮР КИҺИ АҔЫЙАХ. Тоҕо диэтэххэ, бу ИТЭҔЭЛИ СҮРЭҔИНЭН-БЫАРЫНАН, КУТУНАН-СҮРҮНЭН ӨЙДҮӨХХЭ СӨП. ТОҤ ӨЙҮНЭН быһааран, халлааннары, Айыылары ким ханна баарын, аата-суола КИМИН НААРДААН УЛАХАН ТУҺА СУОХ. ОЛ - ТОҤ ИТЭҔЭЛ.  Ол итэҕэл АТЫН ОМУКТАРЫ КЫТТА КҮРЭСТЭҺЭРГЭ, “ МИН ЭМИЭ ИТЭҔЭЛЛЭЭХПИН ЭЭ” диэн СЭНЭММЭТ буоларга ТУҺАЛЫЫР. ОНТОН ОРДУККА ТУҺАЛЫЫР КЫАҔА СУОХ.  Итэҕэли сүрүннүүр биир мунньахха олус өйдөөх психолог дьахтар эппитэ өйбөр хатанан хаалбыт. Кини: "Мин ханнык баҕарар итэҕэли - христианство да буоллун, ислам да буоллун, буддизм, иудаизм да буоллун -- биэс мүнүүтэ иһигэр сүрүн тутулун кэпсээн  биэриэм этэ. Оттон саха итэҕэлин олох  өйдөөбөппүн уонна хайдах да быһаарар кыаҕым суох. Ол аата биһиги итэҕэлбит оннун була илик, ситэтэ суох буоллаҕа", - диэбитэ. Мин киниттэн: "Аан бастаан хайдах таптаабытыҥ туһунан сатаан тылгынан дьоҥҥо өйдөнөр гына кэпсиэҥ этэ дуо?"- диэн ыйытаары гынан баран туттуммутум. Туһата суох ыаһах буоларын өйдөөн... Айыылар ааттарын билэр буолан баран, КИНИЛЭР ТЫЫННАРЫН СҮРЭХХИНЭН СЭРЭЙБЭТ, ИМҤИНЭН БИЛБЭТ буоллаххына туһата суох.

ИТЭҔЭЛ диэн ТАПТАЛ.

Бастатан туран, ДЬОҤҤО, ОЛОХХО таптал. Тоҕо диэтэргин, дьоҥҥо эрэнэр, итэҕэйэр эрэ киһи кинилэри таптыан сөп. Оттон дьоҥҥо эрэнии - ол аата бэйэ күүһүгэр эрэнии, АЙЫЛҔА ТУЛХАДЫЙБАТ КЫРДЬЫКТААХ тутулугар ЭРЭНИИ буолар.

    ЭРЭНИИ уонна ЭРЭЙИИ диэн букатын атын-атын өйдөбүллээх тыллар. ЭРЭНЭР киһи ЭРЭЛЛЭЭХ буолар, оттон ЭРЭЙЭР киһи ЭРЭЙГЭ тиксэр. Хаһан да, туохха да ис буолбат, кимиэхэ да эрэммэт киһи эрэйэ элбэх буолар.

    Билигин Аан дойду барыта кэриэтэ өй суолун тутан баран иһэр. Ол үтүөҕэ тиэрдибэт. Тоҥ киһи киһитийэр кыаҕа суох. Сири-дойдуну иччилээн бүтэр, туһанарын эрэ билэр потребитель таһымыгар түһэр. АЙЫЛҔАҔА ОННУК КИҺИ НААДАТА СУОХ. Ол иһин билигин аҕыйах ахсааннаах да буоллар УЛАХАН ТЫЫННААХ норуот АЙЫЛҔАҔА ордук СЫАНАЛАНАР.

Сотору кэминэн саамай улахан валюта киһи МАХТАЛА буолуо. Киһи СЫЛААС ТЫЫНА оннук КЭМЧИ буолар кыахтаах, киһи аймах балысханнык айаннаан иһэр суолун ХАЙЫСХАТЫН уларыппатаҕына.

    Дьиктитэ диэн баар, ол ТОҤ САЙДЫЫ ханна баҕарар ӨТӨН КИИРДЭ. Бэл диэтэр, хоту ыраах ыстаадаҕа, түҥ тайҕаҕа олохтоох булчуттарга тиийдэххэ кытары ол ТЫЙЫС ТЫЫН кыттыгаһа биллэр. АЙЫЛҔА ТАЛАН ЫЛААРЫ, СОРУЙАН КИҺИ АЙМАҔЫ ОННУК ТУРУККА КИЛЛЭРДЭҔЭ. ОЛ ИҺИН ДАҔАНЫ ДЬОН  АХСААНА СИР ИЙЭҔЭ ОЛУС ЭЛБЭЭТЭҔЭ.

КЫРДЬЫК, САХА ИТЭҔЭЛИН СУРУККА ТИҺЭН КИЛЛЭРЭР ОЛУС УУСТУК, ОЛ СУРУЛЛУБУТУ ӨЙДҮҮР ӨССӨ УУСТУК.

Ол да гыннар, билиҥҥи киһи аймах АЙЫЛҔА ИТЭҔЭЛИГЭР - САХА ИТЭҔЭЛИГЭР төннөн эрэр. ДИРИҤНИК ХОРУТАН ӨЙДҮҮР дьон ОМУК ААЙЫ БААР БУОЛАН эрэллэр. Ол аата айылҕа бэйэтин БЫЫҺАНАР СУОЛУН син биир ЭРГИТЭН АҔАЛА ТУРАР буоллаҕа.

ТУОХ ДА БУОЛБУТУН ИННИГЭР СИРГЭ ОЛОХ САЛҔАНАН БАРА ТУРУОҔА, КИҺИ ОБУРГУ АРААС УСУЛУОБУЙАҔА ҮӨРЭНЭН, ӨЛБӨТ СУОЛУН БУЛАН ИҺИЭҔЭ.

А.С. Артемьев - КУЛАН 

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (14)

This comment was minimized by the moderator on the site

Киhи толкуйдатар суруйуу

This comment was minimized by the moderator on the site

Сүнньүнэн сөпкө суруллубут, киһи барахсан айылҕа оҕото буоллаҕа, онон итэҕэли таллаҕына эрэ сайдар, тыыннаах хаалан икки атахтааҕы үөскэтэ элбэтэ туруоҕа

This comment was minimized by the moderator on the site

Отой уот харахха, ох тылынан арылхайдык,өйдөнөр кынан кэпсэниллибит анаарыы. Куппунан сүрбүнэн,өйбүнэн санаабынан толору сөбүлэһэбин! Махтанабын Кулан.

This comment was minimized by the moderator on the site

Олус сөптөөх анаарыы.

This comment was minimized by the moderator on the site

Махтал. Үс мунаарар суоллаахпын.1. Бүгүҥҥү күҥҥэ " төрөөбүтэ" диэн ааттаах шоулары ыытар ютуб. Истграмм ыччаппыт инники олоҕу салгыыллар. Онно саха итэҕэлин ахсааннаахтара ааҕаллар. 2. Айылҕа оҕотобун дэнэр төрүт дьарык агрошкола оҕолорун сүрүн дьарыктара айылҕа күүһүн утарар. 3. Айылҕаны харыстааһын промышленноска киирэн бииргэ баһылаан үлэлэһиини эрэйэр. Онно тоҥ билии да баҕа тиийбэт. Айылҕабытын суйдатан эрэбит. Сүрдээх, омугун дьылҕатыгар сүрэҕинэн ыалдьар , хоодуот ыччат ылсара буолуо.
Иисус төрөөбүтүнэн эҕэрдэ итэҕэлгэ сыһыаннаах дьон ортолоругар харыыта суох киирэр. Аны шиликун төлө барыахтаах.

This comment was minimized by the moderator on the site

Интереһинэй точка зрения

This comment was minimized by the moderator on the site

Мин Кулан анаарыыларын ылынабын .Кини уустугу да олус судургутук тиийимтиэтик олохтоохтук быһаарар уратылаах . Элбэх киһи кини суруйууларыгар тирэҕирэн бэйэтин айылгытын арынан сааһыланан тирэҕирэн арыллар буолуохтаах .

This comment was minimized by the moderator on the site

Тоҥ билии уонна уот кыымнаах, төлөн сүрэхтээх киһи арыйыыта, Сир Халлаантан ырааҕын курдук... Чахчы, куккуттан куппуккун, сүрэххиттэн сүөккээбиккин! Эйигинэн Үрдүк Айыылар этиттэрэллэр!

This comment was minimized by the moderator on the site

Онтон сахалар наһаа баттанныбыт омуктар ити Улуу Таҥаралаах эрээри икки атахтааҕы таптыыбыт диэн үҥэллэр ахан да наар тулаларын эһэргэ барытын бас билэргэ байарга ыт курдук ытыра ытыра ырдьыгыныыллар бу биһиэнэ дииллэр былдьаһаллар,суобаһа суохтарын көрүөн этэ Наар чукчалар диэн күлүү элэк оҥостон таҕысьылар Кытайдар суохтара буоллар биһиги курдук азиатттары хамначчыт оҥостубуттара сиэбиттэрэ ыраатыа этэ Сэриигэ элбэх да саханы сиэбиттэрэ,көмүспүтүн ыла сатаан баран сирбититтэн үүрэр кфахтаахтар сокуон барыта оннук буолла,негрдэр курдук Алдаҥҥа үлэҕэ чугаһаппаттара ,ити радиацията үрдүк Анабары тоҥ сири көҥүллээбитэ буолтара да

This comment was minimized by the moderator on the site

Саха ойууттара Ыйык Маска ийэ кыыллара ХАННЫК ТУhААЙЫЫНАН ( Илин туhаайыыга сырдык айыылыы тыыннаахтар) , хаhыс мутукка иитиллибиттэринэн , эрдэтинэ таhымнарын керсен-билэн, меккуеру-бутууру таhаарбаттар , баламаттык, толоостук ейдеебет еруттэригэр кыбыллан, тылласпаттара... Иерархияны тутуhаллара.
Буппэт Улуу Куйаар, Уеhээ, Орто , аллараа дойдулар уескээhиннэрин, халлаан ХАЙЫСХАЛАРЫГАР ханнык куустэр баалларын, ААТТАРЫН -СУОЛЛАРЫН бигэтик билэллэрэ. Тыл ИЧЧИЛЭЭ5ИН, суруллубут -суоруллубатын ейдууллэрэ- билэллэрэ... ЧАРААС ЭЙГЭ5Э 1000 куус баарын ( айыылыы, адьарайдыы) барыта иэстэбиллээ5ин, ескетун СЫЫhА-ХАЛТЫ, халы-мааргы тылластахха, кэлин кэлэн кэмсиммэт туhуттан...
12 Аар Айыыларбыт ааттарын хайдах да ааттаан диэн санаалаах «айыл5алаа5ы» саарбахтыам санаам киирэр.
Айыы Сырдык Сарыалын кутунан-сурунэн билбит-кербут айыы айма5а дэнээччи кенер суолга киирэр ини

This comment was minimized by the moderator on the site

Айылҕа сокуонун кэһии айылҕаны баһылыыбыт диэн аһара алдьатыы олорор мутугу кэрдинии. Хоту сир Саха Сирэ климат уларыйарын түргэтэтэр күүһүн аахсыбатахпытына бу олорор цивилизациябыт сүтүө дииллэрэ кырдьык буолуон сөп. Сир шарын климата уларыйан эрэр тыына биллэн эрэр. Оттон фашизм хаһан баҕарар айылҕаннан арааһа дьарылла туруо. Онон Кулан этэрэ оруннаах. Балысханнык сайдыбыт ааттаах норуот син биир эстэр суолга киирэр.

This comment was minimized by the moderator on the site

Итэ5эл диэн, мин керуубэр хайдах эрэ нууччалыы эттэххэ обещаение курдук). Арай "Эрэл" диэн тыл киьини кынаттыыр , холобура сарсын учугэй халлаан кэлээри гынна диэн, киьи кутун бэттэх тардар. Онтон, сарсын учугэй кун буолар "итэ5эйэбин"диэн 100%хайдах да биэрбэккин, хата дьону буккуйуоххун сеп)

This comment was minimized by the moderator on the site

Ээ чэ, куолулаабычча) бастатан киьиэхэ "Бэйэни Билии" диэн баара буоллар. Ол аата, бэйэтигэр Эрэли Билиэхтээх. Бэйэтин кыа5ын, ейун, Билэр, бэйэтигэр Эрэнэр киьи. Чугас дьонугар уонна Норуотугар туьата элбэ5э боло диэн санаа баар.

This comment was minimized by the moderator on the site

Бэйэбитигэр сөбө суох улахан итэҕэллээх буоламмыт баччааҥҥа диэри биир сүнньүн була иликпит. Ол бииринэн үчүгэй. Коран курдук кинигэр киэбигэр киирбэккэ көҥүл сылдьара эмиэ ордук курдук

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Ааҕааччы суруга

Ыйытыылаахпын!

Евгений Кривошапкин диэн хаһыаппыт ааҕааччыта биһиэхэ тахсан бу телеграм каналыгар…
13.11.24 16:18
Общество

Архитектор Новой Якутии

Десятилетие деятельности Михаила Николаева на посту Первого Президента Республики Саха…
13.11.24 14:44