Былыр- былыргыттан бу ыйга хомунуу – иминии, ыраастаныы, бөхтөн-сыыстан быыһаныы буолар, ону кытта тэҥҥэ өй-санаа сааһыланыыта, ыраланыы, арыллыы-аһыллыы кэмэ.
Хатаспыт дьоно –сэргэтэ бу үгэстэн туора турбакка, бу күннэргэ эмиэ үтүөкэн хамсааһыннары оҥордулар. Ол туһунан «Баҕарах» түөлбэ салайааччыта Н.Попов маннык кэпсээтэ:
«Ырааһырдыыга субуотунньук буолла. Заправка площадкатыттан Петрова уулуссаҕа диэри кыһын тухары мустубут бөҕү ыраастаатыбыт. Быйыл бөх аҕыйах, 20-чэ куул буолла. Маны тэҥэ биир оччо мас тиэллэн, сыбаалкаҕа сүөкэннэ. Быйыл хаһааҥҥытааҕар да үгүс киһи кытынна. Ыраас туһугар охсуһар 25 киһиттэн аҥаара оҕолор. Эдэрдэр кыттар буолбуттара үөрдэр. Ырааһы, сырдыгы сэҥээрэллэр эбит диэн саныыгын, инникигэ эрэл үөскүүр -- хойут бэйэлэрэ көрө-истэ, харыстыы, ыраастыы сылдьыахтара диэн. Бары кыттыбыт дьоҥҥо барҕа махтал буоллун, инникитин да көхтөөх буолуоҕуҥ, сомоҕолоһо сылдьыаҕын. Барыгытыгар туйгун доруобуйаны, дьолу, ситиһиини. Кыайыы күнүн этэҥҥэ атаарыҥ».
Саха киһитин сэмэй майгытынан Николай Семенович манна бэйэтин тыраахтарынан үлэлээбитин сонун гынан кэпсээбэтэх. Маны таһынан бу ыраастаныы кэмигэр, инникитин бөҕү хомуйууга-харайыыга сэһэргэһии-кэпсэтии таҕыста, саҥа көрүүлэр этилиннилэр. Киһи сэргиирэ-кэрэхсиирэ этии эдэрдэртэн киирдэ. Эдэр-эдэр курдук, санаалара эрчимнээх, сэниэлээх, кыахтаах. Маны олохтоох дьаһалтаҕа тиэрдиэххэ диэн сүбэлэстилэр. Олоххо киирэрэ буоллар диэн эрэнэбит. Көхтөөх, үтүө дьонноох, ылбаҕай ыччаттардаах, үлэһит оҕолордоох «Баҕарах» түөлбэтин дьонугар үтүөнү, кэрэни, доруобуйаны баҕарабыт.
Бу курдук үгэскэ киирбит хамсааһыннар түөлбэлэрбит аайы буолуохтара.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0